Саха бу тыйыс айылҕалаах дойдуга тэнийэн-ууһаан олороругар таҥаһа-саба улахан суолталааҕа. Уһун кыһыны саха ыала сүүстэн тахса сыарҕа маһынан туоруура. Онуоха ыал аҕата сарсыарда ааттаах эрдэ туран маһын мастыы барарыгар, таҥаһа-саба тымныыны киллэрбэт ичигэс, хамнанарга-имнэнэргэ табыгастаах буолуохтааҕа. Ону саха, кырдьык, мындырдык, өйдөөн, үчүгэйдик оҥостор эбит. Туруорбах дьиэҕэ көмүлүөк оһохтонон 1950-с сылларга диэри олорбуттара. Тыаҕа биир эмэ ыал билиитэ оһохтоох этэ диэн кырдьаҕастар ахталлар. Онуоха сөп түбэһэн тыа сахатын дьонун төрүт таҥаһа ити кэмҥэ диэри улаханнык уларыйбакка кэлбит эбит. Ону Ньурба кырдьаҕастарын ахтыыларыттан билэбит.
Бэргэһэ. Сэрии саҕана, сэрии кэннэ дьон үксэ куобах бэргэһэлээх буолара. Иһин куобах төбөтүн тириититтэн тигэллэрэ үһү. Уонна булгуччу сыҥаахтаах, саҕатынан, моонньун диэкинэн тыал үргүйбэтин диэн сыҥааҕыттан сирэйэ эрэ былтайар курдук дьибиччи баанан кэтэллэрэ. Кэлин, андаатар үөскээбитин кэннэ, икки хос андаатар бэргэһэ тиктэрэллэрэ.
Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгин “Ытык өбүгэ” түмэлигэр ааспыт кэм бэргэһэлэрэ бааллар. Холобур, Николаева Анна Федоровна (1933-1999) тииҥ кутуругуттан тикпит бэргэһэтэ баар, иһэ тииҥ өрөҕөтүттэн тигиллибит, буодьута – таарбаҕан. Бу бэргэһэни кэргэнэ Федоров Пуд Петрович (1933-2014) сылгыга кэтэригэр диэн 1983 с. тикпитэ үһү. Киһи сөҕөрө диэн маннык быһыылаах ынтака бэргэһэлэр сахаҕа түҥ былыргыттан бааллара. ХVIII үйэтээҕи көмүүлэртэн мэлдьи көстөллөр. Онон саха иистэнньэҥнэрэ барахсаттар ситимнэрин тута сылдьыбыттара мантан да көстөр.
Моойторук. Ити кэпсиир кэммитигэр дьон моонньуларыгар моойторук диэни эринэллэрэ үһү. Тииҥ кутуруга моойторук култуура үтүөлээх үлэһитигэр, фронтовик-учуутал Николаев Афанасий Ивановичка баара үһү. Ыт кутуругуттан, куобах кутуругуттан кытта моойторук оҥостоллоро диэн дьон ахтар.
Куобах тириитин туһаныы. Ыал аҕата булгуччу сэлиэчиктээх буолара. Ону үксүгэр бороҥ куобахтан тигэллэр. Кыһыҥҥы маҥхайбыт куобахтааҕар түүтэ түһэ сылдьыбат диэн. Ыстааннарын иһэ кытта куобах тириитэ буолар. Уонна куобах тириититтэн оҕо таҥаһын — оҕо сонун, бэргэһэтин тигэллэр. Куобах төбөтүн тириитин аттаран сэлиэчик оҥороллор. Кэлин атаҕын сүлэннэр дьахтар бэргэһэтин тигэллэр. Оннук бэргэһэ маанылаахай көстүүлээх буолар. Кыһыҥҥы бэргэһэни маҥан куобах тириититтэн тигэллэр. Иһэ бороҥ куобах тириитэ буолар.
Сон. Мааныга баралларыгар киис истээх сону кэтэллэрэ. Былыр кииһи тиэрэ тигэллэр, ол аата ис өттүгэр гына. Ньурба орто оскуолатын учуутала Ника Панфиловна Иноземцеваны “киис истээх сонун тиэрэ кэппит” диэн кэпсэтэллэрэ үһү. Ол 1950-с сыллар эргин.
Онтон мин эбэм Гуринова (Лукина) Мария Романовна (1930 с.т.) дуруусканан ойох буолан кэлэригэр этэрбэһин быатыгар (бэрбээкэйигэр) дылы уһуннаах икки соннооҕо үһү: биирэ тииҥ истээх, биирэ кыһыл саһыл истээх. Сүрдээҕин маанытык тэринэн кэлбит. Өссө сахалыы буор көмүһэ ытарҕалаах, сототугар дылы тиһиликтээх бачыыҥкалаах, от күөҕэ тэлээркэй дьууппалаах, бытырыыстаах улахан былааттаах, тимир бүрүөһүннээх дьааһыктааҕа үһү. Бу маллартан билигин дьааһыга баар. Оччолорго мээнэ оннук таҥас суоҕар кини эбэтэ, мин хос-хос эбэм Татыйыына Маппыайабына Өлүөхүмэҕэ кэлэр-барар дьону кытта арыыга эҥин атастаһан мунньуммут баайа эбит. Ону кыыһа ыал буолан барарыгар бүтүннүү симээн, таҥыннаран ыыппыт. Эбэм эһэбинээн Лукин Виктор Егоровичтыын эйэ-дэмнээхтик Сунтаарга тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээн үйэлэрин моҥообуттара.
