Тэрийээччилэр: СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ,«Саха өйүн – санаатын, баайын уонна култууратын сырдатар – чинчийэр киин» кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ;Мэҥэ Хаҥалас улууһун Уерэ5ин управлениета; И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйэ.

Сыала-соруга:

  • Сахалыы тыл-өс култууратын, сахалыы саҥарыы сатабылын иҥэрии, сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сайыннарыы;
  • Оҕо түмэр-салайар дьоҕурун сайыннарыы;
  • Төрөөбүт дойдуга бэрэниилээх буолуу,  үтүө сыһыан, таптал холобурдары биллэрии.

Ыытыллар күнэ-дьыла, сирэ-уота: 2024 сыл,олунньу  16 күнэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, И.Г. Тимофеев аатытан Майа лиссиэйэ.

Хамаанда састааба: Хас биирдии хамаанда 3-түү кыттааччыттан турар. Кыттар оҕолор кылаастара — 7, 8, 9 ( кыыьыттан, уолуттан тутулуга суох).

Ирдэбиллэрэ:

-кыттааччылар тас көстүүлэрэ дьыалабыай оонньууга сөп түбэһэрэ биһирэнэр;
—  хас биирдии кыттааччыттан бейджик ирдэнэр (толору аата, оскуолата, кылааһа суруллар);
— Эбиэт лиссиэй остолубуойугар туспа төлөбүрүнэн барар.

Түһүмэхтэрэ

I. Араатардааһын түһүмэҕэ. Хамаандаттан биир кыттааччы бэриллибит тиэмэлэртэн тардан ылан 1 мүнүүтэ  бэлэмнэнэн, 2 мүнүүтэ устата араатардыыр.

Тиэмэлэрэ:
Дьиэ кэргэн – уопсастыба бигэ тирэҕэ;
— Оонньоколуур оҕо саас;
— Үөрэх баар — бараммат баай;
— Үлэ – дьол, үүнэр — сайдар суол.

II. «Сахалыы тылынан быһаар” тыл оонньуутун түһүмэҕэ.

Оонньууга хамаанда толору састаабынан кыттар. 1 мунуутэ иьигэр ким элбэх септеех быьаарыны (эппиэти) биэрбитинэн сыана тахсар.

III. Дебат. Дебат ыытыллар формата- Всемирный школьный формат(2 сыһыарыыны кер).

Тиэмэтэ «Үрдүк үөрэхтээх эрэ киһи дойдутугар туһаны аҕалар…»

Сыаналааһын, наҕараадалааһын: Кыайыылаахтарга өйдөбүнньүк бэлиэ, туоһу сурук, анал номинациялар туттарыллаллар.

Тэрийэр бөлөх, сайаапка: Хас биирдии кыттааччы 2024 сыл олунньу ый __12 күнүгэр диэри куонкуруска кыттар туһунан сайаапкатын                           ostyoryja_2019@mail.ru   электроннай аадырыска ыытар. (1 сыһыарыы)

Билсэр телефоннаргыт:

Борисова Сардаана Николаевна  — дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы – 89142874619;

Васильева Светлана Семеновна — дириэктэри иитии чааһыгар солбуйааччы – 89142296440;

Кузьмина Ангелина Афанасьевна — «Саха өйүн – санаатын, баайын уонна култууратын сырдатар – чинчийэр киин» кэмиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ салайааччыта —  89142681196.

1 сыһыарыы

Хамаанда сайаапката

Хамаанда аата    ______________________________

Оҕолор ааттара, араспаанньалара, аҕаларын ааттара     
Төрөөбүт сыллара, күннэрэ, суотабай төлөпүөнүнэрин нүөмэрэ     
Улууһа, оскуолата, кылаастара     
Салайааччы АААА, үлэлиир тэрилтэтэ, дуоһунаһа, суотабай төлөпүөнүн нүөмэрэ   

2 сыһыарыы

быраабыла ссылката: https://disk.yandex.ru/i/OVFPrOqZqLpDHQ

Бу сайтка  https:/sakhaetigentyla.ru/ киирэн дебат- чемптонат быраабылатын билсиҥ.