Анна Никифорова, 
Антонина Никифорова,
Кэбээйи улууһа, Кальвица сурун оскуоата

Күн-дьыл диэни хайдах өйдүөххэ?

Тропосфера — бу сиргэ, тустаах кэмҥэ эбэтэр бэриэмэ кэрчигэр туруга. Күн-дьыл туохтан турарын билэр наада: төмпөрөтүүрэ, салгын баттааһына, сиигэ, тыал хайысхата, күүһэ, былытырыы, сөҥүү. Кинилэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээхтэр. Бу көрүҥнэртэн биирэ эмэ уларыйдаҕына, күн-дьыл туруга эмиэ уларыйар.

Күнү-дьылы тоҕо үөрэтэбит? Туохха нааданый?

Күн-дьыл уларыйыыта киһи үлэтигэр-хамнаһыгар, олоҕор, доруобуйатыгар быһа дьайар күүстээх. Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ күн-дьыл туругунан көрөн бурдук ыһаллар, быһаллар, хомуур үлэтин сылыктаан, былааннаан ыыталлар. Хайдах саас буолара, тоҥоруу хаһан түһэрэ, тыал төһө күүстээҕэ, ардах төһө өлгөмө, итии-куйаас, тымныы буолуута үлэни тэрийэргэ улахан суолталаах. Сүөһү иитиитэ, бурдук үүннэрии айылҕаны кытта быһаччы ситимнээхтэр. Күн-дьыл туругуттан летчик, моряк, тутуу, тырааныспар үлэһиттэрин үлэлэрин таһаарыылаах буолуута эмиэ улахан тутулуктаах. Онон күн-дьыл туругар наадыйбат норуот хаһаайыстыбатын салаата суох диэххэ сөп.

Күнү-дьылы анал үөрэхтээхтэр үөрэтэллэр. Кинилэр метеорологтар дэнэллэр, ыарахан үлэлээх дьон, тыаҕа, хайаҕа, тымныы полюска олорон үлэлииллэр, күн-дьыл туругун биллэрэллэр, борогунуоһу тиэрдэллэр.

Борогунуос диэн — греческэй тылтан «өтө көрүү, билгэлээһин».Күн-дьыл туругун сабаҕалааьын миэстэтинэн, атмосфераҕа тахсар араас уларыйыылары учуоттаан ыытыллар: салгын баттааһына, тыал хайысхата , күүһэ , салгын маассатын туруга. Маны салгын туругун үөрэтэр кииҥҥэ күҥҥэ иккитэ хаарта оҥороллор. Онно циклон, антицриклон суолун , хантан саҕаламмытын- барытын бэлиэтииллэр. Онон көрөн күн аайы метеорологическай станциялар, метеоаргыстар, геофизическай ракеталар биэрбит түмүктэрин чөкөтөн борогунуоьу оҥороллор.

Тыһыынчанан сыл анараа өттүгэр Кытайга, Египеккэ сир оҥорооччулар дьыл кэмнэринэн күнү-дьылы кэтээн көрбүттэр, уларыйыылары бэлиэтии үөрэммиттэр. Нууччалар летопистарыгар эмиэ бэлиэтиир буолбуттар. Оттон сахалар от-мас үүнүүтүнэн, көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл быһыыларынан, хамсыыр харамай олоҕунан, майгылара-сигилилэрэ уларыйыыларынан көрөн сайылыкка тахсар, кыстыкка киирэр, ыһыы ыһар, хомуйар кэмнэрин сылыктыыллара. Онон хаьан ардах, хаар түһэрин, тыал- күүс буоларын, куйаас, кураан күннэр кэлиэхтэрин эндэппэккэ билэллэрэ, таба таайан үлэлэрин-хамнастарын аттараллара.

Олорор эрэ сиринэн кэтээн көрөн күнү-дьылы таба таайыахха сөп дуо?

Олорор сиринэн күнү-дьылы кылгас кэмҥэ, ол курдук, үүнэр күнү, түүнү эрэ чуолкай билиэххэ соп. Киэҥ сири кыайан таба таайыллыбат. Өр кэм устата ыраас күннэр турдахтарына, салгын баттааһына улаатар, тыал кыра буоллаҕына күн-дьыл биллэрдик уларыйбат, сууккаҕа эрэ халбанныан сөп.

