Бииргэ үөрэммит кыыһым хоһоонньут Иванова Уля кэпсээбитэ. Бу олоххо дьиҥнээхтик буолбут түбэлтэ. Уляҕа күтүөтэ оҕонньор Афанасьев Семен Семенович кырдьан олорон кэпсээбит. Былыр алаастарынан олорор кэмнэргэ Торуой Күүлэккэ аатырбыт Испирдиэн (Оноху) диэн ойуун олоро сылдьыбыт. Күтүөтэ, олох эдэр киһини, Испирдиэн ойуун атын алаастан аттаах киһи ыытан ылларан кутуруксуттатар идэлээх үһү. Оҕо киһи бастаан аһары толлор, куттанар да эбит. Балаҕаны толору дьон мустаннар төгүрүйэ олороллоро. Көмүлүөк оһоҕу отуннаран дүлүҥүн охсон, тыаһаан-ууһаан, иччилээхтик дуораһыта ыллаан, эргийэ ыстаҥалаан бардаҕына, дьулаана бэрдиттэн киһи этин сааһа аһыллара үһү. Ардыгар эргийэн кэлиитигэр иэдээннээх адьырҕа тыатааҕы буолан көстөр эбит. Ардыгар сыылла сылдьар бэдэр буолан ааһар. Хас эргиир аайы араас кыыл, көтөр буолан көстөрө үһү. Сэмэн: «Кэнниттэн үтүктүһэн, ыллаһан түһэрсэн иһэбин», – диэн кэпсиирэ.
Сүдү күүстээх ойуун олорон ааспыта. Кини өлбүтүн да кэннэ хомуһуна уһун сылларга биллэ турбутун кэпсииллэрэ. Сэмэни Испирдиэн ойуун өлөр ыарыытыгар сытан ыҥыттаран ылан: «Таҥаспын көрө-истэ, дьаһайа сылдьаар», — диэн кэриэһин эппит. Испирдиэн олорбут алааһа дэриэбинэттэн хас да көстөөх сиргэ баара. Дьон куттанан ол сиргэ тиийэ сылдьыбаттар эбит. Күтүөтэ сылга иккитэ-үстэ тиийэн, ойуун таҥаһын тэбээн, салгылатан дьаһайар идэлээҕэ үһү. Арай биирдэ тиийэн тэбээри көрбүтэ, сарыынан тигиллибит таҥас түүнүк ылар көрүҥнэммит. Онуоха: «Дьэ, нохоо, бу эркиҥҥэ сыстан туран сиигирээри гыммыт, ортоку көхөҕө ыйаатахха сатаныыһы», — диэн саҥара-саҥара ортоку көхөҕө ыйаан кэлбит. Хас да ыйынан тиийбитэ, урукку миэстэтигэр ыйанан турарын көрөн соһуйбут. Ол да буоллар эмиэ көһөрөн ортоку көхөҕө ыйаан хаалларбыт. Үһүс тиийиитигэр эмиэ кытыыга ыйанан турарыттан сүрдэҕин соһуйбут. «Чэ, нохоо, бу миэстэтигэр турарын сөбүлүүгүн быһыылаах, дьэ, турдун», — диэн баран кэлбит. Ол кэннэ хас да сыл буолан баран, Испирдиэн ойуун олорбут сиринэн туох да сүрдээх ойуур баһаара кэлэн ааспыт. Ол баһаар ойуун олорбут балаҕанын, ампаардарын, хотонун барытын сиэн ааспыт. Дьиктитэ диэн, Испирдиэн ойуун таҥаһа ыйанан турар ампаарын тыыппакка эргийэн ааспыт. Аптара-хомуһуннара өргө диэри хаалар эбит, былыр үйэҕэ өлбүттэрин да иһин, баалларын итинник биллэриэхтэрин сөп эбит.
Бүлүү улууһун И.Н.Ханды аатынан Тылгыны орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Васильева Диана бу үһүйээни эһэтэ Никифоров Егор Егорович кэпсээбитин сурукка тиһэн ыыппыт.
