«Норуот тылынан уус-уран айымньытын үйэтитии» фольклору хомуйууга өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйабытыгар уонна күрэспитигэр киирбит үлэлэрбититтэн таһаарабыт. Маннык айымньылары научнай сыалга-сорукка кэпсээччи хайдах кэпсээбитин, саҥарбытын курдук уларыппакка, көннөрбөккө сурукка түһэрэр быраабыла баар. Ол быһыытынан хайдах баарынан тахсар. Үөһээ Бүлүү улууһун Н.Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатын саха тылын учуутала Филиппова Алена Юрьевна хомуйбут матырыйаалларыттан бу сырыыга таабырыннары бэчээттиибит. Саас сааһынан салҕыы барытын таһаарыахпыт.
Норуот тылынан уус-уран айымньыта, фольклор, үгүс үйэлэр усталарыгар айыллыбыта. Саха норуотун тылынан уус – уран айымньыта тыла – өһө нарыламмытынан, кэрэтинэн уонна идеята дириҥник, киэҥник бэрт үрдүк кэрдиискэ турар.
Норуот тылынан уус – уран айымньытыгар кини ааспыт историята, олоҕо – дьаһаҕа, баҕарар баҕата, үтүөҕэ, дьолго дьулуһуута, бэйэтин күүһүгэр, инники сырдык кэскилигэр муҥура суох эрэниитэ ол кэрэ кэскил иһин охсуһуута көстөр. «Норуот тылынан уус – уран айымньытын билбэт буоллахха, үлэһит норуот дьиҥнээх историятын билиэххэ сатаммат» — диэн улуу пролетарскай суруйааччы Максим Горькай этэрэ.
Норуот айымньыта ураты күүстээх, санаа көтөҕүүлээх. Үлэһит дьон хас да хос батталга олорон айбыт үгүс ырыаларыгар, остуоруйаларыгар, олоҥхолоругар да санаа түһүүтэ, мунчаарыы көстүбэт, хата, кэрэ кэскилгэ, үтүө санаа өрөгөйдүүрүгэр бигэ эрэллээх этилэр. Итиннэ көстөр норуот санаатын күүһэ, оптимистическай дьулуура.
ССРС суруйааччыларын маҥнайгы съезтэригэр советскай литератураны төрүттээбит улуу Горькай этэн турар “Тыл искусствотын төрдө фольклорга сытар. Бэйэҕит норуоккут фольклорун хомуйуҥ, кинигэлэртэн үөрэтиҥ… биһиги төһөнөн ааспыт олох туһунан билэбит даҕаны, соччонон дөбөҥнүк, дириҥник уонна үөрэн – көтөн туран, билигин айар – тутар үтүө кэммит улуу суолтаттын өйдүөхпүт”, — диэн.
Саха норуотун тылынан уус-уран аймньыта – барҕа баай уонна үгүс көрүҥнээх. Кини сүрүн көрүҥнэрэр манныктар: таабырыннар, өс хоһоонноро,чабырҕах, алгыстар, тойуктар, остуоруйалар, олоҥхолор.
Харбалаах нэһилиэгин туһунан кылгастык
Харбалаах нэһилиэгэ Үөһээ Бүлүү улууһун биир саамай биллэр – көстөр нэһилиэгэ буолар. Бүлүү өрүс маанылаах кыыһа, ыллыыр үрүҥ кумахтаах Чыбыыда үрэх уонна быста турар биэрэктээх, хомоҕон – дохсун сүүрүктээх Быракаан үрэх тардыыларыгар тайаан сытар. Бу Саха сирин кэрэ айылҕалаах, дьон – норуот таптаан сынньанар дьоһун миэстэтинэн буолар.
Харбалаах – төлөннөөх революционер, халбаҥнаабат большевик – ленинец, сахаттан биир бастакы экономист – ученай, саха саарына Исидор Никифорович Барахов уонна саха уһулуччулаах прозаига, народнай суруйааччы Николай Гаврильевич Золотарев – Якутскай төрөөбүт – үөскээбит, кынат – куорсун анньыммыт ытык буордара.