Күнү-дьылы билгэлээһин киһи үлэтин-хамнаһын кытта быһаччы сыһыаннаах. Сир оҥорооччу, сүөһү көрөөччү, айанньыт норуот үйэлэргэ муспут муудараһын көмөлөһүннэрэллэр, көмөлөһө да турар. Сорох билгэлэри наукаҕа олоҕурбуттар, сөптөр диэн быһаарар. Холобур, «ыраас күн кэнниттэн күн былыкка киирдэҕинэ-куһаҕан күннэри күүт». Саха киһитэ тыйыс усулуобуйаҕа олорорун быһыытынан күн-дьыл туругун мэлдьи кэтээн көрөрө уонна инникитин ханнык күн-дьыл күүтэрин сылыктыыра. Бу үгэс билигин да салҕанан бара турар, тыа киһитэ үлэтин-хамнаһын богуоданы көрөн сатабыллаахтык тэринэригэр көмөлөөх. Холобур, кураан күннэр уьуннук тура түьүөх буоллахтарына, ходуһаҕа киэҥ далааһыннаах оту охсоллор, күргүөм үлэ барар, оту сөптөөхтүк куурдан хомуйаллар. От хаачыстыбата үрдүк таьымнаах буоллаҕына, сүөһү туруга тупсар, үүтэ, этэ бастыҥ буолар. Ардах кэлээри турдаҕына, охсууну тохтотон, мунньуу үлэтинэн дьарыктаналлар. Эбэтэр уу отун охсон, лаабыстаан, уутун сүүрдэн, куурдарга бэлэмнииллэр. Инчэҕэй от ардахха кыьаллыбат, оту куурда-куурда сытыппаттар, сүмэтэ сүтэр. Онон араас билгэни билэн , олоххо туттар туһалаах эбит. Биир эмэ дьылдьыт киһи нэьилиэккэ баара абыраллаах. Үксүн саастаах, кырдьаҕас дьон күнү-дьылы сөпкө сылыктыыллар. Холобур, биьиги нэһилиэкпитигэр Иванов Г.В. диэн сааһыра барбыт киһи баар. Кини күн-дьыл уларыйыытын сыл аайы бэлиэтээн иһэр, саҥа үүммүт сылы кытта тэҥнээн, хайдах сайын, кыһын, саас, күһүн буоларын сылыктыыр идэлээх. Оттон биллэр, уос номоҕо буолбут билгэлэри дьиэ иьинээҕи да аҕамсыйбыт дьон билэллэр. Ол курдук, эбэм киэһэ аайы оту тутан көрөн, сиик түспүтүнэн кураан дуу, ардах дуу туьэрин билэр. Оччоҕо отоннуу дуу, оттуу дуу барабыт. Сибэккинэн эмиэ билэбит. Ардах кэлэригэр хонууга чэмэлиһэ турбут сибэккилэр сүтэн, саһан хаалаллар. Оччоҕо кырдьык ардах түһэр. Ити боростуой, дьиэ таһынааҕы билгэлэр. Итинтэн да атын билгэ элбэх. Холобур, сылгы буорга күөлэһийэрэ, ыт утуй да утуй буолара, баҕа ходуһаҕа мэнээктиирэ эмиэ ардаҕы көрдөрөр. Ити сүүһүнэн сылларга бэрэбиэркэлэммит билгэлэр, отой сыыспаттар. Күнү-дьылы билгэлээһини үүнээйинэн, көтөрүнэн-сүүрэринэн, дьиэ сүөһүтүнэн, үөнүнэн-көйүүрүнэн, күн, ый, сулус , киьи бэйэтин туругунан билиэххэ сөп дииллэр билгэһиттэр.

Ол курдук, үүнээйинэн:

-ардах буоларыгар хадьымалтан уу бырдаҥалыыр, от төрдө сымныыр;

-ардах чугаьаатаҕына хаптаҕас уонна моонньоҕон угар тойон ыҥырыа , тигээйи, сахсырга мустар. Ити үүнээйилэр сыттара күүһүрэр, үөнү-көйүүрү бэйэлэригэр тардаллар, ууга наадыйан бэлэмнэнэллэрэ буолуо;

-сибэкки эмиэ ордук сыттанар; тиит, хатыҥ, талах сэбирдэхтэрэ аллара намылыйаллар;

-сайын устата үүммүт талах кылгас буоллаҕына, хаар чараас, аҕыйах буолар, оттон уһун буоллаҕына хаар халыҥ буолар дииллэр.

