2020 с. тахсыбыт “Саллаат сэһэнэ” кинигэҕэ Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай-бэлитиичэскэй оскуоланы бүтэрбит кадровай офицер, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Анаабыр улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Георгий Дмитриевич Борисов сэрии туһунан суруйан хаалларбыт рукопиһа уонна олоҕун, бойобуой суолун туһунан кэпсэммитэ. Кинигэни биир дойдулаахтара тыл билимин хандьыдаата Ангелина Кузьмина, СӨ чэпчэки атлетикаҕа успуорт маастара Василий Кузьмин, улахан кыыьа Антонина Чердонова бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыттара. Күндү ааҕааччыларбыт! Улуу Кыайыы күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит уонна бу кинигэттэн быһа тардан таһаарабыт. Сиһилии Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар киирэн ааҕыаххытын сөп.
I баһа
Маҥнайгы чааһа. Ыраах тыылга
Сэрии саҕаланыыта
1941 с. бэс ыйын 22 күнүгэр Бүлүү куоратыгар училещаны бүтэрээри сылдьан араадьыйанан ниэмэс фашистара биһиги дойдубутугар соһумардык уоран саба түспүттэрин туһунан ынырык биллэриини истибитим.
Сэрии хайдахтаах курдук сору-муҥу үгүс норуоттарга аҕалбытын туһунан уонна аҕалыахтааҕын чуолкайөйдөөбөт эрээри, биһиги ити соһумартан хайдах эрэ дөйбүт курдук буолбуппут. Наһаа долгуйубуппут, куппут-сүрбүт хамсаабыта. Ол эрээри оннук наһаа уолуйуу баара диэтэххэ, омуннааһын да буолуоҕа. Сэрии биһигиттэн бэрт ыраах саҕаламмыта. Кини сабыдыала тутатына биллэ охсубатаҕа уонна оччолорго биһиги саҥардыы куорсун анньан эрэр, кус оҕолорун курдук уолаттар, кыргыттар элбэҕи ымпыктаан-чымпыктаанөйдүүр кыаҕа суох дьон этибит.
Сотору биһиги убайдарбыт, таайдарбыт, сорохторбут бэйэлэрэ да, Кыһыл Аармыйаҕа маҥнайгы хомуурга түбэһэн барбыттара. Бүлүү биэрэгэр Сунтаартан, Ньурбаттан уонна Үөһээ Бүлүүттэн “Пропагандист” борокуот тиксибитэ. Биэрэккэ киһи бөҕө мустубута. Бука, урут хаһан да бу биэрэккэ бачча элбэх киһи мустубатаҕа буолуо. Куораттан барааччылар уонна кинилэри атаарар аймах-билэ дьонноро халҕаһалыы анньан киирбиттэрэ. Килбик, сэмэй бырастыылаһыы үгүстэрэ күн сиригэр төрөөн-үөскээн олорон бүтэһиктээҕин бырастыылаһыы даҕаны саҕаламмыта. Онно-манна оҕо-дьахтар, эмээхсин сэмээр соҕус да буоллар, ытаһыылара наһаа долгуйбут дьон бырастыылаһар бүтэһик сүбэни-аманы бэрсэр санаалара, мустубут дьон уйулҕатын хамсаппыта. Ытаабат да дьон харахтара ууламмыта. Борокуот быраһаайдаһар гудогун биэрэн, хас да баржаҕа дьону толору симинэн,өрүһү таҥнары устан бара турбута. Биэрэккэ хаалбыт дьон биһигиөргө диэри далбаатаан уруйдуу-айхаллыы турбуппут. Эдэр дьон үгүспүт аймах-билэ дьоммутун сайыспыта. Бадаҕа, кини сэрэх муҥутаан биһиги да уочараппыт сотору кэлиэҕин таайбыта. Ол эрээри мин уочаратым сотору кэлэн биэрбэтэҕэ. Күһүн призывной комиссия дьиэ кэргэним элбэх иитимдьилээҕин иһин миэхэ отсрочка биэрбитэ.
1941 с. балаҕан ыйын 1 күнүттэн Бүлүү куорат саха тылын учууталынан үлэлээбитим. Алтынньы ыйга Хампа 7 кылаастаах оскуолатыгар физика уонна математика учууталынан анаабыттара. Онно урут училищеҕа бииргэ үөрэммит табаарыстарым Кондаков Николай уонна Попов Афинадор Ионович үлэлии сылдьаллара. Оччотооҕуга сир-дойду ахсын байыаннай всеобуч тэриллэн үлэлиирэ, биһиги дэриэбинэбитигэр эмиэ тэриллибитэ. «Хайыһар батальона» диэн ааттаммыта. Манна чугаһынааҕы нэһилиэктэр байыаннай эбээһинэстээх дьонноро мустан үөрэммиттэрэ. Мин батальон хамандыырынан, комиссарынан Кондаков Н.А., рота хамандыырынан Попов А.И. старшинанан оскуола дириэктэрэ Габышев Н.Г., бырааһынан нуучча кыыһа биэлсэр Нина Попова анаммыппыт.
Биһиги үөрэхпит бырагырааматын бэс ыйын 1 к. 1942 с. түмүктээбиппит. Ити бириэмэҕэ килиэби карточканан биэрии олохтоммута. Сулууспалаахтарга 400 гр килиэби биэрэллэрэ. Ону сороҕор биирдэ сиэн кэбиһэрбитинөйдүүбүн.
