Виктор КУЗЬМИН, Дьокуускай

Аҕам сири тиэрии үлэтигэр сылдьан, 1992 с. Бүлүү улууһун Өкүндү нэһилиэгин Үрүҥ күөл диэн сиригэр былыргы  туой иһиттэр үлтүркэйдэрин булбута. Оһуорун бэлиэтии көрбүтүм. Үөрэтэргэ санаммытым.  Археология уонна Е.М.Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр түмэллэргэ, бибилэтиэкэҕэ матырыйааллары хаһыстым. Туой иһит оҥоруу устуоруйатын, хайдах оҥороллорун, көрүҥнэрин туһунан сиһилии салгыы ааҕыҥ.

Хаһыс үйэтээҕиний?

Саха сиригэр б.э.и. 5-4 тыһ. сыл анараа өттүгэр оҥоһуллубут туой иһиттэр көстүбүттэр. Бөҕө гына оҥороллор эбит. Ол иһин баччааҥҥа диэри сүтэн хаалбакка биһиги түмэллэрбитигэр тураллар. Үлтүрүйбэтин диэн уҥуоҕу, алдьаммыт иһити дэлби илдьиритэн, оту, кыыл түүтүн кутталлар эбит.  

Хас биирдии үйэҕэ ньымата уларыйан испит.  Ону археологтар үөрэтэн көрөн баран маннык араарбыттар:

  1. Сыалаах култуурата б.э.и 5-4 тыһ. сылларга иһиттэр, сиэккэлии уруһуйдаахтар.
  2. Бэлкэчи култуурата б.э.и. 4-3 тыһ. сылларга иһити курунан туттаран биэрэллэр этэ.
  3. Уус-миил културата б.э.и. II-I-с үйэлэр ортолоругар. Туой иһити туойунан уһун синньигэс сурааһыннары оҥорон киэргэтиилээхтэр.   
  4. Соҕуруу Саха сиригэр б.э.и II-с үйэҕэ иһити ис өттүттэн тарбаҕынан үтэн киэргэтэр этилэр.
  5. б.э. II-с үйэтин саҕаланыытыгар эрдэтээҥҥи тимир үйэҕэ тыҥырахтарынан оҥута баттыалаан араас быһыылаах уруһуйдары оҥорор буолбуттар. 

Түҥ былыргы иһит чап-чараас, үөһэ өттүгэр туох да токурутуута суох көнө буолар.  Оттон XVII–XVIII-с үйэлэрдээҕи иһити халыҥ гына оҥороллор, үөһээ өттүн тас өттүгэр токурутан, тэллэтэн биэрэллэр эбит. Онон бу булуллубут иһиттэртэн маҥнайгыта XVII-с, иккиһэ XVIII-с үйэтээҕи иһиттэр киэннэрэ эбит. Тыҥыраҕынан баттаан уонна төгүрүктэри оҥортоон киэргэтиллибит.

Былыргы ньымата

Былыр туой иһити күөс иһит диэн ааттыыллар эбит. Хас тохтобулларын аайы күөстэнэн аһыыллар. Суол кээмэйин бэлиэтииргэ туттуллар: биир көс, сиэлэр ат көһө, оҕус көһө, күөс быһаҕаһа (күөскэ эт буһар кэмэ, быһа холоон 2 ч). Ону аан бастаан  В.В.Ливадин, В.Серошевскай, Р.Маак, В.Виленскай чинчийбиттэр эбит. 

Туойу этиҥтэн кистээн, ураһаҕа ууран хаһааналлар. Салгыҥҥа  сытыардахха иһит алдьанымтыа буолара. Маҥнай эргэ күөс иһитин чохоччунан саайталаан бороһуок курдук буолуор диэри үлтүрүтэллэр эбит. Онтон уокка быраҕан ититэн баран, ууга быраҕаллар. Оччоҕо сыата-арыыта тахсар. Ууга бырахтахха, түргэнник үлтүрүйэн бороһуок буолан хаалар. Онтон туойу кытта булкуйан тиэстэ оҥороллор. Ол кэннэ, дьэ, иһиттэрин оҥорон таһаараллар. Илиилэригэр тааһы тутан түгэҕин оҥороллор. Онтон сылгы баттаҕынан курдууллар. Мөлтөх уокка туруоран сиэтэллэр. Бөҕө буоллун диэн үүтүнэн эбэтэр суоратынан сотоллор. Үүт оргутар иһит, күөс буһарар, кымыс кутар диэннэргэ арахсар эбит. Хайаҕастардаах уонна хомпуор тутаахтаах иһиккэ чоҕу ууран, чаанньыгы сылыталлара.           

Билигин хайдах оҥоруохха?

 Туойунан чороон оҥорон көрдүм.Дьокуускай куорат таһыгар туойдаах үчүгэй сир Намсыырга баар.Туой маҥнай оҥорорго ыһылла сылдьар. Ону инчэҕэй таҥаска ууран олорон, кыра-кыра куһуоктарга араартыы-араартыы илиибитигэр дэлби имитэбит. Наһаа уунан илиппэккин. Мас өтүйэнэн тоҥсуйуллар. Дьэ, онтон биир улахан куһуок гыныллар. Хайдыбатын диэн үчүгэйдик силимниигин. Онтон хас эмэ күн хатарыллар. Ол кэннэ 4-5 чаас устата муфельнай оһоххо 900ºС туруоран хатарабыт. Оччоҕо кыбыс-кытаанах буолар. Оһохтон итии иһити таһааран, мас көөбүлүгэр бырахтахха буруолуур. Оччоҕо ол буруота хараардар эбит. Былыр муфельнай оһох суох буолан, оһох кытыытыгар мөлтөх уокка туруоран куурдаллара.

Литература

  1. Гоголев А.И. Археологические памятники Якутии позднего средневековья (XIV — XVIII вв.) Иркутск, Изд-во Иркут. ун-та 1990. 188 с.
  2. Докторов П.И. Ремесло и кустарное производство  якутов (история и современность). Якутск, 1999. 164 с.
  3. Маак Р. Вилюйский округ Якутской области.  Санкт-Петербург, 1883-1887.
  4. Романова Е.Н. Гончарство // Якуты (Саха). – М.: Наука, 2012. – С. 169–172.
  5. Серошевский В.Л. Якуты. Опыт этнографического исследования. –  2-е изд., М, 1993. 736 с.
  6. Турза Яна Якутская коллекция в Лиден-музее Штутгарта. Якутск: Бичик, 2009. 144 с.
  7. Эртюков В.И.  Усть-мильская культура Эпохи Бронзы Якутии.- М.; Наука, 1990.149 с.