Үтүлүк уонна бэгэччэк таҥаһа. Былыргы киһи илиитигэр булгуччу үтүлүктээх. Онто араастаах. Урукку ыт түүтэ үтүлүк улахан баҕайы, киһи харытын ортотугар дылы буолара. Оннук үтүлүгүнэн буоһаны эрэ тутаҕын, сүгэ, атырдьах угун эҥин кыайан туппаккын. Онтон үлэлииригэр халтаҥ, сарыы ытыстаах, куобах истээх, көхсө ыт тириитэ кыра үтүлүктээх буолар. Мааныга кэтэригэр ыт тыһынан уруука диэн эмиэ кылгас үтүлүктээх. Өссө онто бэгэччэгин үрдүнэн хайаҕастаах, били атын баайарыгар, көлүйэригэр үтүлүгүн ньылбы тардан кээһэр, онто илиитин көхсүн син-биир саба сылдьар, сылааһы тутар. “Ыт тыһа уруука үтүлүк” диэн түөлбэ өйдөбүл быһыылаах. Тоҕо диэтэххэ “Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар” – халыҥ таба тыһа үтүлүк диэн сурулла сылдьар.
Аны үтүлүк кэннэ бэгэччэк таҥаһа диэн баар. Бу 1940-50-с сс. дылы киэҥник тарҕана сылдьан баран умнуллубут хаттык таҥас буолар. Эмиэ куобах тыһынан эбэтэр бороҥ куобаҕынан харытын ортотуттан ытыһын көхсүгэр диэри сиэҕи быспыт курдук тимэхтэнэн кэбиһэр таҥас. Онто сулбуруйан үөһээ барбатын диэн быалаах, онтун ортоку тарбахха кэтиллэр. Оччоҕо үтүлүк икки сиэх икки ардынан тымныы үргүйбэт буолар.
Ыстаан. Куобах тириитэ буолар. Ол таһынан өссө сарыы ыстааннаах буолаллар эбит. Ньурбаҕа Лахачык уола Бойуокка диэн оҕонньор хойукка диэри киэҥ баҕайы сарыы ыстааннаах буолара үһү. Сороҕор таба саҕынньахтарын түүтэ соролоон түһэн хаалбытын ыстаан гыналлар эбит.
Биир сарыы ыстаан эмиэ Үөдэй «Ытык өбүгэ» түмэлигэр баар. Бу судаарыстыбаннай диэйэтэл Петрова Варвара Андреевна убайа Петров Прокопий Андреевич киэнэ. Сайын аайы дойдутугар кэлэн кустууругар кэтэр эбит. Тигиитэ да бөҕө-таҕа, бырдах дьөлө сиэбэтинэн да табыгастаах буолуохтаах. Онон ити кэмнэргэ биһиги дьоммут сарыы ыстаан диэни тиктэн кэтэ сылдьыбыттар эбит.
Сутуруо. Оччотооҕу дьон ыт тириититтэн сутуруо таҥастаах буолара. Онтулара аллараа өттө тобугун ааһан сототун ортотугар диэри тиийэр, онтон үөһэтэ ньилбэгин ортотугар диэри буолар. Сороҕор такымын диэки өттө сукуна таҥас, иннэ ыт тириитэ буолар. Бу сутуруо диэн таҥас кыһыҥҥы тымныыга тобугу харыстыыра, онон оччотооҕу оҕонньоттор «тобукпут ыалдьар» эҥин дииллэрин ким да истибэтэ үһү.
Этэрбэс. Сэниэ, кыахтаах ыал аҕата түнэ (тайах тириитэ) этэрбэстээх буолар. Онтон ынах тириитэ этэрбэс кыһын улахан тымныыга туллаччы тоҥон хаалара үһү. Тоҕо диэтэххэ имитэллэригэр уҥуох хоргунунан умунуохтуу-умунуохтуу имитэллэр. Онтон түнэни тарынан умунуохтаан оҥорор буоланнар тымныыны тулуйара үһү. Өссө ынах этэрбэстээҕэр олус ичигэс буолар диэн кырдьаҕастар ахталлара. Маннык этэрбэһинэн от-мас тиэйэ барбаккын, мааныга эрэ кэтэҕин.
Үгүс ыал аҕата сылгы тыһа бүүппэхтээх буолара үһү. Ол аныгы унтуу курдук гынан баран уллуҥа кытта сылгы тыһа.
