Ситии саха сиэригэр-туомугар улахан суолталаах. Бу тыл ‘тонкая веревка, витая из конской гривы’ диэн өйдөбүллээх, түүр тылыттан төрүттээх   <  др.-тюрк. йысыҕ ‘нить, тесьма, веревка’ [БТСЯЯ, 2011: 458].

Оҕо уйата

Ситии олох бэлиэтин быһыытынан оҕо төрөөһүнүгэр туттуллара. «Оҕо уйатын оҥоруу» сиэрин-туомун оҥорорго ситии сүрүн бэлиэ быһыытынан туттуллар. Ый саҥатыгар маны оҕолонуон баҕарар ыал оҥорор. Баай лабаалардаах, мутуга суох эдэр хатыҥы булан, лабааларын төрдүгэр ынах түүтүттэн уйа оҥороллор. Онуоха уйа хайаҕаһа кыараҕас, оттон бэйэтэ киэҥ буолуохтаах. Сылгы сиэлиттэн 3 былас усталаах ситиини хаталлар. Онно араас өҥнөөх кырадаһыннары, сиэли баайаллар. Бу ситиини – саламаны уйаны сабарын курдук тула эрийэллэр. Хатыҥ үрдүкү лабааларын саламаны кытта баайаллар. Сиэри-туому оҥоруох иннинэ хатыҥы оҕото суох ыал оронноругар сиргэ батары туруораллар. «Ыраас» кыыһы ыҥыран кийиит сүктэр таҥаһын таҥыннараллар уонна тоҕоноҕор иилии эриллибит били уһун ситиилэрин эрийэллэр. Быа ортотугар төгүрүк күнү уонна ыйы (күн ыйтан ордук кээмэйдээх), куобах тириитин (тиистэри тыҥырахтары), атыыры уонна биэни, чыычаахтары (тыһы уонна атыыр) ыйыыллар.

Айыыһыт

Хаамыыта: кыыска хара ынах түүтүттэн оҥоһуллубут сымыыт саҕа икки мээчиги биэрэллэр. Ону сиэбигэр уктан баран ойуун айанын устата арыаллыы сылдьар. Дьиэ иһигэр соҕурууттан илин хайысхаҕа үөһээ бэйэ-бэйэлэриттэн 1 м тэйиччилээх гына өрбөхтөрдөөх уонна сиэллэрдээх ситиилэри тардаллар. Ойуун кыырар таҥаһын кэтэн баран кыыһы кытта дүҥүрэ суох Айыыһыкка айаҥҥа туруналлар. Бу кэмҥэ саламаат буһараллар. Онтон икки кытыйаны арыынан сотон баран саламааты кутан оһох иннигэр аас тэллэххэ уураллар.

Дьахтар тоһоҕото. Ем. Ярославскай аатынан саха түмэлэ

Айаҥҥа маҥнай абааһылар Айыыһыт буолан кубулунан кыыһы көрсөллөр уонна оҕо кутун биэриэхпит диэн албыннаан ситиитин көрдүүллэр. Оннук үстэ көрдүүллэр, ону кыыс аккаастаан иһэр. Дьиҥнээх Айыыһыкка тиийбиттэригэр кыыһыра тоһуйар: “Хантан, ханнык аҕа ууһуттан кэллиҥ? Эн дуо хааннаах, тыйыс бэйэлээх мин биэрбит дьоммун уонна сүөһүлэрбин сиэбит?”. Ойуун кини буолбатаҕын уонна хантан кэлбитин кэпсиир. Айыыһыт эмиэ кыыһырар: “Мин кинилэргэ биэрбитим дии. Ханна гыннылар. Билигин эмиэ ыыталлар. Оннук буоллун, икки уол кутун биэриэм буоллаҕа”. Кэмниэ кэнэҕэс оҕо кутун биэрэр. Кыыс мээчиктэрин уонна ситиитин Айыыһыкка уунар. Онуоха 3 төгүл ситиинэн мээчиктэри таһыйан баран, ытыһыгар төкүнүтэр уонна этэр: “Оҕолор куттарын биэрэбин. Илдьэҥҥин эр киһиэхэ барҕалааҕар, дьахтарга кистэлэҥнээҕэр уган биэр”. Ол кэннэ кыыстаах ойуун бараллар (ойуун мээчиги илиитигэр тута сылдьар).

