Саха норуотун историческай дьылҕата олус уустук кэмнэри ааспыта. Өскөтүн түҥ былыргы үйэттэн саҕалаан көрөр буоллахха, уһун кэм устатыгар көһө сылдьан атын омуктары кытта алтыспыта, бииргэ олорбута олохторугар-дьаһахтарыгар, тылларыгар-өстөрүгэр, уус-уран култуураларыгар биллэр. Үҥкүү – саха норуотун сиэрин-туомун, олоҕун-дьаһаҕын, итэҕэлин көрдөрөрүн быһыытынан, норуот историческай дьылҕата үҥкүүгэ эмиэ көстөр. Онон биһиги үҥкүүбүт ис хоһоонунан да, тутулунан да атын норуоттар үҥкүүлэриттэн чыҥха атын.
Чинчийээччилэр М.Я. Жорницкая, А.Г. Лукина, Н.А. Стручкова сахалар үйэттэн үйэҕэ бэриллэн кэлбит үҥкүүлэрин үөрэтиилэрин түмүгэр сиһилии ойуулааһыннары, быһаарыылары оҥорбуттара. Ол курдук кинилэр бэлиэтээбиттэринэн, саха омук үҥкүүлэрэ түүр тыллаах норуоттар үҥкүүлэригэр олус маарыҥныыр эбит.
Бу үҥкүүлэргэ саха норуота олох туһунан философскай санааларын, инникигэ тардыһыыларын, норуот быһыытынан уратыларын көрдөрөллөр. Хас биирдии үҥкүү хамсаныыта олоҕу кэрэһилиир. Холобур, оһуохай төгүрүмтэтэ – уһун олоҕу, инники кэскили ойуулуур.
Саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын устуоруйатын үҥкүүнү кытта тэҥнээн көрдөххө маннык сүрүн көрүҥнэргэ арахсаллар:
1. Тотемическай суолталаах үҥкүүлэр. Холобур: «Хотой үҥкүүтэ», «Тойон кыыл үҥкүүтэ», «Кыталык үҥкүүтэ».
2. Сиэр-туом үҥкүүлэрэ: «Битии», «Сэлбэриэскэ», «Кымыс үрдэ», «Былыргы үҥкүү».
3. Айылҕа көстүүлэрин көрдөрөр үҥкүү: «Холорук үҥкүүтэ».
4. Сылгы иитиитин көрдөрөр үҥкүүлэр: «Чохчоохой», «Дьиэрэҥкэй», «Кулун куллуруһуу», «Ат буолан сырсыы», «Ат сиэлиитэ».
5. Историческай суолталаах үҥкүүлэр: «Кыргыс үҥкүүтэ», «Оһуор».
Сахалар олохторо-дьаһахтара үҥкүүнү кытта сибээһин биирдиилээн үҥкүү хамсаныытыгар олоҕуран ырыттахха маннык:
Оһуор үҥкүүтэ
Бу үҥкүү төрдө быдан саха былыргыны көрдөрөр. Этнохореограф, искусство наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр А.Г.Лукина этэринэн: «В нем сохранились реликтовые, архаичные элементы ритуальных танцев якутов далекого прошлого». Онон Ангелина Григорьевна сурукка туhэрбитигэр олоҕуран бэлиэтээтэххэ, бу историческай суолталаах үҥкүү. Үҥкүү ис хоһоонун төрдүнэн Сунтаар улууһун былыргы үһүйээнэ буолар. Удаҕан эмээхсин эрдэҕэс (подросток) кыыhа Оһуор түөс соһумардык өлбүт. Удаҕан кыыһыгар анаан тиһэх үҥкүү уонна ыччакка оонньуу ыыппыт (А.Г. Лукина. Танцы саха. – Якутск, Изд-во «Бичик», 1985). Үҥкүү хас биирдии оһуора олох-дьаһах суолтатын көрдөрөр ис хоһоонноох:
1. Кыргыттар уонна уолаттар сиэттиһиилэрэ – сүрэхтэр холбоһууларын символлыыр.
2. Үс муннук буолан туруу – ураһа.
3. Лиралыы оһуор – кэнэҕэски төрүөх, (уйгу-быйаҥ)
4. «Таҥалай ойуу», бүөр ойуу, туос оҥоһук оһуора – олоҕу-дьаһаҕы көрдөрөр оһуордар.
Үҥкүү саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын үгэстэрин, култууратын көрдөрөр. С.А. Зверев – Кыыл Уола туруорбут үҥкүүтүн чинчийэн А.Г. Лукина 3 түhүмэххэ араарар. Маҥнайгы чааһа – уол уонна кыыс үҥкүүтэ, норуот тахсыыта. Манна көстөр саха норуотун өйүн-санаатын култуурата: уол уонна кыыс кыбыстыбыттыы туттан, бытааннык хааман тахсаллар – саха сэмэйэ көстөр. Былыргы сиэр-майгы ирдэбилин быһыытынан кыыс туттуута килбик, оттон уол күүһүн-уоҕун, сатабылын көрдөрүөхтээх. Холобур, ону көрдөрөр хамсаныылары ылан көрүөҕүҥ: «7-10 такты. Юноша, исполняя движения «Тордуйа үҥкүүтэ», обходит девушку, делая круг против хода часовой стрелки. Девушка стоит на месте, удивительно наблюдая за юношей». Ол аата үҥкүү бастакы чааһа уол уонна кыыс сыһыаннарын көрдөрөр уонна удаҕан кинилэри арчылыырыгар, норуоту үҥкүүгэ ыҥырар.
