Саха былыр-былыргыттан бастыҥ мааны аһа кымыс буолар. Айыы аһа. Үрүҥ тунах диэн харыстаан ааттыыллар. Кымыска ытыктабыллаах сыһыан түүр омуктарыгар барыларыгар баар. Сахаҕа, бэл, хойукку холкуос ыһыахтарыгар диэри ол көстүү баара.

Холобур, кымыһы колхуос ордук ытыктанар, майгылаах бастыҥа, асчытынан эмиэ биллэр сааһырбыт соҕус ыал ийэтигэр эбэтэр эбэлэригэр бэлэмнэттэрэллэрэ. Кымыс кутар ампаар аттыгар айдаарар, оҕо сүүрэрэ-көтөрө көҥүллэммэтэ. Аны биэ үүтүгэр анаммыт далбар чабычахтарга, саар ыаҕастарга ууну, оннооҕор ынах үүтүн куппаттар этэ. Бу иһиттэр биэ үүтүгэр, кымыска эрэ ананаллара уонна олус тупсаҕай тигиилээх буолаллара. Ол да курдук кымыс иһэр чорооннооҕор дьэрэкээн, уустаан-ураннаан чочуйан оҥоһуллубут иһит сахаҕа суох. Ити курдук биэ үүтүгэр, кымыска аналлааҕы саха ураты суолталыыра, өрө тутара.

Далбар чабычах. Ньурба түмэлин пуондата.

Саха кымыһы 19 үйэ ортотугар диэри (чэй тарҕанан үтүрүйүөр диэри) бастыҥ ас быһыытынан илдьэ кэлбитэ. Кымыһы ордук хото ыһыахтарга уонна урууларга иһэллэрэ. Кымыс итирдэр уохтааҕа. Онно ылларбыт дьону «иһээччилэр» диэн ааттыыллара. Былыр от кэмигэр устар күнү быһа кымыһынан эрэ сылдьаллара. Кини күүс-сэниэ эбэр кыаҕа онтон да көстөр. Дэлэҕэ Саха сиригэр 1829 уонна 1840 сылларга кэлэ сылдьыбыт Н. Щукин кымыһы «живая вода» диэн суруйуо дуо? Саха сиригэр олохсуйбут нууччалар биэ ииттэннэр, кымыс оҥостоллорун туһунан суруйууларга баар.

Сэлэ.

Былыр биэни күҥҥэ 5-8 төгүл ыыллара. Табан ыатахтарына 12-гэ тиэрдэллэрэ үһү. Биэҕэ үүтэ өлгөмнүк киирэрин туһугар хаһааҕа күөх сирэмҥэ туталлара. Үчүгэйдик ыатарыгар кулунчуктары сэлэҕэ баайан үөрэтэллэрэ. Сэлэ диэн оҕус тириитинэн эбэтэр сылгы кылынан хатыллыбыт, икки баҕана икки ардыгар чиккэччи тардыллыбыт быаны этэллэр. Ол сэлэҕэ тоһоҕо курдук мас хараҕалаах буолар, онно кулунчугу баайаллар. Улахан баайдар сэлэлэрин хараҕата алтан, үрүҥ көмүс кытта буолара үһү. «Тоҕус тоҕойдоох тойон сэлэ» диэн уустаан-ураннаан этии баар. Сэлэҕэ бааллыбыт кулунчук маҥнай мөхсөрө бэрт буолара үһү. Онтон улам үөрэнэн, налыйара. Ону, ыыр кэмнэригэр, биэ аттыгар аҕалан туруораллара. Саха ырыатыгар-тойугар «сэлэ тойуга» диэн хоһуйуулар элбэхтэр.

Киистэлээх кэтэхтээх,
Хоруоҥкалаах хоҥуруулаах,
Таҥалайдаах иэдэстээх,
Үөстээх өргөн көнтөстөөх,
Тоҕус тунаах кулун
Тоҕуоруччу тиһиллэн,
Туораах курдук охсуллан
Туналыһа туралларын,
Тоҕус тойон киһи
Тускулаан чохчолоспуттар,
Аҕыс аҕымсыйбыт дьахталлар
Айхаллаан арыаллаабыттар,
Сэттэ субан кыыс
Сэҥээрэн сэлээбиттэр,
Уон субан уол
Уруйдаан куугунаспыттар!
(Федоров, 138 с.).

Аким Курочкин хаартыската.