Ол курдук сыыр үрдүгэр үүммүт талахпыт олох кылгас, төбөтүгэр да тиийэ сыһар этибит, ол иһин былырыын хаар чараас, олох суох этэ. Оттон быйыл талахтарбыт уп-уьуттар, ити хаар элбэҕин, халыҥын көрдөрдө. Кырдьаҕастар мас сэбирдэҕин чөмөхтуу тутан баран сиргэ быраҕан эмиэ билгэлиир эбиттэр. Сэбирдэх ыьыллыбакка түүмэх түстэҕинэ, от сүмэлээх, ынах үүтэ элбиир. Ыьыллан хааллаҕына битэмиинэ суох, мөлтөх от оттоммут дииллэр: калий, кальций, фосфор, протеин , каротин аҕыйах буолар.

Күнү-дьылы сылыктыырга ньургуьун от элбэҕи кэпсиир. Холобур, ньургуьун иккистээн таҕыстаҕына он сайын кэлэр. Оттон биир олохтон 1ҕ-16 сибэккигэ тиийэ, хойуутук таҕыстаҕына эмиэ өҥ, үүнүүлээх сайын буолар. Ньургуьун саас тахсан иьэн кэҕиннэҕинэ, кэлэр сайын тыаллаах- куустаах, хаҕыс, кураан буолар, өрт уотугар кутталлаах  ,баһаар туруон сөп. Оттон сэбирдэҕэ ньалҕаархай, улахан буоллаҕына, учугэй сайыны билгэлииллэр. Сибэккитэ хойуутук таҕыстаҕына, сир аьа дэлэйэр, аҕыйах буоллаҕына тымныы, хаҕыс сааһы көрдөрөр. Ити курдук ньургуһунунан дьыл кэмнэрин (сааһы, сайыны) билгэлээн билэллэр.

Хатыҥ сэбирдэҕэ чыпчаалыттан саһардаҕына, саас эрдэ кэлэр, оттон аллараттан саһардаҕына, саас хойутуур. Быйыл үөһэттэн саһарбыта, онон эрдэ сааһы күүтүөхпүт. Атырдьах ыйыгар сибэкки хойуутук тахсыбыт буоллаҕына сыьыыга үөн- көйүүр элбиир; тэллэй, отон хойуутук үүнэр. Бу саамай боростуой, биллэр, чаастатык туттуллар билгэлэр туьунан кылгастык кэпсээтибит.

Көтөрүнэн- сүүрэринэн билгэлээһин:

Көтөр- сүүрэр – эмиэ айылҕа оҕолоро. Кинилэр күн-дьыл уларыйарын эрдэттэн билэллэр, ону дьон таба көрөн, бэлиэтээн олохторугар туьаналлар. Холобур, куобах ардах- хаар кэлэригэр, эрдэттэн хойукка диэри аһыыр, куртаҕар ас мунньунар үһү. Өскө тымныы саас кэлэр буоллаҕына, көтөрдөр уйаларын күн көрөр, сылаас өттүгэр тутталлар. Ардах кэлэригэр хараҥаччылар алларанан көтөллөрүн билэбит. Тоҕо диэтэххэ, салгын баттааһына чиниир, ол иьин үөн- көйүүр (бырдах, сахсырҕа уо. д. а) аллара түһэр, хараҥаччы кинилэри бултаһар, ол иьин  эмиэ аллара түһэр. Үөрэхтээхтэр да итини  билэллэр. Үчүгэй, кураан күннэргэ хараҥаччы үөһэ кыырайа көтөр. Кураан күннэргэ элиэ үөһэнэн көтөр, оттон ардах кэлэригэр сылгы курдук кистиир, айманар. Ити олох эһэрбэт. Туруйа эмиэ билэр. Ыраас күннэр туралларыгар туруйа хаһыыта дорҕоонноох, ыраахтан иһиллэр. Итини биһиэхэ булчут убайдарбыт кэпсээбиттэрэ.

Оттон тураах биһиги дойдубутугар элбэх, онон кинини кэтээн көрөн, күн-дьыл уларыйыытын билиэххэ сөп. Күөмэйэ кэһиэҕирдэҕинэ, бөкдьөйбүт буоллаҕына, сотору силбик, ардах түһүө. Кини саас муус устар ый уонугар кэлэр , соҕотоҕун сылдьар, хааҕырҕаабат буоллаҕына, сааскыта улахан хатааһыннаах, тымныы буолар. Оттон сааскы хаарга умсаахтыы оонньуур буоллаҕына, күн-дьыл  сотору көнүөхтээх.  Тураах хас да буолан  маска   олорон хааҕырҕаатаҕына, хайыһан олорбут сирдэрин диэкиттэн тыал түһэр. Оттон үөрүнэн көтө сылдьан дааҕырҕаатахтарына, ардах кэлэр. Тураах өссө да элбэх билгэни көрдөрөр. Олортон биһиги бэйэбит саамай туһанар билгэбитин кэпсиэхпит. Биһиги олорор бөһүөлэкпитин саас аайы халаан уута ылан эрэйдиир буолан, тураах майгытын наар кэтиибит. Кини уйатын маска үрдүктүк туттубут буоллаҕына, улахан уу кэлэр диэн сэрэнэбит. Эдьиийим Варвара Гаврильевна-бөһүөлэк кытыы ыала. Кини дьиэтин таһыгар үүммүт маска тураах уйаланар. Уйатын уларытан үөһэ тутуннаҕына, уу кутталлаах , элбэх буолар. Ити кырдьык таба таайар билгэ. Онон көтөр- сүүрэр майгытын- сигилитин учугэйдик кэтиир дьон күн-дьыл уларыйыытын сөпкө таайыахтарын сөп.