Оҕо кутун харыстыырга ойуун оҥорор эмэгэтэ. Ем. Ярославскай аатынан түмэл

Бу кэмҥэ кэргэнниилэр ороҥҥо дьиэ хаҥас өттүгэр маҥан таҥаһы тутан олороллор. Ойуун төннөн кэлэн баран мээчиктэрин кэргэнниилэргэ чугаһаан иккиэннэригэр хаҥас хоннохторугар угуталыыр. Ойуун Айыыһыт аатыттан этэр: “Мин эһиэхэ икки уол кутун биэрэбин, дьэ билигин үчүгэйдик иитиҥ”. Бу тылларга Айыыһыт бэйэтинэн кэлэрэ, оччоҕо аал уокка арыынан айах туталлара. Кэргэнниилэр мээчиктэри уйаҕа кистииллэр. Онтон хатыҥҥа күн, ый, куобах, чыычаахтар, атыырдаах биэ уйа үрдүгэр буолалларын курдук хас да хос тула эрийэллэр. Онтон ампаарга таһааран ким да тыыппатын курдук уураллар. Үөһээ тардыллыбыт икки ситии Айыыһыкка тахсар суол буолар. Маҥнай хатыҥы тула эриллибит ситии оҕо дьылҕатын көрдөрөр. Оттон күн, ый о.д.а. иилиллибит ситиитэ кэргэнниилэргэ саҥа дьылҕаны оҥоруу буолар. Айыыһыт кэлиитин куобах тириитинэн бэлиэтииллэр. Хантылар эмиэ куобаҕы төрөөһүн быйаҥын айыыта диэн итэҕэйэллэр. Кинилэргэ дьахтар төрүүрүгэр хонноҕор куобах тириитин уктар.

Пахомов Андрей Юрьевич оҥоһуга, Сунтаар улууһа

Дьахтар олоруон иннинэ хара уонна маҥан сиэлтэн уһун ситиини хаталлара. Сэттэ сиринэн маҥан сиэли баайаллар. Ол ситиинэн Айыыһыт муннуга диэн ааттаан дьиэ хаҥас хоту өттүгэр дьахтар быыһанар тоһоҕотун үстэ эргитэллэр. М.Н. Ионова суруйарынан, оҕо көтөҕөөччү маҥан уонна хара сиэлтэн үс кылгас быаны хатар. Бу оҕо кииини баайарга туттуллар. Онтон 7 былас уһуннаах ситиилэри хатар уонна сэттэ сиринэн маҥан сиэллэри баайар. Бу аата киһи олоҕун суолун өрөн таһаарар. Киһи буолан күн сирин көрөн дьылҕатын оҥостор. Хара уонна маҥан өҥнөр үөрүү да, хомолто да баарын көрдөрөллөр. Маҥан сиэллэри баайыы үтүө дьылҕаны түстүүллэр.

Оттон оҕо төрөөтөҕүнэ, абааһылартан харыстаан, тута куобах тириитигэр суулаан баран эриэн ситиинэн баайаллар. Оҕо турбат буоллаҕына, тэтиҥинэн эмэгэт оҥорон баран ону куобах тириитигэр суулаан сытыараллара. Илиилэрин үөтүнэн оҥорон биһик уһугар диэри эриэн ситиини уураллара.

Ойуун эмтиир кыырыытыгар эмиэ ситиини туттара. Аҥаара хара сиэлинэн, аҥаара үрүҥ сиэлинэн хатыллыбыт ситии үрүҥ өттүнэн ыарыһаҕын баайара. Кыыран бүтэрин диэки ааҥҥа чугаһаан өр дүҥүрүн охсоро уонна сиргэ сууллан түһэн истэҕинэ, кутуруксуттара тутан ылаллара. Оччоҕо кыра уол сүүрэн кэлэн дүҥүртэн баттаҕы ылан биэрэр, ол ыарыһах кутун көрдөрөр. Бу сиэргэ-туомҥа хара ситиини быһан быраҕыы куһаҕан дьылҕатын быһыы буолар. Оттон баттах киһи кутун-сүрүн бэлиэтэ.

