(Н.Д. Неустроев пьесаларын холобуругар)
Таатта улууhун
Хара Алдан орто оскуолатын
9 кылааһын үɵрэнээччитэ
Альмира Варламова
Саха ааты биэрэр дьоҕура киһини таба көрөр мындырыттан тахсар. Ол айымньыларга эмиэ кэрэхсэбиллээхтик көстөр. Былыргы дьон ааттара хайдах буолар эбитий, суруйааччы айымньытыгар ааты биэрэр сатабылын анааран көрүөҕүҥ эрэ. Саха литературатын тѳрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Николай Денисович Неустроев, 1895 сыллаахха биhигини кытта ыаллыы олорор Уус Таатта нэhилиэгэр «Былдьаһыктаах» диэн сиргэ тѳрѳѳбүт суруйааччы, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи суруйааччылартан саамай эдэрдэрэ.
Аҕалаах ийэтэ Денис Петрович уонна Ксения Петровна Неустроевтар сүѳhү иитиитинэн дьарыктанан олорбут сэниэ ыал этилэр. Бу дьиэ кэргэнтэн саха икки биллиилээх суруйааччылара Николай Денисович уонна Анна Денисовна иитиллэн тахсыбыттара. Н.Д.Неустроев – саха литературатыгар проза жанрын тѳрүттээбит, XX үйэ саҕаланыытын бастың кэпсээнньиттэриттэн биирдэстэрэ. Николай Неустроев кэмигэр оскуолаҕа үѳрэнэн, Дьокуускай түѳрт кылаастаах училищетыгар үѳрэнэ киирбитэ. Онно ити саҕана Максим Аммосов, Платон Ойуунускай бааллара.
Кинилэри кытта “Юность” диэн илиинэн суруйан таhаарар сурунаалы оңороллоро. Николай Денисович эрэдээктэр этэ. Айар үлэтин кини нуучча литературатын сабыдыалынан саҕалаабыта. Бастакы кэпсээннэрин, уочаркаларын нууччалыы суруйара. 1915 с. “Улусные картины” диэн уочарката олохтоох “Ленские волны” сурунаалга, “Дикая жизнь” диэн 1917 с Иркутскайга бэчээттэммитэ. Кини куоракка олорон киэңник аахпыт, тыа олоҕун, дьонун майгытын-силигитин кичэйэн үѳрэппит киhинэн биллэр.
Бастакы айымньыта 1915с. Дьокуускайга кылгас кэмҥэ тахса сылдьыбыт «Ленские волны» диэн демократическай сурунаалга бэчээттэммитэ. Онно кини Н.Бельскэй диэн илии баттаан нууччалыы «Улусные картинки» диэн очерканы таһаартарбыта.
Драмаҕа холонуутун Н.Д.Неустроев эмиэ 1917 с. саҕалаабыта. Кини “Тимир дьон оҕолоро” диэн пьесата “Якутское обозрение” хаhыакка тахсыбыта. Пьеса саха омукка арыгы аҕалар алдьархайын, холуобунай сыылка кѳстүүлэрин, интеллигенция киниэхэ сүктэриллибит аналын кыайан толорботун туhунан этэ. 1919 с Николай Денисович Неустроев Байаҕантай улууьун комиссара, онтон улуус ревкомун председателинэн улэлээбитэ. 1922-1924 сс Тааттаҕа Уолба оскуолатыгар учууталлаабыта. Советтар саха сиринээҕи IV-c съезтэригэр делегатынан кыттыбыта. 1925-1926 сс “Саха сирин хаьаайыстыбата” сурунаал эппиэттиир сектетарынан үлэлээбитэ. 1927 с . В. Брюсов аатынан Москватааҕы литературнай институтка саха суруйааччыларыттан бастакынан үѳрэххэ ыытыллар, ол эрээри доруобуйата мѳлтѳѳн дойдутугар тѳннүбүтэ уонна 1929 с от ыйын 21 күнүгэр Якутскайга сэллик ыарыыттан ѳлбүтэ.