Мадьалба Ойуун туһунан сэһэн
50-с сыллар саҕаланыыларыгар биһиги сайылыкпытыгар Халбаныкыга хантан эрэ кэлбит икки кыыстаах оҕонньордоох эмээхсин баар буолбуттара. Кыргыттара миигин кытта саастыы кэриэтэ этилэр. Оччолорго пиэрмэ оҕолорун кыһынын толору хааччыллыылаах интэринээккэ олордон үөрэтэр этилэр. Инньэ гынан кыһынын үөрэх кэмигэр бииргэ олорорбут.Улаханын Анна, кыратын Настя диэн ааттыырбыт. Кинилэри Торокоолор кыстыктарыгар олохтообуттара. Ол кыстык дьиэҕэ кинилэр иннилэринэ сайын аайы холостуой эр дьон мустан утуйар этилэр. Улахан кыргыттар эмиэ атын дьиэҕэ бэйэлэрэ туһунан утуйар этилэр. Мадьалбалар (кинилэри истибэттэригэр итинник ааттыыллара) ити дьиэҕэ кыһыннары-сайыннары олорбуттара. Сайын сайылык эр дьоно, ыһыахха диэри окко киириигэ бэлэмнэнэн, уус балаҕанын тула мусталлара. Кэпсээн, сэһэн-сэппэн бөҕө буолара, киэһэтин эдэр өртѳ мустан, кэнсэлээрийэ таһыгар куулаҕа эмиэ да лапталыыллара, эмиэ да оһуохайдыыллара. Мин оччолорго төрдүһү эҥин бүтэрбит куорсун хороҕой этим буоллаҕа. Ол эбэтэр окко миигин кырам иһин аҕам аах ыыппаттара, хата, ол оннугар бурдук тардар миэлинсэҕэ борбуйдарын көтөхпүт бырааттарбын, балтыларбын батыһыннара сылдьан, оҕус сиэтэрим. Анялаах Настя биһигини кытта оонньообот этилэр. Кэлин санаатахха, ийэлэригэр көмөлөһөллѳрѳ эбитэ буолуо, аҕалара улаханнык ыарытыйар дииллэрэ. Кининэн биһигини куттуур этилэр: «Оҕонньор кыыһырыа, айдаарымаҥ», – диэн буолара. Ол диэки ыыппат этилэр. Инньэ гынан туой алаас хоту, илин өртүгэр сылдьарбыт. Биир үтүө күн (окко киирбит кэннэ) ол курдук миэлинсэҕэ бурдук таттара сырыттахпытына, арай Үнкүр (алаас соҕуруу ѳттѳ) диэкиттэн улахыын-улахан холорук турда уонна айан суолун устун биһиги диэки дьэ иһэр ээ, тыаһа-ууһа сүрдээх. Мин, оҕуспун тохтотон баран, абаҕам оҕонньорго үөлэһинэн хаһыы бөҕөну түһэрдим. «Абаҕаа, абаҕаа, соҕурууттан Үнкүртэн холорук иһэр, хайыыбыан?» – диэн. Кинилэр иккиэлэр этэ. Абаҕам этэр: «Чэ, оҕускун баҕанаҕа баай, бэйэҕит иһирдьэ киириҥ». Түргэн үлүгэрдик оҕуспун баҕанаҕа сөрүү тардан баайдым, оҕолорбун үөлэһинэн иһирдьэ киллэрдим, ол тухары хараҕым холоруктан арахпат, холоругум тыас-уус бөҕөнөн, сыыһы-буору