Ойуун эттэтиитигэр үс күн устата өлөр-тилэр кэмигэр төбөтүн үрүҥ сиэлинэн хатыллыбыт өрбөхтөрдөөх тымырдаайыны кэтэрдэллэр. Ону хас күн аайы уларыта сылдьаллар. Өскөтүн ойуун үөһээ абааһылар охсууларыттан кыыра сылдьан өйүн сүтэрэн охтон түстэҕинэ, сылгы хара баттаҕын ылан куолайыгар чугаһатан баран быһаллар.

Оҕо турбат ыала ойууну ыҥыран ситии быһыы сиэрин-туомун оҥоттороллоро. Борооскуну идэһэлэнэн кэргэнниилэр бэйэлэрин тула хас биирдиилэринэн бааналларын курдук очоҕоһуттан 6 гына бысталаан ылаллара. Хара ынах түүтүттэн очоҕос саҕа уһуннаах 6 ситиини хаталлара. Өрүс кытылынааҕы хара таас үлтүркэйдэрин, дөлөһүөн уонна долохуна булаллара. Маннык сиэри-туому өлүү суолунан кэлэр оҕо кутун сиир абааһыны үүрэргэ оҥороллоро.

В.Л. Приклонскай маннык суруйбута: «Ойууну ыҥыран балаҕан иһигэр ситиини уһаты-туора баайаллар. Онно туос күнү, ыйы уонна чыычааҕы иилэллэр. Дьахтарга бастыҥ таҥаһын кэтэрдэн ороҥҥо олордоллор. Ойуун (удаҕан) дьахтар иһин тула ситиинэн баайара уонна айыыттан оҕо кутун биэрэригэр, абааһыттан тыыппатыгар көрдөһөрө. Ол кэннэ сытыы быһаҕынан ситиини быстаҕына, чыычаах ороҥҥо түһэр. Үөһээ тардыллыбыт ситии элбэх олох суолун, чыычаах оҕо кута, оттон дьахтар иһин ситиитэ абааһы бадьыыһын көрдөрөр. Ойуун ити ситиини быстаҕына, дьахтары буулаабыт моһуоктан босхолонор. Оттон үөһээ тардыллыбыт ситиини быһыы ол элбэх олохтон оҕо олоруохтаах суолун талыы буолар. Ороҥҥо түспүт чыычаах оҕо кута буолан кэлиэхтээх. Чыычааҕы куобах тириитигэр суулууллар уонна эрдэттэн бэлэмнээбит уйаҕа сытыараллар. Чыычаах эргийэн хааллаҕына, оҕо ыалдьар, өлбүт буоллаҕына, иһэ үөһээ сытар буолар”.

Чуолаан бу сиэргэ-туомҥа ситии – баар олоҕу уонна көстүбэт эйгэни ситимниир. Ол ону быһыыттан олоххо сааһыланыы кэлэр. Ситии быһыы сиэригэр-туомугар дьиэ кэргэҥҥэ саҥа олоҕу аҕалыы суола эмиэ көстөр.

Айыыһыты тардыы сиэригэр-туомугар ситиини быһыы кэннэ салама ситиитэ хатыллар. Онно мастан сылгыны уонна чыычааҕы кыһан ыйыыллар. Онтон оһох иннигэр икки чэчири ууран онно баайаллар. Кып-кыра биһик оҥороллор. Ойуун кыыран баран чыычааҕы биһиккэ сытыарар. Ол аата бу дьиэҕэ оҕо кутун аҕалар.

Онон сылгы сиэлэ ураты күүстээҕин айыылары кытта ситимнээҕин көрдөрөр. Ситии айыыларга тахсар, айыылар түһэр суоллара эмиэ буолар.

