Саха таҥаһа, симэҕэ былыргы көрүҥүттэн хайдах уларыйан испитин, үөскээбит уонна сайдыбыт төрдүн туһунан сиһилии археолог, этнограф, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун научнай сотруднига Александра Прокопьевалыын кэпсэттибит.
— Александра Николаевна, саха симэҕэр билигин сүппүт симэхтэр бааллар дуо?
— Сүтэн хаалбыт көрүҥ диэн суох. Арай кэм сабыдыалынан уларыйбыттар. Оннуктарга бастыҥаны киллэриэххэ сөп. Былыргы бастыҥа биһиги билигин бастыҥа диирбититтэн атын соҕус. Тирииттэн тигиллэр уонна оҕуруонан киэргэппит буолаллар эбэтэр алтан боруонса салыбырастарынан (подвескаларынан), оннуктар биирдиилээн эрэ көстөллөр. Билигин биллэринэн үстэ көстүбүтэ. Онтон XIX үйэҕэ быдан улаатан, барыта үрүҥ көмүс буолар. Ол гынан баран конструктивнай өттүн көрдөххө, улахан уларыйыы суох. Итинник киэргэллэртэн өргөпчү диэн баар. Нууччалыы эттэххэ, “разьемное кольцо” диэн кээмэйэ суох (безразмерный) XVII-XVIII үйэ көмүүлэригэр көстөр биһилэх. Эр да дьоҥҥо, дьахталларга да көстөр. Онтон бэчээттээх биһилэххэ көһөллөр. Билигин биирдиилээн маастардар оннугу оҥорон, сөргүтүү үлэтэ саҕаланна. Кылдьыы туспа киэргэл. XIX үйэҕэ умнулла сылдьан баран, билигин эмиэ оҥорон кэтэр буоллубут. Илин-кэлин кэбиһэрэ суох бэйэтэ-бэйэтинэн киэргэл буолар эбэтэр кылгас соҕус 1-9 диэри тоҕойдонор. Билигин кэлин эмиэ оннуктары оҥорон эрэллэр.
— Эр дьон, дьахтар, оҕо ытарҕата уратылардаахтар дуо?
— Ытарҕа харысхалы кытта ситимнээх, оҕо турбат ыалыгар кыыһын-уолун буккуйаары, абааһыттан оҕо кутун куоттараары кулгаахтарын үүттүлэр. XIX да, XX үйэ саҕаланыытыгар да баар, көмүү матырыйаалларын көрдөххө, XVII-XVIII үйэҕэ эр киһи да, дьахтар да ытарҕалаахтар. XIX үйэҕэ диэри туораах ытарҕалар көстөллөр, наукаҕа киирбитинэн, “проволочные серьги” эбэтэр “сергьи в виде знака вопроса” диэн Евразияҕа барытыгар киэҥник тарҕана сылдьыбыт. Оттон сахаларга хойукка диэри кэтиллибит ытарҕа көрүҥэ буолар. Эр киһи киэнэ хоруоҥкалаах (оҕуруолаах), ол гынан баран аллараа өттүгэр салбырҕаһа суох быһыылаах эбит эбэтэр түһэн хаалбытын биһиги сатаан булбаппыт буолуо.
— Бүлүү, илин эҥэр, хоту оройуоннарынан ылан көрдөххө, хаһыыларга таҥастар уратылардаахтар дуо?
— 19 үйэҕэ диэри устуоруйаны этэр буоллахха, ханна булуллубутунан улахан ураты баар диир кыах суох. Бары биир соҕус таҥастаахтар. Матырыйаала да, моһуона да, киэргэлэ да. Ол саҕана бэйэ-бэйэлэригэр олус сылдьыһар айанньыт этилэр. Онтон атын кыһалҕа диэн археологическай пааматынньыктар киин, бүлүү бөлөх, хоту улуустар диэн биир тэҥник үөрэтиллибэтэхтэр. Тырааныспар, үп-харчы өттүнэн үбүлээһин боппуруоһа ыарахан буолан, 70% биллэр көмүү барыта киин Саха сирин киэнэ буолар. Онон бүлүү, хоту эргин хаһыы ыытылыннаҕына, чопчу этиэххэ сөп.
