Борис Борисович Борисов, Ньурба түмэлин үлэһитэ

Былыргы саха дьахтарын таҥаһыгар, омуннаан эттэххэ, чуоччаҕыттан саҕалаан этэрбэһин тумсугар тиийэ симэх-киэргэл буолара. Уос номоҕор хаалбытынан Сунтаар баайдара Тимофеевтар кыыстарын эргэ биэрэллэригэр  23,5 муунта үрүҥ көмүһүнэн симээбиттэр. Ону аҕата кыыһыттан ыйыппыт: «Дьэ, тоҕойуом, биир кыыс оҕо санаатын ситтим, силигин ситэрдим  диэн олоробун. Туох дии саныыгын?» — диэн. Онуоха кыыһа, этэрбэһин тумсун көрүнэн баран: «Этэрбэһим тумса көмүһэ суох», — диэбитэ үһү.

Кырдьыга даҕаны, саха кыыһа  чопчуурдаах дьабака бэргэһэтин хороччу кэтэн, бууктаах сонугар туорум көмүс курун кэтэн, түөс, өттүк симэхтэринэн толбоннура оонньоон, илин-кэлин кэбиһэрдэринэн күлүмүрдээн сайбалдьыйа хаамтаҕына – киһи санаата көнньүөрэ, хараҕа туола көрөр көстүүтэ буоллаҕа эбээт.

Өттүк симэҕэ

Онуоха мин билиҥҥи кэмҥэ ааттара-суоллара умнулла быһыытыйбыт киэргэллэргэ тохтуохпун баҕарабын. Саха дьахтарын таҥаһыгар өттүк симэҕэ биир туспа суолтаны ылара. Урукку таҥаска-сапка сиэп суоҕунан сэдиптээн, өттүккэ ыйаммыт салбырҕастар солбуйаллара, онно кыракый малы-салы уктар хаппар, инньэлик, кыалык, саһыл тумса ымыы, чыыһылынньыкка тиийэ ыйанара.  Өттүк симэҕин салбырҕаһа хайырҕастан уонна көҥдөй туруупкалартан оҥоһуллара. Балар араастаһаллар. Холдоҕон – уһун алтан туруупка, орто туруупка – бэрбээкэй, саамай кырата – туруйа сотото диэн ааттанар эбит.

Өттүк симэҕин таҥаска иҥиннэрэргэ хас да ньыма баар: курга иилэллэр; уһаты таҥас, тирии лоскуйунан холбоон баран моонньуларыгар кэтэллэр; соҥҥо бэйэтигэр иҥиннэрэллэр. Ол иҥиннэрэллэригэр тэргэн бүөр диэн төгүрүк алтан киэргэл баар буолар, салбырҕастары онно иилэллэр.   

Дьахтар сонун кытыытынан тордуйа диэн кыракый тимирдэринэн күрүөлүүллэр. Маннык тимири биир киэпкэ кутан оҥороллор. Көрүҥэ элбэх: баалбаар, муҥур тордуйа, кэлтэгэй, тынырахтаах тордуйа, бүлтэгир, ньолбох, сура көмүһэ.  Кинилэр хайдах көрүҥнээхтэрин, өрдөөҕүтэ умнуллубут буолан, таайан эрэ билиэххэ сөп. Онон тордуйа – дьахтар таҥаһын сорҕото. Билигин эр киһи таҥаһыгар тордуйа курдук тимирдээн күрүөлээбит-хаһаалаабыт  буолаллар. Ол, хасыһан көрдөххө, сыыһа буолан тахсар, атыннык көстөр.   

Былыргы дьахтар сонугар чопчу диэн ааттанар алтан киэргэллээх буолар. Оннук сону «чопчулаах сон» диэн ааттыыллар. Былыр Ньурба күөлүн хорон түһэрэллэригэр биир кыыс, сөрүүкээри, чопчулаах сонун устан маска ыйаабыт. Онуоха күөл уута көҥү түһэригэр, ол сону илдьэ  баран өрүс уҥуор талахха иилэ бырахпытын булбуттар. Онтон ыла өрүс уҥуордааҕы сири Чопчу диэн ааттаабыттар диэн үһүйээн баар.

Былыргы кыыс таҥаһыгар-сабыгар хобону, чуораанчыгы тигэллэрэ. Холобур, сүктэр кыыс кыабакатын симэҕэр «модьоҕо охсор» диэн хоболоох буолара.  Маны тэҥэ сыттыгын муннуктарыгар кытта чуораанчыктары тигэллэрэ – чыллырҕастаах сыттык диэн ааттанара. Чуораанчык, хобо тыаһа-ууһа куһаҕан тыыны чугаһаппат, үргүтэр диэн өйдөбүллээҕэ.

Онон саха дьахтарын таҥаһа олус уустук, тупсаҕай  оҥоһуулаах, улахан сыанаҕа турар күндү  баай буолара.

Хаартыскалары “Визуальное наследие народов Якутии: фотографический мир А.П. Курочкина (конец XIX — начало XX века)», 2011 с. кинигэттэн туһанныбыт.

Туһаныллыбыт литература

  1. Р.С. Гаврильева. Одежда народа саха. Новосибирск, 1998.
  2. С.И. Петрова. Обрядовая одежда народа саха. Новосибирск, 2002.