″Ытык дабатыы″ диэн этиини киһи син ханна эмэ истэн ааһар. Саха итэҕэлин сиэрин-туомун, култууратын биир кэрэхсэбиллээх көстүүтэ буолар. Иван Гоголев-Кындыл ″Ытык дабатыы″ диэн хомуурунньуктаах. Оттон дириҥник хорутан толкуйдаатахха, ытык дабатыы диэн тугуй, туохха аналлааҕый, туох суолталааҕый? Ким эрэ ыарыйдаҕына, биитэр сүөһүлэрэ, сылгылара турбат буоллаҕына, быһата, Улуу Тойон баһылыктаах үөһээҥҥи абааһылар бадьыыстаатахтарына, бу сиэр-туом оҥоһуллар. Кинилэри алы гынарга үксүгэр сылгыны эбэтэр сүөһүнү толук аныыллар. Маныаха ойуун, хааны тохпокко эрэ, анаммыт толуктарын үөһээҥҥилэргэ тиэрдэн биэрэр. Маннык дабатыллыбыт сылгы эбэтэр сүөһү мантан ыла ″ытык″ диэн буолар. Миҥэ гымматтар, үлэлэппэттэр, суолга да мэһэйдээн сыппытын иһин туруорбаттар, сылгыны сиэлин-кутуругун кырыйбаттар, бэйэтэ ыатар эрэ буоллаҕына ыыллар. Итинник көҥүл сылдьан кэмэ кэлэн өллөҕүнэ, араҥас тутан уҥуоҕун көтөҕөллөр. Ытык сылгылаах, ытык сүөһүлээх киһи сыспай сиэллээҕин, хороҕор муостааҕын үөрэ элбээн, тэнийэн, хаҥаан барара үһү.
Туохха ананара. Ким эрэ ыарыйдаҕына, иирдэҕинэ, биитэр сүөһүлэрэ, сылгылара турбат буоллаҕына, быһата, Улуу Тойон баһылыктаах үөһээҥи абааһылар туохха эмэ туорайдаатахтарына бу сиэр-туом оҥоһуллар. Кинилэри алы гынарга үксүгэр сылгыны, эбэтэр сүөһүнү толук аныыллар. Маныаха ойуун, хааны тохпокко эрэ, анаммыт толуктарын үөһээҥилэргэ тиэрдэн биэрэр. Маннык дабатыллыбыт сылгы эбэтэр сүөһү мантан ыла ″ытык″ аатырар. Кинини миҥэ гымматтар, үлэлэппэттэр, суолга да мэһэйдээн сыппытын иһин охсубаттар-таһыйбаттар, сылгыны сиэлин-кутуругун кырыйбаттар, бэйэтэ ыатар эрэ буоллаҕына ыыллар. Итинник көҥүл сылдьан кэмэ кэлэн өллөҕүнэ, араҥас тутан уҥуоҕун көтөҕөллөр. Ытык сылгылаах, ытык сүөһүлээх киһи сылай сиэллээҕин, хороҕор муостааҕын үөрэ элбээн, тэнийэн, хаҥаан барара үһү.
Ким оҥороро. Сахаҕа икки суол ойууннаах: айыы (эбэтэр үрүҥ) ойууна уонна абааһы (хара) ойууна. Бу сиэр-туом арҕаа халлааҥҥа олохтоох үөһээҥи абааһыларга ананар, онон кинини хара ойуун оҥорор.
Бото-болдьоҕо. Ытык дабатыы биир-уон сыл тухары оҥоһуллар. Сүөһүнэн ытык биир сылынан бүтэр буоллаҕына, сылгынан ытык уон сылга тиийэ барара.
Тэрээһинэ. Ытык дабатыыга сыл аайы үөл, сул тиитинэн сэргэ оҥоһуллар. Маннык сэргэ төбөтүгэр ромб курдук сытыы чопчуурдаах буолар. Бу чопчуур, В.Ф. Яковлев суруйуутугар сигэннэххэ, халлаан олуктарын курдары, иҥнибэккэ ааһарга анаммыт буолуон сөп. Сэргэ сиртэн ордуга 2,5 м. тахса буолара. Сэргэни тула кэрбэҥ диэн үөл хахыйаҕы быһан туруору анньаллар. Кэрбэҥ иһигэр ойуунтан ураты ким да киирбэт, бобуулаах. Кэрбэҥ инниттэн дьиэ ааныгар диэри эмиэ үөл хахыйаҕынан икки өртүнэн сэлэлии анньаллар. Маны “күөх чэчир” дэнэр. Ити ойуун ытыкка киирэр-тахсар суола буолар. Чэчир икки сэргэ икки ардынан ынах киитинэн үс сиргэ түптэ уматаллар. Кэрбэҥ уонна чэчир хахыйахтарыгар тула салама ыйыыллар. Туостан кулунтан саҕалаан улахан сылгытыгар тиийэ кырыйан саламаҕа баайаллар. Ити курдук ситэрэн баран дабатыллар сылгыны сэргэтигэр баайан кэбиһэллэр.