Дьиэ сүөһүтүнэн билгэлээһин:

Дьиэ сүөһүтүнэн билгэлээһин эмиэ бэрт улахан суолталаах. Ордук мэлдьи алтыһа сылдьар, тэлгэһэ сүөһүлэрин быһыытын- майгытын кэтээн көрөллөр. Холобур, сылгы кыһыҥҥы кэмҥэ сотору- сотору тыбыырар буоллаҕына, сааскыта хатааһына суох. Оттон хаарга сытар, күөлэһийэр буоллаҕына, халлаан сылыйар. Кыһын тымныыга төбөтүн хаар үрдүгэр анньан утуйдаҕына, былыт дуу, тыал дуу кэлэр. Тэбиэһирэ — тэбиэһирэ  сүүрэр, оонньоколуур буоллаҕына, соторунан тыал-куус буолар. Былыргылар сылгы киитинэн күнү-дьылы эмиэ быһаараллар. Учугэй дьылга кии хара буолар, куьаҕан аччык дьыл киитэ кытархай буолар.

Тэлгэһэ биир арахпат иччитэ- ынах. Кининэн эмиэ билгэлиэххэ сөп. Ынах моонньун уһата- уһата муннун тыал хоту тутан олооруҥнаатаҕына, сотору былыттаах, ардахтаах күннэр кэлэллэр. Оттон ардах кэлэригэр аанньа иэппэт, тигээрдиир, уулаабат, аанньа аьаабат.

Күһүн хайдах күн-дьыл буоларын ынаҕынан эмиэ билиэххэ соп. Хаар маҥнай түһэригэр кини көҥдөй баҕайытык маҕырыыр, айманар, оччоҕо түспүт хаар ууллубат, кыстык кэлэр. Сүөһүнү хотоҥҥо киллэрэллэр. Оттон аймаммат буоллахтарына, мэччирэҥҥэ тардыстан бардахтарына, түспүт хаар уһаабат, күнүс эрдэттэн ууллар. Оҕус тигээрдээтэҕинэ, кутуругун хороччу тутта – тутта  суурдэҕинэ- сотору ардах.

Ыт- киһи доҕоро, кэпсэппэт эрээри иччитигэр элбэҕи кэпсиэн сөп. Атаҕын чиккэччи тэбинэн ойоҕоһунан сыттаҕына, сотору ардах, хаар кэлэр, тымныы түһэр. Оттон таһырдьа түүрүллэн сыттаҕына , тыал түһэр, тымныйар. Кыһыҥҥы түүн мээнэ улуйдаҕына, эмиэ тымныы түһэр. Сайын куйаас күн окко күөлэһийдэҕинэ- ардах, хаарга- хаар. Сайын ууга киирдэҕинэ, оту сиэтэҕинэ- тыаллаах ардах.

Куоска- дьиэ иччитэ. Кини итиигэ талаһан, оһоххо сыста сыттаҕына, тымныйар. Кураан күн буоларыгар атаҕын саланар, сирэйин суунар идэлэнэр, тыал түһэригэр муостаны тыҥыраҕынан тарбыыр. Кыһын былыттаах күн утуйан тахсар.

Куурусса- тэлгэһэ көтөрө. Кининэн эмиэ билгэлииллэр. Аҥар атаҕар турар, хотон иһигэр көтөр мээрик  буоллаҕына, тымныы түһэр. Олбуорга сылдьан хахаар да хахаар буоллаҕына, ардах кэлэр, түүтүн үргэннэҕинэ- ардыыр, чоппуускаларын хоонньугар саһыардаҕына – сотору ардах.

