Саха сирэ ыраахтааҕы кэмигэр “эрэһээҥкитэ суох түрмэнэн” сураҕырара. Ол сахха былааһы утары барбыт араас үөрэхтээх да дьон биһиги дойдубутугар кэлэн олорон, айан-тутан ааспыттарын билэбит. Ол дьонтон биирдэстэринэн Исаак Владимирович Шкловскай-Дионео (1864-1935) буолар. Кини 1886-1892 сс. Орто Халымаҕа олоро сылдьыбыта. Ол түмүгэр “На крайнем Северо-Востоке Сибири” (1895) диэн кинигэни таһаарбыта. Дионео саха олоҕун ойуулааһына ааспыт кэммитин билэргэ сүрдээх туһалаах буолуон сөп. Холобур, кыыс сүктэн кэлиитин ойуулааһын билим литэрэтиирэтигэр сүрдээх сэдэх. Онтон Исаак Владимирович бэйэтэ илэ хараҕынан көрбүтүн суруйбут буолан, бу матырыйаал олус сыаналаах буолар.
Онон И.В. Шкловскай-Дионео суруйуутун ааҕан ол кэми арыйан көрүөххэ.
“Мохсоҕол балаҕанын иһигэр толору дьон этэ. Оһох холумтаныгар алтан олгуйдарга сылгы этэ буһа турара. Мааны таҥастарын кэппит ыалдьыттар ороннорго тилэри кэккэлэһэн олороллоро. Оһох иннигэр кэтэҕэриин ороҥҥо маҥан сылгы тэллэҕэр ойуун сытара. Кинини уһун баттаҕыттан билиэххэ сөбө. Ойуун уоттаах харахтарынан тонолуппакка уоту одуулуура, турукка киирбит курдуга, уоһа ибигирээн ылара. Кини бүгүн сиэр-туом оҥоруохтааҕа.
Сахалар христианствоҕа сүрэхтэммиттэрэ төһө да ырааттар, бэйэлэрин итэҕэллэрин илдьэ сылдьаллар. Саха кэргэнин булгуччу атын аҕа ууһуттан ылар. «Бэйэтин алааһыгар олорор кыыс — дьоло суох» диэн өс хоһооно баар. «Дьоллоох кыыс бэйэтин дойдутуттан ыраах сүктэн барар» диэн өйдүүллэр.
Уол маҥнай түҥүрдэрин кытта кэргэн кэпсэтэ тиийэр. Бу иннигэр төһө сулууну төлүүллэрэ быһаарыллар. Кыыс дьиэтигэр тиийдэхтэринэ, бары киирэллэр, уол таһырдьа кэтэһэ хаалар. Кэлбит дьоҥҥо утары кыыс ийэтэ уонна хордоҕойдоро тураллар, илиилэригэр кымыстаах чороонноохтор уонна сүөгэйдээх быдараахтаахтар. Ийэлэрэ этэр:
— Туртаҕар ньуурдааҕы, дьороҕоно сотолооҕу кытта билсибэтэх сэттэ туруйа уол көрөн-истэн биэлээбит биэлэрин килбиэннээх сирэйдээхтиин, оноолоох сонноохтун чугаһаспатах сэттэ кыталык кыыс ыан ылан көөнньөрбүт уохтаах кымыстарынан күндүлэниҥ! Ахтаах ас маанытын аһааҥ!
Түҥүрдэр кымыстаах чороонтон иһэн баран, олорбокко эрэ, төһө халыымы төлүүллэрин өссө биирдэ эрэдьиэстээн этэллэр. Онуоха сөбүлэстэхтэринэ уол, дьэ, киирэр. Кэргэн ылар уол үксүгэр олох оҕо, 13 саастаах эҥин буолар. Кини кыыннаах быһахтаах, хататтаах, хамсалаах килбиэннээх көмүс курун устан холумтан таһыгар олорор кыыска уунар. Кыыс сөбүлэспэт буоллаҕына, куру ылбат. Онуоха кэлбит дьон тута тахсан бараллар. Сахаларга даҕаны, хоту омуктарыгар даҕаны дьахтарга сыһыан үгүс нуучча бааһынайдарынааҕар ордук. Онтон кыыс сөбүлэстэҕинэ, бары остуолга олорон аһыыллар. Ол кэннэ кыыстаах уол бииргэ утуйаллар. Онтон сарсыныгар уол дьиэтигэр барыахтаах уонна кинилэр, сулуу төлөнөн бүтүөр дылы, уоран эрэ көрсөр кыахтаналлар. Ити курдук биэс сыл анараа өртүгэр Мохсоҕол уола кэргэн кэпсэтэн турар. Билигин кини сулууну барытын төлөөн, сарсыардаттан атын көлүнэн “дьол тардыһа” айаҥҥа туруммута.
