Макаров Костя, Болугур оскуолата
Петрова Т.П., саха тылын, литературатын учуутала
Биһиги сахалар ѳбүгэбит хантан хааннаах, кимтэн кииннээх омук буоларын, туох дьарыктаах дьон эбитин, тоҕо сэриилэһэллэр эбитин, таӊастара-саптара, астара-үѳллэрэ хайдах эбитин билиэхпитин баҕараммыт үөрэтэн көрдүбүт. Биһиги омукпут былыргытын туһунан «Тыгын Дархан» киинэҕэ эбэтэр түмэлгэ эрэ кѳрүѳххэ сѳп. Онно даҕаны барыта ситэри кѳстүбэт. Маны барытын биһиги үөрэтиэх тустаахпыт.
«Тыгын Дархан» киинэҕэ баар Майаҕатта диэн күүстээх киһи туһунан билээрибит бу үлэни саҕалаабыппыт.
Биһиги билигин сайдыылаах кэмӊэ олоробут. Туох баҕарарбыт, тиэхиньикэ, интэриниэт барыта баар. Оттон былыр ити барыта суох эрдэҕинэ, дьон хайдах олорбут эбитий?
Майаҕатта олорбут кэмэ
Майаҕатта олорбут кэмэ 16-с үйэ буолуон сѳп. Тоҕо диэтэххэ, кини кэмигэр баар Тыгын Дархан 16-17 үйэлэр быыстарыгар олорбута биллэр.
Тыгын Дархан олохтоох омуктары, биир уустарын барыларын холбооттообут кэмэ. Ону биһиги кини Саха сирин барытын холкутук кэрийэ сылдьан баҕарбытын гынарынан, оӊорорунан билэбит.
Оччолорго ханна эмэ күүстээх киһи үѳскээбитин биллилэр да, атын күүстээх дьон аат былдьаһан, ол киһини баран чуӊнаан ѳлѳрѳн кэбиһэллэр эбит. Онно ким да сууттаммат кэмэ. Ол курдук аӊардастыы аатыран, киэптээн олороллор эбит. Оттон норуот ким күүстээх киһи баарынан ол киһини тойон оһостон олорор эбит.
Биһиги сэһэӊӊэ ааҕарбытынан, Тыгын Дархан уола Хардаҕастай Бэргэн диэн эмиэ биир күүстээх, киэбиримсэх киһи Майаҕатта туһунан дьон кэпсиирин истэн, кини олорор сиригэр кэлбит. Уоран ѳлѳрѳѳрү. Тыа быыһыгар саһан атыгар олорор. Алаас ортотунан Майаҕатта балыктыы баран эрэрин кѳрѳн «чахчы да улахан киһи эбит. Ол эрэри кини баҕас буор балыксыт туох күүстэммит үһү, мин кинини ѳлѳрѳн бардахпына ѳссѳ аатырыам» дии саныыр. Уонна киһини атынан үнтү тэбистэрээри эккирэтэр. Ол эрээри кини баҕарбытын курдук ата кыайан тэпсибэт. Майаҕатта улаханнык кыыһырбат даҕаны. Ылан илиитин таһынан киэр анньан кэбиһэр. Хардаҕастай Бэргэн атыттан сууллан, тиэрэ баран түһүѳр диэри. Хардаҕастай улаханнык саллан-дьулайан, тѳттѳрү барар.
Оччолорого Тыгын Дархан билиӊӊи Дьокуускай куорат турар сиригэр Туймаадаҕа, Сайсарыга олорор эбит.
Майаҕатта дьоно
Майаҕатта элбэх дьоно суох. Ийэтэ Эбирикээн эмээхсини кытта алааска балаҕаӊӊа олороллор. Майаҕатта тѳрүѳҕүттэн 9 сааһын туолуор диэри кыайан хаампат ыарыһах эбит. Атахтара хаампаттар. Ийэтэ уолун салаасканан соһо сылдьар. Уола Майаҕатта улаатан иһэр. Онтон бэйэтэ сатаан хаампат.
