Ыһыах алгыһын туһунан бастакы сиһилии суруйуулары 1737 уонна 1740-с сыллардаахха Иккис Камчаткатааҕы эспэдииссийэ чинчийээччилэрэ И. Гмелин, Г. Миллер, И. Яхонтов уонна Я. Линденау оҥорбуттара. Бу үлэлэр билимҥэ сүрдээх улахан суолталаахтар.
Кинилэр 1737 с. ыам ыйын 31 күнүгэр (билиҥҥи халандаарынан бэс ыйын 14 күнүгэр) Хаҥалас буолаһын кинээһэ Мэкчиргэй ыспыт ыһыаҕар сылдьыбыттар. Онно Яхонтов, Гмелин ыһыах тас көстүүтүн уонна тутулун, оттон Миллер ис суолтатын ойуулуурга үллэстибиттэр [Элерт 2010: 272]. Онон үһүөннэрин суруйууларын араарбакка анаарыахпыт.
Алгыс ураһа иһигэр буолбут. Биллэрин курдук, былыргы ыһыах алгыһа ураһа иһигэр оҥоһуллара. Бу ыһыахха алгыһы икки ойуун оҥорбут. Олортон биирдэрин “сайыҥҥы ойуун” диэн ааттаабыттар. Миллер “сайыҥҥы ойууну” ыһыахха эрэ алгыыр, хаһан да дүҥүрдэммэт диэн бэлиэтээбит. Аны икки эдэр уолга илиилэригэр толору кымыстаах ымыйаны туттарбыттар. Бу уолаттар иккиэн ыраас, киргэ-дьайга сыстыбатах буолуохтаахтар эбит.
Онтон биир ойууна илиитигэр дэйбиирдээх, иккиһэ эбир хамыйахтаах алгыстарын оҥороллор. Манна дэйбиирдээх ойууна бас-көс, онтон хамыйахтааҕа көннөрү арыалдьыт, кутуруксут курдук сылдьаллар. Бастакы ойуун хайа эмэ айыыны дуу, иччини дуу ааттаан баран олохтоох сирин диэки дэйбииринэн дайбаатаҕына, иккис ойуун этиллибити хатылаан баран ол диэки эбир хамыйаҕынан ымыйалаах уолаттар кымыстарыттан баһан ыла-ыла ыһар эбит. Ойууннартан уонна ымыйалаах уолаттартан уратылар бары олороллор, ким да турбат. Ойуун аан маҥнай саҕалыырыгар маннык диэн уотун аһатар:
Алгыс хамыйаҕа. И. Миллер уруһуйа И. Миллер уруһуйа
Tschôk tört tügén tuänä — Чок! Түөрт үтүгэн түөнэ,
Tschôk mangá tangará tyná – Чок! Маҥа таҥара тыына!
Суруйуутун иннигэр Миллер бэлиэтиир: нууччалар саха ыһыаҕын “чоканье” диэн ааттыыллар, тоҕо диэтэххэ ойуун алгыыр кэмигэр “чо, чок” диэн тылы туттар диэн [Элерт 2010: 275].Онон “чок” диэн тыл былыргы алгыстарга киэҥник туттулла сылдьыбыт быһыылаах. И.А. Худяков 19 үйэҕэ ыһыах алгыһын суруйарыгар бу тылы эмиэ бэлиэтиир: “Чох, чох, чох! Чуорагы! Чуорагы! Чуорагы!” диэн ойуун алгыһын саҕалыыр [Худяков 1969: 265, 266]. Бу тыл ис суолтатынан тугу эрэ үтүктэн, дорҕоон таһаарыы буолуон сөп. Холобур, чөкчөҥө саҥатын. Биллэрин курдук чөкчөҥө ойуун көтөрө, уонна былыргыттан абы-хомуһуну кытта ситимнээх. Кэлин маннык саҥарыы умнуллан, алгыска туттуллубат буолбут.
