Тыл билимин хандьыдаата, ССРС Наукаларын Академиятын Сибиирдээҕи отделениетын бэтэрээнэ, С.А.Новгородов аатынан Сударстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Гавриил Васильевич Попов төрөөбүтэ быйыл 70 сылын туолла. Кини олоҕун уонна дьиэ кэргэнин туһунан сырдатарга быһаарынныбыт.
Оҕо сааһа
Ийэтэ Попова (Васильева) Февронья Васильевна, Баатара Өргөннөөхтөн төрүттээх. Ийэтэ 1932 сыллаахха Ганя икки саастааҕар эрдэ өлбут, быраата Костя оччолорго биир саастааҕа. Аҕата Попов Василий Анемподистович Өлөчөй төрүт олохтооҕо. Кини 1942 сыллаахха кыра Ганя 11 саастааҕар өлбүт.
Бас билэр оттуур сирдэрэ холбоһуктааһын саҕана 1930 сыллаахха Хайдыбыт, Мэлдьэхси күрүөтэ (Түөтэйгэ), Буха Баалы үрэҕин салаатыгар Кыыл Аабыт, Кураанах Толоон үөһээ өттүнээҕи Ачалаах уонна Буордаах диэн сирдэр. 15 ыанар ынахтаах, 45-50 ынах сүөһүлээх, аҕыйах сылгылаах эбит.Аҕата 1,5 гектары холкутук сылдьан охсор үһү.
Бииргэ төрөөбүттэр биэстэр. Икки убайдаах, эдьиийдээх уонна бырааттаах. Убайдара Егор, Василий Аҕа дойду сэриитигэр барбыттар. Быраатын Костяны абаҕата Марк Егорович Попов иитэ ылбыт. Ганяны төгүрүк тулаайах хаалан, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Балбаара Алаас Моорукка кэргэн тахсан олорор кэмэ, иитиэх ылбыт. Балбаара бастакы кэргэнэ Ньукулай (Рафаэл Баҕатаайыскай абаҕата) сэриигэ баран өлбүт.
Оскуолаҕа киириэн иннинэ Ганяны кыра убайа Егор, мин эһэм, ааҕарга үөрэппит. Бастакы, иккис кылааска Бүтэйдээх оскуолатыгар үөрэммит. Оччолорго Өлөчөйгө оскуола суоҕа. “Алын кылааһы бүтэрэрбэр саха бэйиэттэрин хоһооннорун таптаан ааҕар, ол иһигэр, биллэн турар, Күннүк Уурастыырап ырыаларын-хоһооннорун эмиэ ааҕарым. Үгүс хоһооннорун, бэл, “Коммунист Сэмэн” поэматын нойосуус билэр буолбутум…” диэн кэлин сурунаалга тахсыбыт Күннүк Уурастыырап туһунан ыстатыйатыгар баар.
Үһүс-алтыс кылаастарга күһүн Мооруктан сатыы сылдьан, эдьиийигэр Балбаараҕа сайылыктан, кыһынын интэринээккэ олорон Табаҕаҕа үөрэммит . Онно Саха литературатын умсугуйан аахпыт. Билиҥҥи курдук төлөпүөн, телевизор, араадьыйа суох эбит. Ол иһин туохха да аралдьыйбакка үчүгэйдик үөрэммит. Убайыгар Егорга алтыс кылааска сылдьан суруйбут биир суруга ордубута билигин баар.
Оскуолаҕа Рафаэль Ермолаев-Баҕатаайыскайы, Густав Сосины, Аполлон Михайлович Апросимовы, Митя Тихоновы, Митя Зыковы, Кеша Сосины кытта интэринээккэ олорон Табаҕа оскуолатыгар үөрэммит. Рафаэлы кытта оскуолаҕа баран, эбэтэр кэлэн иһэн хоһоону нойосуус ааҕарҕа күрэхтэһэллэр эбит. Ол курдук ханнык баҕарар хоһоону биирдэ ааҕаат өйдүүр, нойосуус этэр буолбуттар.
Рафаэль Табаҕаттан, Элэһин алаастан сылдьара үһү (6-7 км сиртэн).
Оскуола эркин хаһыатын бэйэлэрэ иккиэйэгин оҥорор буолбуттар. Ганя уруһуйдуур уонна суруйар, Рафаэль эрэдээктэр.
Кыһын тымныы хаайдаҕына, интэринээккэ араас оонньууну оонньууллара, стуоруйалыыллара. Баһылыктара Кеша Сосин (суруйааччы). Табаҕа тулатынан илдьэ сылдьар, айаҕа хам буолбакка кэпсиир-ипсиир.
«Жак Паганелы үтүктэн географическай картаны көрбөккө эрэ хайа сир, куорат, өрүс ханна баарын чопчу этэргэ куоталаһыыны, о.д.а. эмиэ Кеша Сосин көҕүлүүр, тэрийэр. Кини этиитинэн, интэринээттэн атах сыгынньах эргийэ сүүрэн киириигэ куоталаспыппыт. Хоһоон суруйарбыт, дьууллэһэрбит, мөккүһэрбит” – диэн ахтар эбит.