бүрүнэн айан суолун устун сайылыкка кэллэ да, суол устун ойуун олорор дьиэтигэр таҕыста. Арай үөлэскэ туран көрдөхпүнэ, холоругум дьиэ таһыгар икки хоруудаҕа хатарылла сытар туорах бурдугу үөһээ көтөҕөн ыла-ыла, умса быраҕаттааата, ол икки ардыгар аан аһыллар-сабыллар тыаһа иһиллэр курдук, тимир илиис, кураанах хаппыт мас аан лабырҕаан олорор, тыаһа-ууһа алаас чуумпу үүт-тураан олоҕун аймаан кэбистэ. Үөһээ дьиэ үрдүгэр бугул от турарын халлаан оройугар диэри ытыйан таһаарда, эмиэ да хаһыы, эмиэ да кыланыы иһиллэр курдук, дьэ уонна санаабын ситтим диэх айылаах ол курдук оттору-мастары бурдуктары бүрүнэн кэлбит сирин устун төннөн, айан суолугар киирдэ да, хоту диэки түһэ турда. Итини барытын көрөн туран, абаҕам аахха кэпсээн, этэн иһэбин. Арай холорук ааһан, арыый уоскуйбуппут кэннэ оҕонньотторум кэпсэтэр саҥалара иһиллэр: «Оо, дьэ оҕонньорбут аттанар буолла быһыылаах?!»-диэн. Хайа оҕонньор ханна аттаныахтааҕын кыайан быһаарбатым. Истэн эрэ кэбистим. Салгыы оҕуспун сиэтэн, оҕолорбун олордон, миэлиҥсэбин таттаран бардаҕым дии. Ити итинэн хаалла. Нөҥүө сарсыарда утуйан турбутум, дьонум кэпсэтэллэр: «…Бөөлүүн оҕонньорбут олохтоох сиригэр бараахтаабыт…», – диэн. Дьэ ити курдук Михаил Аввакумович Егоров-Мадьалба ойуун күн сириттэн олохтоохтук барыытын илэ харахпынан кѳрѳн турабын. Айылҕа кистэлэҥ күүһэ сүдү, билигин ону мин даҕаны, атыттар даҕаны кыайан быһаарбаттара буолуо. Арай аҕам этэринэн, биһиги эҥэргэ кини тиһэх ойуун этэ. 30-с сыллардаахха ойууннааһын бобуллубутугар үрэххэ күрээбит курдук. Ол кэлин олох оннун булбутун эҥин кэннэ дойдутугар киирэн уҥуоҕун хааллардаҕа.
Кини ойууннааһынынан эрэ буолбакка, көрбүөччү быһыытынан эмиэ абыраллаах эбит. Өрдөөҕүтэ Хатылы нэһилиэгин олохтооҕо Ньукулай Ностороойоп ийэтэ эмээхсин сайылыгыттан кыстыгар көһөн иһэн, сибээскэ күлүүһүн түһэрэн кэбиспитин оҕонньор түбэһэ кэлбит, көрдөспүттэригэр кыырбыт, илистиэр диэри кыырбыт, булан баран, оһох үөлэһинэн холумтаҥҥа түһэрэн биэрэн турардаах. Ол туһунан аҕам кэпсиирэ, өйдөөн хаалбытым итиччэ.
Орто дойду ойууттара үөһээ Дьылҕа Хаан Тойоҥҥо тахсан үҥсэр ааттаахтар. Ол үҥсүүлэригэр сороҕор тылларын ылыннаран төннөллөр эбит.
