Оһуор-мандар – омук төрүт өйдөбүлүн, өйүн-санаатын, итэҕэлин иҥэринэ сылдьар, омук уратытын көрдөрөр бэлиэ буолар. Оһуор-дьарҕаа суолтатын, туттуллуутун кэһии омук төрүт култууратын ыһыыга, буккуйууга тиэрдэр.
Кэлиӊӊи кэмӊэ таӊаска-сапка оһуору олус хойуутук, сатамньыта суохтук туттуу баар. Эр киһи таӊаһыгар былыргыга дьахтарга эрэ туттар бэлиэлэрин, оһуордарын киллэрэллэрэ элбэх. Бу – өбүгэ ситимин быстыытын биир көрүӊэ. «Сценическай» диэн ааттаан саха таӊаһын тиктэн, өбүгэ са5аттан кэлбит төрүт таӊас быһыыта-таһаата, оһуора-мандара олус уларыйда.
Чинчийээччилэр суруйууларыгар олоҕуран саха төрүт таӊаһын тигиллэр матырыйаалынан, быһыытынан-таһаатынан, оһуорунан-мандарынан быыһык кэмнэрин аахпакка туран үс кэмӊэ-кэрдиигэ араарыаххасөп: ХVII -ХVIII үйэлэр; ХVIII үйэ бүтүүтэ – ХIХ үйэ аӊара; ХIХ үйэ аӊара-ХХ үйэ са5аланыыта.
Бу кэрдиис кэмнэри кылгастык быһаарар буоллахха:
ХVII-ХVIII үйэлэр. Тигиллэр матырыйаала: тирии (сарыы, түнэ);киэргэлэ оҕуруо, алтан (дэӊӊэ үрүӊ көмүс). Саҕынньахтарын бөрө, бэдэр, сылгы уонна таба тириититтэн тигэллэрэ. Уопсайынан саха таҥаһыгар-сабыгар буобураттан таарбаҕаҥҥа тиийэ түү арааһын туттара. Дьахтар да, эр киһи да таӊастарын (соннорун) моһуона атылыы со5ус буолар. Куруойдара көнө, акка олорорго табыгастаах буоллун диэн ойоҕосторунан уонна кэннигэр тыыраҕастардаах. Бэргэһэлэрэ: ураа бэргэһэ (сүктэр кыыс киэнэ), муостаах бэргэһэ (дьахтар да, эр киһи да) о.д.а. Биирдэ эмэ солко, даба матырыйаал баар буолар. Бу кэрдиис кэм саамай ураты, биллэр бэлиэтинэн сүктэр кыыс соно -таӊалай сон буолар.
ХVIII үйэ бүтүүтэ – ХIХ үйэ аӊара. Тигиллэр матырыйаала, атыы-эргиэн сайдан, элбиир: сукуна, торҕо, хаарыс о.д.а. Бу кэмӊэ таӊас киэргэлигэр олус киэӊник үрүӊ көмүһү тутталлар: таӊаска-сапка хам тигиллэр, эбэтэр намылыйан түһэр харысхал бэлиэлэриттэн са5алаан бастыӊатыгар, илин-кэлин кэбиһэригэр тиийэ. Бу кэрдиис кэм ураты, биллэр бэлиэтэ – дьахтар бууктаах соно уонна дьабака бэргэһэтэ. Эр киһи таӊаһа дьахтар таӊаһыттан-сабыттан биллэ уларыйар. Эр киһиэхэ сүрүн киэргэлинэн килбиэннээх үрүӊ көмүс кура буолар.
ХIХ үйэ аӊара-ХХ үйэ са5аланыыта. Араас матырыйаал тарҕанан кэһиэччик, халадаай ырбаахы, таһа сукуна, иһэ түү соннору кэтэр буолаллар. Таӊаска-сапка оһуору-мандары туттуу суолтата улам сүтэр гынан баран, саха төрүт таӊаһын моһуона, тигиллиитэ хаалбыта диэн учуонайдар бэлиэтииллэр.
Онон таңас төһөнөн былыргы да, оччонон оһуора-мандара итэҕэли кытта быһаччы ситимнээх буолар. Онтон үйэ уларыйан, төрүт олохтон тэйии кэмигэр оһуор-мандар харыстыыр, араңаччылыыр суолтата, туттуллуута аччыыр.
