Билигин үгүс киһи саха үгэс буолбут таҥаһа дьабака бэргэһэ, бууктаах сон, халадаайдыҥы ырбаахы, кэһиэччик, хомуһуол сон дии саныыр. Бу ааттаммыт таҥас барыта, биллэн турар, төрүт таҥаспыт эрээри – хойут, ХIХ эрэ үйэҕэ баар буолбута. Ол иннинээҕи саха таҥаһа чыҥха атын этэ. Таҥаспыт-саппыт тоҕо итинник тосту уларыйбытын билигин көрүөхпүт.
Хайа баҕарар омук таҥаһа — кини устуоруйатын, сайдыытын, олоҕун-дьаһаҕын, итэҕэлин кытта ыкса ситимнээх. Билиҥҥи кэмҥэ билим таһымынан саха былыргы ХVIII үйэтээҕи таҥаһа балайда үөрэтилиннэ. Маныаха үс төһүү баар: маҥнайгы чинчийээччилэр суруйуулара, археологическай хаһыылар түмүктэрэ уонна саха фольклора. Саха таҥаһын-сабын археология көмөтүнэн аан маҥнайгынан чинчийбит Ефим Дмитриевич Стрелов буолар.
Кини үлэлэригэр тирэҕирэн худуоһунньук М.М. Носов саха 18 үйэтээҕи таҥаһын-сабын уруһуйдаан Саха судаарыстыбаннай түмэлигэр быыстапкалаабытыгар дьон үксэ «бу чахчы саха таҥаһа дуо?» «оҕуруота тоҕо элбэҕэй?», «үрүҥ көмүһэ тоҕо суоҕуй?» диэбиттии улаханнык саарбахтаабыттара үһү. Кинилэр көрдөхтөрүнэ — тоҥус да, дьүкээгир да таҥаһыттан улахан уратыта суох буоллаҕа. Ону Е.Д. Стрелов бу чахчы саха таҥаһа буоларын «Одежда и украшение якутки в половине XVIII в.» диэн ыстатыйатыгар ырылхайдык дакаастаан турар. Бу 1920-с сылларга этэ. Ол кэмтэн билиҥҥэ дылы — 18 үйэтээҕи саха таҥаһын көрдөхтөрүнэ саарыыр, саарбахтыыр дьон элбэхтэр. Арай билигин информация сайдыбыт үйэтэ буолан уонна саха былыргы олоҕун көрдөрөр киинэлэр эҥин тахсаннар — бу чааһыгар билиибит балайда эбилиннэ.
18 үйэҕэ саха таҥаһа маннык:
1) Бэргэһэ. Археологическай хаһыылар көрдөрөллөрүнэн ордук тарҕаммыт бэргэһэ көрүҥүнэн «ынтака бэргэһэ» (шапка-капор) буолар. И. Миллер суруйарынан, сахалар маннык бэргэһэни сиэгэн тириитинэн буодьулуулларын сөбүлүүллэр эбит. Онтон саха сэниэ, баай өттө кэтэр бэргэһэтэ — муостаах бэргэһэ буолар. И.В. Константинов хаспыт көмүүлэригэр муостаах бэргэһэ баай эрэ дьон уҥуохтарыттан көстүбүтэ да элбэҕи этэр. Аны фольклорга «муостаах нуоҕайдаах бэргэһэ» диэн хоһуллар. Ол — көтөр түүтэ хороччу олордуллубут дьахтар бэргэһэтин этэллэр. Бу туһунан бастакы чинчийээччилэр, айанньыттар эмиэ суруйаллар. Билиҥҥитэ археологическай хаһыыларга көстө илик. Оттон «муос» оҥоһуута икки көрүҥнээх буолар: кыыл төбөтүн (бөрө, бэдэр) бүтүннүү сүлэн ол кулгааҕынан муос оҥороллор эбэтэр туос уган, таһын тириинэн эрийэн, оҕуруолаан киэргэтэн тигэллэр.
