Үүммүт 2023 сылбыт саха халандаарынан Дьөһөгөй сыла буолар. Киһи аймах устуоруйатыгар саха норуота ирбэт тоҥноох, тыйыс айылҕалаах дойдуга сылгыны үөрдээн иитии култууратын сайыннарбыт тугунан да кэмнэммэт сүдү үтүөлээх омук диэн билинэллэр. Саха итэҕэлигэр Дьөһөгөй Айыы, Күн Дьөһөгөй, Уордаах Дьөһөгөй, Күрүө Дьөһөгөй диэн ааттарынан биллэр үһүс халлааҥҥа олорор Айыы икки атахтаах, босхо бастаах бороҥ урааҥхайга Үөһээ дойдуттан сылгыны түһэрбитэ үһү. Онтон ыла сылгы саха киһитин үҥэр таҥарата, миинэр миҥэтэ, көлүнэр көлөтө, аһа-таҥаһа буолбут диэн үһүйээҥҥэ кэпсэнэр. Оннук да буолан күҥ бүгүҥҥэ диэри саха норуота Дьөһөгөй оҕотугар ураты харыстабыллаах сыһыана, иһирэх майгыта өбүгэттэн бэриллэн кэлбитин итэҕэйэ саныыгын.

Сылгы өҥүн-дьүһүнүн саха хайдах көрөрүн уонна ааттыырын билиһиннэриэхпит. Биһиги сылгыһыттарбыт этэллэринэн, атын омуктар сылгы дьүһүнүн ааттыыллара сүнньүнэн сахаттан уратыта суох, арай өҥнөрүн эгэлгэтэ баһыйар эбит. Ол баҕар, биһиги тыйыс айылҕабытыгар үөскүүр саха боруодатын уратыта буолуон сөп. Аны улуус-улуус атын-атыннык дьүһүннүүрэ эмиэ баар суол, ол, арааһа, кырдьаҕас сылгыһыттар хайдах этэллэринэн быһыылаах. Холобур, чаппараах ойуулаах сылгыны Амма Сатаҕайыгар чэчиэккэлээх диэн дьүһүн быһаллар эбит (чэчиэккэ – седелка, аты сыарҕаҕа көлүйэргэ сиһигэр ууруллар тэрил). Аан дойдуга сылгы дьүһүнүн 4 сүрүн көрүҥҥэ араараллар: хара (вороная масть), тураҕас (гнедая масть), сиэр (рыжая масть), көҕөччөр (серая масть).

Дьүһүнбыһаарыыта
ХараЧох көмөрүн курдук өҥнөөх
ТураҕасСиэлэ, кутуруга, уорҕата харааран, ойоҕосторо кытаран көстөр дьүһүннээх
СиэрБэйэтэ кугастыҥы дьүһүннээх гынан баран сиэлэ, кутуруга хара ардайдаах
Көҕөччөр Көҕөрүмтүйэр бороҥ дьүһүннээх (күл курдук дьүһүннээх)

Онтон атын дьүһүн барыта ити ааттаммыт өҥнөр эгэлгэ араастара буолар. Өбүгэлэрбит  былыр сылгыларын  бэрт  элбэх өҥүнэн  араастаан    дьүһүннүүллэр эбит. Холобур, Кулаковскай  сылгы 41 араас  өҥүн  ааттаабыт. Илья Гаврильевич Федоров «Өбүгэбит олоҕо-дьаһаҕа» диэн кинигэтигэр сылгы дьүһүнүн маннык араарбыт: хара, маҥан, көҕөччөр, хара көҕөччөр, сырдык көҕөччөр, улаан, орохтоох систээх улаан, чуоҕур, буулур, тураҕас, сырдык тураҕас диэн. Оттон былыр араҕас өҥү алтан араҕас, сырдык араҕас, үрүҥ араҕас, ыыс араҕас, күдэн  араҕас; элэмэс сылгыны кыһыл элэмэс, чаппараах элэмэс, хара элэмэс, кугас элэмэс,  кэрэ элэмэс, тураҕас элэмэс, сур элэмэс, сиэр элэмэс диэн араастаан араараллар эбит. Сылгыны дьүһүннүүргэ сиэлин, кутуругун, кулгааҕын, хараҕын эмиэ болҕомтоҕо ылаллар эбит. Сиэргэ-туомҥа туттар сылгыларын өҥүгэр улахан болҕомтолорун уураллар. Холобур, былыр сахалар хатыр маҥан биэнэн абааһыларга сиэртибэ биэрэллэрэ, сүктэр кыыска маннык дьүһүннээх биэни энньэҕэ биэрбэт этилэр. Чыҥкыл маҥан сылгы туйаҕа кытары дьэҥкир буолар.  Сылгыһыт саха кыраҕы хараҕынан Дьөһөгөй оҕотун хайдах мындырдаан дьүһүн быһар холобурун табылыыссаҕа көрүҥ.

