Хайа баҕарар омукка былыр-былыргыттан оҕо төрөөһүнэ үгүс сиэрдээх-туомнаах буолара. Дьахтар хат буолуоҕуттан быыһаныар диэри кэмҥэ барытыгар хааччахтыыр, көмүскүүр сиэр-туом баара.
Омуктар манна сыһыаннаах үгэстэрин тэҥнээн көрдөххө, саха киэнигэр ордук майгынныырынан бүрээттэр үгэстэрэ чугас эбит. Тоҕотун билигин көрүөхпүт.
Бүрээт дьахтара хат буоллаҕына, эмиэ сахаларга курдук, аһыыр аһыгар элбэх хааччах киирэрэ: хой сототун уҥуоҕун этин, лаппаахытын этин уонна «хототун» (куртах чааһа) сиэбэт. Куобах этин сиэтэҕинэ, оҕото тыыраҕас уостаах буолуо, онтон тэбиэн этин сиэтэҕинэ, төрүүр болдьоҕун аһара барыа диэн көҥүллээбэттэрэ. Маны тэҥэ балыгы уонна сымыыты сиэппэттэрэ. Сахаҕа ас чааһыгар эмиэ үгүс хааччах баара: дьахтар хоолдьук уонна толунньаҥ уҥуоҕун кириэ суохтааҕа (оҕотун төбөтүн быһыыта ити кирбит уҥуоҕун курдук буолар), куртах таҥкычаҕын, балык төбөтүн уонна кутуругун, тууччах куртаҕын, куобах иһин о.д.а эмиэ сиэбэт.
Маны таһынан бүрээт дьахтарыгар таҥас баайар, сап хатар, быа түмүгүн баайар уонна быаны атыллыыр бобуллара — оҕо киинигэр эриллиэ диэн. Саха дьахтара уһун сабы хатара көҥүллэммэтэ — уһуннук эрэйдэнэн төрүө диэн.
Дьахтар төрүүр кэмэ кэллэҕинэ сахаларга ыал аҕата ойуурга тахсан хахыйах ачааҕы уонна тоһоҕону кэрдэн аҕалар. Дьахтар ол тоһоҕоҕо өйөнөн олорон төрүүрэ. Бүрээттэргэ дьахтар оронун аттыгар чохчойон олорон төрүүрэ. Сороҕор, өйөнөрүгэр диэн, хоппо туруораллара эбэтэр дьиэлэрин хоту баҕаналарыгар туорай мас саайаллара. Дьахтар үчүгэйдик оҕолоннун диэн туох баар хаппахтааҕы арыйаллара, хатыырдааҕы, тимэхтээҕи төлөрүтэллэрэ.
Дьахтар ыараханнык оҕолонор түгэнигэр бүрээттэр да, сахалар да ойууну ыҥыран көмөлөһүннэрэллэрэ.
Оҕо төрөөбүтүн кэннэ үһүс күнүгэр сахалар Айыыһыты атаарыы сиэрин-туомун оҥороллоро. Дьахтар төрөөбүт сирин таһыгар кыра иин хаһаллара, түгэҕэр маҥан сиэл тэлгииллэрэ уонна ол үрдүгэр туос иһиккэ угуллубут оҕо хаатын уураллара. Иини көмө түһэн баран аттыгар тымтыктан оҥоһуллубут ураһаны, туостан кырыллыбыт араас кыыллары, маллары (уол төрөөбүт буоллаҕына — тайах, ат, ыт, хайыһар, кыыс төрөөбүт буоллаҕына — биэ, ат, таба, кыптыый о.д.а), күнү-ыйы, мастан сэргэни кыһан туруораллара. Салгыы ураһаны уматаллара, туос кыыллары оонньуур ох саанан түҥнэритэ ытыалаан уокка түһэрэллэрэ, атын оҥоһуктары эмиэ кыптыыйынан ытыттаран ыла-ыла уокка биэрэллэрэ. Умайа турар кэмигэр арыынан сирэйдэрин соттоллоро, уоттарын аһаталлара, буруону эҕирийэ-эҕирийэ күлэллэрэ. Ким элбэхтэ күлбүт уонна буруону эҕирийбит эһиил оҕолонор диэн билгэлииллэрэ. Барыта умайан бүппүтүн кэннэ ииннэригэр тарыйан ситэри көмөн кэбиһэллэрэ.
Бүрээттэргэ Айыыһыты атаарыыга майгынныыр сиэрдэрэ-туомнара «тоомтолхо» эбэтэр «тоомто мантаха» диэн ааттаах уонна оҕо хаатын көмүүнү кытта ситимнээх. Бу туому эмиэ оҕо төрөөбүтүн кэннэ үһүс күнүгэр оҥороллоро. Дьиэ иһигэр орон атах диэки өртүгэр кыракый иин хаһаллара. Ол түгэҕэр бурдук туорааҕын, алтан уонна үрүҥ көмүс манньыаттары (сахаҕа эмиэ сороҕор манньыат уураллара) уган баран үрдүгэр оҕо хаата, киинэ угуллубут боолдьох мөһөөччүгү («тоонто» диэн ааттаах) ууран баран көмөллөрө. Онтон үрдүгэр тымтыгынан «урса» диэни туталлара. Бу тыла даҕаны биһиги «ураһа» диэммитигэр майгынныыр.
Бу былыргы монголларга «уруса» диэн тордох дьиэлэрин ааттыыллар эбит. Бүрээттэргэ кинилэртэн киирбит тыл. Бу «урсаны» хой ис сыатынан уонна маҥан өҥнөөх «хадак» диэн былаатынан бүрүйэн баран уматаллар. Онтон тула олорор дьахталлар (бу сиэргэ эмиэ сахаларга курдук дьахталлар эрэ кытталлар эбэтэр, сороҕор, сатаан оҕоломмот кэргэнниилэр) ууллубут арыыны омурдан ыла-ыла уокка тибиирэллэрэ. Бу кэмигэр кинилэр элбэхтэ дьээбэлэннэллэр, күлсэллэр. Уот умайан бүтэригэр умайбыт тымтык ким диэки охторун көрөллөр. Ол аата — бу дьахтар эһиил төрүүр диэн билгэлииллэрэ.
Ити курдук саха оҕолонор сиэригэр-туомугар бүрээттэр сиэрдэрэ-туомнара олус чугас эбит. Бу биһиги былыргы култуураларбыт хаһан эрэ дьүөрэлэһэ сылдьыбыттарын, саха төрүт үгэһигэр монгол омук ситимэ баарын көрдөрөр.
Борисов Б.Б.
Тирэх литература:
- Иванов С. В. Старинный якутский обряд, связанный с рождением ребенка. — Кн.: Религиозные верования и обряды народов Сибири в XIX нач. XX вв. Ленинград: Наука, Ленингр. отд-ние, 1971.
- Кулаковский А.Е. Научные труды. /Якутск: Якут. кн. изд-во, 1979.
- Худяков И.А. Краткое описание Верхоянского округа. /Ленинград: Наука, Ленинградское отд-ние, 1969.
- Шантаев Б.А. Родильные обряды бурят и калмыков. http://www.nutug.ru/kulitura/obryad.htm
- Шаракшинова Е.К. Фольклор бурятских родильных обрядов. http://mion.isu.ru/filearchive/mion_publcations/sbornik_Sib/1_4.html