Николай Денисович умнуллубат үтүѳтүнэн драматургия саамай уустук жанрын саҕалаабыта буолар. Кылгас кэм иhигэр 5 пьесаны суруйбута, онтон 4 комедия – “Тиэтэйбит”, “Кукаакы кулуба”, Куһаҕан тыын”, “Тар”. Н.В. Гоголь “Ревизорун” Платон Ойуунускайдыын, 1926 А.С.Пушкин “Борис Годунобын” Н.Н. Павловтыын тылбаастаабыта.
Николай Неустроев айар үлэтигэр бэйэтин кэмин уустук кыһалҕаларын сытыытык туруорбут суруйааччы буолар. Yгүс кэпсээннэрин нууччалыы суруйбута, оттон драматическай айымньыларын былаанын, сюжеттарын нууччалыы оңортуура. Хомойуох иhин, олортон үгүстэрэ суруллубакка халбыттара. Урукку олох ыар кѳстүүлэрин, проказа тарҕаныытын эмиэ тумнубатаҕа. Николай Неустроев итини таhынан элбэх уочаркалары суруйбута. Неустроев суруйбут комедиялара “Кукаакы кулуба”, “Тиэтэйбит”, “Тар”.
Урукку олоҕу күлүү-элэк гынар «Кукаакы кулуба» диэн комедияны 1929 сыллаахха саҕалаан, 1923 сыл ыам ыйыгар бүтэрбитэ. Бу пьеса куоракка киэнник биллибитэ, тыа кулууптарыгар туран барбыта. Икки былаас тойотторо (биирдэрэ – Кукаакы, биирдэрэ – Харыйа) иккиэн былаас, дуоһунас кулута буолбуттара күлүллэр.
“Тиэтэйбит” – 1920 с суруллан баран, 1925 с ситэриллэн суруллубута. Айымньы аан бастаан 1926 с. бэчээттэммитэ. «Тиэтээйбит»… манна суруйааччы революция иннинээҕи олох кѳстѳр. Омуннаах Уйбаан – дьалбаа киhи. Кинини арыгы, хаарты үѳскэппит киhитэ. Онтон атын кыhалҕаны кини билбэт. Кини түбэhэ түhүѳ – ойох ылыа, кэпсэтии тахсыа – миинэн иhэр атын баайан биэриэ. Былыргы ол-бу кэриэс, аньыы, саат, эппит тылы тутуhа сатыыр диэни кинин билбэт, билиэн даҕаны баҕарбат. Омуннаах Уйбаан омуннурууну, онно суохха, сымыйаҕа тиэтэйиини эрэ критикалыыр буолбакка, капиталистыы майгы тыа олоҕор дириңник киирэн, дьон майгытын-силигитин уларытын ойуулуур буолар.
“Тар” – 1925 с суруллубута, 1926 с. бэчээттэнэн баран, Советскай былааьы утарар ис хоhоонноох диэн, бобуллубута, кэлин 1995 с биирдэ хос бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу комедияҕа Николай Неустроев Советскай былаас бастакы сылларыгар Саха сирин биир түҥкэтэх нэһилиэгэр тахсыбыт түбэлтэни ылан, уус-уран ньымана көрүдьүөстээх кэпсээн оҥорор. Суруйааччы төрөөбүт оройуонун улаҕатыгар нэһилиэк ревкомун председателэ, баар эрэ үөрэхтээхтэрэ аатырар, көннөрү ааҕар-суруйар буолан сатаан эрэр киһи, улуустан эмиэ мөлтөһүөр суруксут нууччалаабыт ыйаах суругуттан “тара” (суу,хаа) диэн тылы сахалыы “тар” диэн өйдөөн, сүүрбэ биэс буут таһаҕас киирэр бэрэмэдэйин, хааһаҕын оннугар соччо буут тоҥ тары, кырдьык, хомуйтарбыттааҕа үһү.
