Саханы саха дэппит, аар саарга аатырдыбыт, дьырылыы оонньуур дьүрүскэн тойуктаах хомуспут барахсан аан дойдуга тиийэ ааттанна. Кырылыы тохтор кумахтаах Бүлүү уустар уутуйан үөскээбит сирдэрэ буолар. Хомус ууһун, СӨ норуотун маастарын М.Н.Мальцевы-Кылаан Ууһу кытта тимири уһаарыы уонна хомуһу оҥоруу ньымаларын туһунан кэпсэттибит.

Тимири ыллатар уус

М.Н.Мальцев  хомуһу уонна саха быһаҕын 2001 сылтан оҥорор. Норуот уустарын үгүс өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы көрүүлэрин кыайыылааҕа. 2006 с. Михаил Николаевич үгүһү ситиспитэ. Ол курдук норуот маастара П.Ф.Осипов 55 сааһыгар аналлаах хомус оҥорооччулар улуустааҕы көрүүлэрин кыайыылааҕа. «Көмүс дорҕоон кустуга» аһымал аахсыйаҕа кыттан Хомус (варган) Аан дойдугааҕы Киинин Махтал суругунан, «Декоративно-прикладное искусство и народные промыслы Якутии» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа Дипломунан наҕараадаламмыта. 2008 с. норуот маастара, учуутала Р.Г.Чемчоев 60 сааһыгар аналлаах улуустааҕы көрүү кыайыылааҕа.

2009 с. Дьокуускайга хомус охсор маастардар Аан дойдугааҕы форум-конкурустарыгар II миэстэни ылан, үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмьгга. 2010 с. Японияҕа Хамамацу куоратыгар баар муусука үстүрүмүөннэрин түмэлигэр сылдьыбыта.

Михаил Николаевич, эн хомуһу уһанаргын хайдах саҕалаабыккыный?

– Бииргэ төрөөбүттэр уоммут. Оҕо эрдэхпиттэн хомус алыптаах тыаһын таптаан истэр буоларым уонна уһана сатыыр идэлээҕим. Оччолорго тэлэбиисэр эҥин суоҕа. Уолаттар мустаммыт сэриилэһэ оонньуур этибит. Сэриилэһэр буоллуҥ да, саа сэбэ, бэстилиэт оҥостор буоларбыт. Ким үчүгэйдик оҥорбутун бэйэ-бэйэбитин кытта тэҥниирбит, өссө үчүгэйдик оҥорорго дьулуһарбыт. Онон онно уһанарбын саҕалаабытым. Кыра уолаттарга элбэхтик аптамаат оҥорорум. Дьиэбэр биир хомус баарын өрүү тыаһатарым. Онтон аан маҥнай ол хомуһу үтүктэммин солуур тутааҕынан оҥорон көрбүтүм. Тугунан, хайдах оҥоһулларын билбэт буоллаҕым. Тылын синньигэс тимири аалан олордубутум син тыаһыыр этэ. Онно оҥоро сатаатахха оҥоһуллуох эбит диэн санаабытым. Хайдах оҥордоххо ордук табыллара буолуой диэн мэлдьи толкуйдуур этим. Онтон кэлин Р.Г.Чомчоевка үөрэнэммин, үйэм тухары дьарыктанар дьарыгым буолла.  Киниэхэ сылдьан хомус хайдах оҥоһулларын, тыла хайдах иэҕиллэрин көрөн үөрэнним. Киһи киһиттэн хараҕынан көрөн үөрэнэр эбит. Аан бастаан дьарыктанарбар үстүрүмүөннэрим да суоҕа. Кэлин сыыйа-баайа булан, билигин барыта бааллар. Алталаах, аҕыстаах каатынка тимирдэринэн уһанабыт. Тимири буларбар ыарахаттары көрсөбүн диэххэ сөп.

– Уус уустан ураты суоллаах-иистээх буолар…

– Хас биирдии уус хомуһун тыаһа атын-атыннык иһиллэр. Ол хайдах иһиллэрэ киһи куолайыттан эмиэ тутулуктаах. Сороҕо намыһах, үрдүк тыастаах буолар. Хомустарбын араас-араас гына оҥоробун, ону дьон бэйэлэригэр сөп түбэһэр тыастааҕы талан ылаллар. Илиибин араарбакка оҥордохпуна, аҕыйах күнүнэн бүтэрэбин.

