Кэлиҥҥи кэмҥэ дьон ааттарын уларытан, сахалыы ааттанан, ону докумуонунан бигэргэтэр буоллулар. Cахалар бэйэбит төрүт ааттарбыт туһунан чинчийээччилэр суруйуулара балай эмэ.
Өбүгэлэрбит оҕону ааттыыр үгэстэрин туһунан аан бастаан 1741 сыллаахха Дьокуускайга кэлэ сылдьыбыт швед Яков Иоганн Линденау «Описание народов Сибири (первая половина 18 века)» диэн үлэтигэр ахтар.
- Оҕоҕо маҥнайгынан дьиэҕэ киирбит тастыҥ киһи аатын биэрэллэр.
- Тастыҥ киһи ааттыан сөп, ону төрөппүт ылынар.
- Оҕо турбат ыала абааһыны чугаһатымаары киһи сиргэнэр куһаҕан аатын биэрэллэр. Холобур, Ыт Сааҕа, Саах от, Күтэр эҥин диэн.
- Оҕо улааттаҕына, хайдах киһи буолбутуттан көрөн иккис хос ааты биэрэллэр. Холобур, Сылгыһыт, Имииһит, Соххор, Иҥнэри о.д.а. Эбэтэр устуоруйаҕа киирбит улуу дьоннорбут ааттара эмиэ элбэҕи этэллэр: Тыгын Дархан, Лөгөй Тойон, Өспөх Баай.
Оттон араспаанньа «хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин ыйан, этэн биэрэр буолуохтаах» диэн суруйар М.С.Иванов-Багдарыын Сүлбэ («Аатта тал» кинигэҕэ). Ону нуучча үөрэхтээхтэрэ «родовое прозвание» диэн ааттыыллар эбит. Ол христианствоны киллэриэхтэриттэн сотуллан, умнуллан хаалбыт. Саха барыта Иванов, Петров, Слепцов диэн сурукка киирбит. Арай Красноярскайга тиийбит Дьэһиэй сахалара аҕаларын ууһун аатын араспаанньа оҥосто сылдьаллар: Өспөх, Боотулу, Оһоҕостоох о.д.а. Кинилэр эрдэ төрүт дойдуларыттан тэлэһийбиттэр уонна онно тиийэн христианствоны ылымматахтарыттан буолар.
Өктөөп Өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн саха үөрэхтээхтэрэ өйү-санааны сахатытыыга туруммуттара. Норуот өстөөҕө аатыран, хаайыыга күн сириттэн сүппүт хаарыан киһибит Г.В.Баишев-Алтан Сарын “Ааты сахатытар туһунан” ыстатыйатыгар («Кыым» хаһыат, 13.12.1928 с.) маннык суруйар: “… мин аатым Баһылай уола Алтан Сарын диэн буолуохтаах. Баһылай диэн мин аҕам аата (өлбүт киһи аатын мин сатаан уларыппатым быһыытынан нууччалыытынан хаалларабын). Алтан диэн бэйэм аатым. Сарын диэн пэмиилийэ буолар. Оччоҕо мин уолум, аата миэниттэн уларыйан баран, пэмиилийэтэ син биир буолар. Холобур, Алтан уола Күн Сарын, Күн уола Кус Сарын, Кус уола Мас Сарын диэн. Итигирдик бара туруохтаах” Кини олоҥхо дьоруойдарын сахалыы ааттара олус бэртэр диэн санаатын этэр. Күн Дьааһын, Тэйэр Чаҕаан, Сарт Тэгил о.д.а. ааттар нууччалыы ааттартан туох да итэҕэһэ суох үчүгэйдэрин холобурдуур. Ойуунускай, Бараахап, Дэхсилээхэп диэн араспаанньалар, нуучча тылын сыһыарыыларын ылыммыт буолан, нууччалыыта-сахалыыта биллибэт курдуктар. Ол эрээри итинник да уларытыы бобуллубута – омугумсуйууга күтүрэнэн. Сахалыы ааттар арай суруйааччылар псевдонимнарыгар балайда олохсуйбута. Ол курдук биһиги киэн туттабыт Өксөкүлээх Өлөксөй, Күннүк Уурастыырап, Эрилик Эристиин, Дьуон Дьаҥылы о.д.а ааттарынан.
Кэлин кэмҥэ дьон сахалыы ааттанарга дулуһар буолла. Араспаанньаларын да буолбатар, ааттарын сахатыталлара да үчүгэй дии саныыбын. Саҥа төрүүр кырачааннарга сахалыы ааты биэрии элбээн иһэр. Ол оҕо уһуйааннарыгар сылдьар, оскуолаҕа үөрэнэр оҕолор ааттарын испииһэгиттэн көстөр. Манна Багдарыын Сүлбэ “Аатта тал”, Федот Тумусов “Ыал бии билиитэ” кинигэлэрэ олус туһалаахтар дии саныыбын.