Аармыйаҕа иккис барыы
Саас үөрэх бүтээтин, манна үөрэммит 60-ча киһи Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллан, бука бары атынан Бүлүү куоратыгар киирбиппит. Төрөөбүт дойдубутун, ат көлөнү кытта быраһаайдаһа таарыйа сүрдээх көрүдьүөстээхтик улуус киинигэр айаннаабыппыт. Дэхси хонуулаах алаастарга миинэн иһэр миҥэбит, аллаах аппыт барахсан, атаҕа төһө быһыйын холоһон көрөрбүт. Ардыгар аара ат үөһэ иһэн, саха бүлүүлүү оһуохайын тардан кэбиһэрбит. Үгүстэр атынан айаннаан долгуйан иһэн, уйадыйбыт куоластарынан: “Аны ат көлө барахсаны миинэр биллибэт… төрөөбүт алааска төннүллэр эрэ, суох эрэ…”, – дииллэрин чаастатык истибитим. Кырдьык да, ити барбыт дьонтон үгүспүт төннүбэтэҕэ. Сэрии хонуутугар дьоруойдуу охтубута. Тыыннарын Ийэ дойдуларын иннигэр толук уурбуттара. Айыыны кистээбэккэ эттэххэ, мин баҕас саҥа көппүт тураах оҕотун курдук аҥала буоламмын, сэрии суоһунөйдөөбөт быһыылааҕым. Ханнык эрэ улахан маневрга баран иһэр курдук туттарым. Ол иһин дьиҥнээх сулууспалыыр чааспар кэлиэхпэр диэри ырыа-тойук, үөрүү-көтүү аргыстаах айаннаабытым. Бүлүү куоратыгар кавалерия эскадронун курдук стройдаан киирбиппит. Аттарбытын төттөрү атааран баран, байыҥкамаакка мобилизациялыыр пууҥҥа тиийбиппит. Мантан ыла ордук байыаннай бэрээдэгинэн тэриллэн барбыппыт. Мэдиссиинэ хамыыһыйатын киһи барыта да кэриэтэ ааспыта. Икки эрэ киһи сыыйыллыбыта. Биһиги Бүлүү эбэ оҕолоро 1942 с. бэс ыйын 22 к. (Сэрии буолбута оруобуна 1 сыла буолуутугар) эмиэ «Пропагандист» борокуотунан куорат анныттан арахпыппыт. Атаарыы-бырастыылаһыы эмиэ урукку барыыга буолбутун курдуга. Арай, уруккутунааҕар ордук аймалҕаннаах буолбутун бэлиэтии көрбүтүм. Ытааччылар марылаччы ытаабыттара, букатынныы бырастыылаһар дьон оннооҕор уоллаах кыыс иэйиилэрин кистии сорумматахтара.
Аара суолга
Биһиги эмиэ баржа аайы толору олорон айаннаабыппыт. Эшелон салайааччыта Матютин, комиссар (уруккута биллэр партийнай үлэһит)өтөрдөөҕүтэөлбүт Михайлов Иван Иннокентьевич этэ. Мин Хампатааҕы аргыстарым «взвод» диэн ааттаммыттарыгар хамандыырынан анаммытым. Ротабыт хамандыыра мин биир идэлээҕим Березкин Виктор Николаевич этэ.
Үс Бүлүү төрдүгэр Бүлүү училищетын биһигинниин бүтэрбит Тимофеев П. (Сунтаар этэ) муҥурдааҕа тэстэнөлбүтэ. Биһиги кини табаарыстара мустанөлбүт доҕорбутун иин хаһан, суорҕаҥҥа суулаан баран көмпүппүт. Аатын суруйан бэлиэ туруорбуппут. Ону аймахтара да кэлин булбуттара биллибэт.
Ити кэмҥэ борокуот мас ылаары тохтоон турара. Бүлүү умнаһын бөҕөстөрө мустан, “сытыйар иҥиири тугун харыстаатахпытый” диэн ааттаан тустубуттара. Төрөөбүт сирдэриттэн арахсалларын бэлиэтээн, оонньуу-көрүлүү түһэр санаа киирбитэ буолуоҕа. Бу тустууну биһиги доҕорбутун көмө сылдьар буолан көрбөтөхпүт. Орто Бүлүү Тоҕуһун бөҕөһө Быкалыров Алексей кыайбыт сурахтааҕа (хапсаҕайга маастар Выбор Быкалыров аҕата эбит). Маннаөр турбатахпыт. Арыый уһаабыппыт буоллар, Бүлүү умнаһын хомоҕой тыллаахтара ордук Ньурба уонна Сунтаар үҥкүү этээччилэрэ хайдахтаах оһуохайы тардан кэбиһиэхтэрэ биллибэт этэ. Бүлүү, £лүөнэ эбэлэри, олорбут алаастарбытын, сылдьыбыт сыһыыларбытын, бултаабыт-алтаабыт тыаларбытын оһуохай уус-уран тылынан бырастыылаһан барыах этибит.
Баҕар ким эмэ оһуохайга даҕатан хаалларан барар тапталлааҕын кытта быраһаайдаһар долгутуулаах тылларын,өстөөх сэриинэн түспүт абатын-сататын этэрин истиэххэ сөп этэ. Бука бырыбыт да тапталлаахтарбытын хааллардахпыт: ким кэргэнин, оҕотун, дьонун-сэргэтин, ким таптыыр кыыһын билсибититтэн эбэтэр билсэ илигиттэн тутулуга суох, мин эмиэ сүрэхпэр иҥэрэн сылдьар кыыстааҕым. Онтубар түөрт сыл устата марайдаабыт кумаахыбын “Хоһооннор хомуурунньуктара” диэн ааттааҕы кэлэрбэр кини бииргэ төрөөбүт балтытынан ыыппытым. Бэйэтин көрсүбүтүм да толлон биэрбэтэҕим. Бадаҕа, тустаахха кыыс да улахан суостаах буолар быһыылаах. Итинник чараас сүрэхтээх киһи фроҥҥа тиийэн хайдах сэриилэһэрим буолла?
Биһигини кылгастык Дьокуускай байыҥкамаатыгар тохтоппуттара. Миигин аймахтарым кыргыттар көрсүбүттэрэ, атааралларыгар иккиэн ытаспыттара. Ити мин сэриигэ барарбыттан ытыы-соҥуу хаалбыт, атаарбыт аан маҥнайгы уонна бүтэһик дьон этилэр. Кинилэр убайдара, мин таайым, ол бириэмэҕэ лейтенант Афанасьев Степан Кузьмич (билигин оставкаҕа сылдьар полковник) биһигини Даркылаахха диэри сатыы хамаандалаан киллэрбитэ. Кыһыл Аармыйа строевой офицерын итиннэ аан маҥнай көрбүтүм. Кини курдук строевой офицер буолбут киһи дии санаабытым. Төрөөбүт эбэбит £лүөнэ устун хас эмэ оройуон дьоно мустан, халҕаһалыы анньанөрө устубуппут. Эшелон салайааччыта уонна комиссара урукку биһиги дьоннорбут этэ. Заярскайга сэрииттэн төннөн иһэр хас да саханы көрсүбүппүт. Үөһээ Бүлүү аатырбыт бөҕөһө Докторов Никита Константинович-Бычырдаан илиитин уонна атаҕын тоһуттаран босхолонон иһэрэ. Сэриигэ батальон ыстаабын салайааччыта буола сылдьыбыт. Старшай лейтенант сыбаанньалааҕа. Эмиэ итиннэ Таатта биир эдэр уолун көрсүбүппүт. Кини наһаа ыараханнык бааһыран иһэрэ. Фашист буулдьата хаҥас хараҕын аннынан түспүтэ кулгааҕын кэннинэн тахсыбыт, онтон хомурҕанынан киирэн, сорох ойоҕосторун солоон,өттүгүн диэкинэн тахсыбыт этэ. Кини биһиэхэ бааһын арынан көрдөрө-көрдөрө кэпсээбитэ сүрүкэтэ бэрдиттэн биһиги эппит саласпыта.
