Тыл билимин хандьыдаата Ангелина Кузьмина «Лексика якутского языка. Формирование одно- и двусложных основ имен существительных» диэн монографията таҕыста. Ийэ тылбыт састаабын түүр, монгуол уонна тоҥус-мондьуур төрүттээх аат тылларын төрүт олохторун үөскээһиннэрин быһаарарга бэниэтикэлии, морполуогуйалыы, сэмээнтикэлии уратыларын чинчийиигэ ананна. Тыл төрдүн, устуоруйатын үөрэтиигэ, ийэ тылбытын билэргэ олус туһалаах. Бу сахалар ханнык тыллары кытта түҥ былыр алтыһа сылдьыбыттарын көрдөрөр. Саха тыла түүр тылларыттан биир ордук ураты тутуллаах тыл буолар.
Олох тыл үөскээһинэ уһун уонна биир кэм буолбатах этэ. А.Н. Самойлович [1922] фонетика уонна морполуогуйа бириинсиптэригэр олоҕуран саха тылын хотугулуу-илиҥҥи бөлөххө киллэрбитэ. Фоно-морфостатистическай ньыманы туһаммыт О.А. Мудрак этэринэн, саха тыла саян, хакас уонна горно-алтай тылларын кытта хотугулуу-түүрдүү (сибиирскэй) тыллар бөлөхтөрүгэр киирэр [2002]. М.Т. Дьячок үлэтигэр булгар, саха уонна тыба-тофалар бөлөхтөрө эрдэ арахсыбытын бэлиэтээбитэ. Кини саха тылын долган тылын кытта туспа бөлөххө киллэрбитэ.
Саха тылын чинчийээччилэр өлүктүйбүт олохтору хайдах даҕаны түҥ былыргы бастакы көрүҥнэрин илдьэ сылдьыбаттарын, оннооҕор биир сүһүөхтээх олохтор дорҕоонноро уларыйыыларын түмүгэр икки сүһүөхтээх тыллартан үөскээбит буолуохтарын сөп диэн бэлиэтээбиттэрэ.
Бастакы уһун аһаҕас дорҕооннору (первичные) саха тылын кытта туркмен уонна халадж тыллара илдьэ сылдьаллар. Ол оҕустуу кэмпэниэн баарын уонна уһун аһаҕас кылгас дорҕооннорго сөп түбэсиһиилэрин көрдөрөр. (diāl ‛таас’, атын түүр. taš (орх., атын.-уйг.), тув. daš, туркм. dāš, сах. tās). Кэлиҥҥи уһун аһаҕас дорҕооннор (вторичные) атын түүр да, монгуол да тылларыгар биирдик үөскээбиттэр. Ол курдук икки сүһүөхтээх үс сүһүөхтээхтэн, икки сүһүөхтээхтэн биир сүһүөхтээх тыллар баар буолбуттар. Онуоха киэҥ аһаҕас дорҕоону кыараҕас баһыйбыт уонна бүтэй дорҕооннор түһүүлэрэ эбэтэр силлиһиилэрэ буолбут (tug, атын.-түүр. tuɣ> сах. туу ‛запруда, верша’). Бу уларыйыыга бастакы уһун аһаҕастар дьайбыт буолуохтарын сөп. Маннык хаачыстыбатынан саха тыла хакаас, шор, чулым (сарыг-югурдартан ураты), кыргыс, алтай тылларын кытта чугасаһар.