Ааттарын уларытар дьоҥҥо саха итэҕэлин тарҕатар норуокка биллэр-көстөр дьон сүбэлэрин тиэрдиэхпин баҕарабын. Сахалыы эмтиир Ил Хаан бэйэтин аатын маннык быһаарар: «Эмчит буоларым быһыытынан 3 дойдуну кытта үлэлиибин: Үөһээ дойду, Орто дойду, Аллараа дойду. Ити үс дойдулары иллэһиннэрэн Ил диэн ааттаахпын. Оттон Хаан диэн төрөөбүт ыйым аатынан. Саха халандаарынан 13-с ыйга төрөөбүтүм – Одун Хаан, Чыҥыс Хаан ыйдара. Бу ыарахан аат, ону уйуохха наада. Ол иһин билигин псевдоним курдук ааттана сылдьабын. Кэмэ кэллэҕинэ, 70 сааспын туоллахпына, пааспарбар суруттарыам». Манна даҕатан эттэххэ, сорох кэпсэппит дьонум саҥа ааттарын быһаара сатаабат эбиттэр – силигэ ситэ илик диэн. Ааты уларытыы киһи олоҕун эмиэ атын хайысхалыыр диэн этэллэр, онно бэлэмнэнии курдук кэмнээх-кэрдиилээх быһыылаах.
Российскай Федерация суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Билии» уопсастыбатын лиэктэрэ, 10 кинигэ ааптара Хара Таала диэн аатынан биллэр айыы ойууна аатын туһунан ыйытыыбар маннык хоруйдаата:
- Мин бэйэм талбатах аатым. Үөһээ Айыылартан үс сыл үөттэрэн кэлбитэ. Сахалары таала талбаҕа таба тайаннарар, талыы-мааны олоххо таһаарар, сырдыкка сирдиир өйдөбүллээх үөрүүнү үксэтэр, үтүөнү элбэтэр үрүҥ аат. Хара Таала диэн хараны таала оҥорор эмчит тыл. Таала – ыраас, ол аата сырдатар, көннөрөр, дэхсилиир, табыллыыга таһаарар аат буолар.
- Оттон борустуой дьон докумуонунан сахалыы ааттаныахтарын баҕарар буоллахтарына, Эн тугу сүбэлиэҥ этэй?
- Бэйэлэрэ ааттаналлара эмиэ баар. Билиилэрэ, сиэрдэрэ-туомнара тиийбэт, итэҕэллэрин билбэккэ хаалбыттар элбэхтэр. Саха аата куһаҕан, киһи ыалдьар эбит диэн төттөрү нуучча аатын ылбыт түбэлтэлэрэ эмиэ баар. Сорохтор аҕаларын аатын нууччалыынан хааллараллар, бу итэҕэс быһыы буолар. Ол иһин саха омук бастакы Хараамыгар – Ил Иитин киинигэр кэлэн ханнык аат сөп түбэһэрин ыйдарыахтарын наада. Алҕаан, эргэ ааттарыттан ыраастаан, дьылҕатын төлкөтүгэр сыһыаран биэрэбин.
Хара Таала пааспарыгар араспаанньатын Хара Таала, аатын Харыстас, Аҕатын аатын Саха Харысха Хаана диэн суруйтарбыт. Кини алгыһынан толору сахалыы ааттаммыт дьон ааттарын холобурдаата. Тыллыны Дьулусхан Буор Сыһыы Уола, Модун Албан Бэгэ Бэлэс Уола, Намылыйар Намыына Ньырбаҥ Кыыһа, Сайдам Сайыыла Харысхан Кыыһа о.д.а. – бары пааспардарыгар суруйтарбыт дьон. Истэ үөрэннэххэ, бэртээхэй ааттар!
Соторутааҕыта Н.В.Михалева-Сайа сирдэр ааттарын туһунан биэриитигэр Багдарыын Ньургун Сүлбэ Уолун кытта кэпсэппитин истибитим. Урут Иванов Ньургун Михайлович диэн ааттааҕа, тыл билимин хандьытаата. Кини сахалыы ааттаныыга эмиэ бэйэтин тус санаатын эппитэ — дьиҥ сахалыы Багдарыын Сүлбэ Уола Ньургун диэн этиллиэхтээх, ону Арассыыйа гражданнара буоларбытынан, докумуоҥҥа аҕабыт аата кэннигэр суруллар эбит. Алтан Сарын уонна Багдарыын Сүлбэ уола Ньургун аат туһунан көрүүлэрэ, кырдьык, саха өйдөбүлүгэр да, тыл сокуонугар да сөп түбэһэр. Таарыйа аҕыннахха, Иванов Кэскил Ньургунович диэн мин үөрэнээччим Багдарыын Кэскил Ньургун Уола диэн ааттаммытын истэн үөрдүм.
