Бу кэпсээни учуутал Р.И. Александров (1927-2007) «Для записок по этнографии и истории. 1977 г.» тэтэрээтигэр суруйан хаалларбыт. Сэhэнньит киhи – Бүлүү Бороҕонун олохтооҕо Иосиф Тимофеевич Мальцев (1899-1996). Бу кырдьаҕас биир кэпсээнэ «Саха төрүт остуоруйалара» (Новосибирскай, 2008) кинигэҕэ киирбитэ. Манна Уоhук оҕонньор сэргэ туруоруутун туhунан сэдэх кэпсээнин хайдах баарынан ааҕааччыларга тиэрдэбит. Түгэнинэн туhанан, култуура колледжын учууталыгар Александр Романович Александровка аҕатын эргэ тэтэрээтин уларсан бэчээккэ бэлэмнииргэ көмөлөспүтүн иhин барҕа махталбытын тиэрдэбит.
«Сахалар сэргэни олус ытыктыыллара, ол иhин саха ыала саҥа дьиэни туттан киирэллэригэр сэргэни туруораллар. Кинилэр итэҕллэринэн сэргэ дьол-соргу түмүллэр, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыhыы бэлиэтин быhыытынан ааҕыллара. Өскө дьиэ тутуллубут сылыгар туруорбатахтарына 10 сыл туолуутугар туруораллар. Сэргэни үчүгэй көнө үөл маhынан (тиитинэн) туораллар. Сэргэни уус киhиэхэ наймылаhан туттарыахтарын сөп. Урут сэргэ туоруутунан дьарыктанар идэлээх дьоннор бааллара. Баай ыаллар 3 сэргэни туруораллар, олор анабыллара маннык: бастакы сэргэ дьиэ-уот тэриллиитигэр ананар, 2-с сэргэ дьолу, баайы дуолу тоҕуорутарга, 3-с сэргэни уруу-аймах ууhааhыныгар анаан туруораллара үhү.
Сэргэни күн ортотун саҕана туруораллар, онуоха сэргэ төбөтүн илин, арҕаа уонна соҕуруу өттүгэр сиэл кыбыталлар. Сэргэни бу курдук симииллэр, онтон сэргэ хаҥас өттүгэр уот оттон сыт таhаараллар (үрүҥ аhы быраҕан), онно ыал кырдьаҕаhа уот иннигэр сөhүргэстии олорон уотугар ас кээhэр уонна 3 төгүл сэргэ төбөтүн туhаайан арыылаах кымыhы хамыйаҕынан баhан ыhар уонна алгыс алгыыр:
Иэримэ дьиэм тэлгэhэтигэр-тиэргэнигэр бу кэскиллээх кэрэ бэлиэ киэргэллээх сэргэбэр тыл этэн эрэбин: кэнэҕэскиттэн кэнэҕэскигэ дылы кэнчээрилэрбэр, хойуккуттан хойуккуга дылы ороhолорбор-оҕолорбор, ыччаттарбар дьолло-соргута тоҕооhуннара, дьоллуу тур. Дьоллоох сэргэм, бар дьонум кэлэҥҥит маанылаах аккытын баайар буолуҥ, ыччаттарбар махталла-баhыыбата биэрэн барар буолуҥ дьоллоох сэргэм быйаҥна тардыhа тур, Айыы Дьүhэгэйтэн, … угуйа тарда тур, хараны ханыылыы тур, элэмэhи элбэтэ тур, кэрэни кэҥэтэ тур, маҥаны бааралыы тур, сылгы сүөhүнү элбэтэ, оҕолорбуттан оҕолорго, ыччаттартан ыччаттарга дылы Айыы Дьүhэгэйтэн сылгы сүөhүтэ тарда, баайы-дьолу тоҕуорута тур. Маҥнайгы сэргэм, манан алгыырым эйиэхэ тохтуур. Эйигин ким да тыытан охторуо суохтаах, эйигин ыччаттан ыччакка дылы маанылыы туруордуннар!
Ити кэннэ арыылаах кымыhыттан 3 төгүл сэргэтигэр ыhар уонна бэйэтэ арыылаах кымыhыттан иhэр. Уонна аттыгар турар дьонноругар чороону кэритэн иhэрдэр. Ол аата, сэргэбит биhигини бу курдук аhата-сиэтэ турдун, дьоллуу-соргулуу турдун. Уруй-туску, уруй-туску буоллун. Онтон 3 төгүл «хоруу, хоруу, хоруу» диэн хоруутуур. Ол аата сылгыны угуйар тыас буолар.
Холобур, Уоhук эhэтэ сэргэтин туруорарыгар алгыс алгыырыгар улахан уолун көхсүгэр (Мэхээлэни), орто уолун (Тимофейы) арҕаа өттүгэр, Кириилэни илин өттүгэр туруорбута. Маҥнай кымыhы улахан уолга, онтон орто уолугар, онтон кыра уолугар арыылаах кымыhы иhэрдитэлээбит.
Сэргэни туруоралларыгар биллэ биллибэт илиннэтэ соҕуруу иҥнэри гына туруоруллуохтаах, өскө сэргэ ат бастаах буоллаҕына атын баhа илиннэтэ-соҕуруу хайыhан турар буолуохтаах.
Иккис сэргэ аар баҕах диэн ааттаан алгыстанар, аҕыс үйэ тухары дьолло-соргута тардыhа турдун диэн ис хоhоонноон алгыстанар.
Yhүс сэргэ тоҕус кураахтаах, тоҕус үйэ тухары дьол-соргу тардыhа турдун диэн, тойон сэргэ диэн ааттанан, алгыс тыл этиллэн туруоруллар.
Саха абыычайын быhыытынан, туруоруллубут сэргэ хаhан да тыытыллыа уонна атын сиргэ көhөрөн илдьиллиэ суохтаах. Онон кини маҥнай турбут сиригэр туран хаалыахтаах, дьиэ көhөр да буоллаҕына.
Уоhук эмээхсинэ Маарыйа маннык түүлү түhээбитин кэпсээтэ: кинилэр Бадьаҥҥа… сайылыкка (билиҥҥи Мукучу бөhүөлэгэр) олордохторуна туттубут сылгы хаhаатын аттыгар турар сэргэлэрин төрдүгэр биир дьахтар олорон эрэн саар кыллаах ыаҕаhы тигэ олороро. Киниттэн бу хатыр туоhунан (улахан хатыҥ туоhа) тигэн эрэр эбиккин дуу диэн ыйыппыппар – Ээ, бу Самсонов оҕонньор аҕалан биэрбит туоhунан тигэбин, Лүүчүттэр көhөн кэлэллэр дииллэр диэн эппиэттээтэ.
(Онон кини (Маарыйа) сэргэни иччилээх быhыылаах диэн ааҕар).
Кини ити түүлэ сайылыкка билиҥҥи дэриэбинэ олохсуйуоҕун тускулаабыт буолуохтаах эбит. Онон сэргэ, кырдьык, олоҕу төрүттүүргэ ананан туруорулларын ити түүл бигэргэтэр курдук. Ити түүлү бөhүөлэк төрүттэниэн иннинэ түhээбит, сэрии саҕаламмытын кэннэ (1942 с). Мукучу бөhүөлэгэ 1954 с. төрүттэммитэ».
Этнография өртүттэн бу кэпсээн чахчы кэрэхсэбиллээх. Уоhук оҕонньор олорбут олоҕор үс сэргэни туруорбут, аҕатын тылыттан ааспыт үйэҕэ эhэтэ сэргэни хайдах туруорбутун сиhилии билэр кырдьаҕас эбит. Онон үгэhи быспакка утумнаабыт. Бүлүү сахалара сэргэни илиннэтэ-соҕуруу иҥнэччи соҕус туруораллара диэн этиигэ сыысхал суоҕа буолуо. Былыр Я.И. Линденау «Описание народов Сибири…» үлэтигэр киирбит хаартаҕа аан дойду аҕыс хайысхатыгар олорор айыылар, иччилэр ортолоругар Дьөhөгөй айыы соҕуруулуу-илиҥҥи халлааҥҥа олохтооҕо бэлиэтэммит. Сэргэ эмиэ ол диэки сирэйдэнэрэ айыы киhитэ илин хайыhан сүгүрүйэрин санатар.
ХIХ-с үйэ бүтүүтүн эргин Уоhук эhэтэ тиэргэнигэр сэргэ туруорарыгар улахан уолун хоту (уот кэннигэр), орто уолу арҕаа (аан аттыгар), оттон кыра уолу илин (сэргэ иннигэр) туруоран баран кымыс иhэрдибит. Мантан көрдөххө, оҕонньор чороону күнү утары эргиппит буолан тахсар. Ити сэргэ ол дойдуга аттаммыт өбүгэлэри кытта ситимнээҕин туоhута эбит. Бу курдук күнү утары үҥкүүлээн хаамыы, чороон айаҕы сэттэ кырдьаҕаска кэритэн иhэрдии айыы ыhыаҕар баарын туhунан номоххо уонна сэhэҥҥэ этиллэрэ баара. Ол олох уонна өлүү өрүү солбуйса сылдьалларын көрдөрөр.