Үҥкүү иккис чааһа үлэни-хамнаһы көрдөрөр. Кыргыттар «сап хаталлар», «быа быластыыллар», «быа эргитэллэр». Оттон уолаттар «күөттэһини», «өтүйэнэн уһанар хамсаныыны», «игиинэн аалаллар». Игиинэн аалыы кэнниттэн уолаттар ойон тураллар, уҥа илиилэригэр үрүҥ көмүс симэх тута сылдьар курдук тутталлар. Үлэлэрин үөрэ-көтө, астына көрөллөр уонна кыргыттарга бэлэхтииллэр. Кыргыттар үөрэ махтана дьиэрэҥкэйдииллэр. Онтон ас астыыллар. Эт кырбыыллар уонна кымыс иһэллэр. Аһаан бүтэн кыргыттар хомуска оонньууллар, уолаттар кинилэри сөҕө-махтайа көрөллөр. «Уруйдааһын» кэнниттэн уолаттар аны күүстэринэн холонсон тусталлар, мас тардыһаллар.
Үһүс чааһа – үөрүү-көтүү, айхаллааһын. Манна удаҕан эдэр дьону айхаллыыр.
Ити курдук, манна саха норуотун олоҕо-дьаһаҕа толору көстөр. Үҥкүү хас биирдии хамсаныыта кэпсээн. Биһиги бу үҥкүүнү көрөн олорон элбэҕи өйдүүбүт:
1. Доҕордоһуу.
2. Кыыс уонна уол аналлара. Кыыс – нарын, кэрэ, килбик, үрүҥ дьиэ үрүмэччитэ, хара дьиэ хараҥаччыта, дьиэ хаһаайката буолар. Оттон уол – күүстээх-уохтаах, бултуур (оҕунан ытыы), уһанар.
3. Уус-уран култуурабыт көстөр: хомуска оонньооһун, оһуохай.
4. Олох-дьаһах култуурата: аһыыр аспыт, эдэр дьону айхаллааһын. Кинилэри олоҕу салҕааччылар быһыытынан көрүү.
Үҥкүүгэ «Өлүөхүмэлии оһуохай», «Бүлүүлүү оһуокай көтүүтэ»киирбиттэрэ эмиэ туспа суолталаах. Ол аата олох салгыы барарын туоһулуур:
Оһуокайдыыр-оһуокай
Эһиэкэйдиир-эһиэкэй
Эдэриктиир ыччаппыт
Уһун дьоллоох олоҕун
Уруйдуоҕуҥ оҕолор!
Оһуокайдыыр-оһуокай,
Уһун үйэлэр тухары
Улугурбат үлэнэн
Уһанаахтаан тураммыт
Кэрэ олоҕу тутуоҕуҥ!
Үҥкүү тыла-өһө да эдэр ыччат сырдык кэскилин кэрэһилиир буолан истэргэ да, көрөргө да астык.
Бүлүүлүү оһуокай
Оһуохай саха олоҕун-дьаһаҕын, историятын бүүс-бүтүннүү көрдөрөр. Бу үҥкүү төрүттэрэ Эллэй уонна Омоҕой саҕана Лена биэрэгэр үөскээбит курдук. Ол иһин кинилэр ааттара үҥкүү тылыгар элбэхтик этиллэр. Чинчийээччилэр этэллэринэн, билиҥҥээҥҥэ дылы Бүлүү улуустарыгар киэҥник тарҕаммыт. Үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, Сунтаар, Ньурба улуустарын өбүгэлэринэн Хаҥаластар – Лена биэрэгиттэн Дыгынтан куотан (XVI-с үйэттэн) кэлбит Тойук Булгурдах, Ырыа Быркыҥаа (Ньырбачаан уола) диэн бэрт тойуктаах, ырыалаах дьоннор буолаллар. Оһуокай үксүн ыһыахтарга – сааскы үрүҥ ас бырааһынньыгар, урууларга тэриллэрэ. Бу ритуальнай ис хоһоонноох үҥкүү. Айыыларга, иччилэргэ махтаныы, арчылааһын буолар.
Чинчийээччи А.Г. Лукина этэринэн, Бүлүүлүү үҥкүү оһуокай былыргы көрүҥүн илдьэ сылдьар.
