Оҕону кытта тѳрүѳҕүттэн тѳрѳппүт сѳптѳѳхтүк алтыһара саҥатын сайдыытыгар улахан суолталаах: имэрийэн, илиигэ ылан, сымнаҕастык кѳрѳн, мичээрдээн, сыллаан, кэпсэтэн. Тѳрѳппүт оҕо бастакы-иккис ыйыгар бастаан чэпчэки дорҕооннору саӊаран «ааа», «ооо», «гкх», «эээ», онтон улам уустук дорҕооннору кыбытан «ага», «агу», «угу» саӊарарга кѳҕүтэр. Итинник саӊаран оҕону хатылыырга, хоруйдуурга уонна истэргэ үѳрэтэбит.
Тѳрѳппүт оҕотугар биир сааһыттан саҕалаан, тулалыыр эйгэтин ойуулаан кэпсээтэҕинэ, эттиктэри туттаран-хаптаран кѳрдѳрдѳҕүнэ, оҕо быдан түргэнник саӊарар. Икки-үс сааһыттан элбэхтэ хаамтарар, сүүрдэн, эт-хаан ѳттүнэн сайыннарар, хоһооннору, ырыалары үѳрэтэр оҕо толкуйдуур дьоҕурун күүһүрдэр, тылын саппааһын байытар.
Оттон оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕо сүрүн дьарыга оонньуу буолар. Онон сиэттэрэн, оҕо күннэтэ ойуулаан саӊарар дьоҕурун сайыннарарга араас тыл оонньууларын туһанар олус табыгастаах. Холобур:
Тугу ойуулаабыппын таай
Биир оҕо кѳхсүнэн турар. Оонньуу ыытааччы ханнык эмэ эттик ойуутун атын оҕолорго кѳрдѳрѳр. Оҕолор ол эттиги ойуулаан-дьуһуннээн, анал аатын эппэккэ, кѳхсүнэн турар оҕоҕо таайтаран кэпсиэхтээхтэр.
Бу кимий?
Бу оонньуу оҕо болҕомтотун сайннырарга олус туһалаах. Оонньууну ыытааччы биир эмит оҕону ойуулаан таайтарбытын, атын оҕолор ким буоларын таайыахтаахтар. Холобур, отон курдук кып-кыһыл былааччыйалаах, сибэкки курдук суһуоҕун киэргэппит, куруутун мичээрин бэлэхтиир кыыс баар, ол кимий?
Атыннык ааттаа
Оҕоҕо биир тыл этиллэр уонна онно маарынныыр тылы буларыгар сорудах бэриллэр. Холобур, доҕор-атас, араҕас-саһархай …
Тѳттѳрүтүн эт
Оҕоҕо биир тыл этиллэр, онно утары суолталаах тылы буларыгар сорудах бэриллэр. Холобур, улахан-кыра, кыһын-сайын, хара-маӊан…
Хайдаҕын кэпсээ
Оҕолорго тѳрѳппүт биир эттиги ааттыыр уонна хайдаҕын кэпсииргэ кѳрдѳһѳр. Холобур, сахархайдаҕый? (минньигэс амтаннаах, кытаанах, маӊан…)
Туох буолбутун ойуулаа
Оонньуу «Арай биирдэ…» диэн тылларынан саҕаланар. Оҕо туох буолбутун тылынан ойуулаан кэпсиир. Холобур, арай биир сарсыарда муус-маӊан хаар туспут…Тѳрѳппүт «хайдах» диэн ыйытыыны биэрэн, оҕо кэпсииригэр кѳмѳлѳһүѳхтээх.
Маннык оонньуулары ханна баҕарар, хаһан баҕарар оонньуохха сѳп. Оҕолоргут дьарыктаах буолалларыгар кыһаныҥ!
Виктория БайроновнаСедалищева,
«Надежда Якутии» түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн
наҕыраадаламмыт логопед уонна олигофрен учуутал.