Сибиинньэ маска аалыннаҕына, кураан, сылаас күннэр буолаллар. Сытар сиригэр оту тастаҕына, сотору кэминэн тыал, буурҕа түһэр. Уйатыгар сытан эрэн хордурҕаатаҕына сотору ардыыр.

Онон дьиэ кыыла күн-дьыл хайдах туруктанарын эндэппэккэ билэллэр. Кинилэр быһыыларын- таһааларын болҕойон бэлиэтии көрө сырыттахха күн-дьыл уларыйыыларын борогунуоһу истибэккэ да сылдьан билгэлиэххэ сөп.

Үөнүнэн- көйүүрүнэн билгэлээһин.

Күн-дьыл уларыйарын болҕомтолоох дьон үөн-көйүүр  олоҕор, майгытыгар тахсар уларыйыыларынан бэлиэтии көрөн, сылыктаан эмиэ билэллэр. Ардах буоларын үрүмэччилэр эмиэ кэпсиэхтэрин сөп эбит. Сарсыарда илин диэки, күнүс- соҕуруу, киэһэ арҕаа диэки хайыһан олороллорун бэлиэтии көрүөххэ сөп. Ити ыраас күнү бэлиэтиир. Үрүмэччи биһиги тэлгэһэбитигэр элбэх эрээри, ону бэлиэтии көрбөппүт. Ардах субу түһээри турдаҕына, от- мас сэбирдэҕин анныгар саһар эбиттэр. Бырдах, сахсырга, кыымаайы киһи сирэйиттэн арахпат, хойуу буоллаҕына дьон «ардах түһээри ыамнаабыт» дииллэр. Тоҕо диэтэххэ, салгын ыарыыр, от- мас сэбирдэҕэ эмиэ ыарыыр, оччоҕо үөн- көйүүр аллара түһэр, олордоххуна, ходуһаҕа сүгүн чэйдэппэт. Оттон курааҥҥа салгын баттааһына чэпчиир, үөн- көйүүр үөһэ тахсар. Сахсырҕа муостаҕа, ампаар эркинигэр олорор буоллаҕына ардах түһэр. Кумаар элбэх буоллаҕына, өҥ, үүнүүлээх сайын буолар.

Тойон ыҥырыа күн- дьыл уларыйыытын үчүгэйдик билэр. Өскөтүн сайын киэһэ хойукка диэри мүөт хомуйар буоллаҕына, ардах кэлэр. Оттон эрдэ уурайан сынньанар буоллаҕына , сарсын үчүгэй күн үүнэр. Ардах сотору түһэрин биллэҕинэ, үлэлии сылдьан, олорор сибэккититтэн көтөн тахсан уйатын диэки, дулҕалар быыстарыгар сурулаан хаалар.

Ооҕуй илимин киэҥник, уһуннук тартаҕына учугэй күн- дьыл туруоҕа. Ситимэ элбэх буоллаҕына, ардаҕа суох тымныы күһүн буолар. Быйыл сылаас күһүн ааста.

Күн, ый, сулустар билгэлэрэ.

Күнү, ыйы , сулуһу дьиэ тэлгэһэтиттэн  үчүгэйдик кэтиэххэ сөп. Холобур, сулустар хойуннахтарына, ордук чаҕылыстахтарына, тымныы күн үүнэр. Үргэл ыйы аннынан ааһыстаҕына, кураан буолар дииллэр. Сулус ыйы, күнү кытта алтыһыытын саха киһитэ сайын көрбөт эбит, сайын биһиэхэ түүммүт күнүс курдук сырдык. Сулус аҕыйах буоллаҕына, сылаас күн- дьыл күүтүллэр, хаардаах, былыттаах күннэр кэлэллэр.

Түүнүн ый кыһыллыҥы өҥнөннөҕүнэ, эбэтэр иитэ кытардаҕына сарсын хаардыан сөп. Ый муоьа туруору уонна сырдык буоллаҕына, элбэх былыттаах, үгүс соҥүүлээх ый буолар. Ый, көн «дьиэлэннэҕинэ», уобуруччу ыйга чугас буоллаҕына, сарсын, өйүүн, оттон ыраах буоллаҕына, икки- үс хонугунан ардах, хаар, тыал түһэрин көрдөрөр.

Сайын күн кытаран киирдэҕинэ , тыал буолар. Өҥүттэн эмиэ тутулуктаах. Хараҥа кыһыл тыаллаах ардахха, сырдык кыһыл- тыалга. Халлаан улаханнык, элбэх сири тайаан кытардаҕына- уһун тыал.