Иркутскайга тиийбиппитигэр арҕааттан икки лейтенант уолаттар кэлэн эшелону туппуттара. Эшелон салайааччыта Аммосов, политрук Петухов диэн этилэр.
Биһигини түүннэри-күнүстэри буойас арҕаа диэки быһаччы өйдөөтөххө, сэрии диэки тохтообокко дьулуруппута. Аара тимир суол ыстаансыйатыгар бэрт кылгастык тохтуурбут. Паровоз чох, уу тиэнэрэ, онтон биһиги оргуйбут уу ыла тимир суолу туора сырсарбыт. Челябинскай уобаласка Чебаркуль ыстаансыйаҕа тохтообуппут. Миасс күөл арҕааөттүгэр олохсуйан, 2-с саппаас биригээдэҕэ тиийбиппит. Онно бука барыбытын стройдатан баран, үөрэхпитинэн араартаабыттара уонна үрүө-тараа туппуттара.
Сулууспа саҕаланыыта
Мин икки табарыспыныын: Габышевтыын (£лүөхүмэ), Алексеевтыын (Сунтаар) 24-с Запасной стрелковай полк үөрэтэр батальонугар түбэспиппит. Үс ый үөрэнэн баран, мантан сержант буолан тахсыахтаахпыт. Рота политруга Волкотруб диэн дьикти араспаанньалаах бэртээхэй эдэр киһи этэ. Миигин аҕыйах хонон баран, отделение хамандыырынан анаабыттара. Урут всеобучка үөрэммит буолан бинтиэпкэ чааһын уонна строевой устаабы син аҕайдык билэр этим.
Чебаркульга сулууспалыыр кэммитигэр биһиги наһаа ырбыппыт. Усулуобуйа аһара мөлтөҕө, оттон үөрэх олус ыарахан этэ. Ол үрдүгэр биһиги, хотугу сир оҕолоро, урут уустук усулуобуйаҕа үөрэммэтэх дьон буолан биэрбиппит.
Биһиги эшеломмут дьоно үрүө-тараа барбыттара: сорох маршевай роталарга түбэһэн аҕыйах хонугунан фроҥҥа баран Москубаны көмүскээбиттэрэ, сорохтор хайыһар батальонугар бэлэмнэммиттэрэ, сорохтор араас училищеларга атаарыллыбыттара, сорохтор тутууга үлэлээбиттэрэ.
Сотору мин отделениябар Николаев диэн эдэр нуучча уола “Фронтан кэллим” диэн баар буолан хаалбыта. Кини наһаа сытыы-хотуу, ис киирбэх көрүҥнээх сайаҕас уол этэ. Хормуоскаҕа оонньуура, уопсайынан, муусукаҕа да дьоҕурдаах быһыылааҕа. Кини кэлбититтэн ыла киэһэ аайы ырыа-тойук элбээбитэ. Ротаҕа “культмассовик” курдук буолан испитэ. Миигин кытта сэргэ утуйар миэстэлээҕэ. Элбэх саҥалаах наһаа бэһиэлэй киһи этэ. Кини биһиэхэ ый кэриҥэ сылдьыбыта. Онтон полк музыкальнай взводугар ылбыттара. Киһибит сарсыардааҥҥы разводка маршы оонньуу туран, биһиги ааһарбытыгар тоҥхоҥноон дорооболоһоро. Итиннэ кини эмиэ ый эрэ кэриҥэ сулууспалаабыта. Онтон эмискэ сүтэн хаалбыта. Сүппүтэ 2-3 хоммутун кэннэ миигин полк оһуобай отделыгар, оччотооҕуга ааттыылларынан “Смершкэ” ыҥырбыттара. Тиийбитим кыра уҥуохтаах буолан баран, модьу-таҕа, бэрт наҕыллык туттубут-хаптыбыт эмиэ оннук саҥалаах-иҥэлээх хапытаан олороро. Мин кэлбитим туһунан дакылааттаабытым уонна кини биһикки икки ардыбытыгар маннык кэпсэтии буолбута:
- Байыас Николаевы билэҕин дуо?
- Билэбин.
- Хайдах уол этэй?
- Үчүгэй уол этэ.
- Эйиэхэ эбэтэр атын дьоҥҥо ону-маны кэпсиир этэ дуо?
- Кэпсээн бөҕө буоллаҕа дии.
- Ол туох туһунан кэпсиир этэй?
- Ээ, ол-бу туһунан арааһы.
- Ол киһиҥ кимин билэҕин дуо?
- Суох. Оттон эдэр нуучча уола дии.
- Ити хайгыыр уолуҥ ниэмэс үспүйүөнэ.
Арҕаа Европаҕа (бадаҕа, Гамбург куоракка) үспүйүөннэр икки сыллаах оскуолаларын бүтэрбит. Кырдьык да, нуучча эмигранын уола эбит. Биһиэхэ оһуобай сорудахтаах быраҕыллыбыт эбит. Ону мин “үчүгэй уол этэ” дии турдаҕым. Хапытаан миигин добуоччаөр үөрэтэн саҥарбыта. Итиннэ минөстөөҕү эппинэн-хааммынан билиэхтээҕим чорботон бэлиэтэммитэ. Онтон уопсайынан “бдительнайа суох эбиппин, киһи да бөҕөбүн” диэн саныы-саныы казармабар төттөрү сукуҥнаабытым.
Сотору тимир суол саҥа ыстаансыйатыгар эмиэ биир үспүйүөнү туппуттара. Кини икки хараҕа суох умнаһыт мусукаан буола сылдьыбыт үһү диэн буолбута.