Таңаска-сапка туттуллар сүрүн оһуордар.
Быа эбэтэр дьураа дэнэр оҺуор саха таңаҺыгар-сабыгар түң былыргыттан туттуллар. Оҕуруонан эбэтэр тириини, таңаһы аттаран оңороллоро. Кинини былыргы Кулун Атах (ХIV-ХVI үү.) култууратын туой иһиттэрин оһуоруттан тахсыбыт диэн чинчийээччилэр саба5алыыллар. Бу ойуу киһини көмүскүүр, араӊаччылыыр, дурдалыыр-хаххалыыр суолталаах. ХVII-ХVIII үү. эр киһи, дьахтар сонугар, билэтигэр үгүстүк көстөр. Мантан сиэттэрэн ХIХ үйэтээ5и кытыылаах сон, кычым, чаппараак кытыылара араас өӊүнэн аттарыллан оӊоһуулара, бууктаах сон кытыытынан тигиллэр кыра тимир тордуйалар бу барыта күрүө-хаһаа, көмүскэл суолталаахтар диэн этиэххэ сөп.
Сарбынньах ойуу (биэ эмийэ, тыңырах ойуу) эмиэ таңас кытыытыгар, этэрбэс билэтигэр эр киһиэхэ да, дьахтарга да тутталлар. Бу оһуор аан дойду тутулун кытта ыкса ситимнээ5ин чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. У. Йохансен сарбынньах ойууга сулустаах халлаан иэ5иллиитин көрөр уонна кини Азия омуктарыгар киэӊник тар5аммытын бэлиэтиир. Онтон олонхо5о ойууланарынан орто дойду үөһээ дойдуну кытта силбэһэр сиригэр: орто дойду хайыһар тумсун курдук өрө хантайан тахсар, онтон халлаан дьахтар бастыӊатын салбыр5аһын курдук салбыйан түһэн бэйэ-бэйэлэрин кытта атыыр сылгы тиистэрэ хабырыйса туралларын курдук диэн ойууланар. Онон сарбынньах ойуу икки дойду алтыһыытын эмиэ көрдөрүөн сөп курдук. Холобур, бу ойууну үксүгэр чороон ортотугар – холбуур суолталаан түһэрэллэр. Б.Ф. Неустроев-Мандар сарбынньах ойууга Урдүк мэӊэ халлаан хаттыгастарын көрөр. Саха итэ5элигэр үөһээ дойдуну то5ус, уон икки хаттыгастаах диэн өйдүүллэр. Сарбынньах ойууну сүрүннээн чороон оһуоругар-мандарыгар тутталлар. Омос көрүүгэ сарбынньах ойуу илиилэрин үөһээ уунан көрдөһө-ааттаһа турар, эбэтэр оһуокайдыы сылдьар дьону санатар. Онтон чорооӊӊо ыһыах кэмигэр Айыы ута5ын – кымыһы томточчу кутан алгыс түһэрэллэр, бары төбүрүөннээн олорон ыйырбахтаан иһэллэр. Онон бу оһуор алгыһы кытта дьүөрэлэһэр, үрдүк айыылары кытта ситимниир, араӊаччылатар суолталаах.
Илим хара5а ойуу. Ромб быһыылаах оһуор аан дойду бары омуктарыгар баар. Чинчийээччи В.И. Бибикова суруйарынан бу түӊ былыргы оһуор, кини мамонт муоһун тутулугар дьэҥкэтик көстөр. ″Илим хара5а″ орнамент түүр уонна хоту омуктарыгар киэӊник туттуллар. Онон сахаларга бу оһуор түүрдэртэн да, хотугу палеоазиат да омуктарыттан киирбит буолуон сөп.
Палеолит (былыргы таас үйэтэ) кэмин са5ана киэӊник тар5аммыт “Венералары” мамонт (сэлии) муоһуттан оӊороллоро. Былыргы киһи көрөрүгэр үӊэр-сүктэр, төрүө5ү биэрэр, оло5у сал5ыыр “Венера-эмэгэттэрэ” ромб ойуунан бүрүллүбүт буолара. Онтон сиэттэрэн бу ойуу оло5у сал5ааһыны, дьахтар айма5ы кытта ыкса ситимнээх. Холобур, саха ииһигэр бу ойуу сүрүннээн дьахтар таӊаһыгар-сабыгар түһэр: этэрбэс билэтигэр, бууктаах, кытыылаах соннор түөстэрин икки өртүнэн.
