Ийэ тылбыт сүөгэйин сүмэтин, литэрэтиирэ кириитигэ Василий Протодьяконов этэринэн, «саха былыргы ойуулуур-дьүһүннүүр тылын салбарҕаһа, баайа, дэгэтэ, дорҕооно, тыл этиигэ, санаа дьүөрэтэ (ханыыта): дорҕоон, тыл муусуката саха кулгааҕар туохтааҕар да ордук кэрэтик, минньигэстик сайан киирэр» алыбын, илбиһин баһылаабыт ураты тыыннаах дьоммут суруйааччылар, бэйиэттэр буолаллар. СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт Ангелина Николаевна Шадринова — Суоһааны «Саха» НКИХ араадьыйатыгар бэрт намыын куолаһынан бииртэн — биир хомоҕой тылы сиэтэн олох, киһи туһунан анаарар бэрт сэргэх, кимиэхэ да майгыннаабат дириҥ ис хоһоонноох биэриилэрин истэр буолуохтааххыт. Ураты айылҕалаах, бэйиэккэ муҥ саатар, кыратык эмэ чугаһаан, айар кутун киэҥ киэлитин биир күн тэһэ астаран, биллибэт күүс этитэн эбитэ дуу, кини туһунан суруйуохпун баҕарарбын эттим…
– Эн араадьыйаҕа биэриилэриҥ ураты сэргэхтэр. Биэриигэ бэлэмниир матырыйаалларыҥ, саҥа айымньыҥ кута хайдах кэлэрий?
– Биэрии оҥорорго тиэмэҕэр киириэххин наада. Онуоха ол темаҕа киирии аан арылларын кэриэтэ. Тиэмэҕэ киирии тугунан эрэ аан арылларын кэриэтэ буолар. Бастаан элбэҕи ааҕыахха наада, бэйэҕэр туох эрэ өйдөбүл үөскүүрүн курдук. Ити мин чопчу биир тиэмэлээх уочарка биэриини этэбин. Ол өйдөбүл үөскүүрэ бэйэтэ туох эрэ сиэтиилээх буолар, ханнык эрэ түгэҥҥэ күлүм гынан, биир тыл, этии эбэтэр, харахха көстөн кэлэр көстүү тыас, дуораан курдук иһиллэн, көстөн кэлэр. Аан бастаан ону өйдөөн көрбүтүм диэн Сунтаарга бибилэтиэкэҕэ үлэлии сылдьан олохтоох тэлэбиидэнньэҕэ «Ситим» диэн анал биэрии таһаарар этибит. Бастаан Леонид Попов 80 сылыгар аналлаах биэрии оҥорбуппут. Мин ол иннинэ биэрии оҥоруу эҥин диэни билбэт киһи буоллаҕым. Эмискэ киэһэ санаа киирбитэ. «Оо, били хоптолор хоһоонноругар курдук хаар түһэрэ буоллар!». Кини ол хоһоонун муора кытылыгар киирэн хойуу да хойуу хопто үөрүн көрөн туран, дойдутугар хаар түһэрин санаан суруйбут. Миэхэ ол санаа харахпар көстөн кэлбитэ. Сарсыныгар Леонид Попов төрөөбүт дойдутугар — Арыылаахха айанныырбытыгар, чахчы ол курдук хаар түспүтэ. Хойуу да хойуу, үп-үрүҥ хаар.
Билиҥҥи биэриилэрбин оҥорорбор эмиэ хайдах эрэ оннук бэлиэлээх буоллаҕына, таба тайанным быһыылаах дуу диэн саныыбын. Онон биэрии арыллыыта да, син биир уус-уран айымньы курдук кэлэр, майгынныыр эбит.
– Оҕо саас өйдөбүлэ эйиэхэ наһаа баар курдук. Биир интервьюгар оҕо сааһыттан букатыннаахтык тахсан барбатах киһи остуоруйаны суруйара буолуо диэбиккин. Эн остуоруйалары суруйаҕын. «Кутум уйата – Толоонум» диэн хоһоон бөлөҕө эмиэ баар эбит.