Сэрии бүтэрин саҕана фроҥҥа биир хапытааны көрсүбүппэр кэпсэтиигэ Чебаркулы ахтыбытым. Киһим: “Тыый, мин эмиэ онно сулууспалаабытым. Наһаа мөлтөх усулуобуйалаах сир этэ. Истибитиҥ дуо биригээдэ хамандыыра генерал-майор уонна ыстаап салайааччыта иккиэн үспүйүөннэр үһү. Кэлин тутуллубуттар” диэбитэ. Ыстаап салайааччыта Ткаченко диэн наһаа тоҥкуруун майор этэ. Мин онно: “Чебаркуль туох ааттаах үспүйүөн буулаабыт сирэ эбитэй!” диэн сөҕө санаабытым. Онно сулууспалаабыт үс ыйым устатыгар икки махтал суругу ылбытым. Маҥнайгытын батальон хамандыыра хапытаан саҥа биэрбит уп-уһун обмоткаларынан сотом дуомун чороччу эриммиппэр “Байыаннай пуорманы эҥкилэ суох тутуу иһин” диэн ааттаах, оттон иккиһин ытыыга «СВТ» аптамаат бинтиэпкэнэн «Иккис задача» дэнээччи 10 буулдьанан 40 сөкүүндэ устатыгар 10 араас сыалы таппытым иһин. Ити ытыыга биригээдэ үрдүнэн бастаабытым. Хаартыскам бочуот дуоскатын үрдүгэр ыйаммыта. Итинтэн ыла полка хамандыырын строевой чааска солбуйааччыга старшай лейтенант уолу кытта бүтүн биригээдэ саатын-саадаҕын пристрелкалыыр үлэлэммиппит.
Мин ротабын кытта сатыы стрельбищаҕа тиийэрим, күнүс онно бииргэ аһыырбыт, кини ыһыга элбэх буолан быстах бириэмэҕэ миигин абыраабыта. Үлэбит киһини наһаа илиһиннэрэрэ. Ручной бүлүмүөтү пристрелкалыыр ордук сылаалааҕа: икки курунан, икки атахха кэтэн баран чырбаччы тэбэ сылдьан ытыллара. Ол да үрдүнэн син биир кини киһини үлтү имитэн кэбиһэрэ. Мин киэһэ казармабар, тыаллаах күн көтөн иһэр тураах курдук тэлиэс-былаас дайбаан, ортолуу холуочук киһилии эрийэ-буруйа хааман төннөрүм.
Арай биирдэ киһим элэмэс атын уларсыбыта. Хозвзодка туттарыахтааҕым көлөм буолааччы дьондойон түһэн үрдүгэ диэн сүрдээҕэ, кылгас тыстаах саха оҕото сатаан үөмэн мииниэ да суох курдуга. Үрдүк сиртэн салҕанан миинэрим – дьулуруйан түһэн матассыыкыл курдук, туһулаабыт сирин хоту супту түһэн айанныыр көлө эбит. Олохпут куһаҕана диэн ханан да саха атыгар тэҥниэх кыаҕа суоҕа. Хайдах эрэөрө ходьоруҥнаан айанныыра. Ол да иһин кавалериялар аттарыгар мэлдьи эккирии иһэр курдук буолаллар быһыылаах.
Манна саха ата барыта уу дьоруо, чааскылаах ууну дьалкыппат олохтоох буолбатаҕын билэ-билэбин этэбин. Ити биирдэ мииммит миҥэм бэйэтин туһугар баҕар сылгы үтүөтэ буолуоҕа. Ол үрдүнэн кини миэхэ ырбыт киһиэхэ хоҥхочоҕум уҥуоҕунан олорор сирбэр улахан хоромньуну таһаарбыт соччо үчүгэйэ суох олохтоох сылгы этэ, онон миинэн кэлэн абыраммытым диир кыаҕым суох. Хата, хозводка туттаран баран үөһэөрө тыыммытым. Кэмигэр туох эрэ куһаҕантан, толлуулаах суолтан быыһаммыт курдук санаабытым.
Миигин биирдэ полк ыстаабыгар ыҥыран, ханнааҕы эрэ артиллерийскай училещаҕа үөрэнэ барарга эппиттэрэ, онно курсаннары талар киһи кэлэн олороро. Мин: “Пехотнай училещаҕа үөрэнэр баҕалаахпын” диэн дуорас аккаастаммытым. Ити училещаҕа мин доҕорум Кондаков Н.А. баран үөрэммитэ уонна сэрииттэн старшай лейтенант сыбаанньалаах, хас да наҕараадалаах этэҥҥэ төннүбүтэ. Мин артиллерийскай училещаҕа барартан аккаастаммыппыттан букатын хомойбоппун. Оччотоҕуга тута артиллерист буолбат санаалааҕым. Кылгас кэмҥэ кэмсинэ сылдьыбытым да буолуо. Кэлин сиэрииттэн тыыннаах ордубут киһи “онно барбатахпын, манна барбатахпын” диэн хомойо сылдьарым табыгаһа суох курдук. Оннооҕор мин сулууспам бүтүүтүгэр байыаннай академияттан аккаастанан турабын. Ол баҕас «ыт баһа көмүс тэриэлкэттэн төкүнүйбүт» диэбиккэ да маарынныан сөп. Ити туһунан кэлин сөптөөх түгэнигэр ахтан аһарыам. Уопсайынан, да олоххо буолан ааспыт түгэннэри үчүгэйдэрин да, куһаҕаннарын да иһин хомойо сылдьар соччо көдьүүһэ суох быһыылаах.
1942 с. алтынньыга миигин В.И. Ленин аатынан Москубатааҕы Кыһыл Знамялаах байыаннай-бэлитиичэскэй училищеҕа ыыппыттара. Кини Челябинскэй уобаласка Шадринск куоракка эвакуацияланан кэлбит этэ. Онон миэхэ эмиэ байыаннай училищеҕа үөрэнэр чиэс сотору тиксибитэ.
Байыаннай-бэлитиичэскэй училище
Бу училищеҕа 1000-тан тахса киһи үөрэммитэ, ол иһигэр түөрт саха баара: мин, Павлов В.С. (Ньурба), Коркин П.В. (Бүлүү) уонна Степанов (Амма). Училище салайааччыта полковник Ухтиянцев, биһиги батальоммут хамандыыра хапытаан Шаблий, рота хамандыыра старшай лейтенант Земских, мин взводум хамандыыра лейтенант Полетаев диэн этилэр. Сахалар бары тус-туһунан роталарга түбэспиппит. Арай Павлов уонна Коркин биир ротаҕа үөрэммиттэрэ. Үөрэх наһаа ыарахан этэ. Күҥҥэ 10-12 чаас үөрэнэрбит. Дисциплина наһаа кытаанахтык ирдэнэрэ, ордук тактическай бэлэмнэнии ыарахан этэ. Наһаа сүүрдэллэрэ-көтүтэллэрэ. Анал дисциплиналар диэн бааллара, олор олус интэриэһинэй этилэр – онноөстөөх саллааттарын ортотугар ыытыллар аҕытаассыйа уонна пропаганда үөрэтиллэрэ, араас сурунааллары, листовкалары көрдөрөн ырыталлара. Училище физкультураҕа, стройга үчүгэйдик бэлэмниирэ, самбоҕа кытта үөрэтэллэрэ.