Биирдэ ийэтэ Эбирикээн эмээхсин хантан эрэ чааскыга хаан аҕалан иһэрдэр. Туох хаана буолара биллибэт. Ол хааны иһэн баран, Майаҕатта атахтанан хаамар буолар хаалар. Эмискэ улаатар. Уон саастааҕар улахан дьонтон улахан уӊуохтаах буолар.
Онтон Пестряковы Н.С. «Майаҕатта Бэрт Хара» диэн кинигэтигэр маннык суруйбут: «Эмээхсин баттаҕыттан куйуур баайда. Эбэрикээн уолун соһон сыырынан тахсан иһэн кыайбакка, халтарыйан аллараа диэки сурулуу турда. Атаҕыттан, илиититтэн хаан оҕуолаата. Хаар кып-кыһыл хаан буолла. Уола ону кѳрѳн мэйиитэ эргийдэ, хараӊҕа ирим-дьирим буолла. «Кыһыл. Кып-кыһыл. Кыһыл Сыыр!» — уол салааскаҕа сытан кыланна. Уол ат буолан, ийэтин кытта сыыры ѳрѳ дабайдылар. Ити күнтэн ыла Майаҕатта баттыктанан хаамар буолан барда. Ийэтэ уолун таптаан Байаттыман диэн ааттыыр».
Онон Майаҕаттан оҕо эрдэҕинээҕи таптал аата Байаттыман диэн эбит. Онтон кэлин Майаҕатта Бэрт Хара диэн эбии ааттаммыта. Ийэтин аата эбээннии Эбэрикээн дин. Олорбут тумуһа Кыһыл Сыыр.
Олорбут, балыктаабыт сирдэрэ
Бороҕон улууһугар Кыыс Хаӊа диэн алааска олорбуттар. «Дэхсилээн-тэӊнээн кээспит курдук, талыы-талба арыы-саһыл хонуулаах, кѳҕѳрүмтүйэн кѳстѳр күѳх эниэ кэрискэ кэрдиис мырааннардаах, сиэлэн-сэлэлээн киирбит тумуһах хойуу бѳлкѳй тыалардаах, үллэн кѳстүбүт үрдүк туруору тумуллардаах биир кэлим уһун ньолбуһах кѳстүүлээх сир киэнэ сиэдэрэйэ – Кыыс Хаӊа».
Майаҕатта ийэтинээн сүѳһү-сылгы ииттибэт, бултаан-балыктаан аһыыр ыал эбиттэр. Дойдутугар Күрдьэҕэлээх диэн кѳлүччэҕэ куйуурдууллар эбит. Күрдьэҕэ диэн кыра, бытархай үѳн диэн ѳйдѳбүллээх. Үѳн-күрдьэҕэ диэччилэр. Дьоно-сэргэтэ куйуурдуур кэмнэригэр Майаҕаттаны ыӊыран кѳмѳлѳһүннэрэллэр. Кини күүстээх киһи быһыытынан мууһу тэһэр эбит.
Сүрдээх ыраах 4 кѳстѳѳх (40 км) Мүрү диэн эбэҕэ баран кустаан кэлэр. Хоппо курдук улахан тымтайдаах, онно толору балыгы хаалаан баран сүгэн кэлэр эбит.
Аны дьиэтиттэн 5 кѳстѳѳх (50 км) Тѳӊүлү диэн күѳлгэ туунан, ардьааҕынан балыктаан, эмиэ били тымтайынан сүгэн кэлэр. Сайын ѳрүһү туорууругар дүлүӊнэри кэккэлэтэн баран, болуот оӊостон, онон ѳрүһү туоруур эбит.
Ол бултуур күѳллэриттэн бастыӊын Тойон Мүрү, Хотун Тѳӊүлү, бэйэтэ олорор сирин Кыыс Хаӊа диэн ааттаабыт. «Элбэх күѳлү барытын «эбэ» диириттэн ааттарын уларыппыт: Уол Бэйдиӊэ, Хатыӊ Сыһыы. Ону таһынан дьон олорор сирин эмиэ ааттаабыт: Бэрт Уустара, саарбалаах-саһыллаах Саһылыкааннар, хорсун, быһый хоролор, курданалларыгар быһахтаах Курбуһахтар, суон сурахтаах Өлтѳхтѳр, Өнѳрдѳр.