Сэргэ биир сиргэ ньиргиччи туруохтаах диэн өйдөбүл сэргэ иччитэ анньыллыбыт иинин кытта ситимнээх диэн санааҕа аҕалар. Кини сир иччитигэр, өбүгэ кэриэhигэр чугас. «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхоҕо дойду иччитэ Аар Кудук мас төрдүгэр олорор чабычах дүҥүрдээх удаҕан курдук ойууланара. Бу уобарас түҥ былыр ытык дьону көҥдөй мас кумалааныгар уган көмөр үгэс баарын саҕаттан ордон хаалбыт буолуон син. Ол иhин Уоhук эмээхсинин түүлүгэр сэргэ иччитэ хатыр туостан саар ыаҕаhы тигэ олорор дьахтар буолан көстүбүт. Маны салгыы эттэххэ, былыргы удаҕан эмээхситтэр куттара сир иччитигэр кубулуйбуттар. Ол итэҕэл кэлин сэргэ иччитигэр көспүт.
Сэргэни туруоруу уонна киhини көмүү туомнара маарынныыр өрүттээхтэр. Ол курдук, сахалар сэргэ төрдүн туоска суулуур, эбэтэр уокка кэриэрдэр этилэр. Онтон хоруобу туоhунан сабаллара, киhи иинигэр көмөрү, чоҕу куталлара. Сэргэ төрдүн ииҥҥэ түhэриэх иннинэ илин хайыhыннаран сытыараллара. Эмиэ ол курдук, хоруоп баhын арҕаа хайыhыннараллара. Сэргэ төбөтүгэр үс сүүмэх кылы кыбытыы, умуhаҕар сиэли-түүнү кириэстии түhэрии киhи иинигэр ыҥыыры сытыктыы урууга, өлүөхсүт аналлаах атын бииргэ көмүүгэ тэҥнэниэн сөп. Ол толук атын көрүҥүнэн киhи мэҥэтин аттыгар сылгы баhын, тириитин-кутуругун, туйахтарын илин хайыhынаран ыйааhын буолар.
Былыр иин иhигэр хахыйаҕы туруору анньан көмөр үгэс баара. Кэлин чардаат уҥуох эргиирин иhигэр сэргэ туруорар буолбуттар. Ол дүлүҥ куорчах (хоруоп) Аал Луук мас бэлиэтэ буоларын бигэргэтэр. Номохторго улуу ойуун сүрэҕиттэн-быарыттан үүммүт оруктаах мастан аас тэллэххэ турар чорооҥҥо түспүт үөнү бастыҥ (бастакы) улуу тунах саҕана дьахтар сиэтэҕинэ өбүгэ кута эргийэн төрүөхтээҕэ диэн кэпсэнэрэ. Онон ийэ маска сүгүрүйүү уонна сэргэ туруоруу биир төрүттээхтэр.
Ытык мас хаhан да таҥнары үүммэт. Син ол кэриэтэ, сэргэ төбөтө үөhэ буолуохтаах, төрдө ииҥҥэ киириэхтээх. Бу үгэс куруук кытаанахтык тутуhуллуохтаах. Оттон таҥнары турбут сэргэлэр алгыс кэннэ уларытыллыахтаахтар. Ол урукку иинэ кураанах хаалбатын туhугар туох эмэ бэрик ууруллуон син (холобур, туос эмэгэт). Алҕас турбут сэргэни көннөрүүнү айыы-кэйии курдук санааhын сыыhа.
Киhи олоҕор үс сэргэни туруорара диэн этии улахан баайдар олохторун устата үс туос ураһаны тутан ыhыах ыhаллара диэн сэhэҥҥэ сөп түбэhэр. Номохторго Моҕол ураhа Эллэй ыhыах ыспыт кэмигэр маҥнай турбута диэн этиллэрэ. Онон, эргиччи ыллахха, былыргы сэргэ сиэрэ-туома өбүгэлэри ытыктааhынтан үөскээбитэ ырылыччы көстөн кэлэр.
Валерий Васильев, этнограф.
Этнограф Вильям Яковлев хаартыскаҕа түһэриилэрэ