Суларын кытта холбуу сылдьар тоҕус былас уһуннаах ытык быата диэн баар буолар. Ытык быатын сыл аайы балтараалыы былаһы саҥа хатан эбэн иһэллэрэ. Онон дабатыы бүтэригэр бу быалара олус уһун буолара. Ытык сулара чуорааннаах буолар.
Ытык дабатарга ойуун “ытык хамыйаҕа” диэни туттар. Бу уһун уктаах, төгүрүк бастаах, биэс сиринэн оҥо быһыы харахтаах хамыйах. Дабатыы кэнниттэн хамыйаҕы ампаарга хахха сиргэ ууран кэбиһэллэр, атыҥҥа туохха да туттубаттар.
Дабатыы сэргэтин сыл аайы оҥороллор. Сорох суруйууларга этэллэринэн, хас дабатыы кэннэ биирдии моонньоҕу эбэн иһэллэр. Сиэр-туом түмүктэннэҕинэ сэргэни хостоон ылан силлэһэ үүммүт тиит, харыйа ачааҕар кыбыта уураллар.
Хаамыыта. Аан маҥнай дабатыах иннигэр арбатыы диэни оҥороллор. Ол аата толук биэрэр сылгыларын үөһээ таһааран сөбүлэҥ ылаллар. Сороҕор, сөбүлэспэккэ холдьоҕон кэбиһэллэрэ үһү. Оччотугар саҥа сылгыны көрдүүллэр, атастаһан да, атыылаһан да ылан булгуччу баар гыналлар. Ол көһүннэҕинэ, дьэ, ытык дабатыыны саҕалыыллар.
Дабатыы киэһэ күн киирбитин кэннэ оҥоһуллар уонна устар түүнү быһа ыытыллар. Сорохтор суруйалларынан күн тахсыан иннинэ түмүктэниэхтээх.
Ойуун балаҕан иһигэр олорон кыырыытын саҕалыыр. Маҥнай дьааһыйталаан, бабыгыраан, чөкчөҥөлүү саҥаран, куоҕастыы хахааран этин сааһын уонна уоһун арыйар. Итинтэ үчүгэйдик табылыннаҕына, кыырыыта эмиэ табыллыахтаах, сыалын-соругун ситиэхтээх диэн буолар. Ол иһин хос-хос кутуран, иччилээхтик иэтэн аһыллан баран алгыһыгар киирэрэ. Ойуун мэлдьи биир кыырыыны эбэтэр биир алгыһы илдьэ сылдьан туттубат. Ханнык абааһы буулаабытыттан тутулуктанан кыырыы хоһооно тус-туһунан уларыйа сылдьар.
Дабатыыга кыырыы ис хоһооно ойуун үөһээ айанныырын кэрэһэлиир. Онуоха ытык сылгыта эмиэ тэҥҥэ айаннаһан иһэр курдук табыйа, тэпсэҥэлии турар буолара үһү. Ойуун бу айаныгар араас аартыктары арыйар, аартык иччилэрин кытта кэпсэтэр, сөбүлэҥнэрин ылар уонна тиийиэхтээх сиригэр тиийэн ытыгын туттарар. Онтон дьиэттэн тахсан сэргэҕэ бааллан турар сылгытын үөтэр. Онуоха кинини икки киһи арыаллыыр: биирэ илиитигэр биир сүүмэх маҥан кыллаах, иккиһэ улахан ымыйаҕа кымыстаах. Ойуун бу ымыйалаах кымыһы сылгытыгар иһэрдэр. Онтон хамыйаҕынан баһан сылгы көҕүлүттэн саҕалаан кутуругун төрдүгэр тиийэ кымыһы кутар. Ол кэнниттэн сылгыны моонньуттан кууһан туран ыгылла-ыгылла, бабыгырыы-бабыгырыы үс төгүл үөгүлээн бааҕынатар. Ол аата «эмэгэт иҥэриитэ» диэн. Онтон ыла ытык сылгыга иччи иҥэн, дьиҥнээх ытык сылгыта буолар. Бу кэнниттэн ойуун аны үөтүү эбэтэр чуолуур диэн сылгы орто дойдуга дэҥэ-саахала суох сылдьарын туһугар этии этэр. Куһаҕан санаалаах киһи ытык сылгыны атаҕастыырын, сынньарын, абааһы көрөрүн утаран кыраан, таныйан чуолуур:
Чуо-чуо, кынчарҕаннаах харахтаах кынчарыйар буоллаҕына,
Кылар өлүү буулаатын, хахар ыарыыта хам бүрүйдүн!
