Хас биирдии оҕо киһи быһыытынан иитиллэн тахсарыгар кини иитиллэр, улаатар эйгэтэ дьайар. Биһиги бары сахалыы тыллаах-өстөөх төрөппүттэр оҕобутун хайа төрүөҕүттэн төрөөбүт тылынан саҥардабыт, киниэхэ саха буоларынан киэн туттар иэйии баар буоларыгар кыһанабыт.
Оҕолорбут кыра саастарыттан төрөөбүт тылларын үчүгэйдик биллэхтэринэ, кини дорҕоонун кэрэтин-талбатын эттэригэр-хааннарыгар иҥэриннэхтэринэ, сахалыы дириҥ өйдөөх-санаалаах, саха киһитин сиэринэн уйаҕас дууһалаах, аламаҕай майгылаах буолуохтара.
Билигин бэйэлэрин ийэ тылларынан үчүгэйдик саҥарбат ийэ, аҕа көлүөнэтэ кэллэ. Бастаан кинилэр тылларын-өстөрүн көрүнэн, сахалыы сөптөөхтүк саҥарарга үлэлэһиэхтэрин наада. Ону элбэхтик уус-уран кинигэни ааҕан ситиһиэххэ сөп дии саныыбын. Оскуолаҕа ааҕыллыбатах бастыҥ айымньыларгытын билигин кэлэн ааҕаргыт хайҕаллаах эрэ дьыала. Чэ, холобур, Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» арамаана, «Дьону үөрдэ сырыттарбын» сэһэнэ, «От үрэххэ» кэпсээнэ, Суорун Омоллоон «Аанчык», Николай Заболоцкай «Мааппа» кэпсээннэрэ, Далан «Дьикти саас» сэһэнэ, «Тулаайах оҕо», Николай Якутскай «Төлкө» арамааннара онтон да атын бэртээхэй айымньылар эһиэхэ сахалыы ааҕар баҕаҕытын күөдьүтүөхтэрэ дии саныыбын. Кытаатан оҕолоргут көрөллөрүгэр сахалыы үчүгэй оҥоһуктары, ойууну-уруһуйу, сахалыы таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу, аҕыйах тылынан эттэххэ, сахалыыны барытын кэрэхсээҥ, сөҕүҥ-махтайыҥ, үөрүҥ-көтүҥ. Онон эһиги оҕолоргутугар, бэйэҕит да билбэккитинэн, сахалыы өйү-санааны, сиэри-майгыны иҥэрэн киирэн бараҕыт.
Кырачаан киһини биһиги, төрөппүттэр, кыра сааһыттан саҕалаан тылын-өһүн, өйгө тутар дьоҕурун сайыннарыахтаахпыт. Кини бэрт кыратыттан бэйэтин төрөөбүт тылынан хомоҕойдук саҥарар-иҥэрэр,толкуйдуур буоллаҕына, инникитин баай тыллаах-өстөөх, иҥнэн-толлон турбат сытыы-хотуу,тобуллаҕас толкуйдаах, күүстээх санаалаах киһи буолан тахсыаҕа.
Бары улаханныын-кыралыын тылбытын-өспүтүн көрүнэн, норуот суруйааччыта Амма Аччыгыйа эппитинии, үрүйэ уутун курдук сэргэх, сир симэҕин курдук сиэдэрэй сахабыт тыла барахсан чэчирии, сайда турарын туһугар өйбүтүн-санаабытын түмүөҕүҥ, үлэтэ ыытыаҕыҥ.
Атын омук тылын билэллэрэ иннилэригэр турар, билигин уһуйаан саастаах оҕо бастаан төрөөбүт тылын үчүгэйдик баһылыахтаах, онон инники күөҥҥэ төрөөбүт сахабыт тыла сылдьыахтаах. Биһиги төрөппүттэр оҕолорбутун кытта нууччалыы тылы кыбыппакка кыра эрдэхтэриттэн сахалыы ыраастык саҥаралларыгар үлэлиэҕиҥ. Ону хайдах ситиһэбит диир буоллахха:
1. Оҕолорбут уһуйааҥҥа эрэ буолбакка, дьиэҕэ эмиэ сахалыы саҥарыахтаахтар.
2. Сахалыы кинигэни элбэхтэ көрдөрүөххэ, онтон ааҕан иһитиннэриэххэ. Элбэх сахалыы хоһоону, таабырыны үөрэтиэххэ.
3. Сахалыы оҕо киинэлэрин, испэктээктэри көрдөрүөххэ.
Бу барыта оҕолорбут кыра саастарыттан төрөөбүт тылларын ытыктыылларыгар, умсугуйан үөрэтэллэригэр олук буолара саарбаҕа суох. Онон хас биирдии ийэ, аҕа, эһэ, эбэ бары туруннахпытына эрэ, төрөөбүт сахабыт тыла сүтэн, иҥэн-оһон хаалбакка, үйэлэргэ чэчирии туруо. Сайдыылаах 21-с үйэҕэ кэлэр кэнчээри ыччаппыт атын омукка үтүрүйтэрбэккэ, тэҥҥэ хардыылаан, олох устун дьулурҕатык айанныа.
Биһиги оҕолорбут кыра саастарыттан төрөөбүт тылларын үчүгэйдик биллэхтэринэ, кини дорҕоонун кэрэтин-талбатын эттэригэр-хааннарыгар иҥэриннэхтэринэ, сахалыы толкуйдуур, сахалыы дириҥ өйдөөх-санаалаах, саха киһитин сиэринэн уйаҕас дууһалаах, аламаҕай майгылаах буолуохтара.
Саха оҕото Сахалыы билиэхтээх, Сахалыы сайаҕас Санаалаах буолуохтаах. Саха оҕото Сахалыы ааҕыахтаах, Сахалыы ыраастык Саҥарар буолуохтаах…
диэн хоһооммунан суруйуубун түмүктүүбүн.
Аммосова Валентина Ивановна,
төрөөбүт тыл уонна литература учуутала,
СР үөрэҕириитин туйгуна.