Дьокуускайдааҕы 52-дээх «Белочка» оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ Юлия Ефимова, Инга Григорьева, Татьяна Левадная куйаар ситимигэр hтаайбараҥ оҥордулар. «Саха этигэн тыла» саайт бу күрэһигэр эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, саха тылынан Саха сирин олохтоох омуктарын ураты кэрэ култууратын, этнографиятын, устуоруйатын үөрэтэр ойуулуктары, төрүт оонньуурдары, оонньуулары оҥорон ыыттылар. Төрөөбүт тылынан саҥа чугдаардын! Сахабыт сирин хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарын баай култуураларын туһунан билиигитин тургутаргытыгар ыҥырабыт!