Нэһилиэк Харбалаах диэн иитэн – аһатан олорор күөл аатынан ааттаммыт. Эдуард Карлович Пекарскай бэйэтин тылдьытыгар быһаарарынан, күөл кытыытыгар харба диэн от үүнэринэн Харбалаах дэммит.
Николай Якутскай суруйарынан, Харбалаах былыр 1 Чочу нэһилиэгин түөлбэтэт, кэлин Орто Бүлүү улууүуттан арааран, Үөһээ Бүлүүгэ киллэрбиттэр уонна туһунан Харбалаах диэн нэһилиэги оҥорбуттар.
Дэриэбинэ холбоһуктааһын булбутун кэннэ тус – туспа алаастартан дьон көһөн кэлэн улааппыт. Бастакы дьиэни 20-ис үйэ саҥатыгар, 1902 сыллаахха нэһилиэк бастыҥ баайа, сүүстэн тахса ынах сүөһүлээх, хас да үөр сылгылаах Бараах Уйбаан уола Ньалбаахаан Миккииппэр туттарбыт.
Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, бу Харбалаах түөлбэтигэр элбэх талааннаах, кэрэ – чуор куоластаах, устар ууну сомоҕолуур үүс тыллаах сээркээн сэһэнньиттэр, остуоруйаһыттар, ырыаһыттар, тойуксуттар, оһуохайдьыттар, олоҥхоһуттар төрөөн – үөскээн ааспыттар эбит. Хомуйуох иһин, ол кинилэр сүдү талааннара срукка – бичиккэ киирбэккэ бэйэлэрин кытта көмүллүбүттэр.
Бастакы быыбардар улахан бырааһынньык курдук ыытыллар эрдэхтэринэ, сарсыарда алта чааска дылы анаан дьону саататан, түүнү быһа утуйбакка, араас үһүйээннэри, остуоруйалары кэпсиир уйбаныап Ньукулай – Хараарбах оҕонньору дьон билигин да өйдүү – саныы сылдьаллар эбит. Николай Якутскай «Төлкөтүн» бастакы кинигэтин сюжетын Хараарбах оҕонньортон истибитэ дииллэр.
Егорова Александра Алексеевна
2000 сыллардаахха Харбалаахха фольклорунан дьарыктанар бэрт аҕыйах кырдьаҕас баара. Олортон бастыҥнарынан норуот тылынан уус – уран айымньытынан утумнаахтык дьарыктанар, кулууп сыанатыттан дьоҥҥо – сэргэҕэ, эдэр ыччакка тириэрдэр киһиннэн Егорова Александра Алексеевна буолара.
Кини 1930 сыллаахха Ньурба улууһун Чаппанда нэһилиэгэр төрөөбүтэ. «Молодой» холкуоска уон саастааҕыттан үлэлээн барбыта. 1947 сыллаахха Ньурбаҕа сут – кураан дьыл буолан, эдэркээн Александра холкуос сүөһүтүн үүрсэн Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕар от сии кэлсибитэ. Онтон ыла Харбалаах төрүт олохтооҕо, ыал буолан, оҕо төрөтөн, эбээ, хос эбээ буолан, олохтоохтор дириҥ ытыктабылларын ылыаҕын ылбыта. Миэхэ биэрбит матырыйаалларын барытын Өлөксөөндүрэ эмээхсин ыллаан – туойан, чабырҕахтаан,таабырын таайтаран, хас эмэ күн устата үлэлээбиппит
Александра Алексеевна биэс саастааҕыттан норуот тылынан уус – уран айымньытын бары көрүҥнэрин улаханнык сэргиир, таптыыр уонна дьарыгырар буолбута. Ийэтэ, аҕата, чугас билэр дьонноро, кырдьаҕастар ырыаларын – тойуктарын сөбүлээн истэрэ, өйүгэр тутара. Онтон билигин өйдөөн хаалбыт таабырыннара:
1 Муора уола мутук курдаах, чаачча кыыһа талах курдаах үһү? (туу, мас уһаат).