Николай Слепцов Герасим Васильев Дмитрий Большев
“Куhаҕан тыын” – пьеса бастаан 1920 с. суруллан баран, 1925 с. ситэриллэн суруллубута. Бу пьеса аан бастаан 1926 с. бэчээттэммитэ. Комедияҕа урукку патриархальнай олох уонна Саха сиригэр саңардыы ѳтѳн киирэн эрэр капиталистическай олох бэрэстэбиитэллэрэ утарыта туруоруллаллар. Биир өттүнэн – Быырдаахап, иккиһиттэн – Силээхтэ Сэмэн. Быырдаахап, бэйэтэ этэринэн, сүүһүн көлөһүнүн – уллуҥаҕар, уллуҥун көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан баай буолбут киһи. Сүөһүтүн, арыытын атыылаан ыраас харчыга кубулутар. Ол кини үҥэр таҥарата буолар. Силээхтэ Сэмэн, Куонаан куһаҕан тыынынан –абааһынан куттаан уоран ылан туһаҕа таһаараллар – атыыһыт буолаллар. Күлүү өрөгөйө Силээхтэ Сэмэн уонна Куонаан уорбут харчыларынан байан-татан баран, Бырдаахабы бэйэтин күндүлээһиннэрин сценатыгар силигин ситэр. Ордук Силээхтэ Сэмэн күннүүр. Бу-саҥа атыыһыттар сиэмэх бэрэстэбиитэллэрэ. Кини бииргэ сылдьар доҕоруттан Куонаантан кистээн харчы сороҕун бэйэтигэр уктан кэбиһэр, табаарыһыгар кэргэн кэпсэтэ олорон Быырдаахаптан саат куттаран сүөһү ылыах буолар. Онон бу комедияҕа Н.Д.Неустроев ити саҕана саха литературатыгар киэҥние тарҕаммыт теманы-кэччэгэй буолууну сэмэлээһини сонун өттүттэн таһаарар.
“Оңоруу кытаанах” 1921 с. атырдьах ыйыгар суруллубута. Бу пьеса бастаан 1947 с бэчээттэммитэ.
Н.Неустроев күлүү (комедия) жанрын төрүттээбит киһи. Күлүү – олоҕу өйдөөһүн саҥа туруга. Неустроев – олох уонна киһи итэҕэстэрин күлүүгэ таһаарар. Саха өйдөөҕө солуута суохтан күлбэт, туох эрэ суолталаахтан, боччумнаахтан, киһи күлүөн айылҕаттан күлэр. Саха күлүүтэ дириҥ төрүөттээх. Ол иһин саханы күллэрэр уустук. Неустроев сазаны аан бастаан күллэрбит улахан талааннаах комедиограф. Кини комедиялара уустук драматическай сюжеттардаах. Николай Неустроев сахаларга комедия (күлүү) соҕотох маастара.
Хос ааттары быhаарыы
Хос аат киhиэхэ сүрүн кумаахыга суруллар араспаанньатыттан ыңырыллар аатыттан туспа иккис аат курдук дьонтон бэриллэр (нууч.: прозвище). Хос аат араастаан үѳскүѳн сѳп. Хайдах туттарыттан-хаптарыттан, саңарарыттан, биитэр тугу эмэ гыммытыттан дьон ону таба кѳрѳн киhиэхэ хос аат иңэрэн кэбиhиэхтэрин сѳп.
Саха дьоно былыр-былыргыттан үѳрэ-дьүѳрэ тылларынан хос аат биэрэр дьоҕурдаахтар. Хос ааты киhиэхэ туох эмэ ураты бэлиэтин кѳрѳн иңэрэллэр эбэтэр кыра оҕо эрдэҕинээҕи таптаан ааттаммыт аат иңэн хаалар.
Киhи киhиэхэ мээнэ түбэспиччэ хос аат биэрбэт. Киhи ханнык эмэ хаачыстыбатын уhулуччу талан ылыыттан тутулуктаах.
“Кукаакы Кулуба”
1. Кукаакы – аат, ойуурга олохтоох дьоҕус көтөр, бэйэтин өӊө бороӊ, кыната, кутуруга кугас, баһа күрэӊ (Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта К. IV т. 445 сирэй).
