Сахалыы тыллаах «Саха этигэн тыла» саайт күн сирин көрбүтүн туһунан суруйан турабыт. Төрөөбүт тылбытын, омук быһыытынан уратыбытын кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэргэ анаан үлэлэһэр үтүөкэн дьонноохпут. Саайт атаҕар туран бар дьону түмэр, сөпкө саҥарарга, суруйарга үөрэтэр, төрүт дьарыкка, култуураҕа уһуйар. Быһата, төрөөбүт тылбытын үйэтитэр соруктаах сүрдээх улахан үлэни тыл билимин хандьыдаата, СӨ үөрэх уонна ыччат бэлиитикэтин туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, суруйааччы, уопсастыбанньык Ангелина Афанасьевна Кузьмина иилээн-саҕалаан айымньылаахтык үлэлэтэр. Бу уопсастыбаннай хамсааһын биир үтүө түмүгүнэн төрөөбүт тылбытыгар үөрэтэр кинигэлэр күн сирин көрбүттэрэ буолар. Ол курдук саха тылын лиэксикэтин туһунан уруулуу түүрдүү, монгуоллуу, тоҥус-мондьуурдуу тыллары кытта тэҥнээн үөрэтиигэ анаммыт «Лексика якутского языка. Формирование одно- и двусдожных основ имен существительных» монография уонна «Киэҥ эйгэҕэ сахалыы саҥарыы уонна суруйуу сатабыла» диэн ыччакка, устудьуоннарга, саха тылын үөрэтэр дьоҥҥо, учууталларга аналлаах кинигэлэр буолаллар. Бу кинигэлэр Ил Дархан Гранын уонна СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин өйөбүлүнэн таҕыстылар.
Ийэ тылбыт эйгэтин кэҥэтэр, сайыннарар сыаллаах элбэх уопсастыбаннай тэрээһини ыытар, сахалыы хомоҕойдук саҥарарга, уус-ураннык уонна таба суруйарга үөрэтэр уруоктардаах, ыстатыйалардаах, сүбэлиир-амалыыр, саха үгэһин, сиэрин-туомун, литературатын, култууратын, төрүт дьарыгын сырдатар “Саха суола” диэн ютуб-ханаалы үлэлэтэр, төрөппүккэ, ыччакка көмөлөһөр «Саха этигэн тыла» http://www.sakhaetigentyla.ru/ диэн аан ситим салайааччытын, хас да кинигэ ааптарын Ангелина Кузьминаны кытта бүгүн кэпсэттибит.
Норуот инникитэ тылыгар!
– «Киэҥ эйгэҕэ сахалыы саҥарыы уонна суруйуу сатабыла» диэн үөрэнэргэ көмө кинигэ төрөөбүт тылынан санааны сааһылаан тириэрдэргэ, тылы сөпкө туһанан ыраастык саҥарарга, сахалыы ыстатыйалары суруйарга үөрэтэр. Онуоха чопчу ньымалар, сорудахтар киирдилэр. Мин “Кыым”, “Бэлэм буол+” хаһыаттарга үлэлии сылдьан сахалыы кылаастары, саха тылын чааһын элбэтэр туһугар үгүс ыстатыйаны суруйбутум. Онтон Былатыан Ойуунускай аатынан литература түмэлигэр кэлэммин, тылы билбэт ыччат уус-уран айымньыны хайдах ааҕыай диэн дириҥник өйдөөбүтүм, онон оҕо ийэ тылын үөрэтэригэр, уу сахалыы саҥарар, суруйар буоларыгар анаан күүскэ турунан үлэлээн барбытым. Төрөппүтү кытта үлэ суолтатын өрө тутан улахан дьоҥҥо да, оҕолорго да үөрэхтэри ыытан саҕалаабытым. Маныаха сөптөөх үөрэнэргэ көмөлөһөр сахалыы босуобуйа аҕыйаҕын уонна олус наадалааҕын көрбүтүм, онон бу кинигэни бэлэмнииргэ быһаарыммытым. Элбэх хайысханы хабар сахалыы аан ситимнэр барылларын оҥорбутум. Бырайыагым Ил Дархан Гранын өйөбүлүн ылбыта. Олоххо киирэн саха омук быһыытынан уратытын, кэрэтин көрдөрөр, үөрэтэр, сырдатар аан ситими тэрийбит соҕотох уонна аан маҥнайгы уопсастыбаннай юридическай тэрилтэ быһыытынан хайыы үйэ сыаналанна.
