Филворд (атыннык венгерскэй кроссворд дииллэр) – бу тыл  оонньуута, кыбадараат иһигэр баар буукубалары холбоон тылы таһаарыы. Аангылыйа тылыттан тылбаастаатахха, “тылынан толор” диэн буолар. Ооннуу 2 араастаах:

  1. Филворд — сиэккэ иһигэр таайыахтаах тыллар бары бэлэм сурулла сылдьаллар. Олору булан сурааһынынан холботолоон сотон иһэҕин. Тыллары араастаан таһаарыахха сөп: буукубалары көнөтүк да, токурутан да, туруору-сытыары да, кэнниттэн да ааҕыллар гына. Кыбадараат иһигэр турар буукубалар биир эрэ тылга субуруччу киирэллэр, тыллар быһыта охсуспаттар.
  2. Аангылыйалыы филфорд – көннөрү филворд көрүҥэ. Манна тыллары хайа баҕарар хайысханан ааҕыахха сөп. Уратыта диэн көнөтүк, ол иһигэр диагоналлыы да буолуон сөп. Буукубалар хас да тылга туттуллаллар.

 Филворд өйү эрчийэрин таһынан киһи болҕомтотун күүһүрдэр, тыл суолтатын, таба суруллуутун билэргэ олус туһалаах. Маннык оонньууну ким баҕарар айан оҥоруон сөп. Иллэҥ кэмҥэ дьарыктанарга бэртээхэй оонньуу!

Эһиэхэ анаан сахалыы филворд араас көрүҥүн оҥордубут. Бастакыта судургу – 2 эрэ тылыбулар сорудахтаах. Иккиһэ, үсүһэ, төрдүһэ арыый уустук — 100 килиэккэҕэ суруллубут буукубалартан тыллары таһаарыы. 2-с, 3-с сорудаҕын арыый чэпчэтэн тиэмэнэн араардыбыт. 4-с оонньууга таайар тыл быһаарыыта сурулла сылдьар

1.Сахалыы филворд. Улахан кыбадараат иһигэр 8-тыы буукубалаах иккилии тыл саспытын бул.

2. Дьиэҕэ-уокка, тиэргэҥҥэ сыһыаннаах филворд. Буукубалары сурааһынынан холботолоон бэриллибит тыллары таһаар. Холобур, хараас.

Дьиэ, күүлэ, кыбыы, сарай , сэргэ, хаһаа, хотон, ампаар, олбуор, түннүк, хараас, балаҕан, оҕуруот, тиэргэн, тэлгэһэ, баанньык

3. Сылгыга-сүөһүгэ сыһыаннаах филворд. Буукубалары сурааһынынан холботолоон бэриллибит тыллары таһаар. Холобур, оҕус. Туттуллубатах буукубаларынан тиэмэҕэ сыһыаннаах тыл ситимин таһаар уонна аллара баар килиэккэлэргэ суруй.

Ат, биэ, тый, көлө, оҕус, атыыр, убаһа, кытыт, кычым, сылгы, ньирэй, торбос, кытарах, үтүрүм, кулунчук, борооску, чаппараах

4. Таайар тыл маҥнайгы буукубата быһаарыы аттынааҕы килиэккэҕэ баар.

Таайыылара:

1.

2.

3.

4.

Хаартыскаҕа Владимир Григорьев түһэрдэ, Дьокуускай