Ити курдук ойуун сүүрбэ икки суол айыыларга, иччилэргэ, өлбүт ойууттарга анаан алгыс этэр. Анаммыт алгыс аайы кымыс ыһаллар. Айыыларга анаан үс төгүл, иччилэргэ биирдэ ыһаллар. Онуоха кымыстаах ымыйаны толорон биэрэн иһэллэр – быһаҕас иһиттэн аһатар, өһүргэстээх буолуо диэн, көҥүллэммэт эбит. Алгыстарын түмүгэр “Уруй!” диэн ньиргиэтииллэр уонна ытыстарынан сирэйдэрин диэки дайбаатыыллар. Саамай бүтэһиккэ түөрэх кээһэллэр. Онуоха толору кымыстаах туос иһити аан иннигэр туруораллар уонна ол үрдүнэн ойуун түөрэҕи быраҕар. Бу түөрэхтэрэ сиргэ дуу, ол кымыстаах иһиккэ дуу олордьу кэлэн түстэҕинэ сүрдээҕин үөрэллэр, ыһыах ыһааччы киһи ойон кэлэн хамыйаҕы сыллыыр уонна үс төгүл туос иһиттэн кымыһы баһан ылар.
Алгыс кэнниттэн, дьэ, кымыс иһиитэ саҕаланар. Били икки уол ымыйалаах кымыстара уонна түөрэх быраҕар туос иһиттэрин кымыһа ытык ас аатырар. Итини ыһыаҕы ыспыт киһи дьиэ кэргэнинээн иһиэхтээх. Бэлиэтээн аастахха, бу кымыс саҥа төрөөбүт биэ үүтүттэн көөнньөрүллүбүт уонна эрдэ ким да иһэ илик кымыһа буолуохтаах эбит. Ураһа иһигэр олорооччулар алгыс түспүт кымыһын иһэн баран аны таһырдьа тахсаллар. Онно чэчирдэр аттыларыгар кымыстаах сири иһиттэр тураллар. Эр дьон туспа, дьахталлар туспа буолан бары төбүрүөннээн олороллор. Бэлиэтээн аастахха, дьахталлар алгыс кэмигэр ураһаҕа киирбэттэр эбит. Онтон мааны таҥастаах уол оҕо кэлэн, аҥаар тобугар сөһүргэстии туран ойууннарга уонна ытык кырдьаҕастарга кымыстаах чорооннору биэрэр. Ол кэмҥэ ойууттар кымыстаах сири иһиттэри алгыыллар. Онтон улахан ойууҥҥа кинээс кэлэн эмиэ тобугар сөһүргэстээн кымыстаах чороону ылар. Ойуун чороону биэрэригэр кинини алгыыр. Ити курдук дьон биир-биир чугаһаан, тобуктарыгар сөһүргэстээн ойууннартан уонна ытык кырдьаҕастартан кымыстаах чорооннору уонна алгыс ылаллар.
Бу кэнниттэн оонньуу-көр саҕаланар. Эр дьон тусталлар, атах оонньууллар. Онуоха ох саа устатынан туос бэлиэлэри уурталыыллар, тусталларыгар сыалдьаларыгар дылы сыгынньахтаналлар. Дьахталлар оһуохайдыыллар.
Ити курдук ыһыах түмүктэнэр. Онон 18 үйэ бастакы аҥарыгар буолбут ыһыах тутула, сиэрэ-туома билигин даҕаны өйдөнөр, кыра умнуллубут түгэннэри аахсыбатахха.
Онтон Я. Линденау ыһыаҕы ойуулааһына эмиэ улахан уратыта суох. Кини биир ойуун алҕаабытын курдук суруйбут. Ойууну эмиэ “сайыҥҥы” эбэтэр “Таҥара ыһыах” диэн ааттыыр. Үөһээ кэпсэммит алгыһы кытта тэҥ, майгыннаһар өрүттэрэ манныктар:
- Алгыс ураһа иһигэр буолбут
- Кымыстаах ымыйалаах икки уол баар, эбии кымыһы кутааччынан икки уол сылдьыбыт
- Алгыс кэмигэр бары олорбуттар
- Ойуун Айыылары, иччилэри ааттыы-ааттыы кымыһы хамыйаҕынан үс төгүл үөһэ ыһар
- Кымыстаах чороону тобуктарыгар сүгүрүйэн туран ылаллар.
Алгыс кэнниттэн ойууҥҥа тойон (ыһыаҕы ыспыт киһи) чугаһыыр уонна тобугар сүгүрүйэн чороонноох кымыһы ылар. Онтон тойоҥҥо биир-биир ураһаҕа баар дьон кэлэннэр, аҥар тобуктарыгар туран кымыстаах чороонтон иһэллэр. Онно тойон хас биирдиилэригэр: “Айыыҥ Таҥараҥ абыраатын, киһи-хара буол”, — диэн этэр [Линденау 1983: 36-39].