Этэрбэстэрэ угунньалаах буолар. Арыый да кыанар киһи киэнэ сылгы сиэлэ угунньа буолар. Онтон кыаммат-түгэммэт дьон, оҕо киэнэ от, дулҕа сиэлэ буолар. Дулҕа сиэлэ, үрэх кытыытыгар үүнэр от, угунньаҕа син тулуйара үһү. Онтон көннөрү үкэр отуҥ таах үлтүрүйэн хаалара диэн ахталлар. Дулҕа сиэлин — угунньа буолар оту күһүөрү сиэрпэнэн быһан хаһааналлара. Ону туспа хаар типпэт сиригэр ампаарга уураллара. Ол иһин былыргы ампаардары көрдөххө сылгы сиэлэ бөҕө ыйанан турар буолааччы уонна, хатан саккыраан хаалбатах буоллаҕына, дулҕа сиэлэ да баара буолуо, өйдөөн көрүллүбэтэх.
Кээнчэ. Атаҕы харыстыыр таҥастар. Кээнчэ сотото этэрбэһиҥ сототуттан арыый кыра буолар. Кэлин баата кээнчи элбээбит. Урут куобах тириитин сирийэн кээнчэ оҥороллоро. Куобах кээнчэ таһынан куллука диэни кэтэллэр. Куллука диэн атаҕы эрийэр оонньусканы ааттыллар эбит.
Онтубут диэн наскы курдук, ол гынан баран бүтэй буолбат икки өттө аһаҕас буолар. Куллуканы икки хос куобах тириититтэн тигэллэрэ. Онтон ыраах айаҥҥа барар буоллахтарына сылгы тыһа бүүппэхтэрин таһынан баһымыкы диэни кэтэллэрэ. Ити аныгы бачыыҥка курдук бэрбээкэйгэр дылы үрдүктээх буолар. Ону саллаччы кэтэннэр атахтара олох тоҥмото үһү. Санаан да көрдөххө икки хос куобах кээнчэ, куллука, сылгы тыһа бүүппэх, баһымыкы – туох тымныытын киллэриэй? Онон саха былыргыттан атаҕын олус харыстанар эбит. Тоҕо диэтэххэ киһи уллуҥаҕар киһи ис уорганыгар дьайар точкалар барыта бааллар: сүрэххэр, бүөргэр, быаргар, тыҥаҕар , ас буһарар органыҥ киэнэ барыта уллуҥҥар баар. Атаҕа тоҥмут киһи саамай бүөрэ, хабаҕа, кыыс оҕоҕо оҕо үөскүүр сирэ моһуогуруон сөп. Ол иһин былыр саха ити курдук кичэйэн харыстанан эрдэҕэ.
Түһүлүк. Саха дьахтара даҕаны кыһыҥҥы таҥаһа эр киһи киэнин курдук барыта түүлээхтэн буолара. Өссө дьахтар төрүүр-уһуур айылгылаах буолан эр киһиттэн ураты “түһүлүк” диэн таҥастаах буолар эбит. Ол туһунан кыраайы үөрэтээччи Мартынов Николай Николаевич маннык ахтар: “Дьахтарга, ыарахан буоллаҕына, түһүлүк диэн таҥас баар этэ. Ийэм бырааппын ыарахан сылдьан түһүлүктээх этэ. Таһырдьа тахсаары гынна да, булгуччу түһүлүгүн баанара. Ол түһүлүгэ билигин ыал ийэтэ ас астаары, иһит сууйаары гыннаҕына кэтэр баартыгын курдук. Оҕоломмут ыал ийэтэ түһүлүгүн кыһын 40 хонук устата олох устубат. Ол таҥас тымныыттан харыстыыр аналлааҕа. Саҥа оҕоломмут дьахтар «түөһүн тоҥорон маститтаабатын уонна иһин тоҥорботун» диэн түһүлүгү куобах тириититтэн тигэллэрэ. Онто ийэм киэнэ икки сиринэн бааллара, чахчы абыраллаах таҥас быһыылааҕа”.
Роберт Скотт диэн Соҕурууҥҥу полюһу арыйбыт Великобритания аатырбыт полярник-айанньыта этэн турар: “Киһи эриэккэс харамай, туохха баҕарар үөрэниэн сөп, ол эрээри киһи этэ-хаана тымныыга хаһан да үөрэммэт“, — диэн. Ити аата киһи этэ-хаана тымныыга үөрэниэ суохтаах, тымныыттан харыстаныахтаах диэн тымныыны этинэн-хаанынан билбит киһи эппит.
Өбүгэлэрбит таҥнар таҥастара, аһыыр астара, дьиэлэрэ-уоттара даҕаны тымныыны утары охсуһуу, тымныыттан харыстаныы этэ. Онон баччаҕа дылы омук быһыытынан тиийиэх быабытыгар, өбүгэлэрбит мындырдаан үөрүйэх оҥостубут таҥастара элбэх киһи тыынын өрүһүйэн, өллөйдөөн кэллэҕэ.
Борисов Б.Б.
Тирэх литература:
- Мартынов Н.Н. Саха таҥаһа./Борисов Б.Б. Оһуор-мандар төрүт таҥаска-сапка суолтата. – Ньурба, 2017.
- Сэһэнньит Саввинов В.И.
- Сэһэнньит Лабашев Г.Т.
- Сэһэнньит Николаева М.П.