С.А. Зверев аатынан үҥкүү национальнай тыйаатырыгар «Халдьаайы» этнобалет турда. Либретто ааптара — Костас Марсан, туруорааччы-хореограф – Долаана Федотова, худуоһунньук-туруорааччы – Екатерина Шапошникова, дирижёр-туруорааччы – Николай Петров
Сүрүн толорооччулар: Хаардьыт Бэргэн – Алексей МАКСИМОВ, Күн Кылбака – Саина ВИНОКУРОВА, Баай Хара Хаан – Николай ПАВЛОВ, Харыс Түөкэй – Василий ЭВЕРСТОВ, Олоон Долоон – Семен КУЗЬМИН, Ойуун – Семен ДЬЯКОНОВ, аллараа дойду Адьарайа – Владислав ПОПОВ, Оноҕостоон Чуокай – Эдуард ЖИРКОВ.
Этнобалекка аллараа дойду олохтоохторо орто дойдуга улахан ыарыыны ыыталлара көстөр. Эйэлээх олох урусхалланар. Өлүү-сүтүү саҕаланар. Аҕа ууһун баһылыга Баай Хара Хаан кыыһа Күн Кылбака уонна дьадаҥы булчут Хаардьыт Бэргэн тапталлара көстөр. Кинилэр дьиҥнээх уонна ыраас тапталларынан төрөөбүт дойдуларын дьонун-сэргэтин абааһы адьарайдарыттан көмүскүүллэр. Хаардьыт Бэргэн орто дойдуга дьоллоох, сырдык олох туһугар олоҕун толук уурар.
Либреттоны киинэ биллиилээх режиссера Костас МАРСАН Томпо оройуонун Кириэс Халдьаайытыгар истибит үһүйээнигэр олоҕуран суруйбут. Этнобалет муусуката олус интэриэһинэй. Артыыстар таҥастара саҥалыы хараҕынан көрөн оҥоһуллубут.
Хаартыскаҕа Герман Сокольников түһэриитэ.
#сахаэтигэнтыласаайт #театртанцарся