Саха дьоно былыр-былыргыттан бултаан аһаан, таҥнан кэлбиттэрэ. Бултуур тэриллэрин бэйэлэрэ мындырдаан оҥостоллоро. Олортон биирдэстэрэ киэҥник тарҕаммыт бултуур тэрил айа буолар этэ. Бүлүү бөлөх улуустарын булчуттара айаны ааспыт үйэ ортотугар диэри туттубуттар. Айылҕаны үөрэтээччи уонна биллиилээх айанньыт Ричард Карлович Маак “Бүлүү уокуруга” диэн кинигэтигэр булт тэриллэриттэн бастакы миэстэҕэ айа турар диэн суруйбут. Айаны улахан кыыллары бултуурга тутталлара, холобур, эһэҕэ, тайахха, табаҕа, бөрөҕө, саһылга. Булт тэрилин оҥорор уустук ньымалара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, саҥардыллан, тупсарыллан иһэрэ. Былыргы төрүттэрбит айаны уонна оноҕоһу уол оҕо кутун-сүрүн иҥэринэр, харыстыыр уонна эр киһи буолар олоххо уһуйар тэрилэ дииллэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ айаны туттубаттар, оҥорботтор. Арай аҕыйах маастар ох сааны оҥорор, “Боотурдар оонньуулара” успуорт күрэҕэр ох саанан ытыы биир көрүҥ буолан киирбитэ.
Бу тыл хайдах үөскээбитэ, үөрэтиллиитэ
Былыргы түүр тылыгар йа, ай диэн “ый” диэн суолталаах. Айа тас көрүҥэ ыйга маарыҥныыр, онон бу тыл онтон үөскээбит. Ф.Ф. Васильев “Военное дело” үлэтигэр айа оҥоһуутунан арбалет судургу көрүҥэ диэн суруйбут. Былыр Орто Азия норуоттара сэриилэһэллэригэр айаҕа маарыҥныыр тэрили тутталлар эбит.
Ричард Карлович Маак кинигэтигэр айаны туттар ньыманы сиһилии суруйбут. Маак дьикти түгэни бэлиэтээбит. Сунтаар нэһилиэгэр биир баай саха дьиэтигэр былыргы, сиэдэрэйдик киэргэтиллибит булт тэрилин көрбүт уонна улахан сыанаҕа атыылааҥ диэн көрдөспүт. Баай саха аккаастаабыт, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр күндү тэрилбит диэбит. Булт тэрилин ол курдук үрдүктүк сыаналыыллар эбит. Бу түгэҥҥэ биһиги төрүттэрбит мындыр өйдөрө, бэйэлэрин абыычайдарын харыстыыллара көстөр.
Уос номоҕо
Былыр саха дьоно бултуур тэриллэрин айылҕаттан ылан оҥороллоро: мастан, талахтан, сылгы, ынах сиэлиттэн, кутуругуттан. Онон алдьанан быраҕылыннахтарына даҕаны айылҕаҕа хоромньуну оҥорботторо. Улуу булчуттар сырыыларын, бултарын туһунан араас кэпсээннэр уос номоҕо буоланнар, бар дьоҥҥо тарҕаналлар. Мин дьиэ кэргэммэр хос эһэм, эһэм, ийэбинэн убайым булчуттар. Туттубут тэриллэрэ убайым дьиэтигэр хоспоххо тураллар, онно айалар, сохсолор, туулар, туһахтар бааллар. Убайым аныгы үйэ булчута буолан олору туттубат. Хос эһэм Игнатьев Алексей Иннокентьевич булка туттубут айалара бааллар. Кини улахан дьиэ кэргэниниин Сунтаар улууһугар Элгээн нэһилиэгэр Көрдүгэн диэн алааска олорбуттара. Биэс оҕолоох дьиэ кэргэн дьадаҥытык, балыктаан, бултаан аһаан-таҥнан олорбуттар. Хос эһэм биир куһаҕан дьаллыктаах эбит: хаартылаан ардыгар бултаабыт булдун сүүйтэрэрэ. Ону тэҥэ булдун тириилэрин Сунтаарга киирэн Доценко диэн атыыһыкка туттаран ас-таҥас ылара үһү. Биирдэ ииппит айатыгар түөһүгэр күн курдук күлүмүрдээн көстөр маҥан бэлиэлээх хара саһыл түбэспит. Доценко атыыһыт хара саһыл тириитин оччотооҕу харчынан 64 тыһыынчаҕа атыыласпыт, онтунан ат, ынах, ас, табаар атыыласпыт. Бу кэмтэн хаартылыырын тохтоппут, бултаан кыахтаахтык олорор ыал буолбуттар. Ол туһунан эһэм элбэхтик кэпсиирэ үһү уонна Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Элгээн Көрдүгэниттэн төрүттээх Васильев А.В.-Көрдүгэн «Аттаах тумул» диэн кинигэтигэр суруйбута баар.
