Оҕо – киһи кэскилэ, кини олоҕун салгыыр, туйаҕын хатарар ыччата. Ол иһин төрөппүттэр оҕолорун харахтарын харатын курдук харыстаан иитэллэр, дьоллоох оҕо сааһын мэктиэтэ буоларга кыһаналлар.
Оҕо көмүскэлин күнэ аан дойду үрдүнэн бэс ыйын 1 күнүгэр бэлиэтэнэр. Маҥнайгы уонна иккис аан дойду сэриитин кэнниттэн тулаайах, хаамаайы оҕо ахсаана олус элбээбитэ. Оҕо сокуону кэһиитэ, оҕону көлөһүннээһин, атаҕастааһын о.д.а. сиэргэ баппат көстүүлэр үксээбиттэрэ. Кырачаан дьон туох да суута-сокуона суох өлүүлэрэ уопсастыбаннаһы уонна судаарыстыбалар үрдүк сололоохторун дьиксиннэрбитэ. Бастаан 1925 сыллаахха Женеваҕа Аан дойдутааҕы конференцияҕа оҕо көмүскэлин replica iced out watchesget moreget more туһунан боппуруос көрүллүбүтэ. Онтон 1949 сыллаахха сэтинньигэ Парижка норуоттар икки ардыларынааҕы дьахталлар демократическай федерацияларын конгреһыгар бэс ыйын 1 күнүн Оҕо көмүскэлин күнүнэн аныырга быһаарбыттара. 1950 сылтан араас дойдуларга бу сырдык бырааһынньык бэлиэтэнэн барбыта.
Саха суруйааччылара оҕолорго – биһиги «сирдээҕи күннэрбитигэр» анаан суруйбут айымньыларынан тургутукка кыттыһыҥ.