Саха омук өркөн өйүн,  талба талаанын өрөгөйө олоҥхо аҕыс кырыылаах алмаас курдук, хайа да өттүттэн хайыһан көрдөххө, эгэлгэ өҥүнэн арылыйа оонньуур улууканнаах айымньы буолар.

Д.М.Слепцов Муома улууһун биир биллэр олоҥхоһута. 1870 сыллаахха Муома улууһугар Индигир нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска эриллэн, байанайдаах булчут, хоннохтоох охсооччу, мындыр уус эбитэ үһү. Холкуоска киирэн туруу үлэһит буолан, дьонугар улахан ытыктабылга сылдьыбыт. Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ олоҥхолоон дьону мунньар эбит. Олонхолуур идэҕэ убайыттан уһуллубут уонна 30 сааһыттан идэтийэн дьарык оностон олоҥхолуур эбит. Кини олоҕун, олоҥхолорун оҕолоро, сиэннэрэ үйэтитэргэ үлэлииллэр эбит.

Д.М.Слепцов «Көтөр Мүлгүн » олоҥхотугар ахсаан аат туттуллуута

Олоҥхоҕо ахсаан аат элбэх, уопсайа – 292 холобуру буллум, ааҕан көрүүбүттэн 18 араас ахсаан аат киирбит: биир-20,    уон-15,   түөрт-13, сэттэ-10,   биэс-9,      алта-8,     отут-7, сэттэ уон-6,     аҕыс уон-6,     сүүс-6,  то5ус уон-4,   түөрт уон түөрт-2,  алта уон-1,   аҕыс уон аҕыс-1 сэттэ уон сэттэ-1,  тоҕус уон тоҕус-1. Ордук элбэхтик туттуллубуттар:  үс-71,     аҕыс-52,     тоҕус-30,    икки-29.

1.Үс — былыр-былыргыттан ытык ахсаан, киниэхэ саха эрэ норуота буолбакка аан дойду үгүс норуота  сүгүрүйэр ахсаана буолар эбит. Биһиги өбүгэлэрбит саҕаттан итэҕэли көрдөххө, үс ахсааннаах олус элбэх өйдөбүл баар.

А). Үс дойду:  Үөһэ, Орто, Аллара дойду:

…Үөһээ дойду
Үс бииһин ууһуттан
Үс төгүл өҥөйөн көрбүттэр,
Аллараа дайды
Алта бииһин ууһуттан
Чарапчыланан көрбүттэр
Орто дойду
Урбааннаах уон улууһуттан
Уон тэгил сураҕалаан көрбүттэр…(35)

Б). Киһи үс кута: Ийэ кут, Салгын кут, Буор кут.

В). Былыр кыыс кэргэн тахсан барарыгар үс күннээх ыһыах ыһаллар эбит.

…Үс күннээх-түүн
Күлэн-оонньоон,
Кэнэҕэски киһи буолар
Кэскили сэһэргэстилэр…(98)

2. Тоҕус – эр киһи төрөппүтүн көрдөрөр ытык ахсаан. Саха итэҕэлигэр саамай сүрүн Айыы – сири-халлааны барытын салайан олорор —  Үрүҥ Аар Тойон тохсус халлааҥҥа олорор эбит. Тоҕус ахсаан киһини кыаҕырдар, күүс-уох биэрэр, бөҕө-тирэх акылаат буолар.

Үөһээ дойдуга

Тоҕус олох диэн

Аллаах ат

Уодьуганын курдук уодьуганнаах

Ойууннары кыыран

Кибик-хабык эккирии турбут.

Тоҕус олоххо тахсан,
чарапчыланан туран
көрүү көрө,
бигэ билгэлии турбут… (59)
…уҥа диэки
Тоҕус субан туруйа уолаттар,
Тойуккутун, ырыаҕытын тохтотун!…(100)
…Тоҕус бөрө
Тириититтэн аттаһыллыбыт
Суорҕанынан саппыт…(39)
…Тоҕус уолун тобоҕор,
Көрдөр хараҕын иччитигэр,
Көтүрдэр тииһин билэтигэр холоммут…(55)

3. Аҕыс — аҕыс ахсаан сахаларга улахан суолталаах, олоҥхо аҕыс ахсаанынан саҕаланар уонна түмүктэнэр.

…Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Атааннаах-мөҥүөннээх
Аан ийэ дойдутугар…(4)

Кыыс суһуоҕа, балаҕан кырыыта, бухатыыр ахсаана үксүн аҕыһынан ааҕыллар:

…Аҕыс тутум суһуохтаах
Ытык Айталыын Куо диэн кыыстаах…(55)

…Аҕыс курдуулаах
Аан алаһа дьиэм
Тымныыкатын, дьыбарын да…(63)
…Аҕыс уолан киһи
 Тэбинэн олорон сэгэппэт…(8)

Дьахтар төрөппүтүн көрдөрөр. Ол иһин ыһыахха Айыы ойууна (алгысчыт)  «аҕыс кындыа кыталык кыыс» арыалдьыттаах киирэр эбит.

…Кыыстарыгар

Аҕыс киһи

Арыалдьыт анаабыттар,

Аҕыс атыыр үөрэ

Сылгыны анаабыттар…(105)

4. Икки – икки ахсааны суруйааччылар, олонхоһуттар сөбүлээн тутталлар. Киһини ойуулуурга, холобура: «икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх». Ол курдук киһиэхэ барыта икки, олоххо киһи соҕотох да буолуо суохтаах, барыта пааранан, иккилии: кыыс-уол, ийэ-аҕа, икки харах, икки кулгаах, икки илии, икки атах.


