Саха симэҕэ ураты сиэдэрэй быһыылаах, тута харахха быраҕыллар оҥоһуулаах буолар. Билигин ханнык симэхтэр умнуллубуттарый? Холобур, биһиги саайпытыгар Александра Прокопьева, Борис Борисов билиҥҥи кэмҥэ сүппүт, ааттара-суоллара умнулла быһыытыйбыт киэргэллэр тустарынан кэпсээбиттэрэ тахсан турар. Былыргы дьон симэҕэ хайдах этэй, туох суолталаахтарай? Ол туһунан кыраайы үөрэтээччилэртэн ыйыттыбыт.

Хаһыыларга

Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах түмэллэрин археология уонна этнография салаатын салайааччыта Василий Васильевич Попов:

– 17-18-с үйэтээҕи киһи уҥуоҕар таҥаһа-саба син баар буолар. Туой буордаах сир мээнэ ууну аһарбат буолан, киһи өлүгэ кууран-хатан сытыйбакка сытар буолааччы. Онтон былыргы көмүүлэргэ, хомойуох иһин, таҥас-сап сытыйан сүтэр. Киэргэллэрин быһыыта-таһаата, оҕуруо, алтан, симэх хаалбыт буолар.   Былыргы киэргэл итэҕэл суолтатыгар уонна олоххо киһи сааһын, баайын, төрдүн ууһун бэлиэтииргэ туттуллара. Ол курдук 12-18 эргимтэлээх улахан туоһахталары булан турардаахпыт. А.А.Саввин суруйууларыгар туоһахта былыргы аналын  туһунан бэлиэтээһиннэр бааллар. Хайдах бачча улахан туоһахталары кэтэллэрэй диэн дьиктиргиир этим.  Былыргы саха итэҕэлинэн киһи биир харыстанар сиринэн дьулайа, оройо буолар. Былыр туоһахта бэргэһэ иһигэр баар буолар, анала – куһаҕан тыынтан оройу, дьулайы сабар. Кэлин итэҕэл уларыйан сүүс  киэргэлэ буолан хаалбыт. Ытарҕа эмиэ киэргэл суолтатын курдук аналлаах. Мин бэлиэтиирбинэн, көмүү булуутунан биирдии ытарҕа сааһырбыт дьахталларга, эмээхситтэргэ баар буолар. Кулгаахтарын биирдии эминньэҕэр иккилии ытарҕа кыргыттарга, кэргэн тахса илик дьахталларга баар курдук. Эрдээх дьахталлар эминньэхтэригэр үстүү оҕуруо ытарҕа кэтэллэр, онтон сорох дьахталларга уҥа, эбэтэр хаҥас эминньэхтэригэр иккилии эбэтэр үстүү оҕуруо ытарҕалаах буолаллар. Итини көмүү көстүүтэ кыайан быһаарбат.

Инньэ гынан, ытарҕа киһи олоҕун-дьаһаҕын кэпсиир бэлиэ буолар. Кэргэннээххин, хас оҕолооххун, баай төрүттээххин көрдөрөрө. Эр дьоҥҥо ытарҕа эмиэ баара. 15-16-с үйэтээҕи кэмнэргэ диэри бааллара биллэр. Кыра оҕуруо буолар.

Биһилэх – тугу кэпсиирий?

Кыраайы үөрэтээччи Николай Николаевич Аржаков:

