Эр киһи, саха өйдөбүлүгэр, дьиэ кэргэн суон дурдата, халыҥ хаххата, тулхадыйбат тулааһына буолар. Онон итинник санаанан салайтаран ыал аҕатыгар сыһыан олохсуйара. Аҕалара эппитэ-саҥарбыта барыта оруннаах, оҥорбута-туппута барыта сөптөөх курдук ылыналлара. Дьиэ иһигэр «аҕа баһылык» диэн ааттанара. Оттон ийэ-аҕа уустарыгар эмиэ дьонун-сэргэтин хараанныыр, алдьархай адаҕыйдаҕына абырыыр Улуу Кудаҥса курдук Одун Хаантан оҥоһуулаах, Чыҥыс Хаантан ыйаахтаах, Дьылҕа Хаантан аналлаах аҕа баһылыктаах буолаллара. Былыргы дьыллар быралыйар мындааларыгар, олоҥхоҕо кэпсэнэринэн, абааһы аймаҕа айыы дьонун атаҕастаатахтарына, Үөһээ дойдуттан Ньургун Боотур курдук бухатыыры түһэрэн үрүҥ тыыннарын өрүһүйэллэрэ. Дьэ ити курдук, Эр Хоһуун харыстыыр-араҥаччылыыр, быыһыыр-абырыыр, көмүскүүр суолтата чорботон бэлиэтэнэрэ. Ол эрээри төһө да өркөн өйдөөх, модун санаалаах, күрүлүүр күүстээх буоллар, Орто дойдуга букатын кэлбэтэх айыы киһитэ бэйэтин харыстанар араас ньымалардаах буолара.
Учуонайдар Протопопов С.С., Николаев Е.Р. көмүскүүр-харыстыыр сиимбэли бэлиэтиир 3 тыл баар диэн суруйаллар: «харысхал», «ымыы», «дьайаа». «Харысхал» диэн тыл быһаарыылаах тылдьыкка “оберег” диэн суолтата суох, ол аата кэлин үөскээбит буолуон сөп. Саамай былыргыттан харысхал дэгиттэр суолтатыгар «ымыы» диэн туттуллар эбит. «Дьайаа» көнө суолтататыгар “сылгы холугар баар мэҥ, дьарҕаа” диэн тылдьыкка быһаарыылаах. Оттон итэҕэлгэ ойуун кумутугар (сон) “ый сардаҥата дьайаалаах” буолара үһү. Харысхаллар суолталара былыргыттан уларыйбаттарын төрүөтэ саха норуота төрүт дьарыгын ыһыктыбакка баччааҥҥа диэри сайыннаран кэлбитэ буолар. Ол курдук ынах сүөһү, сылгы иитиитэ, сири оҥоруу, уһаныы, бултааһын, балыктааһын, хомуур үлэтэ курдук дьарыгын ирбэт тоҥноох тыйыс усулуобуйалаах дойдуга сайыннарбыт аан дойдуга соҕотох омук буолабыт. Манна олоҕуран учуонайдар харысхалы 3 сүрүн бөлөххө араараллар: итэҕэли кытта ситимнээх, айылҕаҕа сыһыаннаах уонна оҕо харысхаллара. Ити этиллибиттэринэн сирдэтэн, биһиги сиэргэ-туомҥа туттуллар уонна күннээҕи олоххо туһаныллар эр киһи харысхалларын көрүөхпүт.