Физкультура преподавателэ спорт маастара Николаев диэн старшай лейтенант этэ. Ыстыыгынан сэриилэһэргэ үөрэтэ сылдьан, бэйэтигэр түһэртэрэрэ уонна түспүт киһини лаппа кэһэтэрэ, ол иһин ким да киниэхэ кэнники саллан түспэт да буолбута. Наһаа күүстээх, сылбырҕа киһи этэ. Миигин батальон хамандыыра хапытаан Шаблипка связнойунан анаабыта. Сотору ротам хамандыыра старшай лейтенант Зенскикка эмиэ связной буолбутум.
Хапытаан Шаблип батальонугар хаһан да күлэн эрэрин көрбөтөҕүм. Киниөссө биир дьикти тэбэнэттээҕэ: дьиэтигэр кэлэригэр олбуор ортотугар бэйэтин саннытыгар таһымнаах тардыллыбыт быаны үрдүнэн ойон ааһара.
Оттон дьиэтигэр букатын атыннык туттар эбит этэ. Икки уоллааҕын мииннэрэн баран, хоско үнэ сылдьар уонна күлүүтэ-үөрүүтэ сүрдээх буолааччы. Бадаҕа күлүүтүн-үөрүүтүн дьиэтигэр хаһаанар киһи быһыылааҕа. Кини кэргэнэ кыра уҥуохтаах, эйэҕэс баҕайы дьахтар этэ. Тревогаҕа ыҥырыыга сырыы буоллаҕына, миигин аһынан күндүлээччи.
Бу училищеҕа хайыһарынан дьарыктанарга улахан болҕомто ууруллара. Биһиги ротабытыгар бэриллибит хайыһары мин тиэйэн аҕалбытым. Аҕалаат, биир хара кырааскалаах сүүрүү хайыһарын тайахтары талан ылбытым. Ылаат хайыһарбын, кичэллээхтик сымалалаабытым. Ити хайыһар миэхэ улаханнык көмөлөспүтэ; дойдубар эрдэхпинэ, холоон соҕус хайыһардьыт киһи бүтүн училище үрдүнэн бастыҥ хайыһардьыттар ахсааннарыгар киирбитим, үгүс куоталаһыыга бастаабытым.
Куоталаһыы 10, 30 уонна 50 километрдаах ыраахха буолара. Нэдиэлэ аайы 50 км-га хайыһар вылазката оҥоруллара. Батальон бары сэриитин сэбин илдьэ сылдьара. Станковай бүлүмүөттэри болокусаҕа тиэйэн баран соһуллара. Сороҕор быстарбыт киһини да соһор түбэлтэ баар буолааччы.
Биирдэ хапытаан Шаблип биһикки көс кэриҥэ сиргэ болокуса лямкалаах быатынан Упхолов диэн курсаны соспуппут. Кини омуга бүрээт, дойдутугар учуутал эбит этэ.
Мин батальон хамандыырыгар вылозка кэмигэр эмиэ связной буолааччыбын, ол иһин төттөрү-таары сүүрүү элбэх этэ.
Күнүс тохтоон сухой паегунан хааһы буһаран кутааҕа эбиэттиир этибит. Киэһэ хараҥарбытын кэннэ эрэ төннөн кэлэрбит. Ханнык рота ордук тэрээһиннээхтик сылдьыбытынан уонна төннөн кэлбитинэн бастакы миэстэҕэ тахсааччы.
Хайыһарынан күрэхтэһии сүүрүүгэ саамай күүстээхтэринэн биһиги батальоммут ааҕыллара. Биһиэхэ 4-5 үчүгэйдик сүүрэр киһи баара: хапытаан Шаблип, спорт маастара старшай лейтенант Николаев, курсант Безовецков уонна мин.
Биирдэ вылозка иннинээҕи киэһэ, отбой кэнниттэн, мин хайыһарым тайаҕар сахалыы эмпэрэ оҥостубутум. Сарсыарда Безовецковы батальон хамандыырыгар связнойунан анаабыттарыгар, кини миигиттэн тайахпын көрдөөбүтэ, ону мин биэрбэтэҕим. Взвод хамандыырыгар үҥсүбүтүгэр, кини миэхэ: «Тайаххын биэр», – диэн бирикээстээбитэ. Онно да мин биэрбэтэҕим. Ол иһин сонно хамандыырым миигин 3 сууккаҕа гауптвахтаҕа ыыппыта.
Гауптвахта син хаайыы кэриэтэ сир, кини туһунан эмиэ карцердаах. Сарсыарда бэрт эрдэ туруоран, араас үлэни үлэлэтэллэрэ. Биһиги таспытыгар кавалерийскай училище баара. Олор көнүүһүнэлэригэр илдьэн аттарын ыраастаталлара.
Биир сарсыарда мин ханнык эрэ хамандыыр атын ыраастааһыҥҥа түбэспитим. Үүт маҥан ат этэ. Бука, «үрүмэччи маҥан ат» диэн сахалар итинник аты туойбуттара эбитэ буолуо. Барахсан сылгы үчүгэй дьүһүннээх буоллаҕына, кинилэр саамай үчүгэйдэригэр киирсэр көрүҥнээҕэ. Кинини маҥан холуупка маарыннатан көрбүтүм.
Мин урут кавалерийскай аты ыраастаан көрө илик киһи этим. Оҕо эрдэхпинэ кыһыаччынан аты кырыатыыры эрэ сатыырым. «Куттана-куттана културус гынна» диэбиккэ дылы, мин улаханнык салла-салла ат иннигэр стойлаҕа киирбитим. Илиибэр икки биэрбит суоккаларын тута сылдьарым: биирдэрэ – тиистээх тимир суокка, иккиһэ – хатыылаах, түүлээх суокка этэ.
Аттыбар аты ыраастыы турар уолтан: «Бу ас тугу кытта сиэнэрий?» – диэн ыйыппытым.
Киһим “бастаан күүскэ соҕус, онтонөссө күүскэ, үсүһүн баар-суох күүскүнэн тимир суокканан ат ойоҕоһун сотуолаа, ол кэнниттэн тимир суоккаҕын түү суоккаҕа сотон ылаҕын», – диэн сүбэлээтэ.