Чуо-чуо, куһаҕан санаалаах хомнуур буоллаҕына,
Куҥнатар өлүү куустун, иирэр өлүү эҥээрдэстин!
Ити курдук ытык сылгыны үөтэн, араҥаччылаан бүтэрэн, ойуун кулун кээлээнитин киллэрэн, кистии-кистии аттаан сүүрэр. Ону биир кытыгырас киһи эрдэттэн бэлэмнэнэн туран, ойууну кулун көҕөнүнэн (суларынан) баһыттан быалаан дьиэҕэ оргууйдук соһон киллэрэр. Ытык дабатыы итинэн бүтэр, ойуун кыырбыт таҥаһын устан үчүгэйдик суулаан, дүҥүрүн иһигэр уган кэбиһэллэр.
Ытык ыһыаҕар мустубут дьон төбүрүөннээн олорон кымыс иһэллэр, оһуохайдыыллар, оонньуу-көр буолар. Ити курдук оонньоон, сарсыарда күн томтойо тахсыытыгар дылы сылдьан баран дьиэлэригэр тарҕаһаллар. Ытык дабатыы уопсай тэрээһинэ ити курдук буолар. Сир-сир аайы, биллэн турар, кыра-улахан уратылардаах. Чинчийээччилэр суруйалларынан, ытык дабатыы олох хойукка дылы Сунтаар улууһугар ордук киэҥник оҥоһуллар эбит. Манна бүтэһик ытык дабатыыны 1928 с. оҥорбуттар. Онон биһиги бу суруйуубутугар Сунтаар сэһэнньитэ, кыраайы үөрэтээччи Г.Е. Федоров суруйуутугар тирэннибит.
Атын ханнык омуктарга баара. Ытык дабатыыга маарынныыр сиэр-туом уруулуу түүр омуктарбытыгар хакастарга (ызых), туваларга, тофалардарга (ыдык), алтайтарга (ыйык, барылгы), казахтарга о.д.а баара. Холобур, туваларга маҥан сылгыны таланнар үүтүнэн ыһаллар, моонньугар «кадак» диэн ытык моойторугу баайаллар уонна ыытан кэбиһэллэр. Мантан ыла «ыдык сылгы» көҥүл сылдьар, кинини мииммэттэр, таарыйбаттар. Кини тулалыыр сирин, олохтоохтору араҥаччылыыр, харыстыыр күүс буолар.
Хакастарга урукку кэмнэргэ хас ыал аайы кэриэтэ «ызых кыыллаахтара». Ол үксүгэр 3-9 саастаах атыыр буолара. Киниэхэ сиэлигэр, кутуругар араас өҥнөөх таҥас кырадыһыннарын баайаллара. Ойуун «ызых» буоллун диэн анал сиэр-туом оҥороро. «Ызых ат» сүөһү, сылгы, бараан үөрүн араҥаччылыыр, элбэтэр, ыарыыттан-дьаҥтан көмүскүүр аналлааҕа.