Ааттарын сахалыыга уларыттарыан баҕалаахтар «Об актах гражданского состояния» Федеральнай сокуоҥҥа (58, 59 ыстатыйалар) олоҕуран ааттарын уларытыахтарын сөп. Аатын уларытыан баҕарар Дьокуускай олохтооҕо эрдэттэн 506-467 нүөмэргэ эрийэн суруйтарар уонна болдьоммут күн туох баар докумуоннарын илдьэ Киров уулуссатын 5 нүөмэрдээх дьиэтигэр, 9-с кабинекка кэлэр. Оттон улууска олорооччулар ЗАГС тустаах тэрилтэтигэр тиийэллэр. Сокуоҥҥа олоҕуран, аат уларытыыта биир ый иһигэр оҥоһуллар, ханнык эмит докумуона итэҕэс буоллаҕына уһуон сөп. Аат уларытыы – 1600 солк. уонна хас уларыйар докумуон ахсын 350 солк. төлүүр. Оттон оҕо аатын, араспаанньатын 14 сааһыттан уларытыан сөп. Онуоха икки төрөппүтүттэн сөбүлэҥ булгуччу ирдэнэр. Кыра саастаах оҕо аатын уларытары эпиэкэ уонна попечительство отдела быһаарар.
Аны ааппын хайдах сахатытабын диэн ыйытыы үөскүүр. М.П.Алексеев-Дапсы, тыл билимин хандьытаата, «Биһирэм тыл» диэн биэриитигэр бэйэтин Хабырыыса Бүөтүрүн Мэхээлэтэ диэн биллэринэрин дьон олуонатык истэллэрин бэлиэтиир. Ити аата, сахалыы тыл ситимин үгэһин, ол иһигэр тардыы ситимин саха дьоно билбэт буолбуттар. Бу түгэнтэн «тылы сатаан ситимнииргэ төрүт ааппытынан ааттаныы туһалыах эбит» диэн санааҕа кэлбитин суруйар. Тумус Сочуой уола Бүөтүр, «Ыал» өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕалар түмсүүлэрин тэрилтэтин сүбэһитэ, нууччалыы ааттарбытын ылбычча уларыта охсор кыаллыа суоҕа, онон Ньукулай, Баһылай, Өлөксөөн диэн да суруйан сахатыта сатыахха, оттон толору ааты Оонньуулаах Уйбаан уола Ыстапаан, Өндүүкэй Миитэрэй уола Исээй диэн хабаанынан буоллаҕына син баран иһиэ диир. Дьон араас санаатын ааҕан-истэн баран сахалыы ааттаныан баҕалаахтарга маннык сүбэлиэхпин сөп (тус бэйэм санаам):
- Айыдҕалаах дьонтон сүбэлэтиэххэ сөп. Холобур Хара Таала Нам улууһугар Модукка саха Хараамыгар ыҥырар. Эбэтэр нумерологтар эмиэ киһиэхэ сөп түбэһэр ааты булан биэрэллэр эбит.
- Сорох дьон түүллэригэр маннык ааттан диэн этэн биэрэллэр үһү.
- Үгүс дьон төрүччүлэрин үөрэтэн, аҕа уустарын эбэтэр өбүгэлэрин аатын араспаанньа оҥостоллор. Холобур, мин оҕолорум түгэх төрүттэригэр Идэлги, Аба Уос Дьорҕо диэн үһүйээннэргэ элбэхтик ахтыллар өбүгэлэрдээхтэр. Федот Тумусов уо.д.а. «Ыал Бии Билиитэ» диэн кинигэлэригэр “Сүрүн аҕа уустарын тылдьыта” (стр. 450-456) диэн баар, кылгас бэртээхэй быһаарыылардаах.
- Сахалыы ааттарга билигин ыйынньык элбэх, ону туһаныахха сөп. Төрөөбүт күнүнэн-дьылынан көрөн билигин оҕону ааттыыр киһи элбэх. Ити үөһэ ыйыллыбыт кинигэҕэ «Айыы ааттарын тылдьыта», «Ааттар ыйынан испииһэктэрэ» диэн суруйуулартан көрөн дьон ааты ылыналлар. Литэрэтиирэ айымньыларын, олоҥхо, норуот сэһэннэрин дьоруойдарын аатын ылыныы эмиэ үгүс: Лоокуут, Ньургуһун, Туйаарыма, Айталы Куо о.д.а.
- Аҕа аатын Уола, Кыыһа диэн суруйтарар билигин көҥүл буолла. Арай нууччалыы суругар Кыыьа эбэтэр Кыыса дэнэр. Хара Таала сахалыы ааттаахтарын испииһэгин көрдөххө, төрөөбүт дойдуларын аатын (Саһылыкаан кыыһа, Сунтаар Кыыһа, Буор Сыһыы Уола, Бэдьимэ Уола), өбүгэлэрин аатын (Бөҕө Бэлэс Уола), аҕаларын хос аатын (Уус Кыыһа), соргу көтөҕөр, харысхал ааты (Дьолуо Уола, Харысхан Кыыһа) аҕа аата оҥостоллор эбит.
Аат-суол киһи арахсыспат аргыһа буолар, олоҕун суолун ыйар, өйүгэр-санаатыгар дьайар. Онон бэйэбит омукпут төрүт ааттарын тилиннэрэн, сайдар, үүнэр-чэчириир тускубутун оҥосторго көҕүлүүр дьоммутун биһириибит, хайгыыбыт.
Г.Н.Шишигина, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала