Биир аҕа уустан тэнийэн, силистэнэн-мутуктанан сир-сибиир устун тарҕаммыт аймахтар төрүттэрин үөрэтэр курдук, саха төрдүн-ууһун үөрэтиигэ атын түүр-монгуол омуктар үөскээһиннэрин билэр, үөрэтэр олус наадалаах. Санаан да көрдөххө, орто үйэтээҕи курыканнар, кыпчактар, кимактар, меркиттар, канглылар, туматтар, алакчиннар саха төрүттэрэ диир буоллахпытына, кинилэр устуоруйаларын, хаалларбыт археологическай пааматынньыктарын үөрэтиэх, билиэх тустаахпыт. Ону тэҥэ саха омуга тоҥус-мондьуур омуктарын кытта эмиэ быстыспат ситимнээх. Бу туһунан устуоруйа билимин хандьыдаата В.В. Ушницкайы кытта кэпсэтиибитин таһаарабыт. Хомойуох иһин, билигин бу талааннаах учуонай билигин биһиги кэккэбитигэр суох.
— Василий Васильевич, саха омук устуоруйатын туһунан көрүүгэ санааҥ?
— Өссө XVIII үйэҕэ нуучча чунуобунньуктара Эверс уонна Горновскай, саха төрүттэрэ Аральскай муора диэкиттэн кэлбит буолуохтарын сөп диэн суруйан тураллар. Д.А.Кочнев XIX үйэ бүтүүтэ, саха омук үөскээбит дойдута Аральскай муора буолуон сөп диэн ыйбыта. П.А. Ойуунускай олоҥхоҕо Араат Байҕал диэн ахтылларын «Аральскай муора» аатын кытта тэҥнии туппута. Арал диэн тыл түүр тылларыгар «арыы» диэн суолталаах эбит. Онон саха номоҕор ахтыллар Араат Байҕал билиҥҥи Байкал буолуон сөп.
П.А. Ойуунускай саха олоҥхотугар ахтыллар, Саха Саарын уонна Сабыйа Баай хотун ааттара «Козы Корпеш уонна Баян-сулу» диэн казахтар эпостарыгар баар Сарабай уонна Сабыйа Катун ааттарын кытары тэҥнээбитэ баар.
Саха төрүттэрин Казахстаны кытта сибээһин бэрэпиэссэр А.И.Гоголев (уонна кини үөрэнээччилэрин) саха култууратыгар, тылыгар, номоҕор кыпчаак сабыдыала баар диэн суруйууларыгар салҕанар. Аргын, Айаал, Түөртүгүл, Мэйэрэм Сюппю, Өрөс Күөл Дьулдьыгын диэн Эллэй, Омоҕой өбүгэлэрин аата Дыгын удьуордара Шадриннар уҥуохтарыгар суруллубута. Э.К.Пекарскайга Готовцев диэн Байаҕантай киһитэ суруйбута баара биллэр. Бу былыргы өбүгэлэр ааттара, казахтар Аргын бииһин төрүччүтүн (казахтыы шежере) кытта устуһан ылбыт курдук майгынныырын, өссө П.А.Ойуунускай ыйан турар. Ол курдук казах Аргын бииһин шежеретэ: Аргын, Аялы, Туртогуль, Мэйэрэм сопы, Оразкельды диэн буолар. Кэлин бу тэҥнээһини А.И.Гоголев уонна биһиги үлэбитигэр киллэрэн турабыт. Казах төрүччүтүгэр (шежерегэ) дьиҥнээх дьон аата ыйыллыбат, былыргы биис ууһа (дьон) ханнык аҕа уустарыгар арахсыбыта арылыччы көстөр. Аргын, аялы, туртогуль, байрам диэн халыҥ биис уустара орто үйэттэн саҕалаан Казахстан истиэбин устун көһө сылдьыбыттара биллэр.
Ол эрээри тыл суолтатынан көрдөххө, бу ахтыллыбыт тэҥнээһини киһи хайдах да ылыммат. Айал диэн казах да, атын да түүр омук тылларыгар «дьахтар» диэн суолталаах. Аргын диэн булкаас (метис) диэн өйдөнөр. Өрөс Күөл Дьулдьыгын диэн көннөрү казах оразкельды диэн тылын үтүгүннэрии курдук көстөр. Онтон «мейрам (байрам)» диэн казахтар Ыһыахтарын аата, «сопы» диэн тыл исламтан киирбит, арабтыы «суфий» (сибэтиэй) диэн суолталаах. XIX үйэҕэ Саха сиригэр сыылынай казахтар кэлбиттэрэ биллэр. Ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа казахтары кыргыыстар диэн ааттыыллара. Саха дьоно уонна казах сыылынайдара бииргэ олорбуттарын түмүгэр саха төрөччүтүгэр, номоҕор казахтартан (кыргыстар) маннык казахтыы дьон аата киирбит буолуон сөп.
