Сахаҕа быа уонна баайыы көрүҥнэрэ элбэхтэр. Бүгүн туомтуу баайыы ньыматын туһунан сиһилии быһаарыахпыт. Туомтаа – быаны баайыллыбыт уhугуттан тартахха тута сөллөн кэлэр, оттон атын уhугуттан тартахха эбии ыйыллан иhэр гына олуйан баай (оннук баайар ордук бигэ). Туомтуу, сыh. Туомтаан, туомтуу ньыманы туттан (Афанасьев П.С. Саха тылын быhаарыылаах кылгас тылдьыта – Дьокуускай: Бичик, 2012. 524 сирэй). Туомтаа – быаны баайыллыбыт уhугуттан тартахха тута сөллөн кэлэр, оттон атын уhугуттан тартахха эбии ыйыллан иhэр гына олуйан баай (оннук баайар ордук бигэ) Туомтуу, сыh. Туомтаан, туомту ньыманы туттан. Э.К.Пекарскай тылдьытыгар булабыт: «Кэпсэтииттэн сўбэ ордук, баайыыттан туомтуу ордук (из разговоров лучший — совет, из узлов лучший – якутский узел». Салҕыы бу ньыма туһунан маннык суруйуулары булуохха сөп:                                               

  1. Сылгыны айааһаан, үүн кэтэрдэн, ат арҕаһыгар олорбут төрүттэр туомтуу баайыылара Аар Айыы Тойонҥо күннэтэ оҥорор туомнара буолар. Туом-дуом, айыы суолун туттум диэн суолталаах тыл.
  2. Саха эр киhитэ Үс Дойдутун ону сэргэ Үс кутун бииргэ  өйөбүл оҥостубут баҕатын аана (баҕана) сэргэ (коновязь) буолар. Саха киhитэ олоҕун устата эркин курдук эрэнэрэ, кини ата – Дьөhөгөй оҕото буолар. Саха эр бэрдэ Дьөhөгөй оҕотунаан төhөлөөх да иини иистэр, сиэр киэбинэн, сиэри – туому тутуhан сылдьар. Ону Үрүҥ Айыыларга мэктиэлээн (бэлиэтээн) сэргэҕэ атын баайыытын (узел) туомтуу баайыы диэн ааттыыр (Николай Окороков).
  3. В.Л. Серошевскай «Якуты» үлэтигэр: «Туомтуу баайыы – олус түргэн уонна судургу. Көрбөккө да туран, илиин иминэн баайыахха сөп. Үтүлүктээх да сылдьан баайыллар, сорох тарбахтар бу баайыыга улахан оруолу оонньооботтор. Бу баайбыты сүөрэр өссө чэпчэки».
  4.  П.А.Ойуунускай «Дойду оҕото Дороҕуунап Ньукулай» айымньытыгар
    Тураҕас дьоруо аппын
    Туура тутан ыламмын –
    Тоҕус уостаах сэргэбэр
    Тоҕута туомтуу таттым,
  5. Били биhиги оҕонньорбут кэлэн, сыарҕатыттан түhэн, төрдүн кутуйах кэрбээбит сабыс-саҥа кыл көнтөhүнэн атын сэргэҕэ туомтуу тардан баайан кэбистэ (Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон, «Охоноон» (1921 сыл) төрөөбүт литература, 8 кылаас, 2 чааhа, 13 сирэй, 2016 с.).

Саастаах дьонтон туомтуу баайыы туhунан ыйытыыларга маннык хоруйдаатылар:

Ефимова Татьяна Васильевна (Таатта, Чычымах): «Туомту баайыы киhи бэйэтэ сүөрбэтэҕинэ хаhан да сөллүбэт. Кытаанах уонна судургу баайыы. Ол иhин үксүн аты сэргэҕэ , онтон атын сиргэ оҕуhу эмиэ баайаллар. Холбонуу быаны, сөллүбэтэр диэбит сиргэ туомтуу баайыыттан ордук эрэллээх баайыы суох. Аны маннык баайыы ыйыллара  барбат, онон күүскэ тардыhан иhэр быаны судургутук, сымнаҕастык сэллэр». Богдокумова Христина Михайловна (Таатта, Чычымах): «Былыргы сахаларга саамай эрэллээх баайыылара диэн билэбин. Мин кэргэним, уолум тутталлар. Сүөрэргэ судургу ол гыннар мээнэ өhүллүбэт». Гурьева Ираида Игнатьева (Сунтаар, Күндээйэ): «Туомтуу баайыы ыйыллыбат баайыы көрүҥэ. Үксүн сүөhүнү баайыыга туттуллар. Моонньугар, муоhугар быhа киирбэтин диэн».