Бу ойууламмыт ыһыахтарга саха итэҕэлин ис суолтата маннык түгэннэринэн чопчу көстөр:
- Кымыска – үрүҥ илгэҕэ ытык сыһыанынан
— Ойууҥҥа (Айыы ойуунугар?) сүгүрүйүүнэн.
И.А. Худяков 19 үйэ ортотугар ойуулабыт ыһыахтара бу үөһээ суруллубут ыһыахтары кытта эмиэ маарынныыр өрүттэрдээх. Ол курдук ыһыах алгыһын толорорго хас даҕаны ойууну (түөрткэ тиийэ) ыҥыраллар диэн суруйар. Ыһыахха биир эрэ ойууну ыҥырыы – сэмэлэнэр эбит. Тоҕо диэтэххэ элбэх ойуун алгыһа үөһээҥи айыыларга, иччилэргэ ордук тиийимтиэ диэн саныыллар: “Оччо ойуунтан саатар биирдэстэрин, саатар иккистэрин аан дойду иччитэ, от-мас иччитэ, Үрүҥ Айыы бииргэстэрин эмэлэрин алгыстарын истэр ойууна баар буолуоҕа эбээт!” — диэн.
Худяков ойуулаабыт ыһыахтарыгар алгыһы таһырдьа даҕаны, дьиэ иһигэр даҕаны оҥороллор. Кымыстарын эмиэ быйыл төрөөбүт биэ үүтүттэн көөнньөрөллөр диэн суруйар. Биир алгыска ойуун битииһиттэрдээх (сэттэ кыыс, тоҕус уол) алгыыра ойууланар. Атын алгыстарга үс кымыс көтөҕөөччү (арыалдьыт) уолаттар баалларын туһунан суруллар. Худяков ойуулаабыт ыһыахтарыгар сиэргэ-туомҥа аты, оҕуһу тутталлар, алгыс кэмигэр кымыһынан ыһаллар, акка чороонноох кымыстан иһэрдэллэр. Алгыс бүтэһигэр эмиэ эбир хамыйаҕынан түөрэх быраҕаллар. Онон бу алгыстарга 18 үйэ алгыстарыгар баар көстүүлэр үгүстэр. Арай чороонноох кымыһы тобукка туран сүгүрүйэн ылыы уонна түөрэҕи кымыстаах туос иһит үрдүнэн быраҕыы суох [Худяков 1969: 253-269].
Аны 19 үйэ бүтүүтүгэр оҥоһуллубут “кымыс үрдэ” ыһыах алгыһын суруйааччы М.Н. Тимофеев-Терешкин ойуулаабыта баар. Ол ыһыаҕы кини эһэтэ аймах-билэ дьоннорун мунньан ыспыт эбит. Алгыһы балаҕан иһигэр оҥорбут. Онно көмүлүөк оһох иннигэр тоҕус сиргэ күөх оту чөмөхтөөбүттэр. Алгысчыты дьабака бэргэһэлээх икки оҕонньоттор үтүктэ-үтүктэлэр, тобуктарыгар сөһүргэстээн чөмөхтөммүт окко кымыстарыттан куталлара үһү. Оннук тоҕус төгүл гыммыттар. Алгыс кэнниттэн суруйааччы эбэтэ оҕонньотторго арыылаах кымыһы аҕалан биэрбит. Онтон таһырдьа тахсан кэлбит ыалдьыттары, оҕолору күндүлээбит. Салгыы оһуохай, күрэхтэһии буолбут. Ыалдьыттар кымыс бүтүөр дылы сылдьыбыттар [Тимофеев-Терешкин 2013: 16].
Манна көстөрүнэн алгысчыт көмөлөһөөччүлэринэн, былыргы ыһыахтарга курдук, эдэр дьон буолбакка саастаах дьон сылдьыбыттар. Аны М.Н. Тимофеев-Терешкин ахтарынан, эһээтин аах тэлгэһэлэригэр икки туос ураһа турбут. Ол эрэн алгыс ураһаҕа буолбакка, балаҕаҥҥа ыытыллыбыт. Баҕар, улахан тунах ыһыах буолбакка, кыра, дьиэ иһинээҕи ыһыах диэн оннук гыммыттара буолуо. Хайдаҕын да иһин, чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн 20 үйэ саҥатыгар ыһыах сиэрэ-туома, Айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйүүтэ улам умнуллан барбыта биллэр.