– Дойдубар – Толооҥҥо, тиэргэммит иһиттэн аҕыйах хаамыыны баран, кыракый мумул ойууру туораатыҥ да, сыһыы нэлэс гына түһэр. Онно үс эбэ атахтаһа сыталлар. Оҕо сылдьан онно сүүрэн киирэрбин олус сөбүлүүр этим. Күнүс күн чаҕылыччы тыган турар кэмигэр буолбатах, күн арыый да арҕаалыы түһүүтэ, от-мас күлүгэ уһаан көстөр буолбутун кэннэ. Онно киирэн хаттааҥҥа былыттар үөмэхтэһэ усталларын өөр да эр туран абылаппыттыы көрөрүм. Ол иһин буолуо «Бүөр Күөлүм үрдүгэр арыллар дьиктилээх халлааҥҥа, айар кут айаас атын аан маҥнай сайыһа көрбүтүм» диэн кэлин суруйбут эбиппин, быһыыта. Толооҥҥо тиэргэммитигэр сүүнэ улахан аар тиит баар. Кинини биһиги бары оҕо эрдэхпиттэн күн бүгүҥҥэ диэри тэлгэһэбит иччитин курдук көрөбүт. Дойдубар тиийдэхпинэ, бастаан тииппэр тиийэбин. Ол биһиги эбэбит – эһэбит олорбут тэлгэһэлэрэ, кэлин дьонум онно дьиэ туттубуттара. Миэхэ ол аар тиитим, Бүөр Күөлүм, мин кутум уйата Толоонум диэн биир өйдөбүллээхтэр.
– «Олох уонна өлүү эйэлэспэт утарсааччылар… Өлүү кыайбата – талан» диэн этэҕин. Бэйиэт аналын, кэмигэр биллибэккэ хаалбыт Альберт Бүлүүйскэй курдук дьон уһунан тугу этиэҥ этэй?
– Альберт Бүлүүйскэй, чахчы, талааннаах бэйээт. Ол да иһин букатын умнуллан хаалбакка, кэмэ кэлэн эргиллэн кэллэҕэ дии. Уонна нуучча да, атын да омук улахан улуу суруйааччылары бары кэмигэр өйдөммүт, сыаналаммыт буолбатахтара ээ. Оннооҕор улуу Пушкин бэйэтин кэмигэр улуу диэн билиниллибит буолбатах. Кини сүдү талаанын билинэр дьон эмиэ бааллара, биллэн турар. Ол гынан баран, холобура, И.С. Тургенев «Пушкиннааҕар Кукольник, Бенедиктов ордук өрө тутуллар этилэр. Марлинскайы бары таптыыллара» диэн ахтыбыт. Өлбүтүн кэннэ сүдү талааммытын сүтэрдибит диэн, аһыйан некролог суруйбуттарын, ол саҕанааҕы биир миниистир «ханнык эрэ бэйиэти туох ааттаах бу улуутуттугут?!» диэн улаханнык өһүргэммит диэн эмиэ баар. Онтон Достоевскайы бэйэтин кэмигэр сэниир, аһаҕастык иирээки да диир түбэлтэлэрэ баарын эмиэ билэбит. Онтон бэйиэт, суруйааччы талаана, улуута дьон хайдах сыһыаннаһарыттан тутулуга суох. Арай ол, дьиҥэ, кэлин өйдөнөр. Холобур Алампаны да ылан көрүүй. Мин биир сөҕөрүм баар – кини дьиҥ сүдүтүн Николай Денисович Неустроев сүрдээх үчүгэйдик биир тыла суох этэн кэбиспит эбит. Уруһуйунан. Саха бабалаҕанын уруһуйдаабыт уонна ол аттыгар уста сылдьар улахан киит балыгы уонна ол киит балыгы Алампа диэн суруйбут. Ол олох тохтообот өрүһүгэр хасаабакка турар саха балаҕана уонна онно уста сылдьар улуу киит балык Алампа Буоллаҕа дии! Неустроев ол саҕаттан ону наһаа да үчүгэйдик өйдөөбүт эбит.
– Суруйааччылар тустарынан кэпсиир олус интэриэһинэй биэриилэрдээххин. Бэчээккэ ханна да суох матырыйааллар эҥин киирбит буолаллар.
– Биһиэхэ улахан да суруйааччыларбыт олохторо дьаһахтара, биографиялара үчүгэйдик сурулла илик ээ. Арай Алампаҕа, Ойуунускайга бааллар. Онон биэрии оҥорорго онтон-мантан хомуһар буоллаҕыҥ дии. Холобур, мин ааспыкка ити Дмитрий Таас туһунан биэрии оҥоро сылдьан, кини аймаҕа киһи, суруйааччы архыыбын Ойуунускай аатынан түмэлгэ туттарбытын туһунан хаһыаттан билбитим. Онно кини икки диниэбинньигэ баарын булан аахпытым. Наһаа түүллээх киһи эбит. Анаан-минээн түүлүн сурунар уонна тойоннуур эбит. Ону наһаа сэргээбитим. Холобура, ити «Кырсаада уоттара» -диэн сэһэнин сюжетын түһээн көрбүт. Ол күн доҕорун -Петр Филипповвы ыҥыран ылан «түүл түһээтим, өссө буолаары буолан, сэһэн сюжетын көрдүм « диэн кэпсээбит. Ол сэһэнин куонкуруска киллэрэн, үһүс миэстэ буолан турар. Биэрии оҥороргор биир кыракый этии да элбэҕи сэпсиир кыахтаах. Онон тугу булбуппун барытын көрө сатыыбын да, син биир ситэ кыайтарбат.
– Дьиҥнээх уус-уран айымньы кистэлэҥнэрэ, түгэххаттыгастарын күлүүһэ норуокка баар ийэ өйү таба туһаныыга быһыылаах.
– Нуучча семиотика диэн науканы төрүттээбит Юрий Лотман диэн киһи баар этэ. Кини өссө 60-с сыллардаахха киһи санаата уустугурарын кытта литэтиирэни үөрэтии эмиэ уустугуран иһэринэн, литэрэтиирэни билим салаалара бары кыттыһан үөрэтиэхтэхтэр, ол иһигэр фольклористар, культурологтар диэн эппит. А.Н.Павлов-Дабыл биһиги төрүт култуурабыт сиимбэллэрин үөрэтэн билэ иликпитинэ улахан суруйааччыларбыт суруйбут айымньыларын кыайан өйдүүр кыахпыт суох диэбитэ, кырдьыга да оннук. Мин П.А.Ойуунускай «Ирбит Ньукуус» диэн айымньытын наһаа сөҕөбүн. Ылан көрдөххө кылгас баҕайы курдук дии. Иирбит Ньукууһу үрүҥнэр үрүҥнэр уматан өлөрбүттэр, бассабыыктыы өйдөөх-санаалаах киһи диэн эрэ курдук өйдөбүл баара. Онтон айымньытын аата киһи аата буоллаҕына, тоҕо хабыычыка иһигэр суруйда? Холобур, Алампа эмиэ дырааматын аатын «Дьадаҥы Дьаакып» диэн ааттыыр, ол эрээри бу киһи дьиэтин ис бараанын ойуулуругар орто ыал олорор дьиэтэ-уота диэн этэр ээ. Кистэлэҥнэрэ итиннэ сытар, ону сатаан өйдөөн көрүөххэ наада быһыылаах. Ону ааҕааччы- салгыы бэйэҥ хаһан дьэ, үлэлээ, толкуйдаа диэн. Дьиҥнээх уус-уран айымньы оннук. Хас эмит хаттыгастаах, ол хаттыгаһы ааҕааччы бэйэтэ толкуйдаан, ырытан, күлүүһүн арыйыахтаах. Иирбит Ньукуус «тоҥнум да тоҥнум, үүт испит киһи да, үүт испит киһи» диир. Үүт диэн сахаҕа үрүҥ ас. Үрүҥ ас диэн үрүҥ тыын. Ону мин ити Ирбит Ньукууһу биһиги саха омук ис туругун крөдөрбүт дии саныыбын. Саха омук ол саҕанааҕы ис туругун көрдөрбүт. Ис турукпутугар улахан хайдыы, төрүт ийэ өйтөн тэйии барбытын Ойуунускай иирбит киһи баллыгырааһынын быыһыгар, арааһа, итинник көрдөрбүт дуу диэн. Быыһаныыбыт онно диэн. Үйэ өрө ытыллыбыт, иирбит кэмэ буоллаҕа дии, чахчы даҕаны.
– Араадьыйа көмүс пуондатыттан булбуккуттан саамай соһуйбутуҥ, үөрбүтүҥ туох этэй?
– Сергей Афанасьевич Зверев ойуун кыырыытын толорбутун 1963 с. устууну булан баран наһаа үөрбүтүм. Оннук баар диэни, өссө Сунтаарга үлэлии сылдьан, Д.Зверев кинигэтигэр киирбит, Афанасий Николаевич Готовцев ахтыытыттан билбитим. Араадьыйа көмүс пуондатыттан диэн биэрии баар буолбутугар, Афанасий Николаевич ону хайдах устубутун туһунан кэпсээбитин киллэрэн, бүтүн чаас кэриҥнээх кыырыыттан быһа тардан биэрии оҥорбуппут.
– «Дорҕоон кута» диэн кинигэлээххин. «һ» дорҕоон сүрүн туһунан…
– Ити эмиэ түүл. Оҕо саастан олорон хаалбыт өйдөбүл. 7 саастаах сылдьан түүл түһээбитим. Билигин барытын кыайан ойуулаан эппэппин гынан баран, ырыа курдук уһун баҕайытык тардыллыбыт «һ» дорҕоон баарын чуолкай өйдүүбүн. Ол хайдах оннук тардылларын билбэппин. Ону билигин хайдах да иһитиннэрэр кыаҕым суох. Бу бүтэй дорҕоон буоллаҕа дии, ол гынан баран чахчы уһуннук тардыллыбыт дорҕоон баара билигин да кулгаахпар иһиллэр. «һ» дорҕоон саха саҥарар саҥатын биир уратыта буоллаҕа дии. Ол миэхэ куппар-хааммар олорсо сылдьара ханан эрэ эргийэн тиийэн кэлэн бэйэбэр санатыан, иһиллиэн баҕарбыта буолуо. «һ» дорҕоон диэн хоһоонноохпун ээ.
– Литературнай кириитикэ тула мөккүөр элбэхтик тахсар.
– Литературнай кириитикэ литэрэтиирэ үөскүөҕүттэн баар мөккүөр быһыылаах. Саха литэрэтиирэтэ нуучча литэрэтиирэтин үгэһигэр үөрэнэн, онно олоҕуран баар буолбута диэн билэбит. Холобура сыыспат буоллахпына, өссө 1825 с. Пушкин уонна Бестужев икки ардыгар суругунан мөкүөр буолбут эбит. Онно Бестужев билиҥҥи кэмҥэ кириитикэ урутаан иһэр, литэрэтиирэ ол оннугар хаалан иһэр диэн эппит эбит. Ону Пушкин туран: «Наоборот, кой какая литература у нас есть, а вот критики нет» — диэн хардарбыт эбит. Чеховы да, Толстойу да ылан көр, бэйэлэрин кэмигэр кириитикэни олох астымматтар эбит. Ирдэбиллэрэ үрдүк буоллаҕа дии. Онтон, дьиҥэр, нууччаҕа өссө 17-с, 18-с үйэттэн саҕалаан литературнай кириитикэ көрүҥэ баар этэ. Онтон биһиги литэрэтиирэбит саҥардыы туран эрдэҕэ, соцреализм диэҥҥэ хааччахтаан кэбистэхтэрэ дии. Уонна хантан литературнай кириитикэ культурата үөскүөҕэй?! Дьиҥэр, В.Н. Леонтьев эҥин суруйан испитэ биллэр. В.Н.Протодьяконов билигин бэйэтэ саха литэрэтиирэтин теорията суруллуон наада, оччоҕуна эрэ дьиҥ литературнай кириитикэ диэн баар буолуоҕа диэн биир тус кэпсэтиигэ эппитэ. Мин итиннэ сөбүлэһэбин.