Бу көстөрүн курдук туомтуу баайыы биhиги олоҥхобутугар, араас сэhэннэрбитигэр, кэпсээннэрбитигэр үгүстүк ахтыллар, олус судургу эрэллээх быаны – туhаҕы баайыы буолар. Үксүн аты сэргэҕэ баайаллара ахтыллар. Ынах сүөhүнү муоhугар ыга киирбэт гына, сөллөн баран атын сүөhүнү кэйбэтин диэн бигэтик баайаллара. Бу баайыы урут уруккуттан билиҥҥэ диэри саха норуотугар бары улуустарга туттуллар. Туомтуу баайыыны сатыыр киhи көрбөккө да туран, үтүлүктээх да туран баайыан сөп. Аны сүөрэргэ ити этэллэрин курдук, биир уhугун тарт да төлө барар. Ханнык баҕар быаны, синньигэс да буоллун, суон да буоллун түргэнник баайыллар. Биһиги өбүгэлэрбит сылгы, оҕус, таба көлөлөөхтөрө. Ол сэбин-сэбиргэлин төһө кыалларынан үлэҕэ, айаҥҥа табыгастаах, киһи көрөрүгэр үчүгэй көстүүлээх, оҥоһуулаах, киэргэллээх буолар гына тэринэллэрэ. Холобур, ат сэбин-сэбиргэлин, быатын-туһаҕын оҥоруунан уонна ону оһуордаан-мандардаан киэргэтиинэн туспа анал дьон дьарыгырара. Эр дьон сыарҕа араас көрүҥүн, дугатыттан адаҕатыгар, сылгы түүтүн кырыатыыр кыһыаччыгыттан атах иһэхтииригэр тиийэ оҥостоллоро.

Ат таһаҕаһы тардарыгар аналлаах хомуутун, сэдиэлкэтин, ыҥыырын араастаан киэргэтэллэрэ. Тимири, алтаны, үрүҥ көмүһү таптайан, чочуйан, нарын куорманы биэрэллэрэ уонна ойуу-бичик түһэрэллэрэ. Оччотооҕу уустар оҥоһууларын, ат сэбин-сэбиргэлин киэргэлин билигин көрөргө олус сиэдэрэйдэр. Ат элбэх араас  быата тус-туспа ааттаах буолар:

Тылдьыт

Сулар – ат төбөтүгэр кэтэрдиллэр быа.
Тэһиин – тирииттэн оҥоһуллар, ат айанын салайан биэрэр үүн быата.
Көнтөс – аты сиэтэргэ, баайарга аналлаах сиэлинэн хатыллыбыт хаптаҕай быа.

Сылгыны иитэр киhи, хаhаайыстыба Дьөhөгөй Айыыттан араҥаччыланар, ол көлүөнэттэн көлүөнэ ыччатыгар бэриллэр. Турук, чэгиэн буолар кэскиллээхтэр. Түмүктээн эттэххэ, биһиги сахалар сылгылаах норуот буоламмыт күн бүгүнүгэр диэри үүнэ-сайда олоробут, инники олохпутугар кэскиллээхпит.

Өбүгэлэрбититтэн  тиийэн кэлбит биир туспа сылгыга, ынах сүөhүгэ туттар туомтуу баайыылара буоларын умнуо суохтаахпыт. Бу  туомтуу баайыы урут да, билигин да, кэлэр да өттүгэр куруук баара, туттуллар, туhанылла да туруо дии саныыбын.

Дьокуускай куорт 17 №-дээх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Ирина Тарабукина.