Убайа Егор, мин хос эһэм сэрииттэн кэлбитигэр Өлөчөйгө кэлбит. Онтон улахан убайа Баһылай пединститут устуоруйа салаатын бүтэрэн кэлбитигэр Сунтаарга барсан үөрэммит.
Гавриил Васильевич, 1951-55 сылларга Пединституту саха тылын уонна литературатын үөрэнэн бүтэрбитэ.
Учуутал
Г.В.Попов олоҕун 17 сылын оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыта. Эдьигээн, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскай орто оскуолатыгар саха тылын, литературатын учууталынан олус учугэйдик үлэлээбит.
Үөрэнээччилэрэ: Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев, тустуук, олимпийскай чөмпүйүөн Роман Михайлович Дмитриев, хомусчут Иван Егорович Алексеев, Эдьигээн улууһун баһылыгынан үлэлээбит, Перетятько Сергей Васильевич, Назаров Николай Афанасьевич Арассыыйатааҕы Федерация профтех үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ уонна да атыттар үөрэммиттэр.
Дьиэ кэргэнэ
Гавриил Васильевич Попов кэргэнэ – Попова Бэла Афанасьевна, алын кылаас учуутала. Кинилэр үс оҕолоохтор.
Улахан уол – Виктор Гавриильевич, электрик. Икки оҕолоох.
Кыыһа – Ираида Гавриильевна, РФ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. “Полярная звезда” сурунаалга үлэһитэ. Сиэнэ Дьулусхан – устудьуон. Кыра уол – Владимир Гавриильевич – тыл уонна литература институтун үлэһитэ.
Бииргэ төрөөбүттэрэ
– Попов Василий Васильевич 1913 – 1990 сс. Томмот, Алдан сирдэринэн көмүскэ үлэлээбитэ, Саратовка , Приморьеҕа Арсеньев куоракка олорбут. Историк үөрэхтээх. Кэргэнэ Кислицына Серафима Андреевна нуучча кыыһа. Икки кыыс Валя, Галя, биир уол Вася диэн оҕолордоохторо, сиэннэрдээх. Сиэннэрэ Приморьеҕа, Москваҕа олороллор.
– Зыкова (Попова ) Варвара Васильевна 1916 -1954 сс. Моорук Суолатыгар олорбут. Түөрт оҕолооҕо.. Оҕолоро, сиэннэрэ куоракка, Нам Партизаныгар олороллор.
– Попов Егор Васильевич 1924 – 1985 сс. – мин эһэм. Сэрии ветерана, алта оҕолоох, сиэннэрдээх. Оҕолоро Саргылана, Егор, Варвара, Гавриил, Любовь, Василий. Мин аҕам Егор Егорович.
Кулуупка өр кэмҥэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит эһэм.Үчүгэй үлэтинэн наҕараадалардаах.
– Попов Гавриил Васильевич 19.09.1930 – 04. 03. 2007. Оҕолордоох, сиэннэрдээх.
– Попов Константин Васильевич, 1931 – 1992сс. Алма Атаҕа геолог идэтигэр үөрэнэн иһэн улаханнык ыалдьан төннүбүтэ. Амакинскай экспедицияҕа сылдьыспыта. Дойдутугар кэлэн өр сылларга почтальонунан үтүө суобастаахтык үлэлээбит.
Гавриил Васильевич Попов ССРС НА СО Саха сиринээҕи филиалын ТЛИИ үлэлии киирэр. Тыл төрдүн чинчийээччи учуонай.
Саха тылын 3 мөлүйүөннээх академическай картотекатын таҥан оҥорор автордартан биирдэстэрэ эбит.
Диссертация көмүскээһинэ
Убайыгар, мин эһэбэр Егор Васильевичка 1983 c телеграмма ыыппыта баар. “Защита прошла успешно» диэн суруктаах. Эһэм харыстаан уура сылдьыбыт.
Алма Ата куоракка ССРС НА СО Саха сиринээҕи филиалын ТЛИИ лексикологияҕа уонна лексиграфияҕа секторын младшай научнай сотруднига Попов Г. В. «Саха тылын төрдө – ууһа биллибэт олохтоох тыллара» диэн темаҕа филологическай наука кандидатын аатын ылар иһин диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит. Диссертация көмүскээһинигэр наука 14 доктордара ылбыттарын туһунан “Кыым” хаһыакка суруйбуттарын эһэм кырыйан уурбут.