Оччотугар орто дойду олоҕор үчүгэй өртүгэр уларыйыы буолар эбит. Улахан сиэмэх ойуун айалаах буолар эбит. Ойуун айатын сир-дойду, алаас, үрэх тумулун икки ардыгарэбэтэр икки хайа икки ардыгар иитэр буолара үһү. Кини айатын син булт айатын курдук сэһэргииллэр. Үөһэнэн буолар эбит, харахха көстүбэт, холобур үөһэнэн айаннаан иһэн эбэтэр ойууну сылгылаан , эккирэтэн иһэн ойуун, удаҕан кэлэн киирэн биэрэн, кылыытын таарыйан эһиэхтээх буоллаҕа. Билигин даҕаны оннук иитиллэн турар айалар баалларын туһунан сэһэн-номох буола сылдьар.Холобура, мин аҕам кэпсииринэн, Амма өрүс сүнньүгэр үрэҕи туора , үрдүнэн илин эҥэр Хардааччылаах хайа диэҥҥэ дылы ойуун айата иитиллэн турар диэн буолара. Ойуун айата эстэрэ бэрт өлүүлээх буолара үһү, ойуун эрэ өлбөт, кини таһынааҕы дьоно эмиэ табыллыахтаахтар эбит. Биһиги сайылыкпыт соҕуруу өттүгэр улахан алаас баар. Аата да Улахан алаас диэн, ортотугар арыы тыалаах. Ол арыы тыаҕа эриллэн үүммүт аарыма улахан тиит баара , ону аҕам аах ойууттар охсуспут сирдэрэ дииллэрэ, арыы тыа тумсунан куулаҕа ойуун араҥаһа баара, билигин да уот сиэбэтэх буоллаҕына турара буолуо, түөрт остуолбатыгар мэкчиргэ кыыллаах. Кыра сылдьан, биһиги ол таһынан харахпытын симэн баран ааһарбыт. Ол дөрүн-дөрүн дүҥүрэ тыаһыыр этэ. Аҕам, кустуу тиийэн баран, ол тыаһыттан сороҕор төннөн кэлэрэ, «оҕонньор сөбүлээбэтэ» диирэ. Ол ойууну Кыпчыытыын ойуун курдук өйдөбүллээхпин, Кини Болугур Айыытын убайа, Тоҥус ойуунун кытта кииссэн баран, куотан киирэн, Быттына күөлүн уутугар хомуһунан тыына сыттаҕына, ох түһэн бааһырдыбыт, онуоха оҕонньору сыарҕаҕа тиэйэн, дойдутугар таһааран истэхтэринэ: «Ханна тыыным быстар да, онно уҥуох тутаарыҥ», – диэн кэриэһин эппит, ону толорон, дьоно ол Улахан Алаас куулатыгар араҥастаабыт эбиттэр. Ол туһунан аҕам барахсан бэрт элбэҕи сэһэргиирэ да быданан хаалбыт. Арай өссө биир киһини сөхтөрбүт ойуун туһунан түбэлтэ баар. 80-с сыллардаахха Чурапчы музейын экспозициятын саҥардан оҥорбуппут. Итэҕэл тиэмэтигэр ойуун таҥаһын туруорарбыт туһунан былааҥҥа киирбитэ. Художник-туруорааччы К.Расторгуев бэрт баҕайытык таҥан оҥорон, истиэнэҕэ 4 мм халыҥнаах өстүѳкүлэ тааһынан бүрүйэн кэбистэ. Сарсыарда кэлбиппит ѳстүѳкүлэбит үнтү барбыт, бүтүннүү муостаҕа ыһылла сытар. Сүбэлэһэн баран, сыт таһааран, буруолатан баран, айах тутан кѳрдѳстүбүт, «дьон-сэргэ туһугар» диэн ис хоһоонноохтук, хата, ылыммыта, этэҥҥэ турбута. Ойууттары билэр-үѳрэтэр дьонтон кѳрдѳрѳн ыйыталаһан билбиппит, орто ойуун таҥаһа эбит диэн буолбута. Чэ, ойууттар тустарынан истибит сэһэним ити курдук.
Аҕата Дмитрий Пинигинтэн истибитин Пинигина Валентина Дмитриевна кэпсээбититтэн суруйда Никонов Сеня, Чурапчы.
Халыйаах
Биир Халыйаах диэн киһи олорбут үһү. Ханна олорбута, дьоно-уруута биллибэт киһи. Ол киһи дьоҥҥо хатыҥ маһынан атах таҥаһын хобулуктаан оҥорон көрдөрбүт уонна эппит: “Кэлэр көлүөнэ дьоно атаҕын таҥаһа маннык буолуо уонна хаамтахтарын аайы лоһур-лоһур тыаһыа”, – диэбит. “Үүттэрин тимир ытыгынан ытыйан сиэхтэрэ”, – диэбит, бука, сэпэрээтэри эппитэ буолуо. “Көлүнэр көлөлөрө буору өрүкүтэрэ бэрт”, – арааһата, массыынаны, тыраахтары эппитэ буолуо. Күөл аайы тимири уһанары истэр үһү. Бука, саха хотуурун таптайалларын эппитэ буолуо. Өссө халлаантан илиитэ, атаҕа суох дьон түһэрин көрөрө үһү. Быһыыта, сэрии буоларын билбитэ буолуо.