Арай тэлгэһэҕэ “кэллэ, кэллэ!” диэн үөрбүт саҥалар күөдьүһэ түстүлэр. Чахчы, ат туйаҕын тыаһа бачыгыраан олорор. Бары балаҕантан ойон таҕыстылар. Сэргэлэргэ, иннигэр кыыһын олордубутунан, эдэр киһи кэлэн турара. Ытанньах (Мохсоҕол уолун аата) кыыс олорор дьиэтигэр тиийбит эбит. Онно кыыс, алҕаска кэриэтэ, күөлгэ уу баһа тахсыбытыгар уол хаһыыра түһээт тутан ылан, кыыһы атын иннигэр олордон ойута турбут. Кыыс дьоно хаһыыны истэн, дьиэлэриттэн ойон тахсан эккирэппиттэр. Куталарга дылы кыратык сырса түһээт тохтообуттар, уонна, дьэ, бу оҥостон-хаптан Мохсоҕол дьиэтигэр урууга кэлбиттэр.
Эдэр дьоҥҥо утары 12 саастаах икки кыыс оҕо тахсаннар, ат тэһиинин тутаннар Кычыпыр (сүктэр кыыс аата) түһэригэр көмөлөстүлэр. Сэргэттэн дьиэҕэ дылы күөх оту тэлгэппиттэр. Кычыпыр онон үктэнэн дьиэ айаҕар тиийиэр дылы икки-үс хардыыны оҥоро-оҥоро сүгүрүс гынара. Балаҕан аана нэличчи аһыллан турара. Икки өртүгэр титириктэри кириэстии тутаннар кыргыттар тураллара. Кычыпыр түөһүнэн силэйэн титириктэри тосту анньан, онтунан оһоҕу оттубута. Онон бу дьиэҕэ саҥа хотун кэллим диэн биллэрбитэ.
Сахаларга көмүлүөк оһоххо уоттара хаһан да умуллубат. Мэлдьи чох кытара сытар буолар. Үр да уот күөдьүйэрин курдук буолуохтаах. Уота умуллубут дьиэ хотуна саакка-суукка барар. Эриэн ыт элэгэр, күөрт ыт күлүүтүгэр түбэһэр. Кэргэнэ эмиэ онтон хаалбат. Мин биир түгэни билэбин – дьон күлүүтүн-элэгин тулуйбаккалар биир ыал ыраах улууска көһөн барбыттарын.
Уот умайан күөдүпчүлэммитин кэннэ Кычыпыры ороҥҥо олордон, сарыы быыһынан сабан кэбистилэр. Таһырдьа аан аттыгар убаһаны сиһин үөһүн быһа тардан өлөрдүлэр, хаанын алтан олгуйга сүүртүлэр. Ойуун онтон хамыйаҕынан баһан ылан аан аттыгар кутта. Ити аата суостаах-суодаллаах Улуу Хаан Тойон уонна кини кэргэнэ Хаан-Хотун, ону тэҥэ алларааҥы адьарайдар баһылыктара Арсан Дуолай дьиэни тумна сылдьалларыгар, ыарыыны-сүтүүнү аҕалбаттарыгар анаата. Онтон ойуун дьиэ иһигэр киирэн уокка биир хамыйаҕы кутта, онтон дьиэ иччитигэр, тойон баҕанаҕа олохтоох Ньээкэ Харахсын эмээхсиҥҥэ кутта, онтон Ахтар Айыыһыт Хотуҥҥа кутта. Айыыһыт Хотун – үтүө санаалаах, сахалары араҥаччылыыр аналлаах, чуолаан дьахталларга көмөлтө буолар сырдык айыы. Кини аналлаахтары холботолуур, инники олохторун түстүүр. Бу туһунан бүппэт үөстээх “Хаан Дьаргыстай” олоҥхоҕо олус сиһилии кэпсэнэр. Онно Айыыһыт Хотун орто дойдуга түһэн айыы хаан аймаҕыттан аан маҥнайгынан төрүүр аналлаах Күн Туналыҥса аттыгар үс күнү быһа сылдьар. Онтон барарыгар этэр: “Саха дьахтара баарын тухары оҕолоноот даҕаны, үһүс күнүгэр туран сууннун уонна ынахтарын ыатын” диэн.
Ойуун сиэр-туом оҥорор кэмигэр, балаҕаны тула сэлэ тарданнар кыыс энньэтигэр аҕалбыт сүөһүтүн баайдылар. Ойуун таҥаһын таҥнан, сэлэ ортотугар турунан кэбистэ уонна кымыһынан көстүбэт күүстэри аһатан барда.
Олоҥхоҕо туох баар аймахтар мустаннар, үгүс сүөһүнү өлөрөннөр үс күннээх түүн сынньалаҥы билбэккэ аһаабыттара-көрүлээбиттэрэ, хойууларыгар бөппүттэрэ, убаҕастарыгар чачайбыттара хоһуллар. Бу урууга эмиэ оннук буолла. Суукка тухары төһөлөөх элбэх убаһа этэ, тоҥ хаһата, сүөгэй, хайах сиэммитэ буолуой? Хас биирдии киһи ыйааһын эптибит буолуохтаах. Биир ас бүттэҕинэ иккис кэлэ турара. Сырыы аайы эдэр дьоҥҥо туһаайан алгыс тылларын этэллэрэ: “Иннигитигэр уһун үрбэлэниҥ, кэннигитигэр кэтит сэтиилэниҥ!”, “Ырыа курдук ыпсыылаах, тойук курдук тупсуулаах олохтонуҥ!”, “Умуллубат уоттаах, охтубат буруолаах дьон буолуҥ!”, “Аһаҕас сарыннаныҥ, үүттээх өттүктэниҥ, араҥ аҕата, иринньэҥ ийэтэ буолуҥ!” о.д.а.
