«Норуот тылынан уус-уран айымньытын үйэтитии» фольклору хомуйууга өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйабытыгар уонна күрэспитигэр киирбит үлэлэрбититтэн таһаарабыт. Маннык айымньылары научнай сыалга-сорукка кэпсээччи хайдах кэпсээбитин, саҥарбытын курдук уларыппакка, көннөрбөккө сурукка түһэрэр быраабыла баар. Ол быһыытынан хайдах баарынан тахсар. Кэбээйи улууһун Куокуй орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Гуляева Иванна хомуйбут үһүйээнин таһаарабыт.
Бу үһүйээни эдьиийим Спиридонова Варвара Никифоровна аҕатыттан Спиридонов Никифор Григорьевичтан истибитин миэхэ кэпсээбитэ. Эһэм Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин олохтооҕо этэ, кини биһиэхэ бэрт элбэҕи кэпсиирэ, олус уус тыллааҕа, кинигэ, сурунаал бөҕөтүн суруйтаран ылара, дьоҥҥо уларсан аахтарара.
Тостуукаан бэрт дьадаҥы, элбэх оҕолоох, ыарыһах ойохтоох, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан бэрт эрэйдээхтик олорбута. Самнайбыт балаҕан ис бараана олус мөлтөх, икки ынахтааҕа, кырдьа барбыт биир аттааҕа. Ону ол диэбэккэ туулаан, туһахтаан, тиргэлээн син күннээҕи аһын булунан бур-бур буруо таһааран ыал-ыал курдук олороохтообуттара. Дьэ, итинник олордохторуна, биир дьыл – кыһын эбитэ үһү, улахан уола мас кыстыы сылдьан арҕаа диэкиттэн аттаах дьон иһэллэрин тыллаабыт. Ыаллар ийэлэрэ көмүлүөк иннин сипсийэ охсубут, кыыстара сандалы сирэйин соппута буолуохтаабыт. Аан бурҕачыйа түһээтин кытта икки бэрт мааны таҥастаах-саптаах дьон балаҕан иһигэр кутулла түспүттэр. Ыаллары хайдах олороллорун, доруобуйаларын, олохторун-дьаһахтарын сураспыттар. Таһырдьаттан кэһиилэрин киллэрэн сандалыга уурталаабыттар. Аһыы утах, арыы, минньигэс, саахар, сылгы этэ, чэй, табах, сиидэс таҥас эҥин өрөһөлүү сытарын көрөн дьиэлээхтэр тылларыттан маппыттар.
Бу дьон наадалара диэн бу кинилэр олорор алаастарыттан ыраах соҕус Баардаах Байбал диэн бэрт баай киһи дьиэ кэргэнинээн, кулут-чаҕар дьонунаан улахан ис ыарыытын дьаҥыгар ылларан имири эстибиттэрин кэпсээбиттэр. Уонна бу дьону барыларын иин хаһан дьаһайарыгар сорудахтаабыттар. Ол кэнниттэн туох наадалааҕын, баайдарын-дуолларын көһөрөн ыларыгар сорудахтаабыттар. Сарсыҥҥы кунугэр Тостуукаан ыалдьыттарын атааран баран ыраах айаҥҥа туруммут. Атын көлүммүт, сыарҕатыгар от тэлгэммит, чохороонун уктубут уонна айаннаабыт. Син өр айаннаан, тоҥон-хатан, наадалаах сирин булбут. Улахан киэҥ алааска баай киһи олорбут дьиэтэ, күрүөтэ-хаһаата дьэндэйэн турар эбит. Сылгылар кистииллэрэ, ынахтар маҥырыыллара, ыт үрэрэ иһиллибит. Биһиги киһибит хара улэҕэ үөруйэх буолан дьиэ сүөһүлэригэр от биэрэн, саах, тэлгэһэ күрдьэн, дьэ дьиэҕэ киирбит.
Дьиэҕэ киирбитэ хабыс-хараҥа эбит. Ыһыырынньык хата булан уматан көрбүтэ хос аайы өлбүт дьон сыталлара, көрүөххэ сүрдээх суол этэ. Ол да буоллар, биһиги киһибит харса суоҕун киллэрэн чэй өрүммүт, ампаартан эт киллэрэн буһарыммыт. Дьиэ сылыйбыт, эбии чүмэчи уматан барыта сырдаан кэлбит. Арай хос иһиттэн киһи саҥарбыт: «Бу хайа үтүө санаалаах киһи кэлэн дьиэни ититтэ, ас астаата?». Тостуукаан хоһу өҥөйбүтэ биир кырдьаҕас арбайбыт эмээхсин нэһиилэ өндөйөн туран эрэр эбит. Эр бэрдэ улаханнык кыыһыран ол эмээхсиҥҥэ бардьыгыныы туһээт, охсон түһэрбит, киһитэ налыс гынан хаалбыт.
Онтон муоста аһыллаатын кытта ардьайбыт саабыла курдук тиистэрдээх, боробулуоха курдук аҕыйах баттахтаах абааһы кэлэн сии олорбут этин сиэн эрдэҕинэ, Тостуукаан чохороонун харбаан ылан баска саайталаабыт. Киһитэ ити кэнниттэн мэлис гынан хаалбыт. Ол быыһыгар эмиэ да күлэр, эмиэ да ытыыр саҥа диэки барбыта хотон иһигэр өссө биир барыта түү киһи олорорун көтөҕөн ылан үлтү бырахпыт. Дэлби итииргээн Тостуукаан таһырдьа тахсан кээһиилээх от үрдүгэр сыппыт. Арай истибитэ кимнээх эрэ саҥарсаллара иһиллибит: «Ханна барда, ханна барда? Була тардыҥ түргэнник!». Уонна хас да күлүк курдук дьон от үрдүгэр ыттыбытынан барбыттар.
Тостуукаан эмиэ чохороонунан ол күлүктэри үлтү ньыһыйбыт. «Бу баар эһиэхэ, бу баар! Тос мааскаҕытын ыллыгыт дуо!?», – диэн часкыйа турбут. Эмискэ тыас-уус мэлийбит, ол иһин кини дьиэҕэ киирбит. Уопсай иин хаһан дьонун барыларын харайан, сылгылары көлүйэн баайы- дуолу тиэнэн, ынах сүөһүнү үүрэн төттөрү дьиэтигэр айаннаабыт. Оо, дьоно мааны таҥастанан, астаах-үөллээх, элбэх сүөһүлээх кэлбититтэн үөрэннэр ытаспыттар. Дьэ, ити курдук хорсун, харса суох санаалаах Чохороонноох Тостуукаан байан-тайан, дьадаҥы кумалаан дьоҥҥо көмөлөһөн дьоллоохтук олорбута диэн кэпсээммит бутэр.