Сайын кыһыны батыһар, хайдах кыһын буолар да сайына эмиэ оннук буолар. Кыһына хаардаах буоллаҕына, сайына ардахтаах. Хаар чараас буоллаҕына, аҕыйах ардахтаах сайыны күүтэҕин. Бу билгэни аҕам үчүгэйдик билэр. Сэтинньи ый- ыам ыйыгар, ахсынньы- бэс ыйыгар, тохсунньу- от ыйыгар сөп түбэсиһэр.

Киһи бэйэтин туругунан билгэлээһин.

Киһи- айылҕа оҕото буоларын бары бэркэ билэбит. Ол иһин күн-дьыл уларыйыытын киһи тус бэйэтин ис туругунан эмиэ быһаарар эбит. Ордук кырдьаҕас, саастаах дьон билгэлииллэр. Кырдьаҕас киһи этэ- сиинэ ыараатаҕына, көхсө саалыннаҕына (ыарахан таһаҕас баттаабыт курдук буоллаҕына), улахан ардах, хаар түһээри гынна, «былыт баттаата быһыылаах, наар утуйуохпун баҕарабын» дииллэрин үгүстүк истэбит. Куһаҕан, силбик күн, тыал, былыт, буурҕа кэлээри гыннаҕына, дьарҕа, эппэрээссийэ онно ыалдьар, чыбырҕаччы кэйэр, кыһыйар. Бу билгэ эндэппэккэ биллээччи. Ордук уҥуох, илии-атах ыарыһахтар билэллэр. Миэдиктэр, учуонайдар да этэллэринэн күн- дьыл киһи доруобуйатыгар сабыдыала улаханын дакаастыыллар. Ол иһин хаан баттааһына үрдүк ыарыһахтары магнитнай күннэртэн харыстанарга сүбэлииллэр.

Кыра оҕо тымныы кэлэрин бэркэ билэр, ытыһын уокка тоһуйа сылдьар буолар. Оттон аан диэки төҥкөйөн атаҕын аннынан көрдөҕүнэ, сонун ыалдьыт кэлэр. Суол- иис үчүгэйин көрдөрөр.

Түһээн эмиэ билэллэр «Бөөлүүн түүн уу бөҕөнү кэстим, ардах (хаар) кэлэрэ буолуо» диэччилэр. Сороҕор: «ууну кытта балык бөҕөнү сиэтим», ардаҕы(хаары) кытта дьаҥ кэлээри гынна диэн түүллэрин тойоннууллар. Бу эмиэ киһи сөҕүөн иһин сөп  түбэһээччи.

Онон киһи тус туруга күн-дьыл уларыйыыларын эндэппэккэ билэр эбит диэн түмүккэ кэллибит. Бу билгэлэри бэйэм чугас дьонум кэпсээннэриттэн ыллыбыт.

Күнү- дьылы билгэлээһин бэйэтэ туһунан үөрүйэх. Биир-икки билгэлээһининэн күн-дьыл уларыйыытын таба этэр ыарахаттардаах. Ол иһин сорохтор күн-дьыл уларыйыытын календарь оҥостон күн аайы хайдах күн буолбутун суруйан иһэллэр. Биир оннук киһинэн Геннадий Васильевич Иванов буолар. Кини бу үлэнэн дьарыктаммыта хас да сыл буолла. Бэлиэтээһиннэрин тэҥнээн хайдах күн- дьыл туруоҕун сабаҕалыыр. Холобур, быйылгы дьыл 2021 сылга майгынныаҕа диэн таһаарар. Ол курдук хаара- сиирэ элбэх, халыҥ, былыттаах, тыаллаах- куустаах сэтинньи ый  турар. Онон сааһа элбэх уулаах буолуон сөп.

Улахан уу билгэтэ.

Хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын туһунан сылыктааһын олус элбэх. Биһиги бу үлэбитигэр саамай биллэр, күннээҕи олоххо туһаныллар билгэлэри ыллыбыт. Тэлгэһэ билгэһиттэрэ (биһиги бэркэ билэр көтөрдөрбут, үүнээйилэрбит, сүөһүлэрбит уо.д.а) халлаан уларыйыытын эрдэттэн билэр дьоҕурдаахтар. Олор туруктарын кэтээн көрөн күннээҕи олохпутугар тыа дьоно туһанабыт. Ол эрээри сэрэхтээхтик туһанар наадатын ыйабыт. Чугастааҕыны 1-2 да билгэнэн билиэххэ сөп. Холобур, ардах түһэрин туһунан, аҥардас сарсыҥҥы күнү быһаарарга анаан 200-тэн тахса билгэ баар дииллэр. Онон уһун кэмҥэ ардах түһүө диэн 1-2 билгэнэн быһаарарга соччо чуолкайа суох буолуон сөп. Бу тубэлтэҕэ борогунуос этиитин кытта тэҥнээн сылыктыыр ордук буолуон сөп.