- Алгыс баһа сыалаах. Айыы бухатыыра абааһыны кытта охсуһа барарыгар хайаан да Аал Луук маска кэлэн, сир-дойду иччитэ Аан Алахчын Хотунтан алгыс ылан, кини эмиийин үүтүн иһэн, тостубат уҥуохтанар, хайдыбат тириилэнэр, өлбөт үөстэнэр диэн олоҥхоҕо этиллэр. Ол аата алгыс эр киһиэхэ саамай күүстээх харысхал эбит! Ол да иһин саха киһитэ үлэҕэ-хамнаска сылдьарыгар, ыраах айаҥҥа турунарыгар, суолталаах бэлиэ күнү бэлиэтииригэр алгыһынан арыалланар. Билигин да ити үтүө үгэһи илдьэ сылдьарбыт кэрэхсэбиллээх. Украинаҕа анал байыаннай дьайыыларга сылдьар уолаттарбытын «охтоохтон охтумаҥ, саалаахтан самнымаҥ» диэн ис хоһоонноох төһөлөөх элбэх ис сүрэхтэн этиллэр алгыс санааларын модьуратара, соргуларын көтөҕөрө буолуой?! Оннук эрэ буоллун! Дом!
- Ат – эр киһи миҥэтэ. Дьөһөгөй Айыы урааҥхай сахаҕа сылгыны бэлэхтээбитэ – миинэр миҥэ, көлүнэр көлө, көтөр кынат, үҥэр таҥара, үтүө доҕор буоллун диэн. Олоҥхоҕо айыы бухатыырыгар аналлаах ата ыксаллаах түгэҥҥэ быыһыыр-абырыыр. Үчүгэй ат норуот сэһэннэригэр иччитин мүччүргэннээх сырыыларыгар куһаҕан тыынтан, оһолтон өрүһүйбүтэ эмиэ кэпсээҥҥэ киирэр. Эр киһи аттаах буоллаҕына, ыыра кэҥиир, сырыыта-айана үксүүр. Манна Дьөһөгөй оҕото киниэхэ көлө эрэ буолбакка, бигэ тирэх, харысхал буолар. Ону таһынан сылгы сиэлинэн, кылынан, тириитинэн оҥоһуллубут мал-сал суолтата эмиэ сылгыга бэйэтигэр тэҥнээх: дэйбиир, быа-туһах, олбох, дэпсэ о.д.а. Маҥан сылгы сиэлэ уһун дьоллоох олоҕу түстүүр, оттон хара сиэл куһаҕан тыынтан көмүскүүр. Холобур, дэйбиир үөнтэн-көйүүртэн эрэ көмүскүүр буолбатах, ыраастаныыга-арчыланыыга эмиэ туттуллар. Суолталаах кэпсэтиини, андаҕар тылы эр киһи үрүҥ сылгы тириитэ олбох үрдүгэр олорон толороро биллэр. Аал уотун сылгы сиэлинэн айах тутан сыт таһаарар, иччилэри аһатар, абааһыттан көмүскэнэр.
- Сэргэ – Үрүҥ Аар Тойон тайаҕа. Алаһа дьиэни туттар саҥа ыал тэлгэһэтигэр хайаан да сэргэ туруораллар. Сэргэ туруоруута туһунан туомнаах, алгыстаах буолар. Бу тохсус халлааҥҥа олорор Үрүҥ Аар Тойон тайаҕа, Күн Дьөһөгөй Айыы оҕото баайыллар ытык маһа буолар. Сэргэ нөҥүө айыылартан сиргэ сүр түһэр, Айыы суола аһыллар диэн саха киһитэ итэҕэйэр. Сэргэ тэлгэһэни, ыал дьиэтин абааһыттан араҥаччылыыр аналлаах. Ол иһин сэргэлэрин ойуулаан-мандардаан оҥороллор, олус ытыктыыллар. Маны таһынан сэргэ — эр киһи, дьиэлээх тойон сиимбэлэ буолар. Ол иһин кырыыска «тойон сэргэҥ тоһуннун» диэн ыал аҕатын, ону тэҥэ дьиэлээхтэри имири эһэр ыарахан тыл буолара. Түүр-монгуол төрүттэрбит өйдөбүллэринэн, сэргэ үс дойдуну — Үөһээ – Орто – Аллараа – тилийэ дьулуруйан тиксиһиннэртиир. Ол аата Аал Луук Мас курдук дириҥ суолталаах.