Кымыс табыллара-табыллыбата көөнньөрүүтүттэн тутулуктааҕа. Былыр көөнньөрүүнү биэ үүтүн, сүөгэй уутун, тары буккуйан, онно сылгы иҥиирин эбэн оҥороллоро. Хойут, бурдук үүннэриитэ тарҕаммытын кэннэ, биэ үүтүгэр нэчимиэн эбэтэр сэлиэһинэй бурдук туорааҕын быраҕан оҥорор буолбуттара. ХIX үйэ ортотугар дылы көөнньөрүүнү, үксүгэр, симиир түгэҕэр хаалбыт кымыс хойуутуттан (көйүргэтиттэн) оҥороллоро. Ону хаһаанар икки ньымалаахтар эбит. Хаппыт көйүргэни сүөһү хабаҕа хаппарга кутан баран тардаах холлоҕос иһигэр угаллара. Алтынньыга, тар тоҥоругар, хабаҕы хостоон, дьиэҕэ сылаас сиргэ ууруналлара. Көөнньөрүүнү «тилиннэрэллэригэр» биэ ыаммытынан үүтүгэр кутан булкуйаллара, сүөгэй уутун уонна сылгы кэлин атаҕын иҥиирин («сылгы бэстээҕин») эбэллэрэ. Иккис ньыма: симиир түгэҕэр хаалбыт кымыһы хойуутун кытта туос тууйаска кутан, ыгыччы хаппахтаан баран омуһахтарыгар уураллара. Онно кымыстаах көйөргө мууһура тоҥоро. Саас, кымыс көөнньөрөр саҕана, ириэрэн баран сүөгэй уутун, ыаммытынан биэ үүтүн уонна кытарах ынах үүтүн буккуйан, ыаҕаска кутан сылаас сиргэ туруоран «тилиннэрэллэрэ». Сорох сирдэргэ кымыһы көйөргөтүн кытта симиир түгэҕэр ордорон баран тоҥороллоро. Саас ириэрэн, биэ үүтүн кутан «тилиннэрэллэрэ». Онтон көйүргэни олох саҥаттан оҥорорго тоҕус ньыма баарын Саввин А.А. суруйар ((Саввин,126-127 сс). Олоҥхоҕо хоһулларынан, көйүргэ оҥорорго анал «туом тардыы» сиэрин-туомун толороллоро. Онуоха сэттэ туҥуй биэ уонна тоҕус кытарах биэ үүтүн туһаналлара.

Тылбыылаах симиирчэх, айах чорооннор, балхах. Күндээдэ уонна Ньурба түмэлин пуондата.

Кымыс үчүгэйдик көөнньөрүн туһугар сылгы иҥиириттэн ураты дьөлүһүөн умнаһын, абааһы ситимин, сир кулгааҕын, хатыҥ түмэлдьитин, сылгы тобугун о.д.а туһаналлара. Балартан ордук киэҥник сылгы иҥиирин («сылгы бэстээҕин») туһаналлара.

Сороҕор «хойуулаах биэ» диэн баар буолара. Ол аата түргэнник көөнньөр хойуу үүттээх биэни этэллэр.

Кымыһы көөнньөрөр иһиттэрэ симиир (эбэтэр көҕүөр) диэн буолар. Манна улахан аҥарынан биэ үүтүн куталлара уонна сылаас оргуйбут ууну куталлара. Симиир моонньугар көҥкөлөйү олордон, ол иһинэн кымыс ытыгын — хамнатары (бүлүүрү) уган аллара-үөһэ хамнатан ытыйаллара. Манна сатабыла диэн, көйөргөнү алдьаппат туһуттан, симиир түгэҕин таарыйыа суохтаахтар. Ытыйан бүттэхтэринэ, көҥкөлөйү хостоон, симиир моонньун, салгын тахсыбатын курдук, тылбыйан кэбиһэллэр. Кымыһы кэлэ-бара дьахталлар, оҕолор ытыйа сылдьаллара. Ыалдьыт кэллэҕинэ эмиэ ытыйа түһэн ылара. Бэлэм кымыһы саар ыаҕаска кутан биир-икки күн сылаас сиргэ туруораллар. Онтон сөрүүн сиргэ — «кымыс уҥкучаҕар» туос холлоҕосторго сүөкүүллэр.

1945 с. Бороҕоҥҥо буолбут Кыайыы ыһыаҕар кымыс иһиитэ. Куйаар ситимиттэн.

Саха кымыһын көрүҥнэрэ:

Көйүү кымыс — сороҕор көөнньүү эбэтэр көйүргэн диэн ааттыыллар. Өр туран көөнньүбүт уохтаах кымыс.

Саамал кымыс — саҥа көөнньүбүт, үчүгэйдик уоҕура илик кымыс. Олоҥхоҕо «саамал кымыһынан санааларын тарҕаппыттар, көйүү кымыһынан көхсүлэрин кэҥэппиттэр» диэн хоһуйаллар.

Хара кымыс — тугунан да тупсарыллыбатах, аараҕа, арыыта суох кымыс. Маннык кымыһы дьадаҥы дьон иһэрэ. Баай, сэниэ ыал кымыска арыыны уулларан ытыйар, эбэтэр ыаммытынан ынах үүтүн, сүөгэй уутун кутан аарахтыыр.

Онон көс култууралаах омуктарга барыларыгар баар бастыҥ, мааны ас кымыс – саха олоҕор-дьаһаҕар, сиэригэр-туомугар сүрүннүүр миэстэни ылара.

Борисов Б.Б.

Тирэх литэрэтиирэ:

  1. Мартынов Н.Н. Ыһыах – төрүт үгэспит. – Ньурба түмэлин архыыба.
  2. Николаева Т.Н. Кумыс в традиционной культуре якутов (на материале якутского героического эпоса олонхо). https://cyberleninka.ru/article/n/kumys-v-traditsionnoy-kulture-yakutov-na-materiale-yakutskogo-geroicheskogo-eposa-olonho
  3. Саввин А.А. Якутский кумыс./Сборник материалов по этнографии якутов. – Якутск, 1948.
  4. Сунтаар фольклора: фольклорист Г.Е. Федоров суруйуларынан. – Дьокуускай: Дани-Алмас, 2019.