Холобур, саха төрдө буолбут Сарабай диэн эрдээх кыргыс кыыһа Сайсары соҕурууттан көһөн кэлбитин туһунан номох баар. Ол кыыс Уркуускай таһыгар эрэ өлбүтүн кэннэ, дьонун салайан хоту көһөр. Номохторго, сыылкаҕа кэлэн, олохсуйбут татаар-башкир дьонун сабыдыала эмиэ бигэтик көстөр. Ол курдук Эллэй соҕуруу Урал хайатын таһыгар олорбута, Хонхор Саара уонна Хонньос Хайыппар диэн бииргэ төрөөбүт инилэрдээҕэ сэһэргэнэр (Г.В.Ксенофонтов «Эллэйаадатыгар»).
Саха номоҕор ахтыллар Урааҥхай өбүгэ дойдутун туһунан, казах биллиилээх археолога С.М.Ахинжанов кимак диэн бэйэтэ каганаттаах халыҥ норуот дьиҥнээх аата «уранкай» диэн буолуон сөп диэн суруйбутугар тирэнэн, Казахстан истиэбэ буолуон сөбүн туһунан ыстатыйаны эрдэ суруйа сылдьыбыттааҕым. Ол санаабыттан билигин тэйэн турабын. Ол эрээри Иркутскай археолога В.С.Николаев Ангара өрүскэ саха төрүттэрэ – туматтар хаалларбыт усть-талькинскай култуураларыгар (XII-XIV үйэ) кимак-кыпчак сабыдыала күүскэ баар диэн суруйар, тус арҕаа диэкиттэн, кыпчактартан арахсан кэлбит буолуохтарын сөп диир.
— Түүр, монгуол тыллаах омуктар былыргы төрүттэрин туһунан көрүүҥ?
— Биир хааннаах уруулуу биис уустар буолаллар. Арай билиҥҥи олорор сирдэригэр, төрүт олохтоох биис уустарын кытта силбэһэн, тас көрүҥнэрэ биллэ уларыйбыт. Былыргы өбүгэлэрэ хантан кииннээхтэрэ, төрүччүлэригэр ыйылла сылдьар. Түүр омуктарыгар шежере – диэн төрдү-ууһу үөрэтэр үгэс баар. Саха үһүйээннэригэр дьиҥнээх олоро сылдьыбыт дьон буолбакка, истиэп устун көһө сылдьыбыт биис уустар ааттара төрүт дьон буола сылдьар.
Өбүгэбит Эллэй диэн эль – биис уустар холбоһуктара (сойуустара) диэн түүр тылыгар чугас. Онтон Омоҕой эһэбит аата омог (обок) диэн монгуол тыллаахтарга, «ыал», «аҕа ууһа» диэн өйдөбүллээх тыллартан тахсар. Аны туран, Эллэй уолаттарыттан саха аҕа уустара үөскээбиттэрэ диэн буолар. Ол уолаттарын аата: Хаайа-Ханылы, Хатан Хатамаллай, Болотой Оххон, Баргы Баатыр, Баараҕай Байаҕантай. Ити боотур дьон ааттара Улуу Истиэп биис уустарын аатыгар маарыҥныыр. Холобур, канглы, котан (кидань, кытай), болот, баргу, байаут-байыркы диэн этнонимнар. Онон ити биис уустара саха төрүттэринэн буолаллар.
Саха номоҕор ахтыллар өбүгэбит Татаар Тайма Иһинээҕи Монголияҕа Буир-Нур күөл тула олорбут татар биистэрин кытта ситимнээх. Ол татаардар тобохторо саха номоҕор кэпсэнэрин курдук Байкал күөл таһыгар күрээбиттэрэ илиҥҥи суруктарга бигэргэтиллэр. Ол иһин Иркутскай уобалас Братскай эрэ таһыгар буолбакка, Иһинээҕи Монголияҕа көстүбүт татаардар археологическай култуураларын кытта билсиһии эрийиллэр.
Саханы саха дэппит хаҥаластар, боотулуулар, боотур уустар, бөтүҥнэр соҕурууҥҥу төрүттэрин элбэх сыл үөрэттибит. Ордук элбэх ыстатыйаларбыт хоролор, урааҥхайдар, туматтар туһунан Эмиэрикэҕэ, Новосибирскайга, Иркутскайга тиийэ тахсан тураллар. Эллэй уонна Омоҕой туһунан номохтор Байкал таһыгар күрээн кэлэн олохсуйа сылдьыбыт тумат, татаар биистэрин, Чыныс Хаан импиэрийэтэ, Саха тойотторо туспа кылаас быһыытынан үөскээһиннэрэ Тыгын туһунан номохтору кытта быһаччы сибээстээх. Ол иһин Кыһыл Көмүс Ордуу уонна Улуу Моҕол импиэрийэтэ үөскээһинин үөрэтиигэ эмиэ кыттыһабыт.
— Бэчээккэ тахсыбакка сытар үлэлэр бааллар дуо?