- Үтүө ыт ымыылаах. Куһаҕан тыынтан бэйэтэ харысхаллаах уонна абааһыны дьиэҕэ-уокка чугаһаппат ымыылаах ыттар баар буолаллар. Уохтаах ыт түүн дьиэни эргийэ сылдьан ырдьыгыныы-ырдьыгыныы үрдэҕинэ, үчүгэй ымыылаах ытынан ааҕыллар, ол аата иччилэригэр сибиэни чугаһаппат диэн буолар. Федоров Е.Я. «Ымыылаах ыт» диэн үһүйээн-кэпсээнигэр Аҕа дойду сэриитин кэмигэр ыалы сибиэн буулуур. Ону ыттара түүн аайы хотонноох балаҕаны эргийэ сылдьан үрэрин уонна хаарга туох да суол суоҕун дьиибэргииллэр. Мунньахтан кэлэр дьонун көрсөөрү санаммыт оҕо иннинэ ыт тахсан быһа курбуулатан өлөр, онон оҕо тыынын быыһаан бэйэтэ толук буолар. Ол кэнниттэн бу дьиэҕэ олорор кырдьаҕастар бары өлөөхтүүллэр. Ыттара барахсан барыларын сибиэнтэн көмүскүү сылдьыбытын дьэ билэллэр. Сэмэн Тумат ымыылаах ыт туһунан «сүрэхтээх киһи аһыйа көрөр, курдары тардыстар ыта» өйтөн-сүрэхтэн ааһан-араҕан биэрбэт буолар диэн суруйар (“Ымыылаах ыт”). Ымыылаах ыт байанайдаах буолар, онон маннык ыттаах киһи сорсуннаах булчут аатырар. Элбэх булчут «ытым абыраан турар» диэн кэпсээнин истибит киһи элбэх.
- Ымыы, харысхал бэлиэлэр. Археологическай хаһыыларга көстөр харысхал бэлиэлэр улуустарынан араарыллыбаттарын, сахаларга бары биир өйдөбүллээхтэрин учуонайдар бэлиэтииллэр. Оҕо харысхалын улахан киһи кэппэт. Улахан дьон таҥастарыгар, туттар малларыгар, киэргэлгэ харысхал бэлиэлэр көстөллөр. Онон киһи төрүөҕүттэн ыла өлүөр диэри бэйэтин харыстанар араас ньымалары туһанар.
Эр киһи дьахтар курдук киэргэли-симэҕи кэппэт. Ол эрээри чараас сирдэрин-«ойбоннорун» көмүскүүр бэлиэни кэтиэн сөп. Холобур, билигин төбөҕө кэтиллэр, сылгы кылыттан өрүллүбүт, сүүһүгэр харысхал бэлиэлээх тымырдаайыны кэтэллэр. Үксүн үс куту харыстыыр оһуору эбэтэр “биэс харах” диэн харысхалы тутталлар. Уол оҕоҕо оноҕос бэлиэлээх ордук барсар. Бу ойуулар бары эр киһи кутун-сүрүн бөҕөргөтөллөр, куһаҕан тыынтан, кырыы харахтан, татаар тыллаахтан харыстыыллар. Харысхал бэлиэлэр курга эмиэ туттуллаллар. Сорох дьон ымыы быһыытынан эһэ түүтүн, тыҥыраҕын, тииһин сыапачыкаҕа эбэтэр тирии быаҕа иилэн моонньуларыгар кэтэллэр. Хара тыа хаһаайына көмүскүү-араҥаччылыы сырыттын диэн. Сорох дьон өбүгэлэрин малын кэриэс гынан илдьэ сылдьаллар. Холобур, саха быһаҕын. Бу мал, биллэн турар, аҕаҥ, эһэҥ сылаас тыынын иҥэринэ сылдьар буолан, көмүскүүр-харыстыыр күүһэ улахан.