Онтон сэбиэскэй кэмҥэ ыһыах итэҕэли кытта ситимэ олох да сүтэр. Ыһыах саҕаланыытыгар алгыһы дакылаат солбуйар. Ол эрэн сорох ыһыахтарга алгыс тылын этии, туойуу син-биир баар буолар эбит. Холобур, Ньурбаҕа 1945 с. Кыайыы ыһыаҕар Семенов Афанасий Семенович-Манай диэн Мэҥэдьэк кырдьаҕаһа алҕаабыт [Уткин 1979: 4]. 1960-70-с сылларга Сунтаар Элгээйитигэр С.А. Зверев-Кыыл Уола алгыстаах улахан ыһыахтары ыһара.
1970-80-с сс. Ньурба ыһыаҕын солбуллубат алгысчытынан норуот ырыаһыта Егоров С.С.-Оһуокай Сэмэн буолбута. Кини алгыс этэригэр, сороҕор эмиэ арыалдьыттардаах буолара, илиитигэр кымыстаах чороону тутан туран алгыыра, туойара. Алгыс кэнниттэн чороонун “айах үрдүн охтотторо” оройуон салайааччытыгар илдьэн туттарара. Бу кэминээҕи алгыстар ис хоһоонноругар Айыыны, иччини ааттааһын суох, көннөрү ыһыахха мустубут дьону эҕэрдэлээһин, үтүөнү баҕарыы курдук буолар. Онтон хамыйаҕынан кымыһы үөһээ ыһыы сорох сирдэргэ, холобур Сунтаар ыһыаҕар, баар эбит.
Ыһыахха алгыһы итэҕэл көстүүтүн быһыытынан тилиннэрии, сөргүтүү ордук чуолаан 1990-с сылларга саҕаламмыта. Ол кэмтэн ыла ыһыах алгыһа бигэтик олохсуйда. Билиҥҥи алгыс анал оҥоһуллубут холумтаҥҥа уот оттон, үрүҥ аһынан, алаадьынан аһатан Айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйүү, кинилэртэн үтүөнү көрдөһүү быһыытынан барар. Алгыс көтөҕөргө булгуччу битииһиттэр: кыыс-уол оҕолор баар буолаллар. Ыһыахтарга алгысчыт эбир хамыйаҕы туттар. Онон алгыс сүрүн куормата тутуһуллар диэн этиэххэ сөп.
Онтон билигин отой тутуһуллубат көстүүлэр манныктар. Былыргы ыһыах алгыһыгар түмүккэ түөрэх быраҕаллара. Билигин ол суох. Аны кымыска, былыргыга курдук, ытыктабыллаах сыһыаны оччо тутуспаппыт. Холобур, былыргы ыһыахха алгыс эрэ кэнниттэн кымыһы иһэллэр, үрүҥ илгэ маҥнай үрдүк айыыларга, иччилэргэ ананыахтаах. Кымыстаах чороону тобуктаан туран ылаллар. Алгысчыкка ытыктаан сыһыаннаһаллар. Онтон билиҥҥи ыһыахтарга сороҕор ордук салалтаҕа, тойотторго сүгүрүйүү курдук көстүү баар буолар. Дьиҥэ ыһыах үрдүк Айыыларга, иччилэргэ анаан ыһыллар буоллаҕа. Айыылар иннилэригэр бары тэҥмит.
Онон ыһыах алгыһын устуоруйатын кыратык сэгэттэххэ итинник. Саха итэҕэлин биир сүрүн көстүүтэ – алгыс буолар. Кини өбүгэлэртэн бэриллибит сиэрэ-туома үйэлэри уҥуордаан тиийэригэр кыһаллыахтаахпыт.
Борисов Б.Б.
Туһаныллыбыт литература:
Линденау Я.И. Описание народов Сибири (первая половина 18 века)// Магадан: книжное издательство. 1983.
Тимофеев-Терешкин М.Н. На рубеже двух веков//Якутск. 2013.
Уткин К.Д. Советскай кэмнээҕи ыһыахтар. /Коммунизм суола. Ньурба. 1979.
Худяков А.И. Краткое описание Верхоянского округа//Ленинград: Наука. 1969.
Элерт А.Х. Якутский праздник Ысыах в описаниях участников Второй Камчатской экспедиции // Источники по русской истории и литературе: Средневековье и Новое время. (Археография и источниковедение Сибири; вып. 19). Новосибирск. РАН. 2000