Дьиэтэ-уота
«Кыыс Хаӊа сайылыкка үрдүк тумул үрдүгэр Кыһыл Сыырга сандаӊа мастаах тумус тыаҕа хаххаланан соҕотох балаҕан турар. Балаҕан хонууттан тута биллибэт-кѳстүбэт. От үүммүт халыӊ даӊнаах. Илин ѳттүнэн мас иэччэхтээх, саарбалыы тигиллибит тирии бүрүѳһүннээх кэӊэс халҕаннаах, эргиччи кыараҕас чуолҕан түннүктэрдээх.
Иһирдьэ киирдэххэ, кэтит иэдэстээх, буор сыбахтаах оһох оттуллан умайа турар. Тѳгүрүк холумтаӊӊа буор кѳһүйэ оргуйар. Бу Эбэрикээн эмээхсин балаҕана».
Балаҕаӊӊа кыһын тымныыга олороллор этэ. Муус түннүктэрдээх буолар. Мууһа уулуннаҕына, сайын туос түннүккэ сүлүүдэни кыбытан сайыӊӊы түннүк оӊостоллор.
Муоста диэн суох. Буор муостаҕа олороллор.
Кѳмүлүѳк оһоҕу оттон олороллор. Оннук оһох сабыллыбат. Онон күн аайы оттор мас наада буолар. Сылаас буоллун диэн хотоннорун балаҕаннарыгар сыһыары туталлар.
Эркини кыйа наара мас ороннор баар буолаллар. Кэтэҕэриин, биллэрик орон диэн баар буолар.
Кыыстаах ыал хаппахчы диэн хос курдук оӊорор.
«Кыараҕас туруору балаҕан иһигэр уӊа, кэтэҕэриин ѳттүлэригэр иккилии оронноох, сыбах оһохтоох, туох да үп-ас, таӊас-сап а суох эбит. Сэбиэ-туос остуолга сүрдээх бѳдѳӊ баҕайы соболору сии олорор».
Сылаас кэмӊэ ураһаҕа олороллор. Ураһаны тириилэри саба быраҕаттаан оӊороллор.
Саха ыала сылга 2-3тэ олорор дьиэтин уларытан кѳһѳр. Сайын сайылыкка, күһүн отор балаҕаӊӊа, кыһынын балаҕаӊӊа олороллор.
Балыктыыр сэбэ, тэрилэ
Саха дьоно балыктыыр тэрилин арааһа элбэх этэ: туу, куйуур, илим, муӊха, күѳгү. Кыһыӊӊы ѳттүгэр туспа, сайын туспа тэрил буолар.
№ | Кыһыӊӊы балыктыыр тэрил | Сайыӊӊы балыктыыр тэрил |
Муӊха, | илим | |
куйуур, | күѳгү | |
Ардьаах | туу |
Балыгын хостоон баран, хоппо курдук улахан тымтайыгар (туоһунан тигиллэр балык угар иһит) хаалаан дьиэтигэр илдьэ барар.
Сэриилэһэр сэбэ-сэбиргэлэ
«Бэрт Хара эр киһи сааһын ситэн, лоп курдук уон аҕыһын туолла. Ох саа оӊоһунна, оноҕос быһынна, далла мэндэйэ оонньуур идэлэннэ. Суон хара тѳӊүргэскэ үрүӊ туос уран баран, ытан кууһуннарар. Ох тыаһа ыйылыы түһэр да, сытыы уһуктаах оноҕос тѳӊүргэскэ ыаммыт туоһу тобулу кѳтѳн, тѳӊүргэс киилэ этигэр сынтарыйар. Күүскэ ыттаҕына оноҕос умнаһа тулуйбакка булгу ыстанар, тымтык маһыныы тырыыӊкалана ыһыллар.