УлаанСиэлэ, кутуруга, сиһин ороҕо, самыыта сырдаан көстөр, бэйэтэ кытархайдыңы өҥнөөх. Кыһыл улаан, кугас улаан, саһыл улаан, сырдык улаан, улаан сиэр.
ЧуоҕурЭбир курдук кыра-кыра ойуулардаах, толбоннордоох. Самыытыгар үрүҥ бөлөх-бөлөх түү толбонноох. Арааһа: хара чуоҕур, кугас чуоҕур, чуоҕур маҥан.
Буулур      Түүтүн төрдө уонна хос түүтэ туртайан, оттон төбө диэкитэ кытарымтыйан көстөр дьүһүннээх. Кыһыл буулур.
ЭлэмэсБөдөҥ маҥан ойуулардаах, эриэн дьүһүннээх. Арааһа: буулур элэмэс, кыталык элэмэс, күөх элэмэс, сур элэмэс, тураҕас элэмэс, хара элэмэс
АраҕасКутуруга, сиэлэ сырдаан көстөр, онтон атына кыһыллыҥы саһархай. Арааһа: алтан араҕас, сырдык араҕас, үрүҥ араҕас, ыыс араҕас, күдэн  араҕас.
МаҥанҮрүҥ дьүһүннээх, хаар өҥө өҥнөөх. Сылгы хоҥоруутун, кулгааҕын иһинээҕи түүлэрэ, мунна, хаҥарайа, кутуругун иһэ, сүһүөхтэрин түүтэ, сиэлэ, кутуруга, сиһин ороҕо маҥан, туйаҕа дьэҥкир буоллахтарына кыыда маҥан сылгы дэнэр. Аас маҥан, хаар маҥан, куба маҥан, туус маҥан, кырта маҥан, үүт кэрэ, чыбыаскай маҥан.
АлаОйоҕосторо маҥан эбэтэр курдуу маҥан өҥнөөх. Туос ала, кугас ала.
КугасКытархайдыҥы саһархай дьүһүннээх. Бүтэй кугас, кугас тураҕас, кугас элэмэс, куочай кугас, моҥул кугас, солоҥдо кугас, туос кугас, тымтык кугас, уоһах кугас, уот кугас, хоҥор кугас, чүмэчи кугас.
СаалырХаратыҥы сиэллээх, кутуруктаах, сиһэ туртаҕар, кытархайдыҥы  саһархай бороҥ.
СурХара ардайдаах сиэллээх-кутуруктаах бороҥ эбэтэр күрэҥниҥи
ХоҥорСамыыта, уорҕата хараҥа араҕас аалыктаах, сиэлэ, кутуруга өлбөөдүйэн көстөр, тэбэгэйин түүтэ, өрөҕөтҕ сырдык. Хоҥор кугас.

Сылгы өҥүн дьүһүнүн быһаарыытын «Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыттан» уонна СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, сылгыһыт А.А.Захаровы кытта кэпсэтииттэн суруйдум.

 Суруйда Г.Н.Шишигина