2 Сир анныгар сибигинэйэр уоруйах баар үһү? (муҥха)
3 Ураҕас төбөтүгэр ойуу – бичик баар үһү? (куйуур)
4 Өлүү кыыһа сарсыарда аайы өһөҕүнэн хотуолуур үһү? (хотон түннүгүнэн сааҕы эһэллэрэ)
5 Буруо буруолаатаҕына дьоруо дьоруолуур үһү? (саа эһиннэҕинэ ыт кус ыла барара)
6Дар мас «дарк» гына эһиннэҕинэ, күөс ат күөһэлис гынар үһү? (айа эстиитэ)
7 Биллэр – биллибэт алтан туонай баар үһү? (оҕо улаатара)
8 Сири кыҥаан баран муннуга ытар баар үһү? (утурук)
9 Кып – кыһыл биэтэҥнээн иһэн хап – хара иһигэр дьылыс гынан хаалбыт үһү? (илии үтүлүк иһигэр киирэрэ)
10 Эмэх сирэйэ этигэс, аҕыс атаҕа адаарыс, түөрт атаҕа төкүнүс баар үһү? (сыарҕалаах аттан киһи түҥнэстиитэ)
11 Окуо-окуо от дьиэлээх, бакыа-бакыа мас дьиэлээх, хотун дьахтар хоҥходьохтоох буута холуоккалаах, итии лаппаакы кымньыылах үһү?(дьахтар төрүүтэ)
12 Ылыкыппыттан-дьылыкыппыттан арахсаммын, иэримэҕэ – дьиэримэҕэ тиийдэрбин диир баар үһү? (ат)
13 Айыы уола тутум быычаһы кыайан сиэбэт үһү? (ат үүнү кыайан сиэбэтэ)
14 Ыттааҕар оччугуй, аттааҕар улахан баар үһү? (ыҥыыр)
15 Кэптэлээн эмээхсин үктээбит сиригэр Чопчоохоон оҕонньор үктээн ааһар үһү? (ат суола)
16 Бакыр ойуун бааһылаабыт, Токур ойуун дойдулаабыт үһү?(хомуут, дуҕа)
17 Оһуордаах сонноох ордьон Бүөтүр, быһыылаах сонноох Быакас Бүөтүр бааллар үһү? (кымырдаҕас, моҕотой)
18 Уһун Чэрэнчэй маҥан быатын сарыы чамчыахай уоран сиэбит үһү? ( тиит үөнүн тоҥсоҕой сиирэ)
19 Мохочоон оҕонньор ойуулаан – бичиктээн оҥорбутун курдук ким да сатаан оҥорбот үһү? (ооҕуй оҕус ситимэ)
20 Сиэтим – сиэтим, сибиэһэй балык сиһин этин сиэбитим, аһаатым – аһаатым, арҕаһын этин аһаабатым диир баар үһү?(кумаар)
21 Бастакыта баһыҥа, ортокута обуоһа, кэнникитэ кэһиитэ баар үһү? (этиҥ, чаҕылҕан, ардах)
22 Ууга тимирбэт, уокка умайбат, сүгэнэн кэртэххэ быстыбат баар үһү? (күлүк)
23 Айанньыт уоллаах, кылыкынай кыыстаах Ботугураан эмээхсин баар үһү?(буруо, кыым, оһох умайар тыаһа)
24 Уу куртахтаах, уот аһылыктаах баар үһү? (сылабаар)
25 Биир үтүө күн Даарыйа эмээхсин аччас гыммытыгар, Бүөтүр оҕонньор бүөлүү тиһэн кэбиспит үһү? (талкы)
26 Күлүгэ көстүбэт баар үһү? (оҥкучах иһэ)
27 Дьиэҕэ – дьиэрэҥкэй, хотоҥҥо холорук баар үһү? (минньик, күрдьэх)
28 Түүн аччыктыыр, күнүс тотор баар үһү? (атах таҥаһа)