- Хайаҕастаах таас. Саха норуотугар маннык бит баар: дойдутугар өр кэмҥэ сылдьыбатах киһи хайаҕастаах тааһы илдьэ баран, ол үүтүнэн сирин-уотун эргиччи көрүөхтээх уонна «мин ыраах сирдэринэн тэлэһийэн сырыттым уонна дойдубар дьэ кэллим, атыҥырыы көрүмэҥ» диэн ис хоһоонноох көрдөһүөхтээх эбит. Оннук тааһа суох кэлбит киһини сир-дойду иччитэ сөбүлээбэт уонна манна сылдьарын көҥүллээбэт. Онон киэҥ сирдэринэн тэлэһийэр эр киһи итинник тааһы булунуон наада, мээнэ көстүбэт, ыһылла сыппат буолан, буллахтарына кичэмэлээн уура сылдьаллара.
- Араҥаччы мастар. Саха киһитэ булчут-алчыт буолан тыаны, маһы иччилээх курдук саныыр. Баай Байанайы, от-мас иччилэрин эрэкэ-дьэрэкэ оҕолору өрүү күндүлүү-маанылыы сылдьар. Маһы киһи курдук көрөллөрө: силиһэ – атахтара, умнаһа – киһи көҥдөйө, лабаалара – илиилэрэ, симэһинэ – хаана. Бэл, анараа дойдуга айаннаатахтарына, буор куттарын “мас илиитигэр” туттараллара (араҥастааһын). Хатыҥ мас – айыы маһынан биллэр, сир-дойду иччитэ Аан Алахчын Хотун олорор диэн санааттан. Олоҥхоҕо да этиллэринэн, Аан Алахчын эр киһини араҥаччылыыр суолталаах. Буойун-бэйиэт Иннокентий Артамонов «Мин мантан сэриигэ барбытым» хоһоонугар эдэркээн уол дойдутун көмүскүү чараҥ «симэммит хатыҥын аннынан» бар дьонун алгыһын ылан ааспытын хоһуйар. Итэҕэлгэ тиит мас хатыҥтан итэҕэһэ суох суолталаах. «Ойуун кирилиэһэ» буолан Орто дойдуттан Үөһээ уонна Аллараа дойдуларга суол аанын аһар. Поэзияҕа тиит маһынан эр киһини сирэйдээн көрдөрөллөрө үгүс. Бэс — үлэ тээбириннэрин, дьиэ малын уһанарга туттуллар мас. Ону таһынан бэс сутукатынан үөрэ оҥостон саха дьоно сут-кураан кыһарҕаннаах дьыллары тыыннаах туораатаҕа. Аны ойууттар харысхал эмэгэттэрин бэстэн быһан оҥостоллоро. Этиҥ түспүт маһа улахан арчылыыр суолталааҕа. Тымтыгын уура сылдьан, дьиэни-уоту ыраастыыллара, эмтэнэллэрэ. Кэлин кэмҥэ харысхал бэлиэлэри ойуулаан этиҥ түспүт маһын араҥаччылыыр дьайыытын күүһүрдэр буоллулар. Кытыан лабаатын буруотунан хотугу норуоттар, сахалар даҕаны куһаҕан тыынтан көмүскэнэллэр.
Мантан көстөрүнэн эр киһи харысхала итэҕэлтэн, айылҕаҕа сыһыантан ордук тутулуктаах эбит. Кини үлэтэ-хамнаһа, дьарыга, эйгэтэ, сырыыта онно төрүөт буолар. Былыр-былыргыттан айылҕа кистэлэҥ күүһүгэр, тыл илбистээх иччитигэр, олох таайыллыбат таабырыныгар итэҕэйэр саха эр киһитэ араас ньыманан бэйэтин харыстанара. Ол сүрүн суолтата күн бүгүнүгэр диэри уларыйбакка кэлбит.
Тирэх литэрэтиирэ:
- Протопопов С.С., Николаев Е.Р. Оберег как часть национальной картины мира саха. //– Мир науки. Социология, филология, культурология, 2019.
- ВинокуроваУ.А., Бравина Р.И. и др. Күн Дьөһөгөй Айыы. – Якутск: Бичик, 2002