Таӊалай ойуу. Пекарскай Э.К. тылдьытыгар «таӊалай» диэн тылы маннык быһаарар: 1. небо (кыыл, сүөһү таӊалайа). 2. особый вид узора. 3. старинная почетная женская одежда. М.М. Носов этэринэн «таӊалай ойуу» ынах сүөһү таӊалайын тутулун хатылыыр. Эмиэ кини суруйарынан былыр сахаларга «таӊалай үӊкүүтэ» диэн баар эбит: күһүӊӊү идэһэ кэмигэр хаарга таӊалайдыы үктээн оһуор түһэрэллэрэ. Саха сүөһү таӊалайын кэрдииһэ элбэ5иттэн кини төрүө5үн, чөл туругун, төрөлүйэр кыаҕын быһаарара. Онон «таӊалай үӊкүүтүнэн» хаарга элбэх суолу үктээн үрдүкү Айыылартан сүөһүлэрин баайа хаӊыырын көрдөһүү курдук өйдүөххэ сөп. Сахаҕа кэрдиистэнэн көстөр чараас былыты «таӊалай» диэн ааттыыллар. Маннык былыкка Айыылар олорсон орто дойдуну көрө кэлэллэр диэн эбэтэр бу былыт быстаҕастарын устун халлааҥҥа (үрдүкү Айыыларга) кирилиэс курдук тахсыахха сөп диэн өйдүүллэр. Онон таӊалай ойуу Айыылары кытта ситимниир ис хоһоонноох, кинилэргэ тиэрдэр суол диэн өйдүөххэ сөп. Дэлэ5э таӊалай ойууну айыы ута5ын – кымыһы кутар удьаа тутаа5ын устун, эбэтэр ыӊыыр үрдүгэр тэлгэнэр дэпсэ оһуоругар, кыл көнтөскө, ыӊыыр холунугар туттубаттара буолуо. Онтон таӊаска-сапка таӊалай ойууну сүрүннээн дьахтар үтүлүгүн киэргэтиитигэр киллэрэллэр. Петрова С.И. бэлиэтииринэн, таҥалай ойууну курданартан аллара кэтиллэр таҥастарга тутталлар: бэллэпчигэ, үтүлүккэ, атах таҥаһыгар.
Ынах, сүрэх ойуулар. Бу оһуордар бэйэ-бэйэлэрин кытта атылыылар. Кинилэр дьахтары кытары ыкса ситимнээхтэр. Биллэрин курдук саха сылгы, сүөһү дьарыктаах омук. Хоро5ор муостаа5ы, сыспай сиэллээ5и ииттэн бу тыйыс айылҕалаах дойдуга тыыннаах хаалбыта. Онон ынах ойуу саха оһуоругар-мандарыгар киириитэ дириӊ силистээх-мутуктаах. Т.П. Тишина бэлиэтииринэн бу оһуор антропоморфнай (киһи-кыыл аӊаардаах) төрүттээх уонна кини муостаах дьахтары көрдөрөр. Аны туран бу оһуор “туос ынах” диэн о5о оонньууругар майгынныырын чинчийээччилэр бэлиэтииллэр.
Археолог Е.Д. Стрелов ХVIII үйэтээ5и көмүүттэн булбут дьахтар даба ырбаахытыгар икки ынах ойуу ырбаахы түөһүгэр тигиллибиттэр. Бу араӊаччылыыр бэлиэ буоларын дьахтар ууһун сал5ыыр, үүт биэрэр түөһүн чопчуларынан тигиллибиттэрэ туоһулуур. Уопсайынан ХVIII үйэтээ5и дьахтар сонугар о5уруонан тиһиллэн оӊоһуллубут ынах ойуу көстөрө үгүс. ХIХ үйэ5э ынах ойуу үрүӊ көмүстэн таптайыллан дьахтар бууктаах уонна кытыылаах сонун курданарыттан аллараа өттүк симэҕин быһыытынан киирэр буолбута.
Ынах (сүрэх) ойуу саха ииһигэр, таҥаһыгар киэӊник тар5аммыт оһуор буолар.