Мин саҥа ити сүбэтинэн үлэлээн эрдэхпинэ, ат бастаан миигин сытырҕалаан көрбүтэ. Иккис сотуу кэнниттэн ат биллэрдик кыыһырбыта, муннун бардьыгынаппыта, онтон үһүс сотуу кэнниттэн миигин стойло тасөттүгэр барахпыта уонна хаһыҥырыы -хаһыҥырыы көнүүһүнэ муостатын лиһиргэппитэ.
Итинтэн ыла,өссө да утуйан турбут аттар соһуйан уһуктаннар, көнүүһүнэ иһигэр эмискэ айдаан бөҕө буола түспүтэ. Биир да ат, киксибит курдук кими да бэйэлэригэр чугаһаппатахтара, онон аты ыраастыахтааҕар буолуох, кинилэргэ чугаһыыр да кыах суох буолбута. Көнүүһүнэ дневальнайын ыҥырыытынан, саабыла соһо сылдьар биир старшина кэлбитэ уонна: «Тоҕо аттар бууннара буолла», – диэн ыйыппыта. Онуоха били мин «сүбэһитим» буолааччы: «Бу маҥан акка ити абааһы уол (миигин ыйар) ыраастыы тиийбитигэр сыллаан көрөн баран, нуучча буолбатаҕын биллэ быһыылаах, ааҥҥа баран түһүөр диэри таска тэбэн кэбистэ», – диир. Старшина «Үлэлэмээри түөкүннүүгүт», – диэн мөҕөн баран, барыбытын көнүүһүнэттэн үүртэлээн кэбистэ. «Күүскүнэн таптатыаҥ суоҕа» диэнөс хоһоонун саныы-саныы конвойданан гаутвахтабыт диэки суккурустубут. Ити ыалбыт кавалерийскай училище, чуолкайдаан эттэххэ, көнүүһүнэтин кытта маҥнайгы билсиим этэ.
Саас училищены бутэрээри сылдьан, харабылга туран, кавалерист-курсаннар рубкаҕа зачет туттара сылдьалларын көрбүтүм. Уолаттар ыраахтан сүүрдэн кэлэн болуоссакка кэчигирэччи турар кыра харыйалары саабыланан иккиөттүнэн кэрдэн лэкээриҥнэһэллэрэ. Күн уотугар саабылалара кылабаччыйара, сүүрдэ сылдьан төбөлөрүн үрдүнэнөрө уунан баран, эргитэ сылдьар идэлээх дьон эбит этэ.
Урукку сырыыга мин аккаөлөттөрө сыыспытым, онтон бу сырыыга биир хохочу сэлэммит соноҕосөлө сыыспыт: иччитэ зачет бириэмэтигэр биир кулгааҕын харыйа оннугар быһа охсубут сурахтааҕа. Мантан ураты ыаллыы училище туһунан соччо тугу да билбэппин. Биирдэ эмэ ыраахтан аты мииммит уолаттар төгүрүк болуоссат устун хаамтара, сиэллэрэ сылдьалларын көрөөччүбүн.
Биирдэ харабылга сылдьан, сынньалаҥмар табах фабрикатыгар баран көмөлөспүппүт. Дириҥ оҥкучах иһиттэн кырбаммыт үчүгэй баҕайы сыттаах табаҕы, тимир атырдьаҕынан транспортерга уурар этибит. Үлэбит иһин, онно үлэлиир кыргыттар киһи аайы 100 устуука бөппүрүөскэни биэрбиттэрэ. Хамнас тасөттүгэр табаҕы хармааҥҥа да хааланар этибит, ол ааҕыллыбат.
1943 с. саас Кыһыл Аармыйаҕа форма уонна сыбаанньа уларыйбыта, погон кэтиллэр буолбута. Училищебыт начальнига дивизионнай комиссар Успенцев Москубаҕа хамандыыровкаҕа сылдьан полковник погонун кэтэн кэлбит. Аан маҥнай погоннаах киһини көрөр, хайдах эрэ олуона курдуга. Онон биһиги эмиэ сотору курсант погонун кэппиппит.
Итинтэн политкомиссардар сотуллубуттара, ротаттан үрдүкү сэрии подразделениялара чаастарыгар уонна подразделенияларыгар бэлитиичэскэй чааска хамандыыры солбуйааччылар диэннэр баар буолбуттара. Олор да роталараөр буолбатахтара – ууратыллыбыттара.
1943 с. ыам ыйын 1 күнүн кэнниттэн сотору биһиги училищебытын бүтэрбиппит. Лейтенант сыбаанньатын кытта рота хамандыырын бэлитиичэскэй солбуйаччы аатын ылбыппыт. Уонна үчүгэй хайыһардьыт быһыытынан «хайыһар» батальонугар туһаныллыан сөп диэн характеристика биэрбиттэрэ.
Горькай куоракка
Биһиги училищены бүтэрээппитин үлэ биэрэр кыахтара суох буолан, Горькай куоракка аҕалбыттара. Манна Кыһыл Аармыйа кылаабынай политуправлениетын резервэтэ турара. Биһиги бороҥ таас дьиэлэргэ тимир аҕыраада иһигэр олорбуппут. Үлэбит диэн харабыл сулууспатын эрэ толорорбут.
Биһигини утарыөрүс уҥуор Горькайдааҕы массыына собуота турара, онно оччотооҕуга сэрии сэбэ оҥоһуллар буолуохтааҕа. Аттыбытыгар М.В. Фрунзе аатынан танковай военнай- бэлитиичэскэй училище баара.
Кэлбиппит аҕыйах хоммутун кэннэ, биир киэһэ таһырдьа сад иһигэр киинэ көрөөрү, сиргэ олорбутум. Ол олорон көрдөхпүнэ, танковай училище диэкиттэн Бүлүүгэ икки сыл педучилищеҕа бииргэ үөрэммит уолум Томскай Алексей Захарович (оччолорго хос аата «Носторообуйа») куолутунан аа-дьуо иҥнэҥнээн иһэрэ. Миигин ыраахтан көрөн билиминэ кэпсэтэн сахабын дуу, саха буолбатахпын дуу билэр санаалаах киһилии туттан иһэр. Тэйиччи соҕус кэлэн тохтообута. Кини курсант погуоннааҕа, үөрэҕин бүтэрэн эрэр кэмэ эбитэ. Миигин тута билбэтэҕинэн туһанан, хаадьылыыр санаа көтөн түспүтэ.