2) Сон. Сарыы эбэтэр түнэ буолар. Икки ойоҕоһунан оноолоох (тыыраҕастаах). Бу — былыргы сон солбуллубат уратыта. Дьахтар соно эр киһитээҕэр уһун. Эр да киһи соно, дьахтар да киэнэ оҕуруо киэргэллээх буолар. Кыһын сон таһынан саҕынньах кэтэллэр. И.Миллер бэлиэтииринэн сахалар «хаас ойуулаах» саҕынньахтаахтара («шуба с бровями» диэн этэр). Бу, сэрэйдэххэ, чинчийээччи «хотойдоох сону» эппит буолуохтаах. «Хотойдоох сон» хоту улуустарга ХХ үйэҕэ дылы баара. Онон бу түҥ былыргы кэмтэн кэлбит таҥас көрүҥэ буолар.
3) Этэрбэс. Атах таҥаһа ХХ үйэҕэ тиийэ улаханнык уларыйбатаҕа. Арай ХIX үйэ ортотуттан этэрбэскэ «билэ» киирэр.
4) Ис таҥас. Сыалдьа да, сутуруо да ХХ үйэҕэ тиийэ кэлбитэ. Онон манна улахан уларыйыы суох. Арай сиэр-туом өттө ис таҥаска уурайбыта (холобур, кыабака симэҕэ).
Онтон ХIХ үйэҕэ саха олоҕун социальнай-экономическай өрүтэ уларыйар. Ол курдук атыы-эргиэн, табаар кэлиитэ кэҥиир: сукуна, хаарыс, үрүҥ көмүс, араас күлүмүрдэс мишура, лиэнтэ дэлэйэр уонна таҥас киэргэлигэр оҕуруону үтүрүйэр, сыанатынан чэпчэки буолан.
Аны, чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, ХIХ үйэҕэ ынах сүөһүнү иитии сылгыны иитиини баһыйар. Бу ХIХ үйэ ортотугар Бодойбоҕо көмүс көстүбүтүттэн сиэттэриилээх. Олохтоох нэһилиэнньэҕэ бириискэ дьонун аһынан хааччыйыы сүктэриллибитэ. Онуоха ынах этин дэлэтии инники күөҥҥэ тахсар. Онон тыһыынчанан сылгы үөрүн көрөн-истэн ыраах сиринэн тэлэһийэн сылдьыы аччаан, хаптаҕай оноолоох (акка олорорго табыгастаах буоллун диэн сон икки ойоҕоһунан тыыраҕаһа) сон уурайар, ол оннугар бүтэй оноолоох сон (тыыраҕас оннугар киллэһик киирэр) баһыйар. Маныаха өссө киис өлбүгэтэ тохтоон, эмиэ ыраах сиринэн тэлэһийэн бултуур-алтыыр аччаабыта эбиилик буолар. Дьон-сэргэ сүрүн дьарыгынан от-мас уонна ХIХ үйэ ортотуттан бурдук үүннэрии буолар.
Муостаах бэргэһэни кэтии эмиэ тохтуур. Дьон-сэргэ дьабака, чомпой бэргэһэлэнэллэр. Бу православие дьайыытын уонна олох-дьаһах укулаата уларыйыытын кытта ситимнээх. Муостаах-нуоҕайдаах бэргэһэ – ааспыт кэм көстүүтүн быһыытынан уурайар, уларыйар.
Онон саха таҥаһа ХIХ үйэҕэ туспа ураты көстүүлэнэр. Бу, инники этиллибитин курдук, олох-дьаһах, итэҕэл уларыйыытын кытта ситимнээх.
Борисов Б.Б. – Байан Түһүнэй
Тирэх литература:
- Гаврильева Р.С. Одежда народа саха конца ХVII — середины ХVIII века: опыт этнографической реконструкции. – Якутск, 2000.
- Миллер Г.Ф. Описание сибирских народов. – М.: Памятники исторической мысли, 2009.
- Носов М.М. Эволюционное развитие якутской одежды с кон. ХVIII столетия до 1920-х годов.//Сборник научных статей. Выпуск 2. – Якутск, 1957.
- Петрова С.И. Свадебный наряд якутов: традиции и реконструкция. – Новосибирск: Наука, 2006.
- Стрелов Е.Д. Одежда и украшение якутки в половине XVIII в. (По археологическим материалам). https://nomadica.ru/biblioteka/se_37_2_3_strelov.html