Олох кырабыттан учуутал буолуохпун наһаа баҕарар этим. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар миигин кэрэ мөссүөннээх, уурбут-туппут курдук бүрүчүөскэлээх, мааны таҥастаах учууталлар үөрэппиттэрэ. Мин кинилэр курдук буолуохпун баҕарарым. Оҕо бэйэм улаатан, кыыс бэйэм ситэн, учуутал буолар ыра санаам туолан, төрөөбүт сахам тылын дириҥник үөрэтээри, тылбытын-өспүтүн байытаары, дьоллоох Дьокуускай куоракка, Саха судаарыстыбаннай университетыгар саха салаатын бүтэрэн, күн бүгүҥҥэ диэри оскуолаҕа ыччаты төрөөбүт тылы ытыктыырга үөрэтэн кэллим. Оскуолаҕа үлэлээбитим номнуо 38 сыл буолла. Киһи үлэлиирин тухары үөрэнэр, билэр-көрөр баҕата күөдьүйэр, өссө сытыырхайан тахсар эбит. Сааһырдаҕыҥ аайы арылхайдык көстөн иһэр. Оҕо хас биирдии төрөөбүт тыл суолтатын өйдүүрүгэр орто сүһүөххэ эрэ оруобуна сөптөөх билиини ылынар дии саныыбын. Бу кэмҥэ кини айар, өйгө оҥорон көрөр дьоҕура, күүскэ сайдар. Онон бу сааһыгар төрөөбүт тыл билиитин, суолтатын ылынара оруннаах. Билигин тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдарбыт, тыл суолтатын билэргэ, ааҕарга, өйдүүргэ аналлаах тыл састаабын кэҥэтэр араас тылдьыттары таһаардылар. Бу тылдьыттар хас биирдии киһиэхэ да буолбатар, хас биирдии оскуолаҕа баар буолла. Онон учууталга, төрөппүккэ, оҕоҕо улахан көмөлөөх тылдьыт. Аны тылдьытынан хайдах туттары, туһанары оҕо эмиэ бу сааһыгар ылынар. Ол курдук кини алпаабыт бастакы буукубатыттан саҕаланар диэн билэр уонна оннук тыл суолтатын билэргэ дьулуһар. Оччоҕо ханнык баҕарар тылдьыты илиитигэр ыллаҕына, ыарырҕаппат, оҕо өссө сөбүлээн туттар буолар. Уруокка кыайан туттубатаҕына, уруок таһынан күүскэ дьарыктанар дьоҕуру үөскэтэр. Кини бу тылдьытынан туһана үөрэннэҕинэ, айар, толкуйдуур дьоҕура, сатабыла олох күүһүрэр. Тылын саппааһа элбиир, ырытар, суруйар, ааҕар ыыра ыраатар. Мантан сиэттэрэн, тыл куруһуогар, олимпиадаларга, «Аман өс» күрэҕэр, тыл араас күрэхтэригэр чэпчэкитик кыттар буолар. Оҕо күннээҕи тылын суолтатын өйдүүргэ үөрэнэр. Маннык тылдьытынан туһанар киһи бэйэтэ сайдарыгар, култууратыгар олус туһалаах буолара саарбаҕа суох.
Онон күндү төрөппүттэр, оҕолор ыччаттар, төрөөбүт төрүт тылбыт сайдыылаах буоларыгар кыһаллыаҕыҥ, билиҥҥи олохпут түргэнник сайдар кэмигэр бэйэбит билиибитин, көрүүбүтүн оҕобутугар сөпкө тириэрдэргэ күүс-көмө буолуоҕуҥ. Оччоҕо саха киһитэ, саха оҕото бэйэтин ытыктаныа, төрөөбүт тылын ытыктыа уонна үрдүк таһымнаах култууралаах буоларга хайаан да ситиһиилээх буолуо диэн бигэтик этэбин.
Ньурба оройуона, Күндээдэ орто оскуолатын саха тылын, литературатын учуутала Иванова Таисия Ивановна.