Алтайдарга «ыйык сылгыны» ойуун талара уонна бэлиэ оҥорон сиэлигэр кыһыл таҥас кырадаһынын баайара. Бу кэннэ сылгыны ким да миинэр миҥэ оҥостубат, сиэлин-кутуругун сарбыйбаттар, онтон дьахталлар оннооҕор чугаһыыллара бобуллара. Алтайдарга «ыйык сылгыны» төһө эрэ кэм сылдьыбытын кэннэ өлөрөллөрө. Сороҕор ыйык сылгыны Дьайык дала диэн аҕа уустарын таҥаратыгар аныыллара. Онуоха бу сылгыны биэ үүтүнэн сууйаллара (иҥэрэллэрэ), кытыан буруотунан арчылыыллара уонна сиэлигэр маҥан, араҕас, күөх өҥнөөх таҥас кырадыһыннарын баайаллара. Сиэр-туом кэмигэр сылгы үрүҥ боолдьох олбоххо турара. Бу кэнниттэн кинини тыытар, таарыйар бобуллара. Кырдьан, дьүкээрэн өлөрө.
Былыргы Индияҕа «ашвамедха» диэн ытык сылгы сиэрэ-туома баара. Бу туому раджа былааһын үрдэтээри, албан аат туһугар уонна судаарыстыбатын күүһүрдээри оҥороро. Маныаха 24-тэн үөһээ саастаах аты талаллара. Уунан ыһан баран кулгааҕар мантра-алгыс ааҕаллара. Мантан ыла ытык сылгыны тыыппыт, атаҕастаабыт кырыыска түбэһэрэ. Аты хотугулуу-илин хайысханан көҥүл босхо ыыталлара. Кини биир сыл тухары оннук сылдьара. Кинини 100 эдэр уолаттар — раджа уонна баай, чулуу дьон аймахтара арыаллыыллара, тохтообут сиригэр тохтоон, хоммут сиригэр хонон. Ытык ат үктэммит сирин раджата ашвамедханы оҥорбут раджаҕа бас бэриниэхтээҕэ эбэтэр кыргыһыахтааҕа. Биир сылынан ытык аты, эмиэ олус баай сиэри-туому тутуһан туран, өлөрөллөрө — толук тутталлара.
Былыргы Индияҕа ытык сылгы өйдөбүлэ баара мээнэҕэ буолбатах диэн чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Тоҕо диэтэххэ былыргы үйэлэргэ индоарийскай биистэр (скифтэр эҥин ) улуу истиэп омуктарыгар сабыдыаллара сүрдээх күүстээх уонна дириҥ этэ. Онон ытык сылгыга сүгүрүйүү үгэһэ былыргы индоариецтартан түүрдэргэ тиксибит диэн этиэххэ сөп.
Ити курдук ытык дабатыы сиэрэ-туома олус дириҥ силистээх-мутуктаах, түҥ былыргы устуоруйабытыгар тиийэ барар үгэспитинэн буолар. Е.Г. Федоров ытык дабатыы көстүүтүн маннык суруйар: «Ымыйалаах кымыстаах киһи ойуун хаҥас өттүгэр кымыһын көтөҕөн турар. Ойуун ортоку, ытыгын хамыйаҕын тутар, ойуун уҥа өттүгэр кутуруксут сүүмэх маҥан кылы тутан турар. Көрөөччүлэр, балачча элбэх киһи, ойуун дьонун кэннигэр. Кэрбэҥ иһигэр ойуун диэки хайыһан ытык сылгы бааллар. Ити ыккардынан үс түптэ буруолаан унаарыйар. Холобур, бу көстүүнү бэртээхэй худуоһунньук уруһуйдаан хартыына оҥороро буоллар, сыаналаах үчүгэй хартыына тахсыа этэ. Кэнэҕэс, баҕар, биир эмэ худуоһунньук уруһуйдаан хартыына оҥороорой диэммин силигин ситэрэн суруйдум».
Онон өбүгэлэрбит сүрдээх баай ис хоһоонноох ытык дабатыы сиэрэ-туома бэйэтин кыраҕы харахтаах, талааннаах илиилээх худуоһунньугун кэтэһэр.
Борисов Б.Б.
Тирэх литература:
1) Мендешева В.М. Конь в традиционной культуре алтайцев. https://cyberleninka.ru/article/n/kon-v-traditsionnoy-kulture-altaytsev
2) Романова Е.Н. Якутский праздник ысыах. Истоки и представления. — Новосибирск: Наука, 1994.
3) Федоров Г.Е. Өбүгэлэрбит өлбөт-сүппэт үйэлээх үгэстэрэ. — Дьокуускай: Бичик, 2011.
4) Чеботарь Г. Священные животные хакасов – изыхи. https://m.vk.com/@shiravest-svyaschennye-zhivotnye-hakasov-yzyhi