2. Тынырах Сэмэн. Тынырах 1. Киһи, кыыл, көтөр тарбахтарын төбөлөрүгэр муос хах, чорбох. 2. Ким-туох эмэ кими-тугу эмэ күүһүнэн баһылаан тутуута.
Тимир тыӊырах – бэйэтин киэниттэн, бас билэриттэн киһиэхэ тугу да ыһыктыбат уонна мээнэ туттан бараабат олус кичээӊи киһи (Саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьыта 550-551 сирэй).
3. Утары Баһылай. Утары – бэйэтэ да этэринэн утары киhи. Утары санаалаах тугу эмэ сыыhа дии санаата да утары баран иhэр ѳhѳс киhи.
4. Кэлэҕэй Дьаакып. Кэлэҕэй. II. Сорох дорҕоону хат-хат, иӊнэн хаала-хаала саӊарар (Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта К. V т. 480 сирэй).
“Тиэтэйбит”
- Күөс Бүөтүр. Күөс – күѳс курдук оргуйа, буhа сылдьар киһи (Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта К. V т. 72-73 сирэй).
- Аллаах. Алааппыйа Аллаах. 1. Улгум уонна түргэн сырыылаах, эрчимнээх айаннаах. 2. Сүрэхтээх, хоhуун уонна улгум (Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта А. I т. 425-426 сирэй).
- Омуннаах Уйбаан. Омун – ыксыыр, тиэтэйэр
- Хаҕынай Сэмэн. Хаҕынай – таңалайа суох, ол иhин хаҕынайан саңарар (Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта Х. XIII т. 410 сирэй).
“Тар”
- Харыйа Ыстапаан. Харыйаны таңнары соспут курдук киhи – тылга мэлдьи тѳттѳрүтүн этэр, хадаар, ѳhѳс (Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта Х. XIII т. 410 сирэй)
- Ботуччу оҕонньор. Ботуччу – элбэх, үгүс.
3. Мэкчиргэ. Мэкчиргэ – кыра кэрбээччилэринэн аһылыктанар, төбөтүн босхо кэриэтэ кэбэҕэстик эргичиҥнэтэринэн биллэр, түүн сырыылаах, улахан төгүрүк харахтаах (Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. Л-Н. VI т. 399 сирэй).
“Оноруу кытаанах”
- Хабдьы. Хабдьы – кыһынын маҥхайар, сайынын кугас өҥнөнөр мас көтөрө (түргэн-түргэнник соччо чуолкайа суохтук саҥарара (Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта Х. XIII т. 160-161 сирэй).
Хос аат тас көрүңүнэн, сирэй-харах быhыытынан, физическэй итэҕэhинэн, майгытынан-силигитинэн бэриллэр. Киhи ханнык эмэ уратытын кыраҕытык кэтээн кѳрѳн, дьүhүннүүр тылларынан мындырдык ойуулаан, чорботон бэлиэтээн эбэтэр суолтата суох хос ааты бэриллэр.
Н.Д.Неустроев пьесаларыгар дьоруойдарын хос ааттарын үѳрэ-дьүѳрэ тылларынан уус-ураннык уобарастаан, харахха илэ кѳстѳн кэлэр гына хартыыналаан хоhуйар. Кини дьоруойдарын хос ааттарын майгыларыгар сѳп түбэhиннэрэн ааттаталаабыт. Холобур: “Куhаҕан тыын” пьесаҕа:
Бырдаахап – аҕатын аата Бырдах диэн эбит, онтон таhааран Бырдаахап Уйбаан диэн ааттаммыт. Силээхтэ Сэмэн: “Эн, эрэйдээх, эйигиттэн сымаhыт Бырдах уолуттан итинтэн ордук тахсыа дуо? диэн үѳхсэр.