Маны таһынан сахалыы саҥарар-иҥэрэр ыччаты өйүүр, кинилэр сатабылларын сырдатар, бу үлэҕэ кытыннарар, көҕүлүүр оҕолорго аналлаах араатардар күрэстэрин, фольклору хомуйууга, ыстатыйа, кэпсээн суруйууга күрэхтэри, айти эйгэҕэ саха тылын үөрэтиини киллэриигэ үөрэх ыыттыбыт. Төрөппүттэргэ уонна оҕолорго, учууталларга аналлаах оҕону өбүгэ үөрэҕинэн иитиини ситимниир, уопут атастаһар үлэлэрин, холобур, тимиринэн, маһынан уһаныыны, иистэнии көрүҥнэрин, о.д.а. видеоҕа устан үллэстэр маастар-кылаастаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыыттыбыт.
Ютуб-ханаалларбытыгар хас биирдии биэриилэрбитигэр матырыйаалы дириҥник үөрэтэн, чинчийиилэргэ олоҕуран, онно ыччаты, чинчийээччилэри кытыннаран оҥоробут. Кэпсээн эрэ буолбакка, саха төрүт дьарыгын, сиэрин-туомун көрөн үөрэнэллэригэр анаан таһаарабыт. Учууталлар, иитээччилэр, төрөппүттэр, кыраайы үөрэтээччилэр биэриилэри сэргээн суруйаллар, олус туһалаахтарын бэлиэтииллэр. Онтон наһаа үөрэбит!
Бу уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа тыл үөрэхтээхтэрэ, түмсүүлэр, ыччат биир сомоҕо буолан үлэлии сылдьаллар. Кинилэргэ махталбын тириэрдэбин!
Ийэ тылбытын үөрэтэрбитигэр түөн саҕа да үтүөнү оҥордорбун диэн санаалаах өссө бу көмө кинигэни суруйдум. Төрөөбүт тылынан сөпкө саҥара, суруйа үөрэнии киһи быһыытынан бүтэйдэнэн хаалбакка арылларга, сайдарга дириҥ суолталаах. Бэйэтин омугун тылын билэр, уус-уран айымньытын аахпыт ыччат бу кинигэҕэ нарыламмыт ньымаларынан дьарыктаннаҕына, билиитэ хаҥыыр, олоҕу көрүүтэ киэҥ буолар. Саха киһитин быһыытынан өйө-санаата уһуктар, ийэ өйүнэн иитиллэр, төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин дьылҕатыгар ис сүрэҕиттэн кыһанар, олоххо бигэ тирэхтээх буола сайдар.
Саха тылын эйгэтэ кэҥииригэр
– Бастакы баска сахалыы сөпкө саҥарарга ханнык алҕастар баалларын, ону хайдах көннөрүөххэ сөбүн сиһилээтибит. Тыл этии көрүҥнэрин, тутулун, сахалыы дебаты ыытыыны, оонньуу быраабылаларын, чинчийэр үлэни көмүскээһин сүрүн ирдэбиллэрин, хайдах уустаан-ураннаан этиэххэ-тыыныахха сөбүн туһунан анаардыбыт. Кинигэ иккис олугар киэҥ эйгэҕэ тахсар суруйуулары хайдах суруйары, ханнык алҕастар баалларын, ону көннөрөр ньымалары сиһилээтибит. Онуоха маннык сүрүн бэлиэтээһиннэри оҥоруохха сөп.
Нууччалыы халыып саха тылын төрүт уус халыыбын үтүрүйдэ. Нууччаттан киирбит тыллары сахалыы тылларынан солбуйан иһэрбит буоллар, ийэ тылбыт хаҥаан иһиэ этэ. Икки тылынан саҥарар киһи атын тыл сабыдыалыгар киирэн, төрөөбүт тылын үөрүйэҕин кэһэр, баайын, сүмэтин-сүөгэйин, этигэн муҥутуур кыаҕын туһаммат.
