Саха былыргы малын-салын туһунан кэпсээммитин салгыыбыт. Бу сырыыга П.Х. Староватов аатынан Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ Т.Н.Афанасьеваны кытта түмэлгэ баар сэдэх эспэнээттэрин туһунан сэһэргэстибит:
– Буорах кутар муос иһит. «Саха Кэскилэ» (Сборник трудов исследовательского общества. Выпуск III, май. Якутск, 1926 г.) хомуурунньукка суруллубутунан, П.Х. Староватов үлэлиир кэмигэр муус устар 20 күнүгэр 1921 сыллаахха Бүлүү куорат олохтооҕо Р.И. Кардашевскай туттарбыт.
Алтан уонна урун көмүс дуйдаах дьахтар ыҥыырдарын Орто Бүлүү олохтооҕо А.А. Гоголев ыам ыйын 15 күнүгэр 1921 сыллаахха түмэлгэ биэрбит. Дьахтар ыҥыырдарын уратылара диэн илин өттө алтантан эбэтэр үрүҥ көмүстэн баай оһуордаах дуйдаах буолар. Үрдүк «трапеция» курдук быһыылаах буолар эбиттэр. Эр дьон ыҥыыра намыһах уонна төгүрүк быһыылаах буолар.
Кылыс. Биһиги түмэлбит биир сэдэх эспэнээтэ. 1963 сыллаахха Үөһээ Бүлүү Нам дэриэбинэтин олохтооҕо А.С. Арбыкин сири хаһа сылдьан булан түмэлгэ туттарбыт. Бу кыргыс үйэтин кэминээҕи кылыс. Биир маннык кылыс Амма улууһугар оскуола түмэлигэр баар.
Бүлүү куоратын Сымалыыр диэн сириттэн 80-с сыллар бүтүүлэригэр хоруу хаһа сылдьан, алтан дуйдаах батыйа булбуттар. Оччотоооҕу кэмҥэ Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрин Иванов Сергей Васильевич көҕүлээһининэн, 1991-1992 сс. сайын эспэдииссийэ тэриллибитэ. 1991 сыллааҕы эспэдииссийэни Анатолий Игнатьевич Гоголев салайбыта. Арҕаа Сымалыыр, Төҥүргэстээх, Орто Алаас сирдэрэ үөрэтиллибиттэрэ. Кулун Атах култууратыгар майгылыыр матырыйааллар көстүбүттэрэ. Бу матырыйааллар Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл этнография саалатыгар көрдөрүүгэ тураллар. 14-15 үйэтээҕи маллар буолуохтарын сөп. Былыргы дьиэ холомолорун үөрэппиттэр. Арҕаа Сымалыырга биир дьиэ муостата үрүҥ туойунан тэлгэтиллибит этэ. Төҥүргэстээх дьиэтэ үс хос туоһунан тэлгэтиллибит. Сылгы кылынан тигиллибит.
Ити курдук түмэллэргэ сырыттахха төрөөбүт дойдуҥ былыргытын үчүгэйдик билэҕин, көрөн үөрэтэргэр олус туһалаах. Күндү ааҕааччыларбыт, былыргы мал-сал аатын, туохха туттулла сылдьыбытын билбиккитин биһиэхэ суруйан ыытаргыт буоллар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!
Хаартыскалары П.Х. Староватов аатынан Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэл пуондатыттан туһанныбыт
Ангелина КУЗЬМИНА.