Диссертациятыгар үрдүк сыанабылы биэрбиттэр доктордар. В. В. Радлов 1908 сыллаахха саха 1748 тылын чинчийбит монгол, тюрк тылларын кытта тэҥнээн көрбүт уонна үстэн биирэ биллибэт төрүттээх тыллар диэн эппит. Онтон Гавриил Васильевич Попов бу үлэтигэр 6212 төрүт уонна билиҥҥи туругунан араарыллыбат олохтоох тыллар баалларын быһаарбыт. Ханна да быһаарыллыбатах 1300 тыллар баалларын быһаарбыт, ол саха лексикатыгар сүүрбэ бырыһыаныгар тэҥнэһэр эбит.
Учуонайдар саха тылын үөрэтиигэ уруккуйтан олохсуйбут балаһыанньаны төрдүттэн саҥалыы көрөн сөптөөх түмүккэ кэлиитин диссертациятын көмүскэтээччилэр улаханнык биһирээбиттэр.
6212 саха тылын үөрэтэн хантан төрүттээҕин чинчийбитэ, онно 58% түүр тылыттан, 27 % — монгол тылыттан, 9% -тыл тунгус – манчжуртан, 1% — араас омук тылыттан киирбит тыллар,
9% тылбыт хантан үөскээбитэ биллибэт диэн быһаарбыта.
Сорох үлэлэрин туһунан кылгастык
«…Өксөкүлээхтэн саҕалаан саха бөдөҥ суруйааччыларын төрүттэрин-уустарын чуолкайдаата, «Хантан хааннаахпытый?» диэн норуот олус биһириир кинигэтин суруйда…», – диэн бэлиэтээбитэ ф.н.к. В.И.Лиханов.
Политсыылынай Папий Павлович Подбельскай Өлөчөйгө чуолкай олорон дьону үөрэппитин докумуоннары хасыһан, кырдьаҕастартан ыйыталаһан билбит. Ол туһунан хаһыакка суруйбута, нэһилиэк кинигэтигэр матырыйааллара киллэриллибитэ. Бу үрдүкү тииптээх чааһынай оскуолаҕа В.В.Никифоров-Күлүмнүүр, М.А., П.А. Афанасьевтар, П.Н. Сокольников, В.Я. Слепцов, баай Поповтар Илья, Иосаф, Федор о д.а. атыттар үөрэммиттэр.
Омук тылын бастакы деканын биир дойдулааҕын А.И. Семенов туһунан киэн туттан 1969 сыллаахха улууска “Ленинскай знамя» хаһыакка суруйбут. Саха Өрөспүүбүлүкэтин саҥа Конституциятын тиэкиһин сахалыы тылбаастыырга үлэлэспит.
Холбоһуктаах Нациялар тэрилтэлэрин (ООН) иһинэн үлэлиир ЮНЕСКО кыттыылаах ыһыах сценарийын суруйууга уонна ыытыыга кыттыбыта, онон Үөһээ Бүлүүнэн, Ньурбанан, Сунтаарынан сылдьыбыта.
Үтүө майгылаах, үлэһит сүрэхтээх киһи киһитэ этэ диэн ахталлар кинини кытта үлэлээбит дьон. Дьоҥҥо сүбэлиир, мэлдьи көмөлөһөр идэлээҕэ.
Үгүс нэһилиэк устуоруйатын кинигэлэрэ тахсыытыгар элбэх билиитинэн көмөлөспүт. Төрүттэрин үөрэтэллэригэр сүбэлээн, матырыйаал биэрбит.
Кини туһунан чинчийээччилэр М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ, В.Д. Монастырев, И.И. Осипов, о.д.а. ыстатыйалары суруйбуттара. 2008 сыл муус устар 30 күнүттэн Г. В. Попов ааҕыылара аан маҥнай оскуола иһигэр ыытыллыбыттара. 2010–20118 үөрэх дьылыттан улуус үөрэнээччилэригэр ыытыллар буолбута.
Попов Гавриил Васильевич туһунан элбэҕи биллим, киэн тутуннум. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Алтан нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээл кавалера, 26 научнай монография, элбэх кыраайы үөрэтэр кинигэлэр ааптардара, СӨ Төрүт сокуонун тиэкиһин сахалыы тылбааһын оҥорбут өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа чилиэнэ буолар.
Эһэбиниин Егор Васильевич Поповтуун убайбыт Гавриил Васильевич өрөспүүбүлүкэ архыыбын өр хасыһан, үөрэтэн булбут матырыйаалларынан, кырдьаҕастартан ыйыталаhан уонна эhэм бэйэтэ да дойдутун дьонун былыргытын билэр буолан, бу биһиги туһана сылдьар төрүччүлэрбитин онорбуттар.
Сүдү чинчийээччи Г.В. Попов олоҕун салгыы үөрэтиэм. Оҕолоор, саха тылын уонна литературатын ааҕыҥ, төрөөбүт тылгытынан саҥарыҥ, элбэҕи билиҥ. Гавриил Васильевич курдук киэҥ билиилээх буолуҥ, дойдугутугар туһалаах,үтүө майгылаах, дьиҥнээх саха дьоно дэттэриҥ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Алтан
орто уопсай үөрэхтээһин
оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ
Попова Сахаайа