Суруйда Григорьев Артем, эһэтин Бүлүү улууһун 2 Күүлэт олохтооҕо
75 саастаах Григорьев Алексей Прокопьевич тылыттан. Алексей Прокопьевич аҕатыттан Григорьев Прокопий Васильевичтан
(1922 сыллааҕы төрүөх) истибит.
Дабыыт ойуун
Кылгастык бэйэм туспунан кэпсээтэххэ, мин Алдан оройуонун Кутана бөһүөлэгин кырдьаҕастарыттан биирдэстэрэбин. Быйыл 81 сааспын туоллум. 1939 сыллаахха Чулбу бөһүөлэгэр төрөөбүтүм. Аҕам Николаев Василий Давыдович диэн, колхуос бэрэссэдээтэлэ этэ. Сталининград кыргыһыытыгар сураҕа суох сүтээхтээбитэ. Ийэм, Николаева Анастасыыйа Петровна, дьоруой ийэ этэ.
Билигин ойуун эһэм туһунан иһитиннэрээри гынабын. Бу номоҕу миэхэ аҕам аҕатын туһунан бастаан ийэм кэпсиирин өйдүүбүн. Эһэм Дабыыт Ойуун диэн аатынан биллэрэ.
Ыраах Золотинкаттан улахан ойуун кэлэр. Кэлэн эһэбин ойуун оҥорор. Ол саҕана уолаттара аармыйаҕа ыҥырыллыбыттар эбит, ону оҕолорун төттөрү ыҥыран аҕалтараары ойуун буоларга сөбүлэспит. Мин кыра эрдэхпиттэн элбэхтик ыалдьар этим, ол иһин эһэлээх эбэм миигин Үҥэлэҕэ илдьэ тахсыбыттара. Эһэм Дабыыт уһун уҥуохтаах, саҥата суох булчут оҕонньор этэ. Ойуун буолан баран дьону эмтиир эбит. Биирдэ ыраахтан ыалдьыбыт киһини аҕалбыттара, иһэ сараччы үллэн хаалбыт этэ. Хаампат да, аһаабат да буолбут. Эһэм ол киһини көрөн баран, улахан баҕайы ураһаны оҥорторбута эбитэ үһү. Киэһэ буолуута ураһаҕа отуу оттубуттар, оҕолору үүртэлээн кэбиспиттэр. Ураһа кэннигэр эһэм үс кыра дьаама хастарбыт. Ыарыһах киһини мас тапчааҥҥа сытыарбыттар эбит. Эһэм ойууннуур таҥаһын кэтэн, дүҥүрүн туппутунан кутуруксут уолунуун ураһаҕа киирбиттэр. Уонна ойууннаан барбатах үһү дуо, дүҥүрүн охсо-охсо ойуоххалыыра, ыллыыра үһү. Онтон сотору соҕус буолан баран, ойон тахсан, ураһа кэннигэр баран хотуолуур. Ол аата ыарыһах ыарыытын оборон хотуолуур эбит. Ол курдук түүнү быһа кыыран, хаста даҕаны тахсан хотуолаан, сарсыарданан бүппүт. Онтон көрбүттэрэ, киһилэрин иһэ испитэ тардан хаалбыт, үтүөрбүт, туран бэйэтэ хааман дьиэлээбит эбит. Көрүҥ, оннук күүстээх ойуун буола сылдьыбыт.
Билигин ойууннуур таҥаһын үчүгэйдик өйдөөбөппүн! Сонугар наһаа элбэх тыаһыыр тимирдэрдээх этэ. Онтукалара наһаа үчүгэйдик лыҥкыначчы тыаһыыллар этэ. Улахан баҕайы дүҥүрдээҕин өйдөөн хаалбыппын. Дүҥүрүн тыаһа ыраахха диэри иһиллэр курдук этэ. Таҥаһыгар тимиртэн оҥоһуллубут кыыллар бааллара. Дүҥүрдээх таҥаһын үөһэ ыйаан турара. Биирдэ түүн чугас баҕайы бөрөлөр улуйбуттара. Ону истэн, эһэм ойон тахсан хаһыытаабыта. «Иһиттиэм, иһиттиэм», – диэн, ол кэнниттэн бөрөлөр баран хаалбыттара, хаһан да табалары бултаспат этилэрэ.