– Биһилэх былыр-былыргыттан киһини араҥаччылыыр аптаах, кистэлэҥ күүстээх айыллыбыт. Ойуулар дириҥ суолталаахтарын,  сахалар былыргыттан сүгүрүйэр кутаа уоттарын, үрүҥ күннэрин ойуулара туоһулууллар. Биллэрин курдук, сахалар кутаа уот иччитэ Бырдьа Бытыкка, Хатан Тэмиэрийэҕэ былыр-былыргыттан үҥэллэр-сүктэллэр. Ол курдук Тулагы Киллэм сиригэр баар Суптуҥа аҕатын ууһун олохторуттан үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут биһилэх көстүбүтэ. Бу биһилэх түөрт эрийии ойуулаах уонна икки өттүгэр кутаа уот устуу төлөнүн, ортотугар былыргы түүрдэр күнтэн саҕыллыбыт түөрт салбахтаах кириэстэрин санатар күннээх. Үрүҥ күҥҥэ саха омук былыр-былыргыттан үҥэн-сүктэн кэллэбэ. Ол да иһин бэргэһэтигэр күн ойуу туоһахталаах, киэргэллээх буоллаҕа (нууч.: солярный круг, латыын. solaris: солнечный круг). Биһиги өбүгэлэрбит үрүҥ күнү биһилэхтэригэр тамга бэлиэ оҥостон, ол кистэлэҥ күүһүнэн туһанан сырыттахтара. Дыгыннар түөлбэлээн олорбут Хаҥалас улууһун Нөмүгүтүттэн көстубут чаҥ алтантан кутуллубут биһилэх күн курдук төгүрүк сирэйигэр эргиччи 11 дьөлө охсуулаах уонна ортотугар күнү санатар биир дьөлөҕөстөөх. Кыраайы үөрэтээччи П.Ноговицын сабаҕалааһынынан, бу биһилэххэ сахаларга баар 11 сыллаах күн эргиирэ ойууламмыт курдук.

Маны тэҥэ биһилэхтэри бас-көс эр дьон кэтэрин бэлиэтээн этиэххэ наада. Холобур, Чурапчы улууһугар көстүбүт Ньыргаайы Болтонин балаһыанньата үрдүгүн, аҕа уус баһылыга кинээс буоларын, Биттикиттэн көстүбүт биһилэххэ олус майгынныыр чаҥ алтан биһилэҕэ туоһулуур. Дьокуускай куорат таһыттан күн сардаҥата киэргэллээх дьэс алтантан оҥоһуллубут биһилэх сирэйэ көстөн турар. Биһилэх тиэрбэһэ тостубута уонна күн сардаҥатын курдук ойуулааҕа ханнык-туох үрдүк дуоһунастаах киһи өлүүтүн-сүтүүтүн кытта сыһыаннаах дуу диэххэ дьиэк биэрэр. Биһилэхтэр ойуулара үүнээйини үтүгүннэрии ньыматынан биирдик оҥоһуллубут. Ньыргаайы, Биттики уонна Мэҥэ Хаҥаласка булуллубут «Тамгалаах биһилэх» биһилэхтэрэ хаһаактар кэлиэхтэрин иннинэ оҥоһуллубуттарын чаҥ алтантан кутуллубуттара туоһулуур. «Сахалар хаһаактар кэлиэхтэриттэн дьэстэн, онтон кэлин үрүҥ уонна кыһыл көмүстэн киэргэллэри оҥорор буолбуттара» диэн археолог А. Гоголев суруйан турар. Барыларыгар эрийиилээх ойуулар бааллар. Суолталара биллибэт, ол гынан баран, ийэтин иһигэр сылдьар саҥа сайдан иһэр киһи, араас тыынар тыыннаах үөскэхтэрин, нууччалыыта «зачатоктары» санаталлар. Холобур, биһилэх аҕа ууһун бэлиэтэ буоллаҕына, үөскэхтиҥи ойуулар аҕа ууһун сыдьааннарын сайдыытын көрдөрөр суолталаах буолуохтарын сөп. Эрийиилээх ойуулар үөскэх буолалларын А.Гоголев үлэтигэр Чурапчы улууһугар Болтоҥоҕо, Иэһэрдээх диэн сиргэ, баай хотун уҥуоҕун хаһыыга көстүбүт, курга ыйанар алтан киэргэллэргэ баар үөскэхтэрдээх икки кырынаас ойуута өссө төгүл бигэргэтэр. Бу киэргэлгэ Биттикиттэн көстүбүт биһилэххэ ойууламмыт күн кытта баар. Хотун ытарҕатыгар Ньыргаайы биһилэҕэр баар кутаа уот эмиэ ойууламмыт. Онон бу биһилэхтэр ойуулара туох да суолтата суох киэргэл буолбатахтара өтө көстөр.

Ангелина КУЗЬМИНА.

Марба, Сунтаар улууһа, 2008 Саха түмэлин пуондатыттан хаартыскалара