Бэрт Хара ийэтин сүбэтинэн ыраах ытар быыра оҕу, булка туһаныллар охторуулаах булугас оҕу, оонньууга-кѳргѳ туттуллар ырыалаах оҕу, бэйэтиттэн араарбакка илдьэ сылдьар ымыылаах оҕу тус-туспа оӊостор. Ох сааны оӊорор наһаа уустук уонна оӊоһуллар кистэлэӊнэрдээх.
Майаҕатта олорбут кэмигэр туттар сэрии сэбиргэллэрэ: кыырыктаах үӊүү, суубулаан батас, батыйа, ньир муос саа, ох саа. Ох саа оноҕоһо 4 араас буолар эбит.
Таӊаһа-саба
Оччолорго дьадаӊы дьон таӊастара барыта сүѳһү-сылгы тириититтэн имитиллэн оӊоһуллар. Талкы диэн тириини сымнатар мас тэрилинэн имитэллэр. Очоҕо арыый сымныыр. Онон ыстаан, сон, этэрбэс тигэллэр. Баай дьон бары сымнаҕас тириилээх саһыл, саарба, кырса, куобах, тииӊ тириититтэн тигиллибит таӊастаах буолаллар.
«Сүрдээх улахан муӊур тиит саҕа үрдүк, сыарҕалаах от курдук улахан кэтит кѳҕүстэх киһи сыһыыны ортотунан хааман бэрийэн эрэрин кѳрбүт. Уӊуоҕа улахана олус баҕайы. уһун киэӊ түнэ сонноох, баһыттан атаҕар диэри сарыы, түнэ таӊастаах, киэӊ уһун баҕайы хара ыстааннаах, сарыынан оӊоһуллубут сонноох».
Майаҕаттаны Тыгын Дархан уола Хардаҕастай Бэргэн атынан үнтү тэбистэрээри кѳрбүт кэмигэр итинник тирии таӊастаах этэ.
Харысхал таӊас
Оттон Тыгын Дархан Майаҕаттаны ыһыахха күрэхтэһиигэ кытыннарарыгар дьон быһа саӊарбатын диэн капюшон курдук сирэйин сабар хара таӊастаах киллэрэллэр. Билигин даҕаны спортсменнар боксаҕа, тустууга киирэллэригэр итинник сабыылаах киирэллэр. Харысхал таӊас. Билигин даҕаны оннук харысхал таӊаһы таӊналлар.
Бу сон бэйэтиттэн бэргэһэлээх уонна сирэйэ кѳстүбэт сабыылаах эбит. «Туох ааттаах сирэйэ-хараҕа кѳстүбэт, хара таӊаска хаххаламмыт киһи үѳһэттэн түспүт дуу, аллараттан тахсыбыт дуу, хара киһи дуу, абааһы дуу, кимий бу?… Дьэ, ики атахтаах истибэтэх Бэрт Харата булан буулаата?»
Аһа-үѳлэ
Оччолорго астара сүрдээх боростуой, судургу буолар эбит. Ол курдук сүѳһү, сылгы этэ, биирдэ булт этэ, кус-хаас этэ. Бурдук ас суох. Балыктаан аһыыллар: собо, мунду, күѳнэх, сордоӊ… Уонна сир аһа буолуон сѳп: дьэдьэн, хаптаҕас, отон… Ыһыахха кымыс, үтэһэлээх эт сииллэр. Кѳннѳрү күӊӊэ суорат, ымдаан, быырпах, үүт, сүѳгэй, арыы буолуон сѳп. Кыһын үүт ас арааһын тоӊорон, араас аһы хаһааналлар.Балыгы эмиэ араастаан хаһааналлар.
Майаҕаттаҕа ийэтэ чааскыга хаан аҕалан биэрбит. Бу хааны кини хантан даҕаны ылбыта биллибэт. Сүѳһүттэн дуу, кѳтѳртѳн-сүүрэртэн дуу ылбыта биллибэт. Ол хааны испититтэн ыла улам-улам үчүгэй буолан, устунан атахтанан хаалбыт.