Оннук мин эһэм Николаев Дабыыт сүрдээх булчут, амарах санаалаах, күүстээх ойуун этэ. Элбэх киһини эмтээн, үтүөрдэн, Үҥэлэҕэ биллэр, ытыктанар киһи этэ.
Алдан оройуонун Кутана нэүилиэгин олохтооҕо
Егорова Нюргуяна истэн суруйда..
Уҥуох тутааччы
Болтоҥо нэһилиэгэ элбэх номоххо киирбит дьонноох. Ол дьонтон олох былыргы киһинэн Тоҥхой ойуун диэн олорбут эбит. Кини тѳрдѳ Булгунньахтаах алаас. Онно ойуун олох былыргыттан аан дойдуга самолет даҕаны, техника даҕаны айылла илигинэ, эрдэттэн киһи олоҕо сайдан уларыйыахтааҕын ѳтѳ кѳрбүт. Дьоннор мохсоҕол курдук кѳтѳр буолуохтара, сир-дойду хара буорунан ѳрүкүйүѳ диэн, билиҥҥи тыраахтар, массыына үлэтин уонна самолет кѳтѳр буолуутун эрдэттэн эппит эбит. Болтоҥо нэһилиэгэр Уруу Ураһалаах диэн сиргэ, урут элбэх колхоз киинэ, дьон туоһуйан олорор кэмигэр кини эппит эбит: «Олохтоохтор бары биир сиргэ мустуохтара, Ураһалаахтан биир соҕотох дьахтар эриэн ынаҕы сиэтэн киллэрэн уулаах эбэҕэ уулатыаҕа», — диэн эппит эбит. Онтуката оруобуна эппитин курдук, билиҥҥи Харбала бѳһүѳлэгэр ыаллар кѳһѳн киирэллэр. Ол Ураһалаахха соҕотох Седалищева Аана эмээхсин хара ѳлүѳр дылы суос-соҕотоҕун олорбутун ѳтѳ кѳрбүт эбит. Ити таһынан Болтоңоҕо Дьаакып Бѳтүрүѳп диэн улахан ойуун олорбут. Улахан сүүрүүк, айылҕаттан бэриллибит быһый атахтаах Булуукай диэн киһи Булгунньахтаахха кинээскэ хоно сытан биир түүн иһигэр Мырылаҕа киирэн сылгыны уоран таһаарбытын туһунан эмиэ кэпсииллэр. Ылдьаа Новгородов диэн киһи убаһаны атаҕынан эккирэтэн, сүнньүгэ охсон ѳлѳрѳр кытыгырас киһи баар эбитэ үһү. Ол кини баайдар сылгыларын оннук ылан, убаһаны идэһэ оңосторун иһин ынырыктаах ѳйдѳѳх Дмитрий Павлович Сивцев диэн баай киһи кинини ыҥыран ылан этэр: «Эн, мин сылгыбын кѳр, сылгыһыт буол», – диэн үлэҕэ ыҥырар. Онтон ыла кини сылгытын үѳрүттэн биир даҕаны убаһа сүппэт буолбута. Итини таһынан тустуук Биэскин Дьаакыбы Николай Субуруускай Чурапчы улууһугар буолбут ыһыахтарга анаан илдьэ сылдьан туһуннарара эбитэ үһү. Чичиров Уйбаан, Догдонов Егор, Кривошапкин Николай уонна да элбэх күүстээх дьоннор олорон ааспыттара.