Бүлүүлүү оһуокай тутула:
Маҥнайгы чааһа – саҕалааһын. «Күөрэтии тойук» эбэтэр «дьиэрэтии ырыа» диэн бытаан ырыанан саҕаланар. Үҥкүүлээччилэр илии-илиилэриттэн ылсан, эҕээркэйдик ыллыы-ыллыы, айыыларга үҥэн, сүгүрүйэн тоҥхойоллор. «Кыһалҕалаах кыһыҥҥы кэм» саха сириттэн күрэнэн, «күлүмүрдүү дьэргэйэр көмүс күн» көрөрө улам күүһүрэн, харалдьык тахсыыта хоһуйуллар. Иккис чааһа – хаамыы үҥкүү, ол эбэтэр айан. Хатыйа хаамыы арыый түргэтиир. Бу оһуокай саама й уһун чааһа. Айыыларга айаны көрдөрөр. Ол аата сылгы, ынах төрөөһүнэ, үрүҥ ас үөскээһинэ, баай-тот барҕарыыта ойууланар. Манна саха дьоно «ытык көтөрүнэн» ааттыыр көтөрдөрө кыталык, куба, хаас кэлиилэрэ туойуллар. Үһүс чааһа – көтүү. Бу үҥкүү чыпчаала буолар. Хамсаныы түргэтиир. Көтүү, ол аата айыыларга көтүү диэн өйдөбүллээх. Манна сахалар дьылы этэҥҥэ туораабыттарыгар айыыларга, иччилэргэ махтаналлар уонна салгыы бу курдук иитэр сүөһүнү иччилии, төрөтөр оҕону төлкөлүү сылдьалларыгар баҕараллар.
Онон көстөрүн курдук үҥкүү олох-дьаһах туһунан философскай ис хоһоонноох.
Төгүрүккэ туруу – күнү ойуулуур. Манна эмиэ саха историческай дьылҕата көстөр. Былыр саха норуота күҥҥэ үҥэллэрэ үһү. Киһи олоҕо уонна аан дойду философията оһуокайга тыктарыллан көстөр эбит.
Алгыс
Сахалар былыр-былыргыттан айылҕа улуу күүһүгэр – айыыларга сүгүрүйэллэрэр уонна үҥэллэрэ. Кинилэргэ анаан араас сиэри-туому толороллоро, сиэртибэ оҥороллоро («Кый үүрүү», «Үүт көлүйэллэр», «Хотоҥҥо сыт таһаарыы»). Онон саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын сиэрэ-туома бу үҥкүүгэ эмиэ көстөр. Өссө бу курдук «Ситим», «Битии», «Сэлбэриэскэ» үҥкүүлэр бааллар.
Үҥкүү саха дьонун Айыыларга кыахтаныыларын көрдөрөр сүгүрүйүүлэртэн турар. 7-8 такт норуот ыһыах түһүлгэтигэр турар. Алгысчыт кыыс тахсар дьоҥҥо-сэргэҕэ махтаммыттыы көрөр уонна сөһүргэстиир. Иччилэргэ, айыыларга туһаайан этэн-тыынан барар. Бар дьоно этэҥҥэ олороллорун туһугар көрдөһөр уонна махтанар. Бары сүгүрүйүү хамсаныытын оҥороллор. Алгысчыт кыыс халлааҥҥа туһаайан күн эргииринэн төгүрүйэ хаамар. Ол аата кини айыы киһитэ буоларын көрдөрөр. Сиэттиһэллэр – сүрэхтэрин холбууллар уонна сүгүрүйэллэр – уот тыыннаах буолууну, олох салҕаныытын кэрэһилиир.
Бу үҥкүү ис хоһооно – айыыларга, иччилэргэ сүгүрүйүү уонна дьоллоох олоҕу баҕарыы буолар.
Онон сахалар былыргы олохторо-дьаһахтара төһө да ыарахан буоллар, баай уус-уран култууралаах, мындыр өйдөөх-санаалаах, киэҥ көҕүстээх, дириҥ суолталаах сиэрдээх-туомнаах эбиттэр. Ол барыта үҥкүүгэ көстөр эбит. Онон үҥкүү диэн туспа дириҥ ис номохтоох, суолталаах, баай историялаах – роман диэххэ сөп. Ол да иһин элбэх чинчийээччи: Ян Линденау, Р.К. Маак, М.А. Миддендорф, Эргис, Н.Е. Петров, Дапсы, Е.И. Романова, М.Я. Жорницкая, А.Г. Лукина үҥкүүнү сөҕөн-махтайан, ис сүрэхтэриттэн үөрэттэхтэрэ.
Литература
1. Лукина А.Г., Сивцева М.З., Макарова Р.П. Алгыс. – Якутск, 1992.
2. Лукина А.Г. Танцы саха. – Дьокуускай, 1985.
3. Окороков Г.Г., Кардашевскай Г.Р., Рожин И.Н., Ефремов П.Е., Горохов С.И., Сивцев И.К. Саха литературата. – Дьокуускай, 1979.
4. Попова М.А. Саха төрүт култуурата. – Дьокуускай, 1983.
5. Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока. Предания. Легенды и мифы саха. – Изд-во Наука, 1995.