– Билигин тугу суруйа сылдьаҕын?
– Мин айар иэйиигэ сиэттэрэбин. Урут даҕаны, билигин даҕаны. Бэйэтэ хайдах кэлэринэн көрөн. «Анаан минээн маны суруйабын» диэн, улахан былаан уруккуттан да суох этэ. Биир кэмҥэ эмискэ остуоруйалар кэлбиттэрэ. Устан ылар кэриэтэ уонча остуоруйа суруллубута. Сорохторум кинигэ буолан тахсыбыттара. Хоһоону биоигин да суруйабын, кэмигэр кэлэр, ол гынан баран тоҕо эрэ эмиэ иккистээн остуоруйаларбар эргилинним. Айымньы кэлбитэ түргэнин иһин, ону өссө эмиэ хаттаан үлэлиэххин, көрүөххүн-бэрийиэххин наада. Кинигэ буолбутун да кэннэ «оо дьэ, маннык буолуохтаах этэ» диэн кэмсинэ көрөрүм баар буолар. Күннүк Уурастыырап Пушкин уруукапыстарын көрөн баран сөҕөн, бэл улуу Пушкин көннөрөр, үлэлиир да буолар эбит, литэрэтиирэ диэн, чахчы, сыралаах үлэ диэн ахтыбыт эбит. Кэпсээҥҥэ холонууларым эмиэ бааллар, салгыы буолуон билбэппин. Бэйэм бэйэбин билэбин, онон хааччахтана сатаабаппын.
– Саха остуоруйаларыгар ким эр экими эрэ өлөрбүт диэн дьулаан көстүүлэр эҥин бааллар.
– Ити биһиэхэ эрэ буолбатах ээ. Нуучча да, атын омук да фольклоругар, биһиги көрүүбүтүгэр, олус сиэмэх ис хоһоонноох айымньылар бааллар диэн.Саха былыргы остуоруйаларын, дьиҥинэн, анаан-минээн үөрэтии биһиэхэ суох дии. Нуучча литэрэтиирэтигэр оннук баар. В.Я. Пропп фольклорга баар хас биирдии сиимбэллэрин ырытан, туох суолталаахтарын үөрэтэн, быһааран суруйан турар. Остуоруйалар түҥ былыргы номохтору, үһүйээннэри кытта биир ситимнээхтэр диэн чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Биһиги өйбүт саамай ыраах, түгэх таптыгаһыгар хас биирдии үҥпүт-сүкпүт көтөрдөрбүт, кыылларбыт, оппут-маспыт, өҥмүт, ойуубут-оһуорбут барыта туох эрэ олорон хаалбыт дириҥ өйдөбүллээхтэр. Ону өйдөөтөхпүтүнэ биирдэ, былыргы остуоруйаны толору өйдүүр кыахтаахпыт. Оҕоҕо ылан кэпсииргэ чахчы, уустук курдук. Дьиҥэр, остуоруйа буолла да, ол аата оҕоҕо аналлаах, кыра, чэпчэки дии саныыр сыыһа ээ. Норуот былыргы остуоруйата бэйэтэ туспа күлүүстээх эйгэ буоллаҕа дии. Оттон литэрэтиирэлии остуоруйа диэн атын…
– «Өбүгэм курдук үөрэҕин саталаан сатаан саҕан эппэппин» диэбиккини хаһан эрэ. Ити суруйар куттааҕы эрэ барытын долгутар боппуруос.
– Саха тылын саталаан сатаан этии диэҥҥэ мин, кырдьыга, улаханнык санаммаппын. Миэхэ ол айар, суруйар үлэбэр ыра санаа эрэ курдук, ыраах элэҥнээн көстөр үрдүк чыпчаал диэххэ дуу…
Ангелина КУЗЬМИНА.