Онон саха саҥарар, суруйар үйэлээх үгэһин үйэтитэр уонна этиини сыыһырдары көннөрөр үлэни таһынан, өссө хас биирдии тыл бүтэй, аһаҕас дорҕооно чопчу уонна кэрэтик иһиллэрин, тыл сөпкө туттулларын, олохтоохтук уонна уус-ураннык саҥарары, таба суруйары ситиһиэххэ наада. Онуоха бу кинигэҕэ бэриллибит сайыннарар оонньуулар, эрчиллиилэр, быһаарыылар ыччакка өрүү көмөлөөх буолуохтарыгар эрэнэбин! Тыл кыаҕын таба туһанарга дьүккүөрдээх үлэни баҕарабын.
Ыччат толкуйдуур дьоҕура сайдарыгар, киһи быһыытынан арылларыгар саҥара үөрэнэрэ, санаатын сааһылаан этэрэ улахан суолталаах. Оччоҕо норуот бүттүүнэ сарсыҥҥыта саргыланар, кэнэҕэскитэ кэскиллэнэр!
Ийэ тылбыт төрдө
– Оттон «Лексика якутского языка. Формирование одно- и двусдожных основ имен существительных» монография ийэ тылбыт састаабын түүр, монгуол уонна тоҥус-мондьуур төрүттээх аат тылларын төрүт олохторун үөскээһиннэрин быһаарарга бэниэтикэлии, морлуогуйалыы, сэмээнтикэлии уратыларын чинчийиигэ ананна. Бу чахчы сахалар ханнык тыллары кытта түҥ былыр алтыһа сылдьыбыттарын көрдөрөр. Саха тыла түүр тылларыттан биир ордук ураты тутуллаах тыл буолар.
Олох тыл үөскээһинэ уһун уонна биир кэм буолбатах этэ. А.Н. Самойлович [1922] фонетика уонна морполуогуйа бириинсиптэригэр олоҕуран саха тылын хотугулуу-илиҥҥи бөлөххө киллэрбитэ. Фоно-морфостатистическай ньыманы туһаммыт О.А. Мудрак этэринэн, саха тыла саян, хакас уонна горно-алтай тылларын кытта хотугулуу-түүрдүү (сибиирскэй) тыллар бөлөхтөрүгэр киирэр [2002]. М.Т. Дьячок үлэтигэр булгар, саха уонна тыба-тофалар бөлөхтөрө эрдэ арахсыбытын бэлиэтээбитэ. Кини саха тылын долган тылын кытта туспа бөлөххө киллэрбитэ.
Саха тылын чинчийээччилэр өлүктүйбүт олохтору хайдах даҕаны түҥ былыргы бастакы көрүҥнэрин илдьэ сылдьыбаттарын, оннооҕор биир сүһүөхтээх олохтор дорҕоонноро уларыйыыларын түмүгэр икки сүһүөхтээх тыллартан үөскээбит буолуохтарын сөп диэн бэлиэтээбиттэрэ.
Бастакы уһун аһаҕас дорҕооннору (первичные) саха тылын кытта туркмен уонна халадж тыллара илдьэ сылдьаллар. Ол оҕустуу кэмпэниэн баарын уонна уһун аһаҕас кылгас дорҕооннорго сөп түбэсиһиилэрин көрдөрөр. (diāl ‛таас’, атын түүр. taš (орх., атын.-уйг.), тув. daš, туркм. dāš, сах. tās). Кэлиҥҥи уһун аһаҕас дорҕооннор (вторичные) атын түүр да, монгуол да тылларыгар биирдик үөскээбиттэр. Ол курдук икки сүһүөхтээх үс сүһүөхтээхтэн, икки сүһүөхтээхтэн биир сүһүөхтээх тыллар баар буолбуттар. Онуоха киэҥ аһаҕас дорҕоону кыараҕас баһыйбыт уонна бүтэй дорҕооннор түһүүлэрэ эбэтэр силлиһиилэрэ буолбут (tug, атын.-түүр. tuɣ> сах. туу ‛запруда, верша’). Бу уларыйыыга бастакы уһун аһаҕастар дьайбыт буолуохтарын сөп. Маннык хаачыстыбатынан саха тыла хакаас, шор, чулым (сарыг-югурдартан ураты), кыргыс, алтай тылларын кытта чугасаһар. Аһаҕас дорҕооннор солбуһуулара (чередование) былыргы уонна хойукку түөлбэ тылларын халбаҥнааһыннара уһун кэм устата сөп түбэһиспэт (ассиметрическай) аһаҕас дорҕоон систиэмэлээх тыллары уонна диалектары кытта дьайсыы түмүгэр баар буолбут (башк. it ~ кирг. et ‘эт’, ыт ~ тюрк. it ‛ыт’).
