Нуучча этнограба уонна суруйааччыта, политсыылынай Исаак Владимирович Шкловскай (Дионео диэн псевдонимынан суруйар) “На крайнем Северо-Востоке Сибири” (1895 с.) диэн кинигэтигэр саха олоҕуттан элбэх чахчыны киллэрбитэ.
Исаак Владимирович бэйэтин кэмигэр Арассыыйаҕа уонна аан дойду таһымыгар киэҥник биллибит публицист этэ. Ол курдук кини бастакы суруйууларын 1886-1892 с.с. Орто Халымаҕа сыылкаҕа олорон, Сибиир тиэмэтин арыйан бэчээттэппитэ. Сыылка кэнниттэн кини “Русские ведомости” хаһыат этиитинэн, Англияҕа көһөн, суруйар тиэмэтин өссө кэҥэппитэ. И.В. Шкловскай бөрүөтүттэн Англия, Испания, Алжир о.д.а дойдулар тустарынан уочаркалар, бэлиэтээһиннэр тиһигин быспакка тахсыталаабыттара.
“На крайнем Северо-Востоке Сибири” диэн улахан үлэтигэр кини, үөһээ этиллибитин курдук, Сибиир олохтоох омуктарын туһунан олус тиийимтиэтик уонна сиһилии суруйбута. Кинигэ 2 баһа бүтүннүү сахаларга анаммыт. Манна суруйааччы Орто Халыма сахаларын олохторун-дьаһахтарын, майгыларын-сигилилэрин уонна бэйэтэ сылдьыбыт саха уруутун туһунан сырдаппыта.
Манна атын этнография литературатыгар соччо суруллубатах чахчылар бааллар. Холобур, сүктэр кыыс дьиэҕэ киирэригэр түөһүнэн хатыҥ лабааларын силийэн киирэрин туһунан билэбит. Оттон Орто Халыма уруутугар кини титирик лабааларын түөһүнэн тосту анньан баран, ону ылан оһоххо оттор эбит. Аны атыттан түһэн дьиэ айаҕар тиийиэр диэри икки-үс хардыы кэнниттэн бокуйан сүгүрүйэн ылар диэн суруйбут. Бу сүктэр кыыс майгытын (этикетын) туһунан олоҥхоттон саҕалаан үһүйээннэргэ тиийэ киэҥник кэпсэнэр. Оттон дьиҥ олоххо буолбуту бэйэтин хараҕынан көрөн И.В. Шкловскай суруйбута бэрт кэрэхсэбиллээх. Мантан биһиги тугу көрөбүтүй – саха төрүт култууратын ханна да тиийбитин иһин тута сылдьарын уонна хоту кыраай сирдэригэр саха үгэһэ хойукка диэри тутуһулла сылдьыбытын. Этнографическай литератураҕа кыыс сүктэн кэлиитин илэ хараҕынан көрөн, туоһу буолан суруйуу бэрт сэдэх. Онон И.В. Шкловскай суруйуута төрүт култуураны сэргээччилэргэ олус туһалаах матырыйаал буолар.
Бэрдьигэс от туһунан номоххо киириэххэ. Ис хоһооно маннык:
“Үрүҥ Айыы Тойон инитэ Дьөһөгөй Тойон сэттэ кыыстааҕа үһү. Кини күһүн туох баар көтөр кынаттаах бииһин мунньан соҕуруу көтүөхтээх суолларын ыйар эбит. Ол кэмҥэ кыргыттара кыталык көтөргө кубулуйан, сиргэ түһэн хонууга үҥкүүлүүллэрэ. Арай итии тыал тыыннаах, ибир самыыр көлөһүннээх, иһэгэйдээх ньилбэктээх Иэйэхсит Хотун ол үҥкүүлүүллэрин саһан туран көрбүт уонна биир бастыҥ кэрэ кыталыктарын тутан ылбыт.
— Эн аналыҥ – орто дойдуга олоруу, иэгэйэр икки атахтаахха көмө, өрөһүлтэ буолуу, – диэбит. Онуоха кыыс ытаабыт уонна көҥүлгэ талаһарын эппит.
— Бу орто туруу дьаҕыл дойдуттан сиргэммэт, куотуммат буол! Оччотугар бэрдьигэс окко кубулуй уонна иҥэмтэлээх сүөһү аһылыга буол.
Оннук диэн баран Иэйэхсит кыыс кынаттарын сарбыйбытыгар, киһитэ умнас курдук көнөн, бэрдьигэс буолан хаалбыт”.
Бу номох, суруйааччы бэлиэтээбитинэн, киэҥник биллэр “Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин” остуоруйаҕа киирии тыл эбит. Онон биһиги эмиэ улаханнык биллэ илик чахчыны арыйабыт. Манна остуоруйа архаичнай өрүтэ көстөр – мифологияны кытта ситимэ.
Исаак Владимирович Шкловскай Саха сиригэр алта сыл олорон айар үлэнэн киэҥник дьарыгыран, биһиги омук сиэрин-майгытын, үгэһин, фольклорун суруйан, бэлиэтээн хаалларбыта олус туһалаах, төрүт култуурабыт туһунан билиибитин кэҥэтэргэ төһүү буолар.
Борисов Б.Б.
Хаартыскалары “Якутск history” уонна “Национальная электронная библиотека” аан ситимнэртэн туһанныбыт.