Айылҕа кыһалҕаларын, кыһарыйыыларын киһи кыайан таба туппат, ол иһин араас билгэлэри дьон туһана сатыыллар. Ол курдук, сааскы халаан биһигини улаханнык эрэйдиир, уонтан тахса сыл улахан ууну кытта туруулаһабыт, араастаан таайа сатыыбыт, билгэлиибит. Холобур, ойбон уута толору тахсар, ардыгар модьоҕотун таһыгар охсор буоллаҕына, уулаах саас күүтүллэр. Оттон үрэх мууһа хайыара тоҥноҕуна, харыы күүтүллэр, бөһүөлэги уу ылар кутталланар. Хаардаах дьыл уу элбэх буолуон сөп, оччоҕо ырбыы уута мууһу өрө көтөҕөн, халаан уута этэҥҥэ ааһыан эмиэ сөп. Хаары ууллардахха элбэх уу тахсар буоллаҕына , уу саас элбэх. Комнох хаара олунньу ый ортотугар тустэҕинэ, тыаллаах , уута суох саас буолар. Күтэр уйатын кырдалга тахсан оҥоһуннаҕына, уулаах саас буолар. Күһүн сири силимниир ардах күүскэ тустэҕинэ, сааһа уулаах. Сарай үрдүттэн түһэр муус чопчулара (таммахтар) уһун уонна суон буоллахтарына, саас уу элбэх. Көтөҕө эрдэ түстэҕинэ, уулаах саас буолар. Моҕотой, саас хаартан уу кэлиэх буоллаҕына, хороонун үрдүк сиргэ оҥостор. Өрүс уута томточчу тоҥноҕуна, эһиилги сааһыгар өрүскэ уу элбэх, халаан уута буолар. Өрүскэ тааҥ уута элбэхтик таҕыстаҕына, халаан уута улахан буолар. Элбэх хомурахтаах саас- уулаах саас буолар. Хайа төбөтө эрдэ хаарданнаҕына- хаардаах дьыл буолар, оттон хаар элбэх буоллаҕына, уулаах сааһы күүтүҥ.

Көтөр- сүүрэр үрдүк сири таластаҕына, үрдүк маска уйа тутуннаҕына, кутталлаах халаан уута күүтүллэр. Үрэх балыгын хабаҕа биллэ үлүннэҕинэ , уу улаханнык кэлэрэ күүтүллэр. Хатыыс түүн элбэхтик сэмсиир буоллаҕына, уу эмискэ күүскэ түһэр. Бу билгэлэри биһиги бөһүөлэкпит дьоно- сэргэтэ үйэттэн үйэҕэ туһаналлар уонна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэллэр.

Күнү- дьылы эдэр да дьон билгэлиэхтэрин сөп. Болҕомтолоох киһи, айылҕа көстүүлэрин кэтээн көрөн сылыктааһын оҥоруон сөп. Онон үн-дьыл борогунуоһа билгэһит сылыктаабытын курдук буолара үгүс. Ол иһин норуот билгэһиттэрэ күнү- дьылы таба таайан, үлэни- хамнаһы, күннээҕи олоҕу оҥосторго көмөлөһөллөрө чуолкай.

Түмүк.

Түмүктээн этэр буоллахха, күнү-дьылы билгэлээһин улахан үөрүйэҕи эрэйэр. Манна киһи эрэ таһырдьа тэлгэһэҕэ таҕыста да 1-2 билгэлээһининэн таба этэр кыаҕа суох. Ол иһин тулалыыр эйгэни, айылҕа ис дьиҥин, кыыл, көтөр, үөн- көйүүр, үүнээйи олоҕун- дьаһаҕын оҕо эрдэхтэн болҕойон билэ үөрэниэххэ наада. Ол инниттэн элбэхтик айылҕаны кытта алтыһыахха наада. Айылҕаҕа сылдьар, күннэтэ алтыһар, тула өттүнээҕи эйгэтигэр ханнык уларыйыылар буолалларын көтүппэккэ, болҕомтолоохтук кэтээн көрөр киһи күнү-дьылы таба сылыктыыр, билгэлиир кыахтаах. Маны кырдьаҕас эрэ киһи сылыктыан сөп диэн этии оруна суох, орто саастаах, эдэр да киһи сатыан сөп.

