Учуонайдар дакаастаабыттарынан, киһи мэйиитин сонунтан сонун дьарык сайыннарар. Ол иһин биһиги сайтпытыгар кэмиттэн кэмигэр киһини аралдьытар, таарыйа өйүн сытыылыыр, тылга билиитин хаҥатар оонньуулары толкуйдаан таһаарыахпыт. Маннык оонньуулар оҕолору кытта бииргэ оонньуурга, күрэхтэри тэрийэргэ табыгастаахтар. Тиһиктээх дьарыкка кубулуттахха, оҕо сахалыы саҥата сайдар, тылын саппааһа байар, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир. Уопсай интэриэс дьиэ кэргэни түмэр, сахалыы тыынныыр.
Онтон сыыйа эрчиллэн, таайбараҥнары бэйэ толкуйдаан айан оҥоруохха сөп. Бүгүҥҥү таайбараҥнар оҥорорго судургулар. Оҕо төһө баҕарар үтүктэн, бэйэтэ айарыгар сөптөөхтөр.
1) Б буукубаттан саҕаланар тыллары килиэккэлэргэ суруй. Уҥа өттүгэр тыллар суолталара бэриллэр.
- Төбө
- Буруй, сэмэ
- Күүстээх долгун
- Кыра дүлүҥ тыы
- Сэргэ
- Кыра кийиит
- 3 атахтаах намыһах чороон
- Уу-бадараан көтөрө
- Ынах үүтүттэн оҥоһуллубут утах
- Дойдутуттан тэйэн сылдьар киһи
- Бэс бииһэ үүнээйи
- Ыйааһын эргэ кээмэйэ
- Мас көтөрө
- Кэрдиистии саастаах таҥас
- Күөлгэ үөскүүр үрүҥ балык
- Дьиэҕэ салгын киирэр аһаҕаһа
2) М буукубаттан саҕаланар тыллары килиэккэлэргэ суруй. Уҥа өттүгэр тыллар суолталара бэриллэр.
- Киһи туттар тээбиринэ
- Миинэр көлө
- Куйуур ураҕаһа
- Кыыл моонньун эргийэ үрүҥ түү
- Аан боруога
- Тыҥырахтаах көтөр
- Муҥур оһоҕос
- Хара отон
3) Бэриллибит буукубалары туһанан тыллары килиэккэлэргэ сытыары суруй. Уҥа өттүгэр тыллар суолталара бэриллэр.
- Киһи сирэйэ-хараҕа
- Биэ оҕото
- Улахан дьиэ
- Туос дьиэ
- Маҥан чыычаах
- Күнтэн иккис планета
- Сиэлинэн хатыллыбыт быа
- Оҕус муннугаркэтэрдиллэр тиэрбэс
- Оҕо оҕото
- Саас халҕаһалаан устар өрүс мууһа
4) Саха суруйааччыларын псевдонимнарын килиэккэлэргэ сытыары суруй. Бүтэһик буукубата а.
1 … Аччыгыйа
2 Наталья Михалева
3 Макар …
4 Кыыл …
5 … Сард
6 И.Е. Слепцов
7 А.И.Софронов
8 Василий Егоров
9 Лина Сабарайкина
10 Степан Сивцев
11 Ольга Корякина
12 … Уран
Таайыылара:
1)
2)
3)
4)
Таайбараҥнары оҥорор таайардааҕар чэпчэки. Ханнык баҕарар быһаарыылаах тылдьыты иннигэр ууран олорон, хайа баҕарар буукубаттан саҕаланар тыллары араастаан наардаан оҥоруохха сөп. Эбэтэр 3-с таайбараҥ курдук anime handyhüllenbest replica watch sitesnews and events ортотугар туруору тылы суруйар эмиэ интэриэһинэй буолар. 4-с таайбараҥ суруйааччы псевдонимын өйгө тутарга көмөлөөх. Онон, күндү доҕоттор, айымньыга дьоҕуру сайыннарыы бэрт кыраттан саҕаланарын өйдөөн, маннык тыл оонньууларын толкуйдаан оҥороллоругар оҕолорбутун көҕүлүөҕүҥ.
Г.Н. Шишигина, Амма улууһун Е.А. Шишигин аатынан
Сатаҕай орто оскуолатын саха тылын учуутала