– Кылаан уус диэн ааты ылыныыҥ уонна быһаҕы оҥоруу туһунан тугу кэпсиэҥ этэй?

– Уһанарбын маҥнай саха быһаҕын охсортон саҕалаабытым. Кылаан уус диэн аатым уһуктаахха уһанарбын туоһулуур. Быһахтарбын былыр-былыргыттан Бүлүү түбэтигэр саха уустара быһаҕы хайдах оҥорбуттарын курдук утумнаан оҥоробун. Ол аата төбөтө суптугур, үөһэ арыый синньигэс  буолар. Ону Бүлүүлэрдии охсуу диэн ааттыыбыт. Убайбыттан, Мальцев Кирилл Кирилловичтан, үөрэммитим.

Саҥа саҕалыыр уустарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Тылын үчүгэйдик чочуйуохха наада. Дьаныһан туран, сүрэҕэлдьээбэккэ олорон, хайдах гыннахха үчүгэй тыастаах буолуон сөбүй диэн араас өттүттэн аалан оҥоруллуохтаах.  Сарсыарда ордук уран өттүн, киэһэ үлэлиир буоллахха, халыҥ өттүн  оҥоруохха сөп. Ыччат уһанар дьоҕус урбааны тэринэллэригэр сүбэ-ама биэрэн, докумуон өттүнэн көмөлөһөн, киэҥ хайысхалаах хамсааһын таһаараллара эбитэ буоллар.    

– Хомус ууһа буолуоххуттан эн тус олоххор буолбут уларыйыыҥ туһунан кэпсээ эрэ. 

– Хомус түмэлин дириэктэрин Н.Н.Шишигин, виртуоз-хомусчут С.Н.Щишигин, «Хомус Куо» Анна Савина  буолан Японияҕа бара сылдьыбытым мин олохпор буолбут чаҕылхай түгэним буолар. Аан дойду хомустарын мунньар Лео Тадагава дьиэтигэр баар хомустары уонна Хамамацу куоракка муусука үстүрүмүөннэрин түмэлигэр сылдьан, уһанар киһи хараҕынан олус да интэриэһинэй оҥоһуулаах хомустары көрөн, бэйэбэр элбэҕи биллим. Хомуһу оҥорор ыарахан, ылбычча ыллыҥ да кыайан оҥорбоккун. Күүскэ дьаныһан дьарыктаннахха табыллар. Уустар бэйэ-бэйэбитин кытта билсэбит, ким хайдах уһанарын болҕойон көрөбүт. Аан дойду хомуһун уустара саха хомуһугар майгыннатан оҥорор буолбуттар. Ол эрээри омук-омук хомуһа бэйэтин дойдутун, сирин-уотун уратытын көрдөрөр тыастаах-уустаах буолар. Холобур, алтайдар хомустарын тыаһын иһиттэххэ, кумах куйаар көстөн кэлэр. Саха хомуһа ханнык баҕарар эгэлгэ тыаһы, нуотаны таһаарарынан аан дойдуга биллэр. Хомуска сатаан оонньуур дьон хайа баҕар ырыаны дьүрүһүтэр. Хомуһу куруук бэйэбин кытта илдьэ сылдьан тыаһатабын. Оскуолаҕа хомус уруоктарын кииллэрэн,  итэҕэл өйдөбүлүн күүһүрдэн, оҕону дьиэҕэ сахалыы сиэргэ-туомҥа иитэн, күүстээх норуот буола үүнүөхпүтүн-сайдыахптытын наада. Өйбүтүн-санаабытын сайыннардахпытына, улахан омугу кытта олорбуппут да иһин, норуот быһыытынан симэлийэн хаалыа суоҕа этибит. Оскуолаҕа кыра эрдэхтэн хомуһу оҥорорго үөрэммит оҕолор олус үчүгэйдик уһана үөрэниэхтэрэ, өбүгэлэрбит  төрүт  дьарыктара көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэ туруо  этэ. 

Ангелина Кузьмина кэпсэттэ.