Биһиги бөһүөлэкпитигэр күн-дьыл билгэтин таба туһанааччылар бааллар дуо диэн интэриэһиргээн анкета толорторон көрбүппүт, кырдьык, ыал аайы тэлгэһэ билгэтин син туһанар эбиттэр (90%), билгэнэн үлэлэрин аттарар эбиттэр. Билгэлээһиҥҥэ тиэргэн таһынааҕы үүнээйини, көтөрү- сүүрэри, дьиэ кыылын, үөнү- көйүүрү, бэйэ доруобуйатын туругун туһаналлар. Эдэр дьон билгэлии үөрэниэхтэрин баҕараллара көһүннэ. Онон тэлгэһэ билгэһиттэрэ айылҕа уларыйыыларын эрдэттэн билэр дьоҕурдаахтар эбит диэн түмүккэ кэллибит. Айылҕаны кытта алтыһан, кини кэрэтинэн дуоһуйан эрэ хаалбакка, оҕо эрдэхтэн кистэлэҥнэрин арыйан билгэлии үөрэниэххэ, күннээҕи олоххо туһаныахха сөп. Бу тыа олохтооҕор улахан туһалаах, наадалаах үөрүйэх эбит диэн санааҕа тиийдибит.

Анкетабытыгар оскуола оҕолоро, бөһүөлэк олохтоохторо кытыннылар. Сорох орто саастаах дьон, хомойуох иһин, бу этиллибит боростуой билгэлэри истибэтэх, билбэт, күннээҕи олохторугар туһаммат эбиттэр.

Сыhыарыыта.

Анкета.

  1. Күнү- дьылы билгэлээһин төһө туһалаах дии саныыгын?
  2. Күнү- дьылы билгэлээһин эн олоххор наада дуо?
  3. Билэр дьонуҥ, төрөппүттэриҥ норуот билгэһиттэрин итэҕэйэллэр дуо?
  4. Билгэнэн үлэлэрин аттараллар дуо? (от хомууругар, оҕуруот үүннэрэргэ, айаҥҥа, балыктааһыҥҥа, булка- аска, похуокка уо.д.а.)
  5. Күн- дьыл борогунуоһа уонна дьон күнү- дьылы билгэлээһиҥҥэ сөп түбэьэр дии саныыгын дуо?
  6. Эн дьиэҥ иһигэр күнү-дьылы билгэлиир киһи баар дуо?
  7. Билгэлээһиҥҥэ эн дьонун тугу туһаналлар? ( үүнээйини, көтөрү- сүүрэри, кыылы- суолу, үөнү- көйүүрү, балыгы, бэйэ доруобуйатын туругун).
  8. Билгэлии үөрэниэххин баҕараҕын дуо?
  9. Убайыҥ, эдьиийиҥ билгэлии үөрэниэхтэрин баҕараллар дуо?
  10. Ханнык билгэ ордук чуолкайдык билэр дии саныыгын?
  11. Ханнык билгэһиттэри билэҕин?
  12. Бөүөлэккэр билгэнэн дьарыктанар киһи баар дуо?

                                         Эппиэттэр.

  1. Улэҕэ, айаҥҥа чаастатык туһанабыт (1ҕ оҕо).
  2. Наада (10 оҕо).
  3. Итэҕэйэллэр (1ҕ оҕо).
  4. Аттараллар: от үлэтигэр, айаҥҥа, булка (13 оҕо).
  5. Сороҕор, 1-2 хонугунан сыыстарар (11 оҕо).
  6. Баар (9 оҕо), суох (6 оҕо).
  7. Арааһынай (1ҕ оҕо).
  8. Баҕарабын (12 оҕо).
  9. Суох (8 оҕо), ээх (7 оҕо).
  10. Үүнээйи, дьиэ кыыла, киһи бэйэтин туруга (1ҕ оҕо).
  11. Билбэппин (14 оҕо).
  12. Билбэппин (1ҕ оҕо).

Туттуллубут  литература.

  1. Сосин И. Күн- дьыл билгэтэ.- Дьокуускай, Бичик, 2010.
  2. Саввина М.П. Тэлгэһэ билгэһиттэрэ.- Дьокуускай, Бичик, 2007.
  3. Сосин И. Ойуурга моҕотой угуйар.- Якутскай,1999.
  4. Сосин И. Сахалыы күнү- дьылы билгэлээһиннэр.- Якутск: Общество «Книга», 1992.
  5. Русские пословицы и поговорки.- Москва.: Худ. литература, 1988.