“Кукаакы кулуба” пьесаҕа:
Утары Баhылай – “Кукаакы Кулуба” диэн пьесаҕа баар Утары диэн аат бэйэтэ да этэринэн утары киhи. Утары саңалаах тугу эмит сыыhа дии санаата да утары баран иhэр ѳhѳс киhи. Кини бэйэтэ да этэринэн: “ Мин туох иннигэр Утары диэн аатырбыппыный – кырдьыгы этэн баран ѳлүѳхтээх киhи буолуом ээ!”. Онон мээнэ ааттамматах дьоруой.
Тыңырах Сэмэн – туохтан барытыттан тыңырахтаhа, тутуhа сылдьар киhи. Киникулубаттан сотору-сотору кэлэн иэс кѳрдүүр, “кыра уолум куоракка үлэлии киирэр. Онно туох да ѳйүѳлүүрүм суох буолан бу эйигин үтүѳ сүрэҕиттэн кыра харчы салҕаарай диэн кэлбитим”. “Кулуба миэхэ аҕыйах хонукка үс сүүстэ уларса түспэккин ээ?” Ити курдук албыннаhан, тыңырахтаhа сылдьар киhи.
Кукаакы Кулуба – Кукаакы тыа дьоҕус кѳтѳрѳ, ыраахха кѳппѳт. Ити курдук Кукаакы Кулуба ырааҕы инникини кѳрбѳт, тиэргэн эрэ иhинэн сылдьар. Дьон тугу саңарар да ылынан иhэр. Күннээҕинэн сылдьар киhи.
“Тиэтэйбит” пьеса дьоруойдара:
Омуннаах Уйбаан – эмээхсинэ ѳлбүтүн туhунан сымыйа сураҕы истэн баран омунугар атын ойоҕу ыла охсор. Огдооччуйа ѳлбүтүгэр эрэ кыhаллыбат, хата атын ойоҕу була охсор…” били мин эмээхсиним күтүр ѳстѳѳх дьэ барбыт дииллэр”. Ойох ылан сааттаах суолга түбэhэр. Онон омуннаах майгытыттан ааттаммыт дьоруой.
Хос ааттары наардааhы
1. Киhи майгытынан, дьоңңо сыhыанынан: Омуннаах Уйбаан, Утары, Аллаах Алааппыйа, Барахсаанап.
2. Айылҕаттан итэҕэстээх: Хааҕынай Сэмэн, Кэлэҕэй Дьаакып.
3. Араас кыылга, кѳтѳргѳ майгыннатан, чугаhатан, тэңнээн: Хабдьы, Кукаакы кулуба, Бырдаахап, Далбарай Сэмэн.
4. Киhи идэтинэн: Кутурук уол, Иитиэх уол.
5. Араас барамай, ас-үѳл, таңас-сап уо.д.а: Күѳс Бүѳтүр
Мантан кѳрдѳххѳ, суруйааччы саамай элбэх киhи майгытынан уонна араас кѳтѳрдѳргѳ сыhыаннаах хос ааттары туттар эбит. Урукку кэмнэ оччотооҕу дьон айылҕа араас кѳтѳр майгытын, уратытын билэр буолан, олус сѳпкѳ бу сүрүн дьоруойдарыгар хос аат биэртэлээбит. Саамай аҕыйах киhи итэҕэhигэр. Идэтигэр уонна аска-үѳлгэ сыhыаннаах хос ааттар эбит.
Анкета ыйытыылара:
1. Хос аат диэн тугуй?
2. Дьоңңо хайдах, тоҕо хос аат бэриллэрий?
3. Бу хос ааттары ханнык, хайдах дьоңңо иңэрбиттэрэ буолуой: Хааҕынай, Кукаакы, Тыңырах. Далбарай.Хабдьы,Кэлэҕэй, Барахсаанап, Омуннаах, Аллаах, Утары,Күѳс.