— Дьиҥэр, сахалар курдук сиһилии үөрэтиллибит омук суох. Иккис Камчатскай, Сибиряковскай эспэдииссийэлэргэ үлэлээбит чинчийээччилэр, саха этнографиятын, фольклорын, уонна тылын барытын үөрэппиттэрэ. Ол эрээри үгүс үлэлэр күн сирин көрбөккө архыып быыла буолан сыталлар. Сорох үлэлэр ыраахтааҕылаах Арассыыйа научнай сурунаалларыгар тахсан баран, кэлин киэҥ эйгэҕэ тахса иликтэр. Олортон И.Сойкконен, Н.А.Виташевский, В.М.Ионов, А.И.Попов, В.Горинович, С.М.Ястремскай, В.Ливадин үлэлэрин ааттыахха сөп. Хандьыдаат, дуоктар диссертацияларын көмүскээбит учуонайдар ити үлэлэри туһаммыттара да, син биир сороҕо кэлин бэчээттэнэ илик. А.А.Саввин уонна Г.В.Ксенофонтов үлэлэрэ эмиэ үксэ бэчээттэммэккэ архыыпка сыталлар. Санкт Петербург архыыптарыгар хомуллубут үгүс матырыйаал өссө да ситэ ырытылла, сырдатылла илик. Сэбиэскэй кэминээҕи этнограф С.И.Николаев үлэтэ дьэ бэчээттэнэн тахсан биһирэбили ылла. Биһиги ити архыыпка сытар үлэлэри сөргүтүүнэн, онно олоҕуран, саха этнографиятыгар (ыһыах, итэҕэл, тимир уустара, сылгы көрүүтэ, ойууннааһын, саха эмтиир ньымата, кымыс оҥоруу, оттооһун, сүөһү көрүүтэ, күн-дьыл бэлиэтэ, саха мээрэйэ о.д.а.) туһунан суруйдубут.
— Чинчийээччи быһыытынан айаннарга сылдьар буолуохтааххыт…
— Билиҥҥи норуот олоҕун кэтээн көрөн, бэйэ көрбүтүн сэһэргээһин, научнай хабааннаах ырытыы оҥоруу этнология диэн аатырар. Хайалаах Алтайга элбэхтэ сылдьыбыппыт, суоппардар куоластыыр киһини босхо илдьэр буолан, хайа баҕар ыраах муннукка, дэриэбинэҕэ тиийиэххэ сөп. Онно бэйэлэрин итэҕэллэрин бурханизмы сөргүтэ сатыыллара, ойууттар, удаҕаттар үөдэйбиттэрэ биһигини кэрэхсэтэр. Эло сэлиэнньэҕэ иккилии сыл буола-буола Эль Ойын диэн национальнай бырааһынньыктара ыытыллар. Ордук Телецкай күөл тула олорор удьуор булчут кумандинецтар, челканецтар уонна тубалар билиҥҥи олохторо, тыллара, үгэстэрэ умсугутар. Кинилэр олус ыалдьытымсахтар, элбэх турбаза баар, наар эт аһылыктаахтар уонна булка, сир аһыгар илдьэ сылдьыахтарын сөп.
Бурятия, Иркутскай уобалас араас оройуоннарыгар эмиэ сылдьыбыппыт. Тайлган, Ердын оонньуулар кэмнэригэр ойууттар кыыралларын, төрүт оонньууларын кэтээн көрбүппүт. 2013 сылга Хакасияҕа Тун Айран диэн сайыны көрсөр оонньууларын сөргүтүүгэ кыттыспыппыт. Олохтоох былаастар ону бопсо-хаайа сатыылларын көрбүппүт-истибиппит, Кытайга Синьцзянь уокуругар, Алтай хайаларыгар тувинецтар хас да дэриэбинэнэн олох былыргылыы олороллор эбит этэ. 2011 сылга тувинецтары кытта эспэдииссийэҕэ сылдьыбыппыт. 2012 сылга Иһинээҕи Монголияҕа (Кытай сирэ) бары омук тылын билэр Базыр Цыбенов диэн бүрээт учуонайын кытта бииргэ сылдьыбыппыт. Даурдар мас тардыһалларын, кулун тардалларын наһаа соһуйа көрбүппүт. Даурдар, баргуттар, хорчиннар, туметтар диэн нууччаттан Амур, Байкал таһыттан куоппут саха чугас аймахтара бааллар. Ону тэҥэ араас олохтоох эбэнки салаалара: солоннор, хамниганнар, орочоннар, йакуттар олороллор. Ким сир оҥоруутунан дьарыгырар, ким сылгы-сүөһү иитэр, ким таба көрөр. Йакуттар диэн аҕыйах табалаах эбэҥкилэр (Кривогорницын эҥин диэн нууччалыы араспаанньалаах), саха элбэх сириттэн, гражданскай сэрии саҕана бадахтаах, көһөн кэлэн олохсуйбуттар. Кытай судаарыстыбата аҕыйах ахсааннаах омукка наһаа көмөлөһөрүн сөҕө көрбүппүт. Мындыр бэлиитикэ хайысхата буоллаҕа…
Ангелина КУЗЬМИНА,
тыл билимин хандьыдаата.
Хаартыскалары Эмиэрикэтээҕи Хотугу Тихэй акыйааннааҕы этнографическай эспэдииссийэ (1897-1902. Ч.1. Сахалар) түһэриилэриттэн туһанныбыт