Кэлиҥҥи дьуптуоннар түүр уонна монгуол төрүттээх тылларга тыл ортотугар турар (инлаут) g, ɣ, j дорҕооннор мөлтөөһүнүннэрин түмүгэр силлиһиилэригэр кыараҕас аһаҕас дорҕооннор төттөрү дьүөрэлэһиилэриттэн үө, ыа, уо, иэ дьуптуоннар үөскээбиттэр (*biаgɨr ‛быар’).
Саха тылын тыл иннинээҕи уонна кэннинээҕи бүтэй дорҕоонноругар кыпчаак халыыптара баһыйаллар. Ол эбэтэр саха тыла үксүн ньиргиэрэ суох бүтэй дорҕооннортон турар. Ньиргиэрдэнии атын тыллар дьайыыларын түмүгэр кэлин үөскээбит уонна сорох түгэннэргэ оҕус тылларын тобох көстүүтэ буолар. Ол ньиргиэрдээх бүтэй *д> т, *з> с, *г> к дорҕооннор ньиргиэрдэрин сүтэриилэригэр көстөр.
Монгуолтан киирбит тыллар уопсастыба тутулун бэлиэтииллэр (дьүүл, сэмэ, буруй, сугулаан; нойон, симэхсин). Элбэх ахсааннаах уруу тыллара бу омуктары кытта уруулуу сыһыаҥҥа күүскэ киирбиттэрин туоһулууллар (бэргэн, дьахтар, дьуорту, кэргэн, удьуор, бадьа, биллэх, дьон, куо). Ону сэргэ олоҕу-дьаһаҕы, туттар тэрили, тутууну (тиэргэн, күрүө, дал, хаhаа уо.д.а.), сүөһүнү иитиини (дөрө, сүптүр, бугул, ходуу, ходуул, ардай, балбаах, хотуур, арал уо.д.а.) бэлиэтиир тыллар элбэхтэр. Ону тэҥэ духуобунай култуураҕа сыһыаннаах төрүттэр баһыйаллара буолар (домох, үлэ, дорҕоон, үгэ, сэhэн, мохсуо, чинчи, ньыма, сонун, кыдьык, моhол, сэниэ, эрэл, кичэл, сорук). Тоҥус-мондьуур төрүттээх тыллар бөлөхтөрө хотугу айылҕа уратыларын көрдөрөллөр. Бэс ойуурдаах, бадарааннаах сирдэр бэлиэтэнэллэр (далан, дьааҥы, кута, лээби, дьугдьуур, дьүүктэ, хочо, лаҥха, харгы, маар, сээн). Көтөр, балык араас көрүҥнэрин ааттара (тураах, чаамык, майгы, мунду, күртэн, лыглык, чыычаах, хабдьы, хопто, тыйаах, хаххан) элбэхтэр. Булт тэрилигэр (кэнтик, налба, лоҥку, маҥкы), таба тириититтэн атах таҥаһыгар (oлоот, мүкээл, мэкчэ, нээлби), ону таһынан табаны иитиигэ (аалык, ньуоҕу, маамык, маамыкта, ньуории) сыһыаннаах тыллар баһыйаллар. Маны таһынан кытай, енисей, самодий, финно-угор о.д.а. тыллара бааллар. Онон саха тыла дириҥ силистээх.
Ульяна ЗАХАРОВА.