4. Бэйэн нэhилиэккэр биир эмэ хос ааттаах киhи баар дуу, холобурдаа/
Анкета ыытан оҕолор хос аат суолтатын төһө билэллэрин үөрэтэн көрдүм. Холобур, «бу хос ааттары ханнык, хайдах дьонно инэрбиттэрэ буолуой?» диэн ыйытыыга Н.Д.Неустроев пьесаларыттан 10 хос аат бэриллибитин үксүн быhаарбыттар эрээри Аллаах, Күѳс, Барахсаанап, Хабдьы, Далбарай, Кукаакы, Утары, Тыңырах диэн ааттарга сорохтор ыарырҕаппыттар. «Бэйэн нэhилиэккэр биир эмэ хос ааттаах киhи баар дуу, холобурдаа». Бу эппиэттэртэн кѳрдѳххѳ идэлэринэн, тас кѳрүннэринэн, таптал ааты элбэхтик иңэрэллэр эбит.
Тылдьытынан үлэлээтим. Бу үлэбиттэн урут билбэтэхпин биллим. Дьону хос ааттааhын былыр-былыргыттан билиннэ диэри баар суол. Бу мин санаабар, биир сиргэ биир ааттаах элбэх киhи баарыттан буолуо сѳп дии саныыбын.
Туhаныллыбыт литература
1. М.Н.Алексеев-Дапсы. Саха тылын уйэлээх угэhин тылдьыта. Дьокуускай. Бичик. 2005. 272 с.
2. Диалектологическай словарь якутского языка./сост. П.С.афанасьев, М.С. Воронкин, М.П.Алексеев. Москва. Изд. «Наука» 1976. 391 с.
3. А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, Н.Д.Неустроев. Фотоальбом. – Дьокуускай: «Бичик» нац. Кинигэ кыһата, 1998. – 108 с. ил.
4. В.А. Кондаков Урукку дьыллар уорҕаларыгар. Дьокуускай. Бичик. 1995. 28-33 сирэй
5. Н.Д.Неустроев. Тѳрѳѳбут сирбэр, тапталлаах дьоммор. Пьесалар, кэпсээннэр, очеркалар, тылбаас, хоhоонно, суруктар, бэлиэтээhиннэ/ Дьокуускай: «Бичик» нац.кинигэ кыhата, 1996-336 с.
6. Н.Д.Неустроев. Айымньылар/ Николай Неустроев: [редкол.: А.К.Акимов уо.д.а.] – Дьокуускай: Бичик, 2005- 256 с.
7. Саха суруйааччылара (санаалар, этиилэр) Учууталга, студеңңа көмө пособие. – Дьокуускай: «Бичик» нац.кинигэ кыһата, 1994. – 108 с.
8. Сахалыы нууччалыы кылгас тылдьыт= Краткий якутско-русский словарь: үѳрэх тылдьыта/ сост.: Т.И. Петрова. – 2-е изд., Якутск: Бичик, 2006. – 256 с.
9. Толковый словарь якутского языка. (Буква А) Т.1./Под ред. П.А.Слепцова. – Новосибирск: Наука, 2004. – 680 с.
10. Толковый словарь якутского языка=Саха тылын быhаарыылаах тылдьыта. (Буквы Г,Д,Дь, И) Т.III /Под ред. П.А.Слепцова. – Новосибирск: Наука, 2006. – 844 с.
11. Толковый словарь якутского языка=Саха тылын быhаарыылаах тылдьыта. (Буква К) Т.V /Под ред. П.А.Слепцова. – Новосибирск: Наука, 2008. – 616 с.
12. Толковый словарь якутского языка=Саха тылын быhаарыылаах тылдьыта. (Буквы Л, М, Н) Т.VI/Под ред. П.А.Слепцова. – Новосибирск: Наука, 2009. – 519 с.
13. Толковый словарь якутского языка=Саха тылын быhаарыылаах тылдьыта. (Буквы Нь, О, Ѳ, П) Т.VII /Под ред. П.А.Слепцова. – Новосибирск: Наука, 2010. – 519 с.
14. Толковый словарь якутского языка=Саха тылын быhаарыылаах тылдьыта. (Буква Т:т) Т.X /Под ред. П.А.Слепцова. – Новосибирск: Наука, 2013. – 575 с.