Эмискэ сүрдээхтик улуутумсуйа туттубутум, уолум диэки сэнээбиттии хатыылаахтык көрөн баран, төттөрү эргиллибитим. Уолум атаҕын тыаһа, эргийэн чуҥнаан эрэрин биллэрбитэ. Ол иһин кини диэки көрбөккө эрэ, минөссө эргиллэн, били кини кэлбит сирин диэки хайыһан олорбутум.
Киһим тыаһа чугас соҕус кэлэн тохтообута уонна: «Товарищ лейтенант, разрешите обратиться», – диэн саҥа иһиллибитэ. Онно мин суоһурҕаан батары көрөн ылаат, сүрдээх кытаанах омуктуу акценнаах куолаһынан: «Пожалуйста!» – диэбитим. Урут икки сыллааҕыта, икки сылы быһа бииргэ үөрэммит, оонньообут, тыҥабыт күүгэнэ бараныар диэри хайыһарынан сырсыбыт уолум ыйытыыта маннык буолан таҕыста: «Вы кто такой товарищ лейтенант, по национальности». Мин онно: «Казах!» – диэн күргүйдүү былаан эппитим. Аны киһибиттэн мин ыйытар уочаратым кэлбитэ: «Ты кто по национальности?» – диибин. Киһим: «Я якут, товарищ лейтенант», – диирин кытта тохтоппокко доппуруостаан эрэр курдук кытаанахтык: «Фамилия, имя, отчество?» – диэн ыйыппыппар, киһим хайдах эрэ тииһин быыһынан сылбырдаан: «Томский Алексей Захарович, товарищ лейтенант», – диэбэт дуо?
Ону истээт мин сахалыы маатырылаан баран: «£ссө Туомускай £лөксөй Сахаарабыс диэбит буола-буола…», – диэн кэлэйбиппин, хайа аайы сахалыы, ахтылҕаннаах төрөөбүт тылбынан саҥарбыппар киһим соһуйанөрө дьигиһийэ түстэ уонна сүрдээх хоргуппут куолаһынан: «Дьөгүөр, хара түөкүн…билэ-билэҕин тоҕо, киһини итинник эрэйдиигиний?» – диэн баран, аттыбар кэлэн олорон, дьэ киһилии көрсөн, дорооболоһон, хайдах-туох сылдьарбытын сэһэргэһэн барбыппыт.
Ити күчүмэҕэй сылларга киһи билэр киһитин ыраах сылдьан көрсөрө хайдахтаах курдук күндүтүн, итини бэйэлэрин эттэринэн-хааннарынан эрэйдэнэн билбит дьонөйдүөхтэрэ.
Горькай куоракка биһиги Шадринскайтан лейтенант Павловтыын кэлбиппит уонна итинтэн ыла сыл кэриҥэ хардыы да устата арахсыбатахпыт. Онтон Коркин П.В. уонна Степанов фроҥҥа барбыттара. Лейтенант Степанов хайдах дьылҕаламмытын күн бүгүнүгэр да диэри билбэппин. Онтон Коркин П.В. рота хамандыырынан, старшай лейтенант сыбаанньалаах сэриилэһэн баран, фронтан хас да наҕараадалаах этэҥҥэ төннөн кэлбитэ. Кини араас үлэлэргэ үлэлээн баран, аҕыйах сыллааҕытаөлбүтэ.
Аҕыйах хонугунан Томскай А.З. училищетын бүтэрэн, эмиэ лейтенант погуонун кэппитэ. Хайа аата, сахаҕа маарынныыр лейтенаны көрдөҕүнэ, чуҥнаан эргийэ сылдьар эрэйтэн быыһаммыта.
Биир киэһэ утуйаары олордохпутуна, салгыҥҥа саба түһүү тревогата биллэриллибитэ. Биһиги Окаөрүс сыырын үрдүгэр баар буомбаттан саһар сиргэ сырсыбыппыт. Куорат оборонатын зенитнай сэриилэрин уота халлааҥҥа онон-манан чаҕылыҥныыра, ардыгар кутаанан умайара. Павлов биһикки саһар сир иһигэр олорболоон баран, тэһийбэккэ уонна салгын саба түһүү, хайдаҕын илэ харахпытынан көрөөрү сүбэлэһэн таска тахсыбыппыт.
Биир аппаҕа олорон, ниэмэс буомбалааччылара уҥуор массына собуотун үрдүгэр парашутка аракыатаны ыйаан баран, собуоту буомбалыылларын көрбүппүт. Үксүн умайар буомбаны быраҕаллар этэ, онтулара бэрт элбэх сиргэ, халлаан сулуһун курдук, кылаҥнаан көстөн баран умуллан хаалаллара. Бадаҕа, онно дьуһуурунайдыыр дьон утары умуруоран иһэллэрэ быһыылаах.
Салгыҥҥа эстибит зенитнай снарядтар кыырпахтара сиргэ түһэр тыастара сайын тойон ыҥырыа дыыгыныырын уонна сиргэ бөдөҥ төлөн түһэн тоһугурайын санаталлара. Арай лаппа улахан оскуолактар да кэлэн, сиргэ «палк» гына түһэллэрэ.
Биһиги ити олорон, ниэмэс сөмөлүөттэрэ наһаа алларанан көтө сылдьалларын көрбүппүт, оттон “заграждение” уота наһаа үөһэ туруоруллар эбит этэ. Биһиги дистанционнай эстээччилэрбит кыра соҕус үрдүккэ эстэр кыахтара суоҕа дуу? Тугу да сатаанөйдөөбөтөҕүм. Куораты тула туруоруллубут прожектордар халлааны дьөлө үүттүүллэрэ, хайа суруйаллара. Сороҕор кириэстии аасыһаллара, ол көтө сылдьар сөмөлүөтү ытар быһыылара буолуохтаах. Биир да сөмөлүөт умайан түһэн эрэрин көрбөтөхпүт, ол эрээри сырыы аайы 2-3 сөмөлүөт куорат чугаһар суулларыллыбыт сурахтааҕа.
Ниэмэстэр собуоту үс түүн субуруччу буомбалаабыттара, да соччо хоромньуну оҥорботохторо. Үһүс түүннэригэр биһиги диэки биэрэккэ үс парашутиһы бырахпыттарын Павлов биһикки көрөн, контрразведка отделыгар сырсан кэлэн тыллаабыппыт. Кинилэри сонно туппуттар этэ. Биһиги бэйэбит баран тутуспатахпытыттан эрэ хомойбуппут.
Итинтэн синөр бириэмэҕэ ниэмэстэр биллибэтэхтэрэ. Биһиги эмиэ нус-хас олорбуппут.