…Икки сур кииһи субуруччу туппут курдук
Сурадаһын хаастааҕа…(16)
…Икки чороон айаҕы
Туруору туппут курдук
Өргөс кулгаахтааҕа…(17)
…Хайа икки хараҕын тэстэн
һуо балай буола сылдьаҕын…(22)
…Икки санныттан
Тэллэх тирии саҕа
Тиириллэн көтөр
Тирии кынаттаах…(95)
…Икки дьабадьытын
Кулгаах тааһыгар диэри
Хайыта тыытан…(97)

Бу олоҥхоҕо түөрт уонна түөт суолтатынан биир эрээри суруллуутунан атынатын тыллар баар эбиттэр:

Түөт тыьы бучугураһы
    өлөрөн ыл…(41)
Түөт хара эйиигиттэн
Төрүөх этэ…(52)
…Сир уола
Мөҥүлү Бөҕө кэлбитэ
Түөрт сыл буолла…(50)
Үс саха кэнниттэн үөскээбитэ
Түөрт саха киниттэн төрүттэммитэ…(128)

Ахсаан ааты араастарынан наардааһын түмүгүнэн маннык таҕыста:

1. Судургу ахсаан – 264 (үс-71, аҕыс-52,     тоҕус-30, икки-29, биир-20, уон-15, түөрт-13, сэттэ-10, биэс-9, алта-8, отут-7, сүүс-6).

…Отут уолан киьи
Оонньуутунан оонньоон…(109)
…Тоҕус томторҕолоох,
Отут алтан чопчуулаах
Кытыйа-кытах чааскылааҕа үһү…(7)
…Отуту тутум оҥочо кутуруктааҕа,
Сэттэ тутум нэлирбэ сиэллээҕэ,
Үс тутум үөрбэ көҕүллээҕэ,
Икки чороон айаҕы
Туруору туппут курдук ергес кулгаахтаа5а,
Икки кэриэн айа5ы
Кэккэлии туппут курдук тарбаҕар таныылааҕа…(17)
…аан дайдыны саба баайбыт
Сабыйа Баай Тойоҥҥо олорбутум
Сүүс сыла томтойо туолла…(101)

2. Уустук – 22 (сэттэ уон-6, сэттэ уон сэттэ- 1, аҕыс уон-6, тоҕус уон-4,   түөрт уон түөрт-2, алта уон-1, аҕыс уон аҕыс-1, тоҕус уон тоҕус -1 ).

…Аҕыс уон киһи
айдаанын айдааран…(109)
…Тоҕус уон тоҕус кыраадыстаах
муора тымныылаах дайдыга…(34)
…Түөрт уон түөрт,
Сэттэ уон сэттэ
Тимир дьиэһин уолаттар тахсыбыттар…(32)
…Улуу күтүр өстөөх
Аҕыс уон алдьаныыта суох
Буолуо үһү дуо?
Тоҕус уон кубулҕата суох
Буолуо үһү дуо?
Сэттэ уон дьиэрэһэ суох
Буолуо үһү дуо?
Үтүө киһи өлүөр диэри
Үөнэ суох өлүөҕэ дуо?…(33)
Тоҕус уон кубулҕат тононно,
Аҕыс уон адьыната айманна,
Сэттэ уон дьиэрэһэ дьэ баранна…(72)

3. Үллэһик – (түөртүү аҕыстыы, биирдии,биэстии).

… Маныаха омук үөрэн:
түөттүү атаҕы
Булгу тутан бардылар…(71)
…үөһээ-аллараа тоҥсоҕойуттан
биирдии тимир кэкэ тиистээх эбит…(26)
… дьэ, били уотун, буруотун диэки
биэстии саһааны
сүүрэн-ойон барда…(23)

4. Кэрискэ – (ахсыстара).
… Ахсыстара
Айыы уола  Адьы-Будьу  бухатыыр
Дьиэ икки ардыгар
Итир былыты тардынан
Түһэн олорор…(54)

Түмүк

Данил Михайлович Слепцов «Көтөр Мүлгүн» олоҥхотун ааҕан баран маннык түмүккэ кэллим: олоҥхо олус баай тыллаах эбит, ахсаан аат элбэхтик туттуллубут. Барыта 18 араас ахсаан ааты туттубут: үс, аҕыс, тоҕус, икки,  биир,  уон,  түөрт,  биэс,  алта,  отут, сэттэ уон,  аҕыс уон,  сүүс, тоҕус уон,  түөрт уон түөрт, сэттэ,  алта уон,  аҕыс уон аҕыс.

Саамай чаастатык көстөр ахсаан аата: тоҕус, аҕыс, икки, үс — сахаларга, атын да омуктарга ытык, үөһэттэн айдарыылаах аптаах чыыһылалар. Кинилэргэ сүгүрүйүү ордук күүстээх, ол иһин уус-уран айымньыга, олоххо дьаһахха, итэҕэлгэ элбэхтик туттуллаллар «Көтөр Мүлгүн» олоҥхоҕо эмиэ көстөр.

Онон күндү доҕотторум,  олоҥхону  ааҕыҥ,  ырытыҥ,  аан дойду, киhи-аймах хайдах айыллыбытын ааҕын, үөрэтин, чинчийин. Хас биирдии омук төһөнөн сайдыылаах да, соччонон өбүгэлэрин ытыктыыр, былыргы култууратын харыстыы үөрэнэр.

Мин тус  бэйэм элбэҕи  биллим уонна салгыы олоҥхону атын өттүттэн чинчийиэм этэ.

Айна Максимова, Дьокуускай  куорат