Тыгын Дархан уолаттарын кытта Майаҕаттаны ѳлѳрѳѳрү, «кымыска сылгы сиэлин кырбаан биэриэхпит, онно хардаҕына, тѳбѳтүн быһа охсон кэбиһиэхпит» диэн былаанныыллар.
«Чорооӊӊо кымыста кутан баран, кылы түүтэхтии-түүтэхтии, таһын арыынан суулаан, ол чороонноох кымыска угаттыахха уонна аһатар, маанылыыр быһыынан ыӊырыахха. Кэллэҕинэ, дүлүӊ олох маска олордон баран, бэлэмнээбит кымыһы аҕалан биэриэххэ».
Майаҕатта дьиэтигэр балыктаан кэлэн, собо буһарынан аһыы олороро баар.
Сүрдээх бѳдѳӊ үѳлбүт собону элбэх баҕайыны ѳрѳһѳлүү кутунан кэбиспит. Оргууй аҕай эттээн эрэйдэммэккэ, күѳнэҕи сиир курдук ыстаабыта буола-буола ыйыста олорор. Дыгын оҕонньор Майаҕатта аатыгар дьоһуннаах сылгыны ѳлѳртѳрѳн, дьоһуннаах иһит кымыһы туруоран күндүлээбит.
Күрэхтэрэ, оонньуулара
Оччолорго ыһыахха эбэтэр урууга, дьон муһуннаҕына араастаан крэхтэһэн кѳрѳллѳр, оннук онньууллар эбит. Сүүрүү, тустуу (хапсаҕай), ох саанан ытыһыы (далла мэндэйии), мас тардыһыыта – бу сүрүн оонньуулара. Ону таһынан билигин да баар илии-атах оонньуулара баар буолуохтарын сѳп.
Ыал буолуута
Майаҕатта Бэрт Хара ити күрэххэ сылдьан, Тыгын Дархан кыыһын Тыӊаары Куону сѳбүлүү кѳрбүт. Уонна кэргэн ылыан баҕарар. Кини кѳннѳрү кэпсэтиинэн хайдах даҕаны итииник баай, мааны ыал кыыһын кэргэн ылбатын ѳйдүүр. Ол иһин күрэххэ кыайбытыгар Тыгын сүѳһү-сылгы биэрээри гыммытыгар Майаҕатта: «Мин сүѳһүгэ-аска наадыйбат киһибин. Ол кэриэтэ кыыскын ойох аҕал»,- диир. Онуоха Тыгын Дархан: «Оо, эттэҕиӊ буолуо даҕаны, ол мин оҕом инниэн буолан тахсыа суоҕа» — диир.
Бу кэпсэтиини Тыӊаары Куо истэ сылдьан Майаҕаттаҕа утары хааман кэлэн: «Мин эйиэхэ хаһан да үтүѳ сѳбүлэӊминэн тахсыам суоҕа. Сыһыыттан туттаххнына ылыаӊ, суох да – суох!» — диэн баран, куотан хаалар. Тыӊаары куо сүрдээх кытыгырас, түргэн сүүрүк кыыс эбит. Ол да иһин бэйэтигэр эрэнэн, итинник диэтэҕэ.Кимиэхэ да хаһан да сүүрүүгэ кыайтарбатах эбит.
Майаҕатта Бэрт Хара кыыс эппититтэн соһуйан хаалар. Уонна кэнниттэн эккирэтэр. Ѳр сүүрэллэр. Онтон кыыс сылайан, бытааран барар. Майаҕатта ситэн кэлэн кыыһы суһоҕуииан харбаан ылар уонна санныгар быраҕан, хаһыытаппытынан-ытаппытынан илдьэ барар.
Тыгын Дархан кинилэри бэйэтин дьонунан эккирэтиннэрэр да, Майаҕатта чугаһаппат. Кини ох саанан ытар. Уонна маннык этэр: «Тыгын Дархан кыыһын миэхэ сѳбүлэһэн биэрбэтэҕэ. Сыһыыттан туттаххына ылыаӊ диэбитэ, туттум, ыллым, ильэ бардым». Онон таах тѳннѳллѳр.
