…Туругура, тупса тур,
Тирэҕирэ, чиҥии тур,
Тоҕойдору туораан ис,
Арҕастары ааһан ис,
Саргы дьайаан сахам тыла,
Сарыал санаа, сахам тыла!

Бүөтүр Тобуруокап.

Былыр устар ууну сомоҕолуур тыллаах-өстөөх, мындыр киһини «ыллыктаах тыллаах» диэн этэллэрэ. Күндү Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ! «Саха этигэн тыла» http://www.sakhaetigentyla.ru/ диэн ийэ тылбыт эйгэтин кэҥэтэр, сайыннарар сыаллаах, сахалыы хомоҕойдук саҥарарга, уус-ураннык уонна таба суруйарга үөрэтэр, сырдатар аан ситим баар буолбутун иһитиннэрэбит. Бырайыак Ил Дархан Граанын өйөбүлүнэн тахсар.

Саайт саха тылын-өһүн бары дэгэтин туһунан кэпсиир, анаарар аналлаах. Төрөөбүт тылбытынан сөпкө саҥарарга, суруйарга үөрэтэр уруоктартан сахалыы сурук-бичик үөскээһинин, сайдан кэлбит кэрдиис кэмнэрин, бэчээккэ уонна аан ситимҥэ ийэ тылынан ыстатыйаны суруйуу тутулун, ньымаларын, сатабылларын билиэххит. Онуоха ханнык алҕастар баалларын, тылы сыыһа туттуу, үйэлээх үгэс, таба суруйуу быраабылата кэһиллиитин чопчу холобурдарга олоҕуран быһаарыахпыт. Киэҥ эйгэҕэ тахсар суруйуу өйгө-санааҕа тиийимтиэ буоларыгар ханнык ирдэбиллэр баалларын анаарыы, чопчу сүбэлэр, сорудахтар туһалаах буолуохтара.

Ханнык да идэлээх буолбутуҥ иһин, дьоҥҥо-сэргэҕэ ыллыктаах тылгын ылыннарар эбэтэр оҕоҕор маннык дьоҕуру сайыннарыаххын баҕарар буоллаххына, саайт уруоктарын көрөн анаан дьарыктаныаххытын сөп. Ол түмүгэр – санааны сааһылаан этэргэ үөрэниэххит. Сааһынан хааччаҕа суох, ийэ тылбыт кэскилин өйдүүр, ол туһугар туруулаһар, киэҥ эйгэҕэ санааны сайа этэ-тыына үөрэниэн, суруйуон, сайдыан баҕалаахтарга ананар. Дьарыктар түмүктэринэн үөрэнэргэ көмө кинигэ тахсара былааннанар.

Ону тэҥэ бу саайка сахалыы саҥарарга, таба суруйарга үөрэтэр, сүбэлиир ыстатыйалар, саха фольклорун анаарыылар, суруйааччылар, чинчийээччилэр олохторун, айар үлэлэрин, айымньы тылын-өһүн, айар ньыма дэгэттэрин ырытыылар, тылы сайыннарыыга, үйэтитиигэ туох үлэ, тэрээһин буола турарын сырдатар суруйуулар тахсаллар. Сахалыы айымньылары сыта-тура наллаан истиэххэ эмиэ сөп.

Бэйэтин норуотун тылын билэр, уус-уран айымньытын, устуоруйатын, олоҕун-дьаһаҕын туһунан ааҕар, үөрэтэр ыччат, бастакытынан, билиитэ хаҥыыр, олоҕу көрүүтэ киэҥ буолар. Иккиһинэн, саха киһитин быһыытынан, өйө-санаата уһуктар, ийэ өйүнэн иитиллэр, төрөөбүт дойдутун, дьонун-сэргэтин дьылҕатыгар ис сүрэҕиттэн кыһанар. Үсүһүнэн, өйө-санаата уһуктубут ыччат олоххо ордук тардыһыылаах, тобуллаҕас буола сайдар. Оччоҕо норуот бүттүүнэ сарсыҥҥыта саргыланар, кэнэҕэскитэ кэскиллэнэр! Күндү доҕоттор, ааҕыҥ, истиҥ, үөрэниҥ, кыттыһыҥ!