Көҕүөр ойуу. Лира матыыптаах ойуу сахаларга биир сүрүн суолталаах оһуор буоларын чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Бу оһуор матыыба биһиги эрабыт иннигэр Алтайга үөскээбитэ. Маннык орнамент Байкал эӊээринээ5и хуннарга киэӊник тар5аммыта, кэнники курыканнарга баар буолбут. Билигин уруулуу омуктарбытыттан бу оһуор киргизтарга көстөр. Кинилэргэ кө5үөр быһыылаах оһуор “уӊуо5у былдьаһа турар ыттар” диэн ааттаах.
Кө5үөр оһуор суолтатын быһаарарга чинчийээччилэр сүрүннээн үс көрүүгэ хайдыһаллар. Бастакы көрүү: лира матыыптаах оһуор зооморфнай (кыыл-сүөл) төрүттээх уонна ынах, таба муоһун, быһыытын-таһаатын, ат төбөтүн, туйах суолун көрдөрөр. Иккис көрүү: бу ойуу оту-маһы, үүнээйини көрдөрөр. Уһүс көрүү: кө5үөр ойуу – зооморфнай уонна үүнээйи төрүттэр холбоһуулара. Ортоку умнаһа – Аан дойду тутулун маһа (мировое дерево), икки өртүнэн иэ5иллэр матыыптар – кыыллар. Француз чинчийээччитэ Анри де Моран этэринэн маннык ис хоһоонноох оһуор Ираӊӊа үөскээбит уонна аан дойду үрдүнэн киэӊник тар5аммыт.
Саха ииһигэр кө5үөр ойуу ордук дьэӊкэтик сүктэр кыыс атын киэргэлигэр: кычымыгар, чаппараагар көстөр. Маны таһынан дьабака чопчууругар, этэрбэскэ, хаппарга баар буолар. Тас таҥаска (соҥҥо, ырбаахыга) туттуллубат.
Мантан көстөрүнэн кө5үөр ойууну – оло5у сал5ааһыны, үүнүүнү-сайдыыны, о5олонууну-урууланыыны кэрэһэлиир оһуор быһыытынан көрүөххэ сөп.
Эрэдэһин, эрбэлдьин ойуулар. Спираль курдук эриллибит, иэ5иллибит оһуор түӊ былыргы оһуордарга киирсэр уонна саха ииһигэр киэӊник тар5аммыт. Скифтар “кыыл истииллэригэр” (звериный стиль) икки утарыта турбут S-спираллар (э/э ойуу)хойу (баран) көрдөрөрө. S-курдук иэ5иллибит икки дьураа ситимнэспит оһуора нуучча омукка ярославскай уонна костромской быыһабайга баар, уонна куба быһыытын-таһаатын көрдөрөр, ыал буолар уоллаах кыыс холбоһууларын кэрэһэлиир.
Эрэдэһин, эрбэлдьин ойуу туруору да, сытыары да буолар. Туруору көстүүтүгэр,кө5үөр оһуортан уратыта диэн, ортоку умнаһа суох буолар. Э/э ойуу зооморфнай төрүттээх оһуорга киирсэр.
Саха таӊаһыгар э/э ойуу сон сиэ5эр, курга, дьабака чопчууругар туттуллар.
Үүнээйи ойуу. Дьахтар таҥаһын киэргэтиигэ үгүстүк туттуллар оһуор. Т. Тишина бэлиэтииринэн бу орнамент сахаҕа чопчу ханнык эрэ үүнээйини, оту-маһы көрдөрбөт, үксүн стилизованнай көрүҥнээх буолар уонна илиҥҥи дойдулар оһуордарын кытта чугас. Кини баайы-байылыаты, үүнүүнү-сайдыыны суолталыыр. Үүнээйи ойуу дьабака чопчууругар булгуччу чопчуур икки кытыытыгар баар буолар, ону харыстыыр, араҥаччылыыр суолталаах диэн өйдүөххэ сөп.
Үүнээйи ойуу таҥаска-сапка дьахтар бууктаах сонун киэргэтиигэ, быыһабай курга, үтүлүккэ, дьабака чопчууругар, дьахтар да, эр киһи да этэрбэһигэр туттуллар.
Күн ойуу. Саха – күҥҥэ сүгүрүйэр омук. Тохсус халлааҥҥа олохтоох үүт-таас олбохтоох, үкээр тыыннаах аан дойдуну айбыт Үрүҥ Айыы Тойон Орто дойду дьонугар күн буолан көстөр. Күн ойуу – түҥ былыргы оһуордарга киирсэр уонна аан дойду үгүс омуктарыгар баар (9, с.97).
Күн ойуу сүрүннээн үрүҥ көмүскэ, алтаҥҥа түһэриллэн таҥаска-сапка тиһиллэр. Холобур – дьабака бэргэһэ туоһахтатыгар. Маны таһынан, көннөрү төгүрүк ойуулары (кружочки) чинчийээччилэр эмиэ күнү туоһулуур оһуорунан ааҕаллар.
Оһуор-дьарҕаа – омук уратытын, үөскээн сайдыытын, олоҕун-дьаһаҕын, итэҕэлин кытта ыкса сибээстээх. Оһуору-ойууну таҥаска-сапка суолтатынан эрэ тутталлара. Ордук олох оҥкулун олохтуур,сиэри-туому кытта ыксалаһар таҥаска-сапка оһуор-дьарҕаа туттуллара элбэх буолар: сүктэр кыыс таҥалай, бууктаах сонугар, дьабака бэргэһэҕэ. Кыыс-дьахтар олоҕу салҕыыр аналын харыстыыр буоланнар – харысхал оһуордары ордук элбэхтик кини таҥаһыгар тутталлар. Кыыһы, дьахтары араҥаччылыыр оһуордар: ынах (сүрэх) ойуулар, илим хараҕа (ромб), таҥалай.
Эр киһи таҥаһа оһуора-мандара аҕыйах буолар, тас таҥаһыгар дьахтарга курдук харысхал бэлиэлэри туттубаттар. Былыргы таҥаска-сапка эр киһиэхэ сон кытыытынан быа, дьураа ойуулары тутталлара. Ол оннугар эр киһи этэрбэһэ, кура, бэлэпчитэ оһуорданар-мандарданар.
Өбүгэ таҥаһын үөрэтэн баран көҕүөр ойууну тас таҥаска (соҥҥо, ырбаахыга) киллэрбиттэрин биир да түгэҥҥэ көрбөтүбүт.
Онон таҥаска-сапка туттуллар оһуор-мандар бастатан туран харыстыыр, араҥаччылыыр, сиэри-туому ситэрэр суолталаах. Билиҥҥи иистэнньэҥнэр өбүгэ төрүт таҥаһыгар олус харастыбыллаахтык сыһыаннаһан, оһуор-дьарҕаа туттуллар түгэнин, суолтатын, быһыытын-таһаатын уларыппакка, харыстаан, кэлэр көлүөнэлэргэ төрүт баайбыт быһыытынан тиэрдиэх тустаахтар.
Борисов Б.Б.
Тирэх литература
- Гаврильева Р.С. Одежда народа Саха кон. ХVII-сер.VIII века. Новосибирск, 1998.
- Гоголев А.И. Якутская орнаментика и ее характерные особенности//Историческая этнография якутов. Якутск, 1980.
- Константинов И.В. Материальная культура якутов ХVIII века. Якутск, 1971.
- Неустроев Б.Ф. Узоры шитья. Якутск, 2002.
- Носов М.М. Стилевые признаки якутского узора (сборник материалов по этнографии якутов). Якутск, 1948.
- Петрова С.И. Свадебный наряд якутов. Новосибирск, 2006.
- Петрова С.И. Традиционное якутское шитье и вышивка (организация, технология, семантика): учебно-методическое пособие. — Якутск: Изд-во Якутского ун-та, 2007.
- Петрова С.И., Заболоцкая З.М. Народный костюм якутов: историко-этнографическое и искусствоведческое исследование. – Новосибирск: Наука, 2013.
- Пекарский Э.К. Словарь якутского языка. Том 3.
- Саввинов А.И. Традиционные металлические украшения якутов Х1Х – нач. ХХ в. Новосибирск, 2001.
- Сэргэ. Ньурба, 2004.
- Тишина Т.П. Якутское орнаментальное искусство// Культура народностей Севера: традиции и современность. Новосибирск, 1986.
- Тишина Т.П. Фольклорные основы якутского орнамента// язык-миф-религия народов Сибири. Якутск, 1988.
- Тишина Т.П. Растительный орнамент в якутском народном искусстве ХIХ века // Язык-миф-культура народов Сибири. Якутск, 1991.
- Шевелева В.Н. Якутский орнамент: генезис и семантика. Ытык Кюель, 2015.