Эһэм Игнатьев Алексей Алексеевич эмиэ байанайдаах кадровай булчут, сорсуннаах сонордьут этэ. 8 оҕолоох улахан дьиэ кэргэнин бултаан-алтаан аһатан, иитэн улаатыннартаабыт. Эһэм биир быраата Игнатьев Иннокентий Алексеевич Омскай куоракка үөрэнэн бэтэринээр быраас үөрэхтээх. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевтыын бииргэ үөрэммиттэр. Кыра быраата Игнатьев Василий Алексеевич – сахалартан балыгы үөрэтэр (ихтиолог) бастакы учуонай.
Ийэм кыра быраата, убайым Игнатьев Айаал Алексеевич эмиэ байанайдаах булчут, охотовед үөрэхтээх. Убайым Айаал миигин кырабыттан куска, куобахха туһах иитэргэ, күһүҥҥү тайах булдугар илдьэ сылдьар, булт мындырдарыгар үөрэтэр.
Күһүҥҥү куска, убайдарбын кытта
Булчут тылдьытыттан
Хос эһэбиттэн хаалбыт айалар быһа холоон 19 үйэ саҕаланыытыгар оҥоһуллубуттар. Айаларга быһаҕынан оҥо хаһыы бэлиэлэр бааллар, итинник бэлиэни булчуттар улахан кыылы бултаатахтарына, оҥороллор эбит. Саа атыылаһар кыахтара суох, дьадаҥытык олорор булчуттарга айа сүрүн бултуур тэриллэрэ буолара. Бэйэлэрэ мындырдаан оҥороллоро. Айаны иитэргэ олус сэрэхтээх буолар ирдэнэрэ, дьон, сылгы, ынах сылдьар сирдэригэр туттубаттара. Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ айа суолтата сыыйа сүтэн киирэн барбыта, киһиэхэ, сүөһүгэ олус сэрэхтээҕин иһин сорох сирдэргэ бобулла сылдьыбыт.
Үйэ анараа өттүгэр оҥоһуллубут хос эһэм айалара билигин даҕаны үчүгэй туруктаахтар. Бу хаартыскаларга хос эһэм биир айата көстөр.
Чаачара тиит мастан оҥоһуллубут, уһуна 110 см, тиит мас кытаанах уонна хаарга, самыырга туох да буолбат, өр сыллар усталарыгар кииллийэн өссө бөҕөргөөбүт. «Баай байанай бэлэҕэ: булчут улахан кинигэтигэр» айа тутулун туһунан сиһилии суруллубут. Ол курдук, кирсин сүөһү тириитин түүтүн кыһыахтаан баран инчэҕэйдии 2,5-3 см кэтиттээх гына тэлэллэр уонна эрийэн хаталлар. Ол кэнниттэн чиккэччи тардан чаачарга баайаллар. Осхорун эмиэ тиит мастан оҥороллор, ырбата тимир буолар. Айа холоруга – тиит мас. Холоруга сарыннаах, иккис өттө кэрдиистээх. Айа холо хатыҥ мастан оҥоһуллар. Кылыытын икки хос сылгы сиэлиттэн баайыллан оҥоһуллар, дьыл кэмиттэн көрөн өҥө уларыйар. Кылыы баайыллар маһа – кэнтик.
1. Айа — лук-самострел; а) айа чаачара — лук, б) айа кирсэ — тетива. 2. Осхор — стрела с железным вилообразным наконечником. 3. Ырба — стрела самострела. 4. Орох — тропа (протоптанная зверем). | 5. Кылыы — (кылы) насторожка самострела 6. Кыҥыыр мас — ручка холо, где устанавливают уровень кылы и стрелы. 7. Холо — холо (высота, на уровне которой настораживается самострел). 8. Кэнтик — колышек (на который натягивают волосяной шнур самострела). |
Айа үчүгэй өрүттэрэ диэн сири-дойдуну, оту-маһы улаханнык алдьаппат, кыыл тириитин буорту гыммат, кыыл таптардаҕына, эрэйдэммэккэ тута өлөр, сүһүрбэт. Куһаҕан өрүтэ – киһиэхэ, дьиэ кыылларыгар олус сэрэхтээх.
Биһиги, эдэр көлүөнэ, төрөөбүт дойдубут былыргытын билиэхтээхпит, үөрэтиэхтээхпит.
Игнатьев Тамерлан, Бүлүү колледжын 3-с куурсун устудьуона