Тириибитин хайдах көрүнэбит
- Нэдиэлэҕэ биирдэ итии паарга киирэн, баанньыкка эбэтэр саунаҕа сылдьар туһалаах. Ол эрээри төһө өр сылдьыахха сөбүн терапевт бырааска сүбэлэтиллэр. Сорох киһи сүрэҕэ тулуйбат эбэтэр араак ыарыылаах буоллаҕына көҥүллэммэт.
- Сыыйа тымныы уунан эти-сиини соттон, куттан чэбдигириҥ.
- Мыыланы сөпкө талыахха наада, глицериннээх буолара ордук туһалаах.
- Сирэйи күн аайы мыылалаах уунан сууннахха хатар.
Тииспитин көрүнэбит
- Тииһи сөпкө уонна күн аайы сууннахха бөҕө буолар.
- Аһаабыт кэннэ уунан сайҕаныахха наада. Тиис суунар суокканы таларга, 3-4 тииһи хабарын уонна икки ардыларыгар хайаҕастаахтарын көрүҥ. 3-4 ый буолан баран саҥаны ылыҥ.
- Миилэ хаанырар буоллаҕына, хлорофилл, эмтээх от, битэмииннэрдээх, микроэлэмиэннэрдээх баастанан суунар ордук.
- Оҕолору үс саастарыттан кальцийдаах уонна фтордаах баасталарынан сууннарыллар.
- Маҥнай үөһээҥҥи тиистэри, үөһэттэн аллара түһэрэн суунуллар. Онтон истэрин эмиэ итинник хайысхалаан ыраастыыллар. Бу кэннэ ыстыыр өттүлэрин кэнниттэн иннигэр аҕалан суураланыллар. Ол кэннэ алын тиистэри эмиэ итинник суунабыт.
Мутукчалаахтарынан эмтэнии
Мутукчалаах мастар эпиирдээх арыылара уустук фитоциднай састааптаах буоланнар, элбэх ыарыылары эмтииллэр. Микробтары суох оҥорор дьайыылаахтар. Маһы араас ыарыы буулуон сөп. Элбэх килиэккэлээх паразиттартан саҕалаан тэллэйдэргэ тиийэ, барыларыттан көмүскэниэн наада. Дьэ, ол иһин мутукчалаахтар сыстыганнаах ыарыылары суох оҥорор, киһи ыарыыга утарылаһар күүһүн бөҕөргөтөр күүстээх үүнээйилэр.
Сүрүннээн мутукчалаахтартан ыылаах харыйа (пихта) уутун, арыытын, бэс үнүгэһин, кедр төбөтүн туһаныллар. Бу үүнээйилэртэн оҥоһуллубут эмтэр аптекаларга син бааллар. Мастар ууларын бэйэ да оҥоруохха сөп. Ол курдук мутукчалаахтар бэс, ыылаах харыйа, харыйа, иннэлэрин кырпалаан баран, биэс остолобуой ньуоскуну 0,7 лиитэрэ ууга кутан мөлтөх уокка 10 мүнүүтэ оргутуллар. Таҥаска суулаан биир түүн сойутуллар. Мутукчалаахтартан оҥоруллубут эмтэр ис-үөс ыарыыларын, тымыр склероһун, бүөр ыарыыларын уо.д а. эмтииллэр. Н.Н. Петров диэн биллиилээх онколог быраас 50-с сылларга пихтаттан оҥоруллубут эмтэринэн искэннээх ыарыылар улааталларын тохтотуу туһунан научнай үлэни суруйбута. Оттон дьоппуоннар кэриэй кедрыттан ылыллыбыт эпиирдээх арыытынан лейкоз ыарыыга, хаан килиэккэтэ чөлүгэр түһэригэр туһаналлар.
Ангелина КУЗЬМИНА