Хас биирдии киһи оҕо сааһыттан саҕалаан төрөөбүт дойдутун искусствотын, култууратын өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит үгэһин үөрэтэн көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тиэрдэн иһиэхтээх. Онно тыйаатыр искусство биир көрүҥэ буолан, сүрүн баһылыыр-көһүлүүр күүс буолар. Саха тыйаатыра туругурарын туһугар маңнайгы суолу солуурга үрдүк айыылартан ананан төрөөбүт курдук, аан айар аналлаах, модун дьоҕурдаах артыыстар айан- тутан ааспыттарын билигин сөҕө-махтайа истэбит, суохтуу саныыбыт. П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын маңнайгы көлүөнэ чулуу артыыстарыттан биирдэстэрэ, РСФСР үтүөлээх, САССР норуодунай артыыһа, Ленин уордьаннаах В.А.Саввин туһунан элбэх матырыйаалы хаһыспытым. Виктор Афанасьевич 1908 сыллаахха Чурапчыга Болтоҥо нэһилиэгэр дьадаҥы саха ыалыгар 3 оҕолоох Саабыннар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүт убайа, сахалартан бастакынан үгэ жанрын баһылаабыт суруйааччы, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ, оттон бииргэ төрөөбүт балта Ая Афанасьевна Саввина – Улуу Пушкины сахалыы саҥардыбыт тылбаасчыт, суруйааччы Гавриил Иванович Макаров-Дьуон Дьаҥылы олоҕун аргыһа, музата буолар.
Виктор Афанасьевич очччотооҕу ыччат сиэринэн 7 кылааһы бүтэрээт, Сэбиэскэй салалта тэрийэн ыытар үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттан, оччолортон ыла ураты дьоҕурунан саастыылаахтарыттан ордук чорбойон, улам сайдан кыра оҕолору үөрэтэр учуутал буола үүммүт. Ол кэмтэн испэктээк оонньуутунан үлүһүйэн, драмкуруһуогу аһан үлэлэтэн, бэйэтэ сүрүн оруоллары толортоон испит. Оччолорго киһи барыта, «Эбисийээнэ курдук киһини үтүктэр, артыыстыыр идэ баар үһү» диир кэмнэригэр саха хаһан да көрбөтөх-билбэтэх идэтин Виктор Афанасьевич үтүктэн барбакка, бэйэтин ис айылгытынан хара маңнайгыттан сөпкө сэрэйэн, уобараһын куттаан-сүрдээн, олоххо баардыы өй-санаа уган, айан, араас майгы, мөккүөр ис көрүңүн айан үлэлээн барбыта.
1932 сыллаахха күһүн аан маңнай Саха тыйаатырыгар киирэн аҕыйахтык көстөөт, сиппит-хоппут, бэлэм артыыс идэлээх, айар идэ «муоһатын» бигэтик туппут киһи быһыытынан үлэҕэ ылыллыбыт. Виктор Афанасьевич, сүнньүнэн комик амплуалаах эрээри, кини айар кыаҕа хааччаҕа суох киэң уонна уһулуччу талааннаах маастар быһыытынан чаҕылхай уобарастарга ордук табыллар, чопчу наадалаах «кыраасканан» бэркэ тупсаран, ситэрэн-хоторон айан таһаарар этэ. Бу тыйаатырга 45 сыл устата сүүстэн тахса араас оруоллары толортообут. Ол иһигэр Саабын бэйэтэ эрэ бүк «бас билбит» уобарастардаах эбитин туһунан ахтыыга баар.
Маннайгы көлүөнэ артыыстар ортолоругар дьиңнээхтик үлүһүйэн туран айар идэлээх, дууһа худуоһунньуктара бааллара. Дьол, таптал диэн тыллары үксүгэр киһи киһини таптыыр дьолун курдук саныыбыт. Холобур, эдэр сүрэх таптыыр имэңэ хайдахтаах да киһини бас бэриннэрэр күүстээҕин туһунан ким да саарбаҕалаабат. Ол гынан баран, олоххо букатын атын санаалаах, туохтааҕар да ордук үлүһүйэн, баҕаран, айан эрэ дьоллонор дьон бааллар.
Оччотооҕу кэмҥэ бииргэ үлэлээн, алтыһан ааспыт биир идэлээхтэрэ Виктор Афанасьевич хайа баҕарар уобараһы бэрт түргэнник уонна бэргэнник айан таһаара охсорун ахталлар.
Виктор Афанасьевич Уот Уһутаакы оруолун сааһын тухары Михаил Жирковы, Лазарь Сергучевы кытта бэркэ тапсан оонньообут эбиттэр. Олоҥхо бүтүн ис тутулун сүрүннээччи Ньургун Боотурга хол дойдуттан холооннооҕо, тэгил дойдуттан тэңнээҕэ, Аллараа дойду ааттааҕа Уот Уһутаакы обургу күөн көрсөн эрэр диэх курдук, көрө олорон артыыстары сөҕөн «бэркэ бэрт түбэһэр да эбит» диэн бэркиһээн, биһирээн, хайҕаан ахан барар буолаллар эбит. Дэлэҕэ да норуот Саабыҥҥа бэйэтигэр «Абааһы уола» диэн аат иҥэриэ дуо?
Саһыл ойуун уобараһыгар туспа, атын көрүңнээх, көннөрү олоххо да, олоҥхоҕо да маарыннаабат, былыргы итэҕэл, ап-хомуһун албастаах, хара дьай ханыылаах, үрүң-хара күүстэр харсар албастара, илэ-бодо дьалыҥнаах түң былыргы итэҕэл мөккүөрэ көстөр. Манна даҕатан эттэххэ, мээнэ артыыс дэбигис кыайбат уобараһа этэ. Оччолорго модун тэң кыахтаах артыыстар баар буоланнар тэбис-тэңңэ харсар этилэр. Онуоха эбии бу саамай табыллыбыт уобарас этэ диэн сыаналыыллар.
Күөх Көппө оруолун хайдах толорбутун туһунан аҕыннахха, көрөөччү сүрэҕэ суох киһи хайдах дьүһүлэнэрин көрөн саатаатын диэбэккэ, итинник кэмэлдьилээх киһи олоххо хайдах курдук муңу көрөрүн, быстан-ойдон олоҕор эрэйдэнэрин, үлэлээн эрэ киһи буоларын өйдөтөрдүү толорор этэ. Инньэ гынан ааптар сыалын-соругун күүһүрдэн, айымньыны дириҥ ис хоһоонноон көрдөрөрү олус табара диэн көрөөччүлэр ахталлар.
Бу суруйуубун СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ Иннокентий Авксентьевич Дмитриев-Сиэн Чолбодук суруйуутунан түмүктүөхпүн баҕарабын:
“Саха тыйаатырын искусствотыгар улуу, эбэтэр сүдү дьоннор бааллар эбит диир буоллахпытына, Виктор Афанасьевич кинилэртэн дьиҥ сахалыы уратылаахтара буолар. Бииктэр Саабын ити көрдөххө эрэ олоххо баары тус бэйэтиттэн таһааран оонньуур, орун оннугар этэр-тыынар курдугун иһин, өр үлэлээн, көрдөөн туран айан таһаарарын талаана, айылҕаттан айдарыыта улахан буолан биллэрбэт эбит”.
Мария Баина, Чурапчы улууһа, Болтоҥо нэһилиэгэ.