Арай биирдэ мин трамвайынан соҕотоҕун куоракка барбытым. Биһиги куорат таһыгар соҕус, кытыыга, олорорбут. Табах атыылаһа баһаарга киирдим. Дьон тобус-толору. Лейтенант буолбуппуттан биһиэхэ ыйга 550 солк. хамнас төлөнөрө, онон харчы баара.
Биир оҕонньортон икки-үс ыстакаан кырбаммыт самосадка табаҕы галифем сиэбигэр куттара турдахпына, кэннибиттэн ким эрэ кэлэн, саҕабыттан тардыалаата.
Майор саҥата: «Мин куорат военнай коменданабын. Эн, табаарыс лейтенант, сэбиэскэй офицер погуонун чиэһин киртитэҕин, барахолкаҕа киирэн,өссө табах атыылыы тураҕын», – диэбитин уолуйбут киһи кулгааҕым кураанах мас уһаатыөҥөйөн турар киһи саҥарарын курдук иһиттэ.
Аат-харата: «Атыылаабаппын, атыылаһабын», – диэн көрдүм да, ити икки тыл абырыа баара дуо, анараа киһи миигин аан диэки догдорутта. Бэл, мин табах ылбыт киһибэр харчы төлөөбүппүн төлөөбөтөхпүнөйдөөбөппүн. Хайа, оччолорго куорат байыаннай комендааныгар түбэһэр манан дьыала буолбатах этэ.
Киһим миигин судургу комендатуураҕа илдьэ барда. Хаҥасөттүбэр хааман сэргэстэһэн иһэн: «Куота сорунума, маны көрөр инигин», – диэт куругар иилинэ сылдьар наганын кабурун таптанан көрдөрдө. Мин тутуллубуппун дьэөйдөөбүт курдук «кэҕэс» гынан, сөбүлэһэрбин биллэрдим.
Баран иһэн майор, мин тугунан буруйбун боруостаныахтаахпын билиһиннэрэр быһыынан: «Икки чаас устата сержант хамаандатынан строевойунан дьарыктаныаҥ», – диэтэ.
«Ол субардинация буолбат дуо? Көҥүллэнэр дуо?» – диэн тыл кыбытан көрдүм да, туһата суоҕа тута билиннэ. Майор: «У нас все разрешается!» – диэн быһа баттыырдыы эттэ.
Итинэн биһиги тус-туһунан рангалаах да буоллар, икки байыаннай киһи кэпсэтиибит бүттэ.
Сотору биһигини утары эдэрчи, талбыт курдук үчүгэйкээн форманы кэппит старшай лейтенант сүрдээхтик күлэн-үөрэн көрүстэ. Бу киһи чахчы олох чыпчаалын үрдүгэр үҥкүүлүү сылдьара, киһи хараҕар тута быраҕыллара.
Майордуун илии тутуһан дорооболосто уонна доҕордуу дьон быһыытынан эйэҕэстик кэпсэтэн бардылар. Кэпсэлиттэн иһиттэхпинэ, көрсүбүт киһибит субу Москубаттан төннөн кэлбит. Быһыыта, наада буоллаҕына, дьылҕа иэдээҥҥэ түбэспит киһиэхэ, быыһааччыны ыраахтан да ыытар эбит. Кини тылын тамаҕын иһиттэххэ, комендатура АХЧ-тын начальнига быһыылааҕа. Ити киһи кэпсээн-ипсээн, кутан-симэн барбытыгар, мин дьоммуттан 1-2 хаамыы хаалан барбытым. Ону көрөн комендант: «Хаалыма, син биир куотуоҥ суоҕа», – диэн сэрэппитэ.
Ол үрдүнэн куотар санаа миэхэ хайы-сах толору киирэн иһэрэ. Киһибит майорга: «Эйиэхэ саҥа параднай форма, Мария Ивановнаҕа (таайдахха коменданша буолуо) сүрдээх үчүгэй платье отреһын уонна кыра деликатес кэһии аҕаллым», – диирин кытта, куорат кинотеатрын иннигэр мустан турар дьон ортотугар «дьылыс» гынан хаалбытым. Кассаттан билиэт ылан баран, кирилиэс үрдүгэр тахсан тимир эрэсиэккэ быыһынан дьоммун көрбүтүм. Аргыһын алыптаах кэпсээнигэр аралдьыйан, майор мин баар буолуохтаах сирим диэки хайыһан көрбөккө эрэ 20-чэ хаамыыны ааһан баран, хайыһан көрбүтэ…тутан илдьэ иһэр киһитэ мэлигир! Майор турбахтаан баран: «Чэ-чэ, бар даҕаны», – диэбиттии сапсыйан кэбистэ уонна кинилэр бара турбуттара.
Мин киинэҕэ киирбитим, хара маҥнайгыттан да сылдьар былааннааҕым. Ол эрээри, төһө да интэриэһинэй аргыстарданнарбын, миэхэ соччо үчүгэйи аҕалбат мүнүүтэлэр ааспыттара. Дьолбор, субу билигин халлаантан түспүт аанньал курдук киһи, старшай лейтенант, көрсө түспэтэҕэ буоллар, комендант этэр сержана икки чаас устатыгар миигин хайдах «үөрэтэрэ» биллибэт этэ. Ол киһи, минөйдүүрбүнэн, хабыр хааннаах кытаанах киһи буолуохтааҕа. Оттон минөһөс муҥутаан, «үөрэтии» бириэмэтигэр бурайсан кэбиһэммин, офицерскай гауптвахтаҕа да олорбут буолуохпун сөп этэ.
Ону баара, дьоллоох түбэлтэнэн туһанан, уоскуйа уонна сынньана таарыйа киинэ көрөн баран, киэһэлик олорор сирбэр аа-дьуо, ону-маны одуулуу-одуулуу, самосадка табах буруотун салгыҥҥа үрэн кэбиһэ-кэбиһэ тиийбитим. Уолаттарбар комендааҥҥа түбэһэ сылдьыбыппын уонна хайдах куоппуппун кэпсээбиппэр, дьоннорум хонууга төкүнүйэ сылдьан күлсүбүттэрэ.
Биһиги бу куоракка 2 эрэ ый кэриҥэ буолбуппут. Саха уолаттара үһүөн хаттаан бэлэмнэнии 1 сыллаах үөрэҕэр ыытыллыбыппыт. Биһиги барбыппытын кытта ниэмэстэр олорбут казармаларбытын буомбалаабыттар сурахтааҕа.