Ону таһынан мин бүгүн эһиэхэ кэпсиэм бэйэм аҕам туһунан. Слепцов Михаил Ильич (Ылдьыыс Мэхээлэ) диэн оҕонньор былыргы дьон сиэринэн, туспа суоллаах-иистээх киһи олорон ааспыта. Кини уңуох тутар, отоһут киһи этэ. Бэйэтэ кэпсииринэн үс сүүстэн тахса араас эчэйиилээх, уҥуох алдьаныылаах дьону эмтээбит. Былыргы сэбиэскэй кэмҥэ норуот эмчиттэрэ билиҥҥи курдук кѳҥүллэнэн үлэлээбэт этилэр. Барыта кистэл-бобуу кэмигэр кини кистээн, дьон кѳрдѳһүүтүн ылынан эмтиир этэ. Ол эмтииригэр уратыта диэн, хайаан даҕаны уңуоҕа тостубут киһи кэлэрин эрдэттэн билэр этэ. Ол билэн биһиэхэ чаанньыккытын оһоххо ууран кэбиһиҥ, дьон кэлиэ диир этэ. Оччоҕуна илиитэ тостубут, хомурҕанын тоһуппут, араас эчэйбит дьон тиийэн кэлэллэр этэ. Ол кэллэхтэринэ, аан бастаан кини ыйытар: «Быраастарга кѳрдѳрдүҥ дуо, укуолланныҥ дуо?», — диэн, ону холобур ыарыытын тулуйбакка үмүрүтэр (обезболевающай) укуол ылбыт киһи кэллэҕинэ, кини эмтээбэт этэ. Хайаан даҕаны олорон, эмин таһааран, нѳҥүѳ күнугэр биирдэ киирэр. Тоҕо диэтэххэ, оннук укуолу ылбыт киһи тиириитэ хабыллар бааһыран хаалар эбит, ол иһин эмтээбэт этэ. Оттон ньымата диэн, арыы уулларан, дэлби имэрийэр, бу киһи уҥуоҕун оннугар киллэрэр этэ.
Ытыһа кэтит, наһаа чараас оҕо тѳбѳтүн курдук сып-сымнаҕас кып-кыһыл, сып-сылаас кураанах буолар этэ. Ол иһин кини үлэлииригэр хаһан даҕаны үтүлүгэ суох үлэлээбэт этэ. Тарбаҕынан имэрийэн уҥуох ханан тостубутун быһаарар эбит, ол иһин тарбаҕын, ытыһын харыстыыра. Уонна инньэ гынан баран эрэнгиэн (рентген) курдук хас сиринэн тостубутун, хайдах үлтүрүйбүтүн барытын быһаарар этэ. «Хайдах ити үлүгэрдээх курдары кѳрѳр буолан бараннар, билбэттэрий?», – диэн сүрдээҕин сѳҕѳр этэ.
Михаил Пермяков уңуоҕун тоһутан баран ѳр кэмңэ эрэйдэнэн, үтүѳрбэккэ гынан баран, санитарнай массынанан кистээн кэлэн оҕонньорго туттаран барбыта. Ону кини бигээн билэн, тостубутун быһааран уңуоҕун тутан баран чаптыыр этэ.
Ол кэмҥэ бобуулаах буолан, оччолорго кыра да буоллар, дуоһунастаах буолан уонна баартыйаҕа киирэр буолан сүрдээҕин кыбыстар этим. Ол иһин буоллаҕына, миигиттэн кистээннэр илдьэ бараллар этэ. Маҕаһыыңңа килиэп ыла киирэ баран оҕонньорбут сүтэн хаалар этэ. Ону кэлбит нѳҥүѳ күнүгэр хантан кэллиҥ диэтэххэ Чурапчыттан, куораттан кэллим диир буолар этэ. Оччолорго билиҥҥи курдук харчыга үлэлээбэт, айаҕар эрэ үлэлиир этэ. Олус элбэх киһини абыраабыта, сѳхпүтүм диэн Тааттаҕа Новгородов Гаврил диэн киһини кытта Харбалаахха бара сылдьыбытым. Онно оҕонньору илдьэ сылдьыбыппыт. Ону хас дэриэбинэ аайы Харбалаахтан Кыйыыга дылы оҕонньор Харбалаахха барбыт үһү диэннэр, массыынабытын тоһуйаннар, аара суолга тутан ылан баран тѳлѳпүѳнүнэн сибээстээннэр «Бу оҕонньоргут биһигини атахпытын, илиибитин тутан үтүѳртэ», — диэннэр, хас суол тохтоотун аайы, дэриэбинэ аайы оҕонньору кѳрдѳһѳн, атахтарын, илиилэрэнин кѳрдѳрѳн, сүрдээҕин махтанан ааспыттара.