Ситии өссө салама уонна дэлбиргэ ыйыырга эмиэ туттуллар. Салама – өрбөх, кыл баайыллыбыт сиэл сүүмэхтэриттэн хатыллыбыт ситии. Бу айыыларга, иччилэргэ анаммыт бэлэх (жертвоприношение) буолар. Саламаны сүөһү айыытын Ынахсыт Хотуну тардарга, Ыһыахха уонна Аан Алахчын Хотуҥҥа анаан эмиэ ыйыыллар. Тоҥ уустуу силама “ритуальная пища” диэн суолталаах тыл баар. Иккис Камчаткатааҕы эспэдииссийэ дьоно тоҥустар уонна сахалар дьахтар кэлиитин сииллэрин туһунан суруйаллар. Түүрдэргэ Умай оҕо кутун биэрэр айыы “плацента” диэн суолталаах. Бу оҕо кэнэҕэскитин сиэһин сир иччитигэр айах тутуу диэн өйдөбүллээх. Ол иһин кэнэҕэски үрүҥ диэн ааттанар. Кэлин үрүҥ аска кубулуйбут диэн этнографтар бэлиэтииллэр.

Саламаны саас сир иччитигэр Аан Алахчын Хотуҥҥа күөл мууһа ууллубутун кэннэ хатан маска ыйыыллар, түмүктэрин баайбаттар. Маннык баайары сир иччитэ сөбүлээбэт. Саҥа сиргэ кэллэххэ, түөрт чэчири анньан баран, эриэн ситиинэн холботолууллар уонна сылгы үрүҥ сиэлин, ынах кутуругуттан хара түүлэрин олбуһа-солбуһа ыйыыллар. Ону тэҥэ икки тыһы уонна биир атыыр көҕөн кустары ыйыыллар. Ыал аҕата уонна ийэтэ илин диэки хайыһан туран Ынахсыт Хотунтан элбэх сүөһүнү, сылгыны биэрэригэр көрдөһөллөрө. Сарсыҥҥы күнүгэр чэчири, ситиини уонна көтөрдөрү оҥорбуттарын уматаллар. Уонна уокка аһыйбыт үүтү куталлар. Кустар төрөөһүн бэлиэлэрэ.

Ынах, ньирэй турбат буоллаҕына, хотон иччитигэр Ньаадьыга салама ыйыыллар. Сахалар өйдөбүллэринэн, кини сүөһүнү уонна оҕолору хара тыынтан харыстыыра. Бу ситии таҥас кырадаһыннардаах буолар.

Дэлбиргэ – олохтоох сир иччитигэр ананар (хайа эмэ сиргэ кэллэххэ): ырбаахыларыттан кырадаһыны уонна сылгыттан сиэлин ылан маска ыйыыллар, сылгы төбөтүн, тайахтарын, харчыны эбэтэр туга да суох буоллахтарына, тааһы уураллар.

Үчүгэйдик бултуур туһугар булчуттар дэлбиргэ ыйааhына ‘вешание дэлбиргэ’ диэн сиэри-туому оҥороллор. Онно анаан үрүҥ сылгы сиэлиттэн хатыллбыт ситиигэ үрүҥ кылы, көтөр түүтүн, куорсунун, нэтээги тириитин, араас өҥнөөх таҥас кырадаһынын баайаллар. Оннук маска ыйаан баран уот оттон Хатан Тэмиэрийэҕэ айах туталлар. Баай Байанйга кинилэр бэлэхтэрин тиэрдэригэр уонна үгүөрү булду бэрсэригэр көрдөһөллөр. Бу сиэри-туому күһүн оҥороллоро уонна эрдэттэн бэлэмнэнэллэрэ.

Көрбүккүт курдук, сиэргэ-туомҥа суолтата дириҥ уонна хас да өрүттээх.

Туһаныллыбыт литература

  1. Приклонский В.Л. Три года в Якутской области. // Живая Старина.1890. №4. С.66.
  2. Данилова Наталия Ксенофонтовна, Васильев Валерий Егорович Религиозный ландшафт: «сиэл», «салама» и «дэлбиргэ» в ритуальном пространстве в свете изучения эволюции бескровных жертвоприношений народа саха // Общество: философия, история, культура. 2019. №12 (68). URL: https://cyberleninka.ru/article/n/religioznyy-landshaft-siel-salama-i-delbirge-v-ritualnom-prostranstve-v-svete-izucheniya-evolyutsii-beskrovnyh-zhertvoprinosheniy (дата обращения: 10.06.2023).
  3. Романова Е.Н. Мифология и ритуал в якутской традиции : диссертация … доктора исторических наук. М., 1999. 388 с.

Ангелина Кузьмина, тыл билимин хандьыдаата