Айылҕаҕа хайа баҕарар кыыл бэйэтин түбэтин көрөр-харайар, харыстыыр. Атын кыылтан көмүскүүр, хотторон үүрүллүөр, өлүөр диэри охсуһар. Онтон өллө да, атын кыыл солбуйар. Удьуордааһын суох. Онон айылҕаҕа бас билии уларсык буолар.
Киһи эмиэ сири көмүскүүр айылгылаах. Киһи аймах үөскүөҕүттэн сир иһин сэрии буолар. Сири бас билии ис хоһооно уларыйар. Бас билэр сирин оҕолоругар удьуордаан хаалларар, атыылаан эргинэр. Айылҕа, айылгы итинник кэһиллибит.
Саха өйдөбүлүгэр, киһи – бу олоххо уларсык кэлэн ааһар айанньыт. Ол иһин даҕаны «Мутугунан быраҕар муҥур үйэ», «Киһи олоҕо түннүгүнэн элэс гыммыт чыычаах курдук» диэн өс хоһооннордоох. Онон саха муҥур үйэтигэр эрэ тиийэри ылар, ордугу ылбат, алдьаппат-кээһэппэт. Уларсык кэлбит ыйаахтаах киһиэхэ сир эмиэ уларсык бэриллэр диэн өйдөөх. Сири бас билии сахаҕа 4 көрүҥнээх:
- Омугунан бас билии. Бу таһымҥа сири бас билии бүтүн омукка уопсай.
- Улуус таһыма. Сири бас билии улуус таһымыгар эмиэ уопсай түбэ буолар.
- Нэһилиэк таһыма. Нэһилиэк олохтоохторо көрө-истэ сылдьар, ааттарынан наардыыр сирэ уота, эмиэ барыларын киэнэ.
- Ыал таһыма. Бу эрэ таһымҥа сири дьиҥнээхтик туһаныы үөскүүр, олоххо киирэр. Сири ыалга сыһыарыы эр киһинэн барара, дьахтар эргэ тахсан, атын сиргэ барар айылҕаттан аналлаах буолан, сири киниэхэ сыһыарбаттара. Орто дойдуга олорор тухары болдьохтоон ылыллыбыт сир лоскуйа удьуорунан бэриллибэт.
Саха киһитэ сири бас билии туһунан өйдөбүлүн, ону хайдах ааттыырын төһө билэҕит? Бэйэҕитин тургутан көрүҥ.
Оҥордо Г.Н.Шишигина,
саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учуутала.
Туһанылынна: Ыал Бии Билиитэ/ Хомуйан оҥордулар:
Ф.С.Тумусов уо.д.а. – Дьокуускай:Кудук, 2001