Саха түүр омуктарыттан биир маҥнайгынан арахсан туспа барбыт дьикти устуоруйалаах омук. Тымныы Саха сиригэр кэлэн хайдах тыыннаах хаалан, ханнык омуктары кытта аалсыһан, дьиэлэнэн-уоттанан, таҥнан-саптан, ууһаан-тэнийэн, тылын-өһүн, үгэһин умнубакка сайдан кэлбитэ кэрэхсэтэр. Устуоруйа билимин хандьыдаата Наталия Ксенофонтовна Данилованы кытта кэпсэттибит.
– Балаҕаны эмиэ да Соҕуруулуу-Сибииргэ олохтоох түүрдэр дьиэлэриттэн төрүттээх, эмиэ да холомоттон үөскээбит диэн икки аҥы көрүү баар…
– А.А. Попов, О.В. Ионова, Ф.М. Зыков түүр омуктарыттан илдьэ кэлбиттэрин бэлиэтииллэр. Ол аата балаҕан соҕуруу дойдуга олорор эрдэхтэриттэн төрүттээх диэн этиллэр. Кэлин манна тымныы айылҕалаах дойдуга кэлэн сааҕынан сыбыыр, кыратык уларытан туттар буолбуттарын бэлиэтииллэр. Ф.М. Зыков хакаастар ат, иб диэн дьиэлэрин кытта сибээстиир. 2000 сс. Торгажак хочотугар түөрт муннуктаах балаҕаҥҥа майгынныыр дьиэлэри, тулатыгар сыҥаһалыы тутуллубут ороннору булбут. Бу дьиэлэр 17-18 үйэтээҕи буолбакка олох түҥ былыргы дьиэлэр буолалларын быһаарбыта. Манна Саха сиригэр кэлэ сырыттаҕына кэпсэппиппитигэр этэр этэ: “… то, что я нашел торгажакские жилища, также свидетельствует о том, что конструкция яутского балагана имеет Южно-Сибирские корни”. Балаҕан оҥоһуута хайдаҕын билэр дьон тиийэн кэлбиттэр диэн этэр.
Олохтоох омуктары кытта булкуһуу, хардарыта дьайсыы барар. Дьиктитэ баара диэн хотугу сахалар холомолорун кыыл тиритинэн эҥин сабаллар. Ол эрээри алларааҥҥы сабыытын сахалыы туос сабыыта диэн ааттыыллар. Онно туос да суоҕун иһин ийэ өйдөрүгэр былыргы билиилэрин хатыы сылдьар буолан итинник этэллэрэ. Холомо эбэҥкилии голомо диэн тылтан тахсар. Саха сиригэр маҥнай сүөһүтэ суох булчут дьон тиийэн кэлэн баран тоҥустары көрөн, үтүгүннэрэн оҥорон, онтуларын дюю диэнтэн дьиэ диэн ааттыыр буолбут буолуохтарын сөп. Маннык дьиэ быстах олорорго аналлаах. Онон биир курдук, түөрт муннуктаах балаҕаны Саха сиригэр кэлэн баран хотугу омуктартан көрөннөр, олортон үөрэнэн, кыратык уларытан таһаарбыт буолуохтарын сөп диэн сабаҕалааһын эмиэ баар (А.П. Окладников, С.А. Токарев, Р. Маак).
– Алта уонна аҕыс кырыылаах дьиэлэр арҕааҥҥы бүрээттэр дьиэлэрин кытта сибээстээхтэр диэн үөрэтии баар.
– Прибайкальеҕа олорор арҕааҥҥы бүрээттэр хааннарын генын чинчийэн көрбүттэрэ (илиҥҥи уонна арҕааҥҥы бүрээттэр хааннарын ылан чинчийбиттэрэ атын атыттар, кинилэр ордук Кытай, Монголия диэкилэр, арҕааҥҥылар төрүттэрэ эхириттэр, булагаттар Байкал, Иркутскай сиринэн-уотунан олорбуттар). Кинилэр биһиэхэ ордук чугастар, биир төрүттээхпит. Ол – курыканнар. Арҕааҥҥы бүрээттэргэ биэс муннуктаах охсуу дьиэлэр бааллар. Оруобуна биһиги сахалар дьиэлэрбит курдуктар. Оннук дьиэлэргэ билигин да олороллор. Холобур, Ольхонҥа бардаххына оннук дьиэ тобус-толору. Дьиэҕэ сыһыаннаах тылы-өһү көрдөххө, баҕана эҥин диэн тыл, уопсайынан, хаһаайыстыбаны кытта сибээстээх тыллар монгуоллуу тыллар буолаллара да ону көрдөрөр.
– Маак суруйарынан, Бүлүү улууһугар тобус-толору холомо дьиэлэр этилэр…
– Саха сиригэр инники булчуттар кэлбит буолуохтаахтар. Сахалар 14-15 үйэлэргэ Прибайкальеттан Бүлүүнэн Орто Өлүөнэ кытылыгар кэлэн, онно тохтоон олохсуйаллар. Олохтоох омуктары кытта буккуһаллар. Чуолаан бу сиргэ саха омук быһыытынан үөскүүллэр. “Бүтэй Бүлүү” диэн түҥ ыраах баар дойду курдук этиллэр. Дьиҥинэн, Өлүөнэни кытта Бүлүү атахтаһа сыталлар. Өскөтүн биһиги ханнык эргиэн суоллара баалларын көрөр эбит буоллахпытына, көмүүлэртэн торҕону, кытай солкотун бөҕөтүн булаллар. Оннооҕор Кулун атах көмүүлэригэр көстүбүт хоруоҥкалара кытай киэннэрэ. Ол аата оччотооҕу дьон биир сиргэ олохтоох дьон буолбатахтар. Онон-манан бары курдары сылдьаллар. 14-15 үйэлэргэ кытайдары кытта эргинэ олороллор. Г.В. Ксенофонтов этэринэн, аан бастаан Прибайкальеттан сахалар төрүттэрэ сиринэн табаларынан айаннаан Бүлүүгэ тиийэллэр. Сунтаар, Ньурба, Бүлүү кэлэллэр. Өлүөнэнэн наһаа ыраах. Суолун, хочолордоох сирдэр баалларын үчүгэйдик билэн баран, сүөһүлэрин илдьэ өрүһүнэн кэлбит буолуохтаахтар. Онтон кэлин Өлүөнэнэн Бүлүүгэ төттөрү кэлбиттэр. Онон нууччалар эрэ кэлэн Бүлүүгэ кэлбит буолбатахтар. “Элбэх астаах, бултаах сыа Бүлүү баар” диэн өйдөбүл онтон барбыт. Үөһээ Бүлүүгэ, уустар уутуйан үөскээбит сирдэригэр, нууччалартан эрэ куотан киирбиттэрэ буоллар, саха култуурата олох да көстүө суоҕа этэ буоллаҕа дии. Ол эрээри Кулун Атах култууратыгар көстөр. Аатырбыт Чап уустарын ылан көрүөҕүҥ (10-12 үйэлэргэ күннүү сылдьыбыт курыканнар эмиэ уустар этэ). Онно кэлэн үрдүттэн олорон уһанар дьоннордоох буолуохтарын сөп. Археологтар кэлин 13-14 үйэтээҕи уҥуохтар кырамталарын эмиэ булбуттара. Онно кур, таҥас сэмнэхтэрэ бааллар. Бүлүү сахаларын дьаһаах докумуоннарыгар “лесные люди” диэн суруйаллар. Оннук бүрээт-эхириттэри эмиэ суруйаллар. Бүлүү сахалара ордук монгуол тыллаахтарга чугастар. Сунтаарга былыргы Ытык дабатыы диэн сиэр-туом хаалан хаалбыт. Маннык үгэс арҕааҥҥы бүрээттэргэ эрэ баар. Ытык дабатыы – баай тардыы диэн. 40-с сс. диэри Тойбохойго оҥороллор эбит. Ойууну кыырдаллар уонна оҕус өлөрөн кэрэххэ ыйыыллар. Айыылартан баайы үксэтэллэригэр көрдөһөллөр. Биир баай киһи Ытык дабаппыт. Бэргэһэни ылан быраҕаллар эбит. Ол бэргэһэтин кини хабан ылыахтаах. Ону ол баай киһи бэргэһэтин хабаары турбута хамначчыта сүүрэн кэлэн хабан ылаат, ойуур диэки элээрэ турбут. Ол кэнниттэн бу баай баайа-дуола уостан хаалбыт. Хата, ол киһи аймахтара билигин да Тойбохойго олороллор. Улахан баай сыдьааннара буолбуттар. Ол да саҕаттан байан-тайан барбыттар. Итинник сиэр-туом эбэҥкилэргэ эмиэ баар, кэнипкэй дэнэр, ытык кыылларын баайаллар, сиэртибэ оҥороллор. Ити үгэстэрэ бүрээттэргэ эмиэ баар. Эбэҥкилэртэн киирбит диэн буолбатах эрээри, култууралар дьайсыылара бардаҕа дии. Ону тэҥэ өссө бэлэпчи диэн булчуттар кэтэр таҥастара баар, бүрээттэргэ бэлэпши диэн ааттаах билиҥҥэ диэри кэтэллэр. Бэлэпчини киин оройуоннар билбэттэр. Мин өйдүүбүн ээ, эбэм хойукка диэри тигэр этэ. Сэһэн Боло бэлэпчи булан аҕалбыт эбит. Кини Бүлүү эҥээр сылдьыбыта. Кэлин оннук кэтиллибэт буолан хаалбыт. Уопсайынан, Саха сиригэр кэлбит кэмнэриттэн, таҥастара эмиэ уларыйбыт. Уһун саҕынньаҕы халыҥ хаарга кэтэ сылдьар табыгаһа суох буоллаҕа. Онон тоҥустар курдук таҥастанан хаалаллар. Бүрээттэр бэлэпчи бааналлар, муостаах бэргэһэлэрин кэтэллэр. Бэйэлэрин кыыл курдук көрдөрө сатыыллар. Оннук гынан харыстанар буоллахтара дии. Оннук бэргэһэлэр биһиэхэ эмиэ бааллар. Бүлүү сахалара арҕааҥҥы эхирит бүрээттэри кытта олус майгыннаһаллар диэн “Северные азии и Байкальские регионы” диэн үлэ оҥорорбутугар чахчы көрбүппүт. Бултуур таҥастарын, сэптэрин-сэбиргэллэрин, үгэстэрин чинчийбиппит. Онон Г.В. Ксенофонтов түөрүйэтэ оруннаах, билигин кини чинчийиилэрин саҥаттан көрүү буола турар.
– А.П. Окладников холомо – кыргыс өтөх дьиэлэрэ – балаҕан диэн этэр…
– Кыргыс кэминээҕи өтөхтөргө (16-17 үйэлэгэ тиийэн кэлэн тоҥустары хоту үүрэн баран, бэйэ-бэйэлэрин кытта кыргыспыт кэмнэрин, ол кэмҥэ олорон ааспыт сирдэрин “кыргыс өтөхтөр” дииллэр) ох сааны, дьиэ оннуларын булаттаабыттар. Дьиэлэрин онно төгүрүк курдук. Ол иһин А.П. Окладников холомоттон балаҕан буолбут диэн быһаарар. Ол гынан баран хайдаҕа чопчу биллибэт. Холомо дьиэлэр бары быстах кэмҥэ олорор дьиэлэр. Маннык дьиэлэргэ булчуттар-балыксыттар, буор дьадаҥылар олороллор. Ынахтаах дьон маннык дьиэҕэ кыайан олорботтор. Балаҕаннар киэҥ-куоҥ буоланнар ынаҕы бииргэ тутан дьиэлэнэллэрэ. Хотонноро быыһа-арыта суох бииргэ да турар кэмнэрэ баар буола сылдьыбыта. Ынах эбии сылааһы биэрэр. 17 үйэттэн хотон курдук балаҕаҥҥа сыһыары тутар буолбуттара. Ол эрээри олох хойукка диэри быыһа-арыта суох хотонноох олорбут дьон бааллара. Биир хонукка биир сыарҕа мас сиэнэрэ диэн дьайаан дии.