Арааһа, онтон ыла ыһыахтарга, араас күрэхтэргэ «кыыһы эккирэтии» диэн күрэх үѳскээбитэ буолуо.
Түмүк тыл
Биһиги бу үлэни суруйаары элбэҕи биллибит. Ол курдук, былыргы ѳбүгэбит тугу аһаан-таӊнан, үлэлээн-хамсаан, таӊнан-саптан олорбутун, оонньуурун-күрэхтэһиитин, сэрии сэбин, балыктыыр, бултуу сэбиргэлин үѳрэтэн биллибит.
Бу «Майаҕатта» сэһэн түӊ былыргытттан умнуллубакка тиийэн кэлбитинэн биһиги элбэҕи билэбит.
Майаҕатта Бэрт Хара диэн дьиӊнээх олоххо олоро сылдьыбыт киһи эбит. Уус-Алдан уонна Мэӊэ-Хаӊалас икки ардыгар, быыһыгар олорбут эбит. Ону биһиги кини олорбут, балыктаабыт сирдэриттэн билэбит. Урут Бороҕон улууһа уонна Илин Хаӊалас улуустара диэн эбиттэр.
Маны таһынан биһиги Майаҕатта айылҕаттан улахан күүстээх киһи эбитин уонна туох эрэ хаанын иһэн атаҕар турбутун биллибит. Бу туох хаана буоларын ким да билбэт. Маны билиэхпитин баҕардыбыт.
Билигин Уус-Алдан Сыырдаах нэһилиэгэр Майаҕаттаҕа анаан оӊорбут памятниктара турар. Памятник 4 метр үрдүктээх. Ол памятникка Майаҕатта олоҕо барыта ойууламмыт: хайдах кинини ийэтэ салаасканан соһо сылдьбытын, хайдах күүстээх киһи буолан күрэхтэспитэ…
Онтон ааспыт сайын Уус-Алдаӊӊа республиканскай Спортивнай оонньуулар күннэригэр Майаҕаттаҕа саӊа памятник туруорбуттара. Бу барыта олохтоох дьон биир дойдулаахтарын Майаҕаттаны улаханнык ытыктыылларын, кининэн киэн тутталларын кѳрдѳрѳр.
Майаҕатта бэйэтэ майгытынан сүрдээх холку, үтүѳ майгылаах киһи эбит. Кими да кытта сэриилэспэккэ, айдаарсыбакка, бэйэтэ-бэйэтигэр олорбут. Кэргэнин, Тыгын Дархан кыыһын Тыӊаары Куону эккирэтэн ылбыт.
Сахалар күүстээх, үтүѳ майгылаах киһини былыргыттан ытыктыыллар, убаастыыллар эбит.
Биһиги биир этиилээхпит. Оскуола саастаах уолаттарга анаан, «Майаҕатта оонньуулара» диэн национальнай илии-атах оонньуутугар күрэх тэрийиэххэ диэн. Манчаары аатынан, Дыгын оонньуулара диэн күрэхтэр бааллар. Оттон Майаҕатта аатынан күрэх тоҕо суоҕуй? Ол курдук, сүүрүүгэ, хапсаҕайга, ох саанан сыал ытыыга, мас тардыһыыга буолуон сөп. Майаҕатта курдук холку, үлэһит, тулуурдаах, булчут, балыксыт күүстээх эр киһи буолуохпутун баҕарабыт.
Туттуллубут литература:
- Гаврильева А.И. Далан «Тулааах» оҕо арамааныгар олоҕурбут кэпсээн «Күрүѳйэх кыыс» Дь Айар 2022.
- Далан Тыгын Дархан Дь 1993.
- Попов А. – Муотаан Саха сэһэннэрэ Дь Бичик 200.3
- Федоров Г.Е. Сэргэ тѳрдүгэр сэһэн Я 1991.
- Березкин И.Г саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ Я 1977.
- Ксенофонтов Г.В. Урааӊхай сахалар 2 Я 1992.
- Пестряков Н.С. Майаҕатта Бэрт Хара Дь Бичик 1993.