Аҕам аңардас киһи уңуоҕун туппат этэ, оннооҕор Даниловтар, Христина эмээхсин уонна Гаврил Николаевич саҥа тѳрѳѳбүт ынах оҕотун атаҕын үктээн кэбиспитин, оҕонньор чаптаан үтүѳрдүбүтэ.
Ынах кэлин холо тахсан хаалбытын, соһон киллэрэннэр, атахха ѳрѳ тардан бараннар ону киллэрбитин туһунан эмиэ сүрдээҕин кэпсииллэр. Аҕам ѳссѳ түѳннүүр этэ. Холобур, Анатолий Иванович сиһинэн сыһыллан хаалбытыгар эмиэ дьэ ол түүн кистээн кэлэннэр оҕонньорго түѳннэппиттэрэ, ол түѳннэппиттэригэр Анатолий Иванович билиңңээҥҥэ дылы кэпсиир: «Ол түѳннэтэммин мин билигин бу сиһим ыалдьыбат, үчүгэйдик сылдьабын». Аҕам ыалдьар сири бигээн баран от уурара. Ол таба уурдаҕына, түѳнэ балай да сиэн баран сүрдээх үчүгэйдик «Пас!» гына эстэн, буулдьа курдук кѳтѳн хаалар этэ. Оччоҕо оҕонньор үѳрэр аҕай этэ. Ол аата таба быһаарбыппыт диирэ.
Ол курдук биһиги Болтоҥобутугар үгүс талааннаах дьон бааллар. Оҕолорбутуттан ѳссѳ да итинник дьоннор сыыйа биллэн туран кѳлүѳнэ-кѳлүѳнэ сѳп буола-буола хатыланан кэлэн иһиэҕэ. Ити суруйааччыларбыт, улахан артыыстарбыт. Бу Чурапчы улууһугар ханнык даҕаны нэһилиэккэ биһиги Болтоҥобут курдук тууһугуран элбэх суруйааччылар, ытык талааннаах дьон үѳскээбэтэхтэрэ. Алпаабыты айбыт Семен Андреевич Новгородовтан саҕалаан, Күн Дьирибинэ, Дьуон Дьаҥылы, Виктор Саввин, Сэмэн Тумат, Михаил Доҕордууров, Болот Боотур – ити барыта биһиги дойдубут дьонноро. Болот Боотур аатын Хатылылар ылан олороллор, Хатылы орто оскуолата Болот Боотур аатынан, онтон Болот Боотур тѳрѳѳбүт дойдута-тѳрдѳ арҕаа алаас. Ол алааска үс сэргэ турар. Оттон хомолтобут диэн, биһиги эдэр сылдьаммыт кырдьаҕастарбытыттан элбэҕи ахтан, ахтыылары биһиги кэммитигэр билиңңи курдук ѳйдѳбүнньүк оңоруу олох болҕомтоҕо ууруллубат эбит. Уонна тѳрѳппүттэрбит, дьоннорбут да кэпсээбэт этилэр. Онон биһиги кэннибититтэн билигин кырдьаҕастар бѳҕѳ аҕайаатылар, ахсааннаах киһи хаалла. Онно оҕолоор, кырдьаҕастары кэрийэн, үѳрэтэн, үлэлээн эрэргит хайҕаллаах.
Слепцов Семён Михайлович кэпсээниттэн
суруйда Гоголев Георгий , Болтоҥо
Ойуулары Васильев В.Н. Шаманский костюм и бубен у якутов // Сборник Музея по антропологии и этнографии при Императорской академии наук. СПб.: Тип. Императорской Академии наук, 1910. Вып. 8. Т. 1. 47 с. кинигэтиттэн туһанныбыт.
Ону тэҥэ Владимир Григорьев хаартыскаҕа түһэриилэрэ киирдилэр.