– Сиэр-туом ыытар дьиэлэрэ диэн баара дуо?
– Аан бастакы ыһыах моҕол ураһа иһигэр ыытыллыбыт. Ол иһигэр оҕо-дьахтар киирэрэ көҥүллэммэт. Аҕа уустарын баһылыктара, баай дьон киирэллэр. Онно олороннор араас суолталаах быһаарыныылары ылыналлар, өлбүт киһи кутун өбүгэлэрин дойдутугар ыыталлар. Айыы ойууна алҕыыр. Үгэс быһыытынан кымыһы күн эргииринэн иһэр эбит буоллахтарына, бу сиэргэ-туомҥа күн эргиирин утары иһэллэр. Моҕол ураһа иһигэр сиэр-туом оҥоһулла турар кэмигэр Омоҕой баай өлөн хаалбыта үһү диэн үһүйээн баар. Ол өлбүтүгэр моҕол ураһа иһигэр олорбут сиригэр көмөн кэбиспиттэрэ эбитэ үһү. Ол аата өбүгэ уонна айыы итэҕэлин кытта ситимнээх. Врангель айанньыт: “У якутов посередине стоит огромная белая ураса, а вокруг него стоят маленькие урасы. Такой тип установления урас есть у монголов” – диэн этэр. О.В. Ионова: “Эти наши моҕол ураса имеют свои связи не с маленькими тунгусскими коническими шалашами, а имеют связь с дворцовыми передвижными кибитками, якуты были знакомы с дворцовыми сооружениями еще с давних времен” – диэн этэр. Олоҥхобутугар эҥин баар. Кып-кырачаан холомоҕо олорбут дьон хантан киэҥ-куоҥ уораҕай дьиэ баара диэн билиэхтэрэй? Хаһан эрэ билбит, көрбүт буолан итинник тыллар бааллар.
Өссө кийиит ураһата диэн баарын туһунан фольклортан билэбит. Тутуута, А.А. Попов суруйбутуттан көстөрүнэн, тоҥустар олорор ураһаларыгар майгыннаабат. Моҕол ураһаны кыччатан кэбиспит курдук. Кийиит сүктэн кэлэн баран ураһа иһигэр таҥаһын барытын кэтэн баран лөкөччү олорор. Тахсыбат, аһылыгын аҕалан аһаталлар. Былыргы уруу 3-7 хонукка диэри барара. Бу кэмҥэ олорон кыыс буолан бүтэр, дьахтарга кубулуйар. Ол кэнниттэн таҥаһын барытын уларытар. Бастыҥатын устар, ураа бэргэһэтин ылан уурар. Ол саҕана уһун ытарҕа суоҕа, онон тоһоҕо ытарҕаны, амнаҕы кэтэр. Үс сыл иһигэр баттаҕын эҥин барытын бүөлэнэн баран сылдьар. Онтон кийиит ураһата сүтэн, хаппахчыга көһөр. П.А. Слепцов этэринэн, хаппахчы сабыытын ойуутун курдук ойуулаах буолуоҕун сөп.
Ойуун ураһата диэн эмиэ баар этэ. Эттэтэр кэмигэр онно олорон саҥаттан төрүүр. Булчуттар саһылы, бэдэри өлөрдөхтөрүнэ эмиэ холомо туталлар уонна онно сытыараллар. Бу – Байанай кыыһырбатын диэн оҥоһуллара. Муннуларыгар ытарҕа эҥин иилэллэр. Ол эрэ кэнниттэн дьиэҕэ аҕалаллар. Аны ол аҕаллахтарына аанынан буолбакка, түннүгүнэн киллэрэллэр. Ол аата саһыл кыылын хаалларар, саҥаттан айыллар. Онон олох салҕаныытыгар сүдү суолтаны уураллара…
Ангелина КУЗЬМИНА,
хаартысканы https://cdnito.tomsk.ru/ саайтан туһанныбыт.