Олох хаамыытыттан олус тутулуктаах, дьон тугунан дьарыктаналларый, ханна олороллоруй, туох сүөһүнү иитэллэрий, ииппэттэр дуу, омук наар бииринэн эрэ дьарыктаммат. Ол уларыйан иһэр. Онон субу мантан саҕаламмыта диир оруна суох. Сороҕо умнуллар, онон археологическай хаһыыларга көстөр матырыйааллары билиҥҥи саха атыҥырыы көрө. Бу сахалар буолбатах быһыылаах диэн. Хас эмэ тыһыынчанан сыллар тустарынан этэр буоллахпыт дии. Оннооҕор биһиги олохпут иһигэр муода дэлби уларыйар.
— Уҥуох хомус туһунан суруйан тураҕын. Дьэ ол туһунан кэпсээ эрэ.
— Уҥуох хомус сахаларга баар буолуохтаах диэн сабаҕалааһын баара. Ол гынан баран булуллубут матырыйаал суох этэ. Этнографическай коллекцияларга холобур мас хомустар бааллар. Уҥуох хомус сэһэннэргэ да, үһүйээннэргэ да мас уонна уҥуох хомустар туһунан кэпсэнэллэр. Атын омуктары көрдөххө оруобуна ити мас хомустар курдук моһуоннаах муос хомустар бааллар. Ол туһунан элбэх чинчийии баар. Уопсайынан, бу хомус тиэмэтигэр сахаларга эрэ буолбатах, мас уонна уҥуох хомустар олох былыргы көрүҥнэр диэн биллэр, бу киһи тимири туттар, сатаан уһаарар буолуон иннинээҕилэр диэн билэбит. Онтон тимири киһи туттар буолбутун кэннэ, тимир хомустар баар буолаллар. Омук төһө мас уонна уҥуох хомустааҕа былыргытын көрдөрөр. Ону толкуйдуу сылдьан Кулун-Атах култууратын арыйбыт чинчийээччи А.И. Гоголев матырыйаалларыгар арай оруобуна оннук “фрагмент предмета невыясненного происхождения” диэни буллум. Наһаа элбэх матырыйаал быыһыгар хаалан хаалбыт быһыылаах. Ону кээмэйинэн көрдөххө, уҥуох хомус курдук этэ. Онон сахалар тыһыынча сыл анаараа өттүгэр хомустаахтарын көрдөрөр.
— Түмүккэр тугу этиэҥ этэй?
— Киһи биир малы, таҥаһы үүт-үкчү оҥорбот, хас биирдии уус, иистэнньэҥ бэйэтэ ньымалаах буолар. Онон көрдөөтөхпүт аайы, саҥаттан саҥа туох эрэ көстөн иһэр, ол аайы ыйытыыбыт эмиэ элбиир. Кэлин көстүбүттэртэн биир киһи атын маллаах буолар, атын киһи атын. Ол тугу этэрий диэн чинчийии ыытыллар уонна ыытыллыа даҕаны. Бу уһун кээмэйдээх үлэ, тута бэчээккэ таһааран барбаккын. Хас эмэ сылы уҥуордаан дьон көрө иликтэрин саҥаттан арыйан көрөр чинчийии өттүттэн умсугутуулаах.
Дьон, уопсастыбаннас өйүүрэ наһаа туһалыыр, былыргы историябытын чинчийэргэ күүс-көмө буолар. Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун археологическай экспедицията Алексеев А.Н., Бравина Р.И. салайыыларынан сыл аайы саҥа пааматынньыктары арыйар, билиибит кэҥээн иһэр, онон өссө да элбэх арыйыы күүтэр
Ангелина КУЗЬМИНА.