Ол эрэн туох барыта бүтэр уһуктаах, аччык даҕаны тотор күннээх. Дьон саастаах өртө тото-хана аһаан, нуктаан-нухарыйан барбыттарыгар эдэр дьон, ону эрэ кэтэспит курдук, таһырдьаны былдьастылар. Кинилэр күөх сирэм хонууга тахсан уол-кыыс диэн икки аҥы араҕыстылар. Онтон битийбэхтээн ыла-ыла бэйэ-бэйэлэригэр чугаһаат, ыллаан дьиэрэһитэн бардылар.
- Эгэй, ноколоор, эдэр-сэнэх эрдэххэ оонньоон-көрүлээн хаалыахха! – диэн дуоратта биир уол.
- Чэйиҥ эрэ! Күндү көмүс күөмэйбинэн күөгэччи туойдаҕым буоллун! – диэн хардарда биир кыыс.
- Эгэй, ноколоор, кэргэн кэнийэрин билэ илик эрдэххэ үҥкүүлүөххэ-дайыахха!
- Эчикийэ, хотукалаар, эргэ тахсан кытаанах кэтэбилгэ түбэһэ иликкэ көрүлээн-көччүйэн хаалыаҕыҥ!
Бу барыта тута хоһуйуу этэ. Дьээбэ-хообо, сороҕо сыыстыыр да соҕустук, икки өттүттэн ытылла турбута. Ыччат көрдөөх көбдьүөрүн истэннэр дьиэттэн эмээхситтэр, үксэ хараҕа суохтар, тасхыталаатылар. Олус дьүдэх көрүҥнээхтэр, ыһыллыбыт баттахтаахтар, бүрүллүбүт харахтаахтар, таҥастара-саптара да бэрт дьикти – көрүөххэ сүрдээх ураты көстүү этэ. Эмээхситтэр ыччат ырыатын-тойугун болҕойон истэн тураллара. Уонна бэйэлэрэ эмиэ хоһуйан бараллара – ааспыт эдэр саастарын, тапталларын, кырдьан буоруйуу кырыыһын. Бу ырыа барыта — сүрдээх күүстээх уус-уран хоһуйуулаах буолар. Холобур маннык:
Көҕүлүм аһа күрэҥсийэн
Имим хаана өлбөөрөн,
Былыргы киһи былата,
Эргэ киһи элээмэтэ буолан,
Хоруоҥка тииһим хоойбунан
Хоолдьугуруу тохтубут
Хоруончака эмээхсин
Халдьаайыбар тахсар
Хонукпун ааҕа да сылдьан,
Эдэр дьон элэ-была тыллаах
Эриэккэстэй хоһоонноро
Сүрэҕим-быарым ортотунан киирэн
Сааспын саарбыйар.
Кэскиллээн туойбут ырыалара
Кэнэҕиски да кэмнэргэ,
Күн сириттэн күрэнэн,
Килбигийэ өһөн да сыттахпына,
Сүһүөхтэрбин ириэрэн,
Хоолдьуктарбын хамсатан
Туруоруох-сүүрдүөх курдуктар…
Онтон биир эмээхсин: “Ноколоор, чэй эрэ, таабырынна таайыҥ, — диэтэ. – Дьиэ үрүтүгэр түөрт этэрбэс ыйанан турар үһү?”. Таайыыта – ынах эмиийэ диэн этэ. “Дьэ эрэ, аны мин таабырыммын таайыҥ. Сыраат омук ыраахтааҕытын кыыһа сарсыарда аайы кыыра тахсар үһү”. Таайыыта – сарсыардааҥы саһарҕа. Ити курдук таабырын арааһа таайылынна. Көр-күлүү эбии күөдьүйдэ.
Маннык көргө-оонньууга ыччаттар билсэннэр ыал-уруу буолаллар.
Ити курдук уруу үс күн тухары салҕанна. Маннык элбэх дьон мустуулаах улахан тойго үгүс үп-харчы баранар. Ол эрэн өлгөмнүк аһаппатаххына – аатыҥ-суолуҥ барар. Үһүс да күн ааһыыта Мохсоҕолго хаалбыт дьон бааллара. Онтон мин Орто Халыматтан атас чукчабар айаннаабытым”.
Ити курдук ХIХ үйэ бүтүүтэ биир саха ыала олохторун холбообуттарын үөрэхтээх киһи көрөн, кумаахыга тиспитэ ааҕарга-билэргэ олус сэргэх буолар.
Борисов Б.Б.
Тирэх литэрэтиирэ:
- Шкловскай И.В